1 год назад 830
Тустуу куттаах Дьууруй
Биһиги аҕабыт Юрий Гаврильевич Васильев ССРС, РСФСР, Саха АССР спордун маастара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Томпо оройуонун уонна Байаҕантай нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина олоҕун спорка анаабыта.
Кини 1946 сыл кулун тутар 21 күнүгэр Сунтаар оройуонун Хоро нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ төрүт уус Хоро дьоно этилэрэ. Аҕата Васильев Гаврил Гаврильевич, оччотооҕу дьон сиэринэн, Хороҕо Куйбышев аатынан холкуос туруу үлэһитэ эбитэ үһү. “Үлэҕэ-хамнаска хоһуун, бэйэтин лаппа кыанар киһи этэ”, – диэн кырдьаҕастар сэһэргииллэрэ. Ийэтэ Мария Павловна эмиэ онно “Кэскил” фермаҕа олоҕун былаһын тухары илиитин ынах синньиттэн араарбатах ыанньыксыт бэрдэ эбитэ үһү. Юрий түөрт саастааҕар аҕата, онтон иккис кылааска үөрэнэ сырыттаҕына ийэтэ суох буолбуттар. Бииргэ төрөөбүт убайа Василий эдэр сааһыгар олохтон туораабыта. Инньэ гынан кыра сааһыгар төгүрүк тулаайах буолан хаалар.
Аймахтарыгар олорон, Хоро нэһилиэгин алын оскуолатын бүтэрээт, Элгээйи оскуолатыгар киирэн, интэринээккэ олорон үөрэнэр. 1960 сыллаахха Кутанаҕа интэринээт аһыллан, онно кэлэр. Дьэ, онтон ыла кини олоҕо көҥүл тустууну кытта быстыбаттык ситимнэһэр.
Тустуу: тургутуу, туругуруу
Тустууга бастакы тренерэ Борис Павлович Максимов этэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларын физкультура учуутала Никандр Прокопьевич Тимофеев маннык ахтан-санаан ааспыттаах: «Юра мэлдьи үөрэн мичилийэ, сырдыгынан сыдьаайа, киһи болҕомтотун бэйэтигэр тарда сылдьар оҕо этэ. Спорт көрүҥэр наһаа сыстаҕаһа: үчүгэйдик хайыһардыыра, сүүрэрэ, волейболлуура, лаптаҕа олус бэркэ оонньуура. Ол эрээри умсугуйара тустуу этэ».
1963 сыллаахха 8 кылааһы бүтэрэн, Дьокуускайга педучилищеҕа устудьуоннуу киирэр. Үөрэнэр сылларыгар аҕатынан убайа Борис Митрофанович Мартынов бэйэтигэр сыһыаран, сүбэ-ама биэрэрэ, көрөрө-истэрэ. Кини оччотооҕута Дьокуускайдааҕы медицинскэй училище дириэктэринэн, кэлин Саха АССР үтүөлээх бырааһа, СӨ саахымакка федерациятын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Үөрэнэр кэмигэр, оччотооҕута өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ, кэлин Саха АССР, РСФРС үтүөлээх тренерэ буолбут Н.Н. Волков салалтатынан көҥүл тустууга дьарыктаммыта. Олус умсугуйан туран эрчиллэн, маҥнайгы Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиилэр эппиэттээх көбүөрдэригэр аата дорҕоонноохтук ааттаммыта. 1964 сыллаахха уолаттарга өрөспүүбүлүкэҕэ чемпионнуур. Ол кэнниттэн ити сыл Оренбург куоракка уолаттарга Арассыыйа чемпионатын бронза призера буолар. 1965 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллыбыт Н.Тарскай аатынан чемпионакка өрөспүүбүлүкэ улахан дьонугар норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Алексей Ермолаевка эрэ хотторор. Эмиэ ити сыл Никополь куоракка “Спартак” ДСО киин сэбиэтин иһин бастыыр күрэхтэһиигэ иккис миэстэни ылан, саха тустууктарыттан биир бастакынан оччотооҕуга саҥа олохтоммут ССРС спордун маастарыгар кандидат буолар чиэскэ тиксэр. Бу күрэхтэһиигэ финалга туста сылдьан сүнньүгэр улахан эчэйии ылар уонна тустуутун тохтоторго күһэллэр.
