2 года назад 170
Университет киэн туттуута
Оҕо хаһыатыгар өр сыл үлэлээбит биир үөрүүм – өрөспүүбүлүкэ араас улууһун оҕолорун кытта алтыһыым.
Кэнчээри ыччат айар дьоҕурун сайыннарар соруктаах эдэр кэрэспэдьиэннэр сүлүөттэрин элбэхтэ тэрийэрбит. Оннук биир түмсүүбүтүгэр ыраах Мииринэй улууһун Сүлдьүкээр эбэҥки национальнай нэһилиэгиттэн Игорь Данилов диэн олус көхтөөх, тылга тыыппалаах, билиигэ баҕалаах уол тиийэн кэлбитэ.
Барыларыттан уһулуччу уолу бары бэлиэтии уонна сөбүлүү көрбүппүт, бу орто дойдуга элбэҕи айа-тута кэлбит айыы айылгылааҕын тута сэрэйэ санаабыппыт. Онтукабыт, чахчы, туолан эрэриттэн сэмээр испитигэр үөрэбит уонна өссө да элбэҕи эрэйэ, эрэнэ күүтэбит.
Кини бу сыллаахха Устудьуон күнүгэр “ХИФУ бастыҥ чинчийээччитэ” ааты ылбыта. Кырдьыга да, арай мин көрдөхпүнэ, Игорь биир кэм соҕуруу сылдьар, норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай кэмпириэнсийэлэргэ кыттан ситиһиилэнэр курдук. Кини олоҕун наукаҕа аныырга чопчу быһаарыммытын, олох эдэр сааһыгар эрдэ докторскайын көмүскэнэр соруктааҕын эппитэ.
Бүгүн Устудьуон аан дойдутааҕы күнүнэн ХИФУ устудьуоннарын научнай түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Игорь Данилов туһунан кэпсиэм.
Учуонай-учуутал буолаары
Игоры оскуола саҕаттан билбэт дьон учуутал, преподаватель курдук көрөллөр. Бөдөҥ-садаҥ көрүҥнээҕин, дьоһун бэйэлээҕин иһин. Кырдьыга да, кини, бу идэни толору баһылаары, иккис куурукса үөрэнэ сылдьан, үөрэҕин таһынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ кылаас салайааччытынан үлэлии сылдьыбыта, өссө баҕатынан оҕолорго саха тылыгар, литературатыгар сыһыаннаах лиэксийэлэри ааҕара. Оччолорго үөрэнээччилэрэ киниттэн 2 эрэ сыл балыс этилэрэ да, лоп бааччы оруннаах тылын истэллэрэ, Игорь Альбертовичтан атыннык ааттаабаттара.
Бэйэтэ эмиэ бу үөрэх кыһатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. “Салгыы сайдаргар, киин үөрэх кыһатыгар туттарыс”, — диэн уһуйааччылара этэ сатаабыттарын үрдүнэн, Игорь манна хаалбыта. Тоҕо? Учуонай-учуутал буолаары!
Дьоҕус оскуола дьоһун оруола
Мииринэйгэ Сүлдьүкээр диэн 250 киһилээх кыракый дэриэбинэ баар. Оскуолаларыгар 50-ча оҕо үөрэнэр. Игорь тохсуһу бүтэрэригэр да итинтэн элбэҕэ суохтара.
–Ол гынан баран, биһиэхэ оҕону бары өттүнэн сайыннараллар. Ахсааммыт аҕыйах буолан, бука бары “Дылачакаан” ансаамбылга ыллыырбыт, үҥкүүлүүрбүт. Салайааччыларбыт Галина, Иван Неустроевтар хас биирдии оҕо талаанын арыйарга кыһаллаллар. Холобура, үөрэппит оҕолоруттан билигин эстрадаҕа Николай Никифоров (“Үрдэл” бириэмийэ финалиһа) тахсан эрэр. Спиридон Саввинов-Садын “Саҥа ырыа” кыттыылааҕа этэ.
Игорь бэйэтэ эмиэ үчүгэйдик ыллыыр. Мииринэй улууһун аатыттан элбэх ыһыахха оһуохайдаабыт, хомустаабыт буолуохтаах. Фольклор бу көрүҥнэригэр уһуйбут учууталларыгар – алын сүһүөх кылаастан эһиэкэйдэппит О.К. Павлованы уонна 5 сааһыгар хомус бэлэхтээн дьарыктаабыт Л. М. Лукинаны – олус күндүтүк саныыр.
Култуура эйгэтиттэн ураты Игорь өссө айар үлэнэн үлүһүйэрэ. Н.А. Кириллина көҕүлээһининэн “Садын” поска сылдьыбыта, “Кэскил” хаһыакка суруйара.
–2013 сыллаахха “Кэскиллэрим” эдэр кэрэспэдьиэннэригэр анаан, Дьокуускайга 21 хонуктаах лааҕыры тэрийбиттэрэ. Онно кэлэн, өрөспүүбүлүкэ айар дьоҕурдаах оҕолорун кытта алтыһан, ситиһиилээх, биллиилээх дьоннуун көрсүһүүлэргэ сылдьан, маастар-кылаастарга дьарыктанан, өй-санаа, билии-көрүү өттүнэн сайдан аҕай барбытым. Антах Мииринэйгэ улуустааҕы тэрээһиннэр барыта нууччалыы бараллар. Ол иһин дьон иннигэр сахалыы саҥарарга улахан үөрүйэҕэ суох киһи манна кэлэн, этэргэ дылы, өрөөбүт уоһум өһүллүбүтэ. Ити кэмтэн ыла саха тылыгар талаһыым саҕаламмыта.
“Кэскиллэри” кытта кэккэлэһэн, сүлүөттэргэ ыҥырылларым, “Океан” лааҕырга сынньанар путевканан наҕараадаламмытым. Оннооҕор оҕо хаһыатын ааҕыы туһунан чинчийии ыытан, НПК-ҕа кыттан турардаахпын.
Билим байҕалыгар
Учуонай буолар баҕалаах Игорь Данилов наукаҕа интэриэһэ “Инникигэ хардыыттан” саҕыллыбыта саарбаҕа суох. Оскуола сылларыгар түөрт сылы быһа субуруччу Арассыыйатааҕы НПК-ларга лауреат буолбута.
Билим байҕалын устун устарга бастакынан эрдиини туттарбыт киһинэн Е.П. Игнатьева буолар. Иккиэн