Ойуунускай уонна кинигэ кыһата - Блоги Якутии

2 года назад 279

Ойуунускай уонна кинигэ кыһата

Сэтинньи 11 күнүгэр саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит суруйааччы, судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй, уопсастыбаннай диэйэтэл, тыл үөрэҕэр бастакы дипломнаах учуонай, фольклору чинчийээччи, салайааччы Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 129 сылын туолар.

         Бу Национальнай библиотека саайта буоларын быһыытынан, “Ойуунускай уонна кинигэ” диэн тиэмэҕэ сыһыаран, “Айар” национальнай издательскай хампаанньа (урукку “Бичик) кылаабынай редактора, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Луковцев-Дьурустаан бэлэмнээн биэрбит «Улуу Ойуунускай уонна саха кинигэтин кыһата” диэн матырыйаалын билиһиннэрэбин.

         Ойуунускай аатын кытта Саха Сирин национальнай кинигэтин кыһатын историята быстыспат ситимнээх. Саха суруга-бичигэ, үөрэҕэ, билимэ, бэчээтэ, уус-уран литературата олохсуйан, туруктаахтык сайдыыта судаарыстыбаннас үөскүөҕүттэн саҕаламмыта.

Ойуунускай бэрэссэдээтэллээх Саха АССР Совнаркомун оскуолаҕа үөрэтиини уонна былаас тэрилтэлэрин алын сүһүөх тэрилтэлэригэр дьыаланы-куолуну саха тылынан ыытарга дьаһала 1922 с. тахсыбыта. «Сахатытыы», «коренизация» бэлиитикэтин көҕүлээччи уонна быһаччы олоххо киллэрээччи быһыытынан кини киэҥ далааһыннаах үлэни ыыппыта.

 Саха суругун-бичигин сэбиэтэ (1924—1926), Саха суругун-бичигин кэмитиэтэ (1926—1928), саҥа түүр алпабыытын Саха Сиринээҕи кэмитиэтэ (1929—1937), «Саха кэскилэ» маҥнайгы научнай-чинчийэр уопсастыба, Тыл, литература уонна история института Платон Алексеевич салалтатынан тэриллэн үлэлээбиттэрэ.

Алпабыыты, суругу-бичиги тупсарыы, олохтооһун, тиэрмин уонна таба суруйуу боппуруостарын ырытан оҥоруу, тылдьыттары, үөрэх кинигэлэрин бэлэмнээһин, нуучча, аан дойду классикатыттан сахалыы тылбааһы саҕалааһын барыта кини сүрүннээһининэн барбыта.

Гражданскай сэрии бара турар кэмигэр 1922 с. «Бастааҥҥы сурук-бичик» букубаар уонна маҥнайгы «Ырыа-хоһоон» диэн уус-уран айымньы хомуурунньуга бэчээттэммиттэрэ.

Бу кинигэ 1921 с. төрүттэммит «Манчаары» (кэлин «Кыым») хаһыаты сүрүн таһаарааччы А.И. Софронов көҕүлээһининэн хомуйан оҥоһуллубута. Үп-харчы, ас-үөл кырыымчык кыһалҕалаах кэмигэр кинигэ атыытыттан киирбит 100 тыһ. солк. Поволжье хоргуйбут нэһилиэнньэтигэр ыыппыттара — саха бастакы суруйааччыларын өттүлэриттэн киһилии аһыныгас быһыы көстүүтүнэн буолбута.

Саха Сирин салалтатын, Ойуунускайдаах өйөбүллэринэн саха суругун-бичигин төрүттээбит тыл үөрэхтээҕэ С.А. Новгородов алпабыытын шрибэ Петроградка кутуллан кэлиэҕиттэн ыла, 1923 сыл сэтинньититтэн «Кыым» хаһыат, 1924 сылтан «Ленинец» кинигэни таһаарар уонна тарҕатар кэпэрэтиип тэриллэн, икки сыл иһигэр 12 кинигэ тахсыбыта.

Эмиэ ити сылга Москваҕа ССРС норуоттарын киин кинигэтин кыһатын иһинэн саха секцията тэриллэн, үс сыл устатыгар 61 кинигэ бэчээттэммитэ. Онтон 1926 с. Обком бюротун кулун тутар 2 уонна Саха АССР Бырабыыталыстыбатын от ыйын 30 күннэринээҕи уураахтарынан Саха Сиринээҕи судаарыстыбаннай кинигэ кыһата олохтоммута. Тэрийээччилэринэн П.А. Ойуунускай, С.Г. Потапов, А.А. Иванов-Күндэ уо.д.а. буолбуттара.

Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтигэр 1922 сылтан 1931 сылга диэри Новгородов алпаабытынан барыта 375 кинигэ (ол иһигэр 74 үөрэх кинигэтэ, босуобуйата, 85 уус-уран кинигэ) тахсыбыта. Суруналыыс, тылбаасчыт Н.С. Андросов «Печать и издательское дело в Якутии» диэн ыстатыйатыгар («За индустриализацию Советского Востока» сурунаал 1 №-рэ, 1933 с.) уон сыл устатыгар ханнык литература төһө ахсаанынан бэчээттэммитин сыыппараларынан ыйан ырытыы оҥорбут эбит. Кини төрөөбүт тылынан уус-уран айымньы кинигэтэ ордук хото бэчээттэммитин бэлиэтиир.

Күн бүгүнүгэр диэри ол үгэс халбаҥнаабакка тутуһуллан кэллэ. Билигин Саха Сиригэр, нэһилиэнньэ ахсааныгар таһаардахха, туспа судаарыстыба буолбут казах, кыргыз, узбек, туркмен омук дойдуларын, бэл, Монголия уонна дойду иһинээҕи Татаар, Башкир, Чуваш, Марий Эл, Хотугу Кавказ, о.д.а. өрөспүүбүлүкэлэрин көрдөрүүлэрин куоһарар элбэх кинигэ төрөөбүт тылынан бэчээттэнэр.

П.А. Ойуунускай 1930-1933 сс. кинигэ кыһатын быһаччы салайбыта, сырдыгы, үөрэҕи-билиини тарҕатыыга үөрэх кинигэтин оруолун өйдөөн күүскэ үлэлээбитэ. Үөрэх кинигэлэрэ сахалыы тылынан айыллан, нууччалыыттан тылбаастанан тахсан, айылгылаах суолу тэлбиттэрэ. Ойуунускай «Көҥүл ырыата», «Уруйа улааттын», «Алгыс», «Доҕорбор Сүөкүччэҕэ», «Крым», «Муора», «Мимуоза», «Мөккүөр», «Тимир көлө», о.д.а. айымньылара үөрэх кинигэлэригэр киирбиттэрэ, кини бэйэтэ «Учпедгизка» саха салаатын салайсыбыта, үөрэнэр кинигэлэр тылбаастарын тэрийсибитэ. Литературнай-тылбаастыыр хамыыһыйаны айымньылаахтык үлэлэппитэ. Аан дойду уонна нуучча классик суруйааччыларын айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Айар тыл аҕата Өксөкүлээх, Алампа, Ньукулай Неустроев, эдэр талааннар Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Эллэй, Күндэ, Абаҕыыныскай, Күннүк Уурастыырап, Эрилик Эристиин, С.Васильев, Н.Түгүнүүрэп, о.д.а. айымньылара кинигэ кыһатыгар туспа кинигэнэн тахсалларыгар үтүө сабыдыалы оҥорбута.

Хомуньуус баартыйа Киин Кэмитиэтин литература кылаассабай буолуохтааҕын туһунан 1925 сыллааҕы уурааҕыттан саҕаланан, 1928 сыллааҕы «О положении Якутской организации» диэн саха интэлигиэнсийэтин, салалтатын садаҕалаабыт уураах тахсыаҕыттан кинигэ кыһатын үлэтигэр көмөлөһө олорбут «Саха омук» култуурунай-сырдатар уопсастыбаннай тэрилтэ сабыллар. А.И. Софронов, В.В. Никифоров, В.Н.Леонтьев, Алтан Сарын, о.д.а. саха бастыҥ үөрэхтээхтэрэ хаайыллаллар. Алампа айымньыта 30 сыл бэчээттэммэт гына тыыннаахтыы көмүллүбүтүн тэҥэ буолар. Өксөкүлээх аата, айымньыта ахтыллара сатаммат аатырар. Соҕурууҥҥу РАПП, пролеткульт хабыр, харысхала суох ухханын «Эдэр бассабыык» хаһыат тула мустубут олохтоох эдэр нигилистэр, карьеристар бөлөхтөрө хабан ылан, «олоҥхону утары охсор илиилэрин ууналлар». П.Ойуунускай «Кыһыл Ойуунун», «Улуу Кудаҥсатын» иһин уодаһыннаах сойуолааһыҥҥа, бэчээтинэн саба түһүүгэ түбэһэр.