Үөрэҕин бүтэрээт, Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, хоту Тиксиигэ сулууспалыы барар. Тиксиигэ сулууспалыыр кэмигэр биир сыл тустубатаҕа. Кэлин даҕаны сүнньүн эчэйиитэ син биир мэһэйдиирэ. Ону санаатын күүһүнэн уонна дьоҕурунан син биир ситиһиилэрдээх буолара. Тустар баҕата баһыйан, Забайкальскай байыаннай уокурук командованиетыгар рапорт суруйан, Читаҕа спортротаҕа көһөр. Онно тиийэн, чаҕылхайдык сулууспалаан, бииргэ сулууспалыыр табаарыһа младшай сержант В. Кустов кини туһунан “Рассказ о товарище” диэн ыстатыыйата «Социалистическая Якутия» хаһыакка бэчээттэнэн турар. Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан, ЗАБВО-ҕа иккитэ бастыыр уонна 1968 сыллаахха ССРС сэбилэниилээх күүстэрин финалыгар төрдүс бочуоттаах миэстэҕэ тахсан, баҕа санаатын толорон, ССРС спордун маастара буолбута.
Хайҕаллаах Харбалаахха
Ийэ дойдутугар иэһин төлөөн баран, 1969 сыллаахха Алексеевскай оройуон Харбалаах нэһилиэгэр тиийэн, ийэбитин Людмила Романовнаны кытта 1970 сыллаахха таптаһар сүрэхтэрин холбоон, уруу тэрийбиттэрэ. Кинилэр ЯПУ-га үөрэнэр сылларыгар 4 сыл устата истиҥник доҕордоспуттара.
Харбалаахха «Коммунизм» сопхуос дириэктэр И.В. Николаев-Бытык ыҥырыытынан спорт инструкторынан уонна олохтоох спортивнай оскуолаҕа тренеринэн үлэлии барбыта. Кинини кытта тренеринэн аатырбыт тустуук Константин Луковцев үлэлээбитэ. Харбалаахха илин эҥээр оройуоннарга суох улахан спортивнай саала баар буоларыгар аҕабыт Юрий Гаврильевич эмиэ өҥөлөөх. 1971 сыллаахха сопхуос дирекцията өйөөһүнүнэн электростанция дьиэтин реконструкциялаан, салҕааннар, спортзал туппуттара. Олус улахан, үрдүк да үрдүк саала буолан тахсыбыта. Ис өттүн рейканан обшивкалатан, иһэ сып-сырдык, ып-ыраас дьиэ буола түспүтэ. 8 сыл устата Харбалааҕы эрэ буолбакка, бүтүн Таатта оройуонун көҥүл тустуутун үөһээ кэрдиискэ таһаарбыта. Күүстээх үлэ үөһүгэр сылдьан, тустуутун бырахпатаҕа, иитиллээччилэрин кытта араас таһымнаах үгүс күрэхтэһиилэртэн кыайыы-хотуу көтөллөнөн кэлэллэрэ. Бэйэтэ Н.Н. Тарскай аатынан чемпионакка көҥүл тустууга 2-тэ өрөспүүбүлүкэҕэ чемпионнуу сылдьыбыта. Хаста да миэстэлэспитэ. Хапсаҕайга Манчаары оонньууларын чемпиона буолбута. Хапсаҕайга Саха Сирин абсолютнай чемпионун үрдүк аатын сүкпүтэ. Кини Харбалаахха үлэлиир кэмнэригэр элбэх разрядтаах, үрдүк кылаастаах тустууктары бэлэмнэтэлээбитэ. Ону таһынан оройуон старшай тренеринэн үлэлээбитэ. Оччотооҕута спорткомитет бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир Петр Николаевич Меккюсяровтыын өйдөһөн, оройуон чулуу тустууктарын барытын түмэн, эрчийэн, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ “Оо, таатталар” дэппит үтүөлээхтэр. Ол курдук, илин эҥээр улуустарга 1973, 1974, 1975 сылларга үстэ субуруччу бастааннар, кубогы үйэ-саас тухары бэйэлэригэр хаалларыммыттара.
Аҕабыт спорка, тустууга билиитинэн, бэйэтин уонна иитиллээччилэрин кыайыыларынан, киһи быһыытынан истиҥ уонна чиэһинэй сыһыанынан, ыччаты түмүүтүнэн Таатта дьонун тапталларын ылыан ылбыта.
Киэриэс Халдьаайыга спорт саалатын тутуу
1977 сыллаахха ийэбит дойдутугар Томпо оройуонун Кириэс Халдьаайы сэлиэнньэтигэр көспүттэрэ. Герой Ф. Охлопков аатынан сопхуоска спортинструкторынан үлэлээн саҕалаабыта уонна саҥа спортивнай саала үлэҕэ киирэрин туһугар улахан үлэни ыыппыта. Билигин ахталларынан, бу спорт сааланы үлэҕэ киллэрии эмиэ бэрт улахан сыралаах буолбута. Манна бигэтик олохсуйардыы сананан, дириҥ хорутуулаахтык үлэлиир баҕаттан, көҥдөйө тутуллан бүтэн турар спорт саалатын сопхуос дирекциятыгар күүскэ туруорсан, кыһыннары-сайыннары үлэлиир тутуу биригээдэтин анатан, бу сүдү тутууну 1980 сыллаахха дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка ыытыллар XXII Олимпийскай оонньуулары көрсө бүтэрэргэ сыал-сорук оҥостуммута. Сопхуос тутуутун үлэһиттэрэ уонна спорт энтузиастара Юрий Гаврильевич көҕүлээһининэн күнүстэри-түүннэри күргүөмнээхтик үлэлээн, Москубатааҕы Олимпиаданы баттаһа үлэҕэ киллэрэллэр. Бу спорт саала аһыллыытынан, биһиги нэһилиэкпит өрөспүүбүлүкэ спортивнай олоҕор кыттыһа түһэр. Ол курдук, 1981 сыллаахха Кириэс Халдьаайыга хаһан да буолбатах улахан күрэхтэһии ыытыллар: ол “Спартак” спортивнай уопсастыба уобаластааҕы сэбиэтин түһүлгэтэ этэ. Биһиги улууспут сүүмэрдэммит хамаандата өрөспүүбүлүкэ бастыҥ тустууктарын кытта икки күн иэмэх мастыы эрийсэн, маҥнайгы миэстэни ылары ситиһэр.
1983 сыл сааһыгар спорт бу саалатыгар илин эҥээр улуустарын Николай Тарскай аатынан турнирын көбүөрэ тэлгэнэр. Манна тустууктарынан аатырбыт Чурапчы, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Таатта улуустарын күүстээх бөҕөстөрө түмсэллэр. Эмиэ икки күннээх илин-кэлин түсүһүү кэнниттэн Томпо улууһун бөҕөстөрө үһүс бириистээх миэстэҕэ тахсыбыттара. Манна олохтоох уолаттар Васильев Юрий чемпион, Павлов Ариас, Варламов Иван, Олесов Николай призер буолбуттара долгутуулаах этэ.
1980-с сыллартан икки сыл устата «Спартак» уопсастыба спорт лааҕырын тэрийэн сүүрбүтэ-көппүтэ. Манна бырамыысыланнай оройуоннартан уонна Дьокуускай куораттан биэс уонча оҕо сайын аайы 2 сезоҥҥа толору сынньанан, дьарыктанан бараллара. Тренердэринэн норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар Николай Неустроев, үтүөлээх тренердэр Иннокентий Кочкин, Петр Портнягин, Федот Соловьев, Михаил Каженкин, Петр Бурцев уо.д.а. айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ. Бачча элбэх киһи аһа-таҥаһа, кэлиитэ-барыыта солбуллубат лааҕыр начаалынньыга Юрий Гаврильевичка сүктэриллэрэ.
Биһиги аҕабыт тустууну эрэ өрө туппакка, атын спорт көрүҥнэригэр эмиэ дэгиттэр талааннааҕа. Ол курдук, кини хамаандатын туһугар остуол тенниһигэр, дуобакка, волейболга, баскетболга, футболга куруутун үрдүк таһымнаахтык оонньуур буолара. Кини нэһилиэккэ маассабай спорду сайыннарыыга күүскэ үлэлэспитэ, бэйэтин үтүө холобурунан эдэр ыччаты түмэ тардара, чөл олоххо көҕүлүүрэ.1980 сылтан Герой Ф. Охлопков аатынан уонна Таатта оройуонун “Коммунизм” сопхуостар икки ардыларыгар 10 сыл устата спорт элбэх көрүҥэр табаарыстыы көрсүһүүлэри наһаа интириэһинэйдик, үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытара. Сыл аайы атастаһан, үлэҕэ көрдөрүүлэри түмэн, ыалдьыттыыр хамаанда кэнсиэртээн, көр-нар бөҕө буолара диэн үөлээннээхтэрэ кэпсииллэрэ. Кэлин Чурапчы оройуонун Хатылы бөһүөлэгин бэтэрээннэрин кытта доҕордуу көрсүһүүлэр эмиэ 10 сыл устата олус көхтөөхтүк тэриллэн ыытылла сылдьыбыттара.
1994 сыллаахха Юрий Гаврильевич олохтоох дьаһалта өйөбүлүнэн спорт саалаҕа сыһыарыы тренажернай саала тутарга ситиспитэ. Хайаатар да сауналаах, душтаах буолуохтаах диэн туруорсан, олоххо киллэрбитэ. Көҥдөйүн субуотунньук быһыытынан, сорҕотун кыра хамнастаан туттарыллыбыта. Тренажернай саала станоктарын үбүн-харчытын сүүрэн-көтөн, кэпсэтэн, оройуонтан, куорат спонсордарыттан, ыччат министиэристибэтин көмөлөһүннэрэн, аатырбыт тустуук Вячеслав Карпов көмөтүнэн “Кетлер” фирма кэмпилиэгин атыылаһан туруоран кэбиспиттэрэ. Кэпсэтии кулун тутарга буолбута, онтон объект күһүн үлэҕэ киирбитэ.
1995 сыллаахха биһиги нэһилиэккэ үөрүүнү аҕалбыт биир чаҕылхай түгэнинэн Юрий Гаврильевич ССРС спордун маастара Егор Александрович Борисовтыын София куоракка ыытыллыбыт Аан дойду бэтэрээннэргэ чемпионатыттан иккиэн үрүҥ көмүс мэтээли Кириэс Халдьаайыга аҕалан, бар дьоннорун үөрдүбүттэрэ буолар.
Юрий Гаврильевич бэйэтэ биллиилээх тустуук буолан, Томпо сиригэр аан бастакынан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэри ыытан, дьоҥҥо умнуллубат түгэннэри хаалларбыт сүҥкэн өҥөлөөх. Олортон биирдэстэринэн Герой Охлопков бирииһигэр көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолар. Бу күрэхтэһиилэр Геройа Ф.М. Охлопков аатын үйэтитэр сыаллаах оҥоһуллубуттара. Манна бары аатырбыт-суолурбут тустууктарбытын нэһилиэк олохтоохторо тутан олорон, кинилэр сытыы хапсыһыыларын илэ харахтарынан көрөр чиэстэммиттэрэ. Бу барыта элбэх сыраттан, барыыттан-кэлииттэн, чугас доҕотторо А.Е. Мостахов, Н.Е. Степанов, С.С. Окоемов, К.С. Постников, В.Н. Гоголев өйөбүллэринэн өр сылларга таһаарыылаахтык ыытыллыбыта. Олохтоох дьаһалтаны кытта ситимнээхтик үлэлээннэр, хас биирдии улахан күрэхтэһии кэнниттэн нэһилиэккэ туһалаах спортинвентарь, объект хааларын ситиһэргэ дьулуһаллара, кэпсэтиини-ипсэтиини ыыталлара.
Кини астарбыт спортивнай оскуолатыттан кынат анньынан
Олох сыыйа сүнньүн булан, ыччат спордунан дьарыктаныыга тардыһыыта улаатан, Кириэс Халдьаайы бөһүөлэгэр туспа оҕо спортивнай оскуолалаах буолар кэмэ кэлбитэ. Юрий Гаврильевич ону эрдэ таба өйдөөн, сүүрэн-көтөн, үрдүк өһүөлээхтэри тылыгар киллэрэн, идэтийбит спортивнай оскуоланы арыйары ситиспитэ. Ити кэмҥэ улуус баһылыгынан биир дойдулаахпыт Дмитрий Васильевич Саввин үлэлиирэ. Кини көмөтүнэн, элбэх сыра кэнниттэн аһыллыбыта.
Оскуолаҕа саамай киэн туттар иитиллээччитин ити идиэйэ олоххо киириитэ элбэх сыратын, доруобуйатын ылбыта саарбаҕа суох, ону бэйэтэ да ахтыыларыгар суруйбута: «2000 сыллаахха Хаандыга оҕо спортивнай оскуолатыттан арахсан, туһунан оҕо спортивнай оскуолата буолбуппут. Сүрдээх уһуннук сыл устата туруорсан, нэһиилэ арахсыбыппыт. Туораттан көрдөххө, кэбэҕэс баҕайытык көстөр эрээри, ис иһигэр киирдэххэ, элбэх ньиэрбэбин, сырабын сиэбитэ кэнники эмиэ доруобуйабар охсуулаах буолбута. Орто оскуола интэринээтигэр улууспут нэһилиэктэриттэн оҕолору аҕалан, кимиилээхтик үлэлээн барбыппыт. Тустуу салаатыгар уопуттаах тренер Ариас Павлов уонна саҥа тренерскэй үлэтин саҕалаан эрэр Иван Дмитриев дьарыктаабыттара. Тренердэр хара маҥнайгыттан үчүгэй тиэхиньикэни биэрэн, иитиллээччилэрин үгүс күрэхтэһиилэргэ таскайдаан барбыттара. Ситиһиилэр өр кэтэһиннэрбэтэхтэрэ. Күндү спортсменнар! Бэйэбит нэһилиэкпитин, Кириэс Халдьаайыбытын, өссө да үрдүк ситиһиилэринэн ааттата туруоххайыҥ диэн ыҥырабын уонна ахтыым бүтүүтүгэр эдэр сааспар биир хамаандаҕа күрэхтэспит, кыайыы-хотуу минньигэһин билбит, хотторуу хомолтотун амсайбыт доҕотторбор үтүө доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын!” диэн Юрий Гаврильевич тус бэйэтин ахтыытыгар суруйбута 2012 сыллаахха “Үһүс Байаҕантай” диэн кинигэҕэ бэчээттэнэн тахсыбыта» (322 стр).