1928 сыл олунньу 18 күнүгэр П.А. Ойуунускай «Туйаарыма Куо» диэн олоҥхоттон быһа тардыытын Саха тыйаатыра туруорбута, онтон 1930 с. «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо» үс оонньуулаах олоҥхо-драма диэн суруйуута сценаҕа кини репрессияланыар диэри туруоруллан оонньоммута. Онон музыкальнай драма, опера, балет сайдыытыгар бигэ акылаат уурбута. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун түүннэри-күннэри үлэтин быыһыгар 1930-1932 сс. суруйан бэчээттэтэр. Кинигэ издательствотын дириэктэринэн үлэлии олордоҕуна, олоҥхону суруйан бэчээттэппит буруйугар үлэтиттэн үүрбүттэрэ.

«Сүүрбэһис, отутус сылларга П.А. Ойуунускай олоҥхону туруулаһан туран хорсуннук көмүскэспэтэҕэ буоллар, “Ньургун Боотуру”, дойдутуттан үүрүллэн, Москваҕа үөрэххэ тиийэн, ситэрбэтэҕэ буоллар, кэлин Дьокуускайга эргиллэн, Тыл уонна култуура институтун дириэктэринэн олорон, норуот тылынан уус-уран айымньытын киэҥник хомуйууну, үөрэтиини тэрийбэтэҕэ буоллар, билигин биһиги национальнай култуурабыт ханнык таһымҥа буолуоҕун өйдүүр соччо уустуга суох», – диэн саха норуотун суруйааччыта Софрон Данилов «П.А.Ойуунускай — саха норуотун улуу уола» диэн төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаабыт ыстатыйатыгар хараастан суруйбута.

«Якгосиздат» тэриллибитэ 10 сыла 1936 с. П.А. Ойуунускай көҕүлээһининэн киэҥник бэлиэтэммитэ. Саха тыйаатырыгар үөрүүлээх мунньах тэриллибит. Ити ааспыт кэрчик кэм иһигэр барыта 785 араас кинигэ 2437,3 тыһ. ахсаанынан бэчээттэммит эбит. Ону таһынан кинигэ кыһатын Москватааҕы салаатынан 1933 сылтан ОГИЗ, «Учпедгиз», «Детгиз», о.д.а. киин издательстволарга кинигэлэр тахсаллара.

Алдьархайдаах 30-с сыллар иккис аҥаардара ааҥнаан кэлбитэ. Соруйан оҥоһуу эбитэ дуу, тоҕо эрэ, ол кэмҥэ бэрт дьиибэтик тоҕооһон, 1936 с. олохтоох типография дьиэтэ умайар. Олус күүстээх баһаартан бэрт дуона суох шриби эҥин эрэ быыһыыллар. Тигинэччи үлэлии олорбут саха бэчээтэ эмискэ кытаанах балаһыанньаҕа киирэр. Онуоха эбии кинигэ кыһатын, бэчээт үлэһиттэрэ, ааптардар сойуолааһыҥҥа түбэһэллэр. Репрессия сылларыгар бэчээттэнэр кинигэ ахсаана быста аҕыйыыр. Инники сылларга тэҥнээтэххэ, үс гыммыт бииригэр тиийэ көҕүрүүр. Москваҕа сахалыы кинигэ бэчээттэнэрэ тохтотуллар.

Айар, чинчийэр үлэтин үгэнигэр сылдьар саха чулуу уола П.А. Ойуунускай ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан быыбарданан, сийиэс үлэтигэр кыттан баран, дойдутугар айаннаан иһэн,1938 сыл олунньу 16 күнүгэр Иркутскайга тутуллан хаайыллан, сылтан ордук кэмҥэ сору-муҥу көрө сытан, сырдык тыына быстыбыта. “Норуот өстөөҕө” аатыран, айымньылара бобуллубуттара. Кинигэ кыһатын салалтата, үлэһиттэрэ эмиэ репрессияҕа түбэспиттэрэ.

Төлөннөөх салайааччы, улуу суруйааччы П.Ойуунускай үтүө аата төннөрүллэн, айымньылара бэчээккэ хос тахсыытыгар
кинигэ кыһатын үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кыттыбыттара. Кыһаттан сэриигэ барбыт түөрт киһиттэн соҕотох ордон кэлэн, 55 сыл устата производство салаатын салайан кыһамньылаахтык үлэлээбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Федор Петрович Ефимов хорсун быһыытын туһунан Софрон Данилов дириҥ махталынан маннык ахтыбыта:

«1957 с. Ойуунускай айымньыларын эрэдээксийэлээн таһаарыыны миэхэ сорудахтаабыттара. Кини тыыннааҕар тахсыбыт кинигэлэриттэн биһиги бибилэтиэкэбитигэр баара-суоҕа икки-үс эрэ ордубут этэ. Айаҕалыы сатаан, Москваттан Ленинскэй бибилэтиэкэттэн көрдөспүппүт. Рукопись аата диэн букатын туох да суоҕа. Онон биир дуу, икки дуу тому, ордубут кинигэлэртэн, сурунааллартан, хаһыаттартан хомуйан таһаарарга диэн быһаарыллыбыта. Сэрии иннинэ Москваҕа саха издательствотыгар П.А.Ойуунускай алта томнаах айымньыта бэчээккэ бэлэмнэнэн баран, хаайыллыбытын кэннэ суох оҥоһуллубута биллэрэ. Онтуттан туох эмэ ордубута буолуо диэн санаа кимиэхэ да суоҕа. Дьэ, онтон, арай, биирдэ урут Москватааҕы издательствоҕа үлэлээн сылдьыбыт Ф.П.Ефимов били уматыллыбыт буолуохтаах алта том толору корректурата ыга кэлгиллибитин аҕалан, издательство остуолугар ууран биэрбитэ.

Федор Петрович Ефимов

Соһуччу үөрүү диэн, дьэ, онно баар этэ! Федор Петрович репрессия кытаанах кэтэбиллээх, суостаах кэмигэр ол корректураны кистээн ылан, дойдутугар аҕалан, хара харахтаахха көрдөрбөккө, хаптаҕай кулгаахтаахха иһитиннэрбэккэ ууран сытыарбыт эбит. Инньэ гынан алта том мин эрэдээксийэлээһимминэн, Москватааҕыны үүт-үкчү түбэһиннэрэн, бэчээттэнэн тахсыбыта. Кэлин сэттис том эбиллибитэ».

Ол курдук П.А. Ойуунускай айымньыларын хомуурунньуга кинигэ кыһатыгар 7 томунан 1958-1962 сс. бэчээттэнэн, бар дьонугар, дьэ, тиийэр кыахтаммыта. Онтон кэлин 1975 с. талыллыбыт айымньылара икки томунан, эмиэ ити сылга В.Державин тылбааһынан «Нюргун Боотур Стремительный» олоҥхото бэчээттэммиттэрэ.

Олоҥхо кинигэтэ «Кинигэ-75» диэн Москваҕа ыытыллар аан дойдутааҕы кинигэ быыстапкатыгар маҥнайгы миэстэлэнэн, кыһыл көмүс мэтээлинэн бэлиэтэниитэ — Саха Сирин кинигэ таһаарааччыларын аан маҥнайгы дьоһун ситиһиилэрэ этэ. Улуу Ойуунускай үйэлээх олоҥхото саха кинигэтэ киэҥ эйгэҕэ тахсар тэргэн аартыгын арыйбыта.

Классик суруйааччыбыт төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан 1993 с. ГЧИ үлэһиттэрэ бэлэмнээбит 3 томнаах талыллыбыт айымньыларын өр сылларга кинигэ кыһатыгар таһаарыылаахтык үлэлээбит суруйааччы В.А. Тарабукин үлэҕэ туттаран баран, уоппускаҕа барбытынан сиэттэрэн, мин кинилиин биир эрэдээксийэҕэ үлэлиирбинэн, корректураларын аахпытым. Сардаана Платоновна Ойуунускайалыын үгүс түгэннэри чопчулаһан, архыыптан чуолкайдаһан, көннөрүүлэри киллэрэн, бэркэ сыралаһан үлэлээн, бэчээккэ илии баттаабыппынан, кини аҕатын, саха улуу киһитин өлбөт-сүппэт айымньылара ааҕааччыга тиийиитигэр ханныктык эмэ кыттыспытым диэн мэлдьи киэн тутта, астына саныыбын.

Төрөөбүт норуоттарын кэхтибэт кэскиллэрин тэрийбит, халыҥ хахха, суон дурда буолар судаарыстыбаннаһы ылары ситиспит уһулуччу үтүөлээх бастакы салайааччыларбыт П.А.Ойуунускай, М.К.Аммосов, И.Н.Барахов уо.д.а. тэрийбит кинигэлэрин кыһата суверенитет сылларыгар национальнай статустанан, XXI үйэҕэ сайдыылыын тэҥҥэ хардыылаан, саҥаттан саҥа үрдэллэри дабайар.

Добавить комментарий