2002 сыллаахха аҕабыт сүрэҕэ күүскэ ыалдьан, Москуба куоракка эпэрээссийэлэтэн кэлбитэ. Ол бириэмэҕэ доруобуйатынан кыаллыбакка, үлэтиттэн тохтуу сылдьыбыта. Онтон кэлин 2010 сыллаахха спортивнай оскуола үлэтэ мөлтөөн, төттөрү ыҥыран ылбыттара уонна олоҕун тиһэх күннэригэр диэри онно таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Тренердэри сүүмэрдээн, сатабыллаахтык үлэлэтэн, араас таһымнаах ситиһиилэр баар буолан испиттэрэ. Тренердэр: көҥүл тустууга Павлов Ариас Алексеевич, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх тренерэ, ытыыга Попов Сергей Павлович, мас тардыһыытыгар Харитонов Александр Егорович, СӨ физическэй културатын уонна спордун туйгуннара, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх тренердэригэр тиийэ үүммүттэрэ. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа, Азияҕа, Европаҕа, Аан дойдуга тиийэ оҕолоро албан ааттара дорҕоонноохтук иһиллэр буолбуттара. Ол үлэлиир кэмигэр оҕолор үрдүк ситиһиилэрин түмүгүнэн, ону көмүскээн туран, хотугу улуустар истэригэр иккитэ “Бастыҥ спортивнай оскуола” аатын ылан, үөрүүтэ муҥура суох этэ. Итиннэ барытыгар аҕабыт мындыр толкуйа, хас биирдии тренергэ, иитиллээччигэ аҕалыы амарах сыһыана сүрүн үктэл буолбута саарбаҕа суох.
Саха тустуутугар саамай сүдү суолтата диэн – кини сүүрэн-көтөн астарбыт спортивнай оскуолатыттан кынат анньынан, ол саҕана көҥүл тустууга Аан дойду икки төгүллээх, Арассыыйа түөрт төгүллээх чемпиона Виктор Николаевич Лебедев үүнэн тахсыыта уонна кини аатын спорт оскуолатыгар иҥэриитэ буолар.
Күндүтүк саныыр киһибит аҕабыт толору дьоллоох олоҕу олорон ааспыта. Кини тапталлаах кэргэн, түөрт оҕо амарах аҕата, тоҕус сиэн эйэҕэс эһэтэ буолар. Биһигини ханнык баҕарар үлэҕэ кыһамньылаах, эппиэтинэстээх буоларга, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөр, дьоҥҥо үтүөнү баҕарар, айылҕаҕа чугас буолар гына ииппитэ. Оҥорбута, саҥарбыта барыта ис сүрэхтэн тахсан, сылааһынан-сырдыгынан сыдьаайа сылдьар буолааччы. Киһи быһыытынан сүрдээх үөрүнньэҥ, элэккэй, чиэһинэй, дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕарара.
Юрий Гаврильевич үтүө аатын, үлэлээбит үлэтин, Томпо улууһугар спорт сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын үйэтитэн, хапсаҕайга А категориялаах өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии быйыл бэһис төгүлүн ыытылынна. Бу күрэхтэһии бастакы олугун оҥорбут чугас табаарыһыгар, бииргэ үөрэммит доҕоругар, СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа, ССРС спордун маастара Алексей Егорович Мостаховка уонна Томпо улууһун баһылыга Яков Иннокентьевич Степановка, ону тэҥэ, күндү киһибит сырдык аатын үйэтитэр «Тустуу куттаах Дьууруй» диэн ахтыы кинигэ ааптара Александр Егорович Харитоновка махталбыт муҥура суох.
Оҥорбут үтүө дьыалата салҕанан, тэрийбит спорт осткуолата үрдүк ситиһиилээхтик үлэлээн, элбэх талааннаах оҕолору иитэн таһаарарыгар уонна Кириэс Халдьаайы саҥа спорт саалата түргэнник тутуллан, үлэҕэ киирэригэр баҕарабыт. Олохтон туораабытын кэннэ, олохтоох дьаһалта уонна нэһилиэк дьокутааттарын сэбиэтэ 2015 сыллаахха Кириэс Халдьаайытааҕы спортивнай саалаҕа биһиги аҕабыт Васильев Юрий Гаврильевич аатын иҥэрэн, чугас дьонун үөрдүбүттэрэ.
Васильев Юрий Гаврильевич дьиэ кэргэнэ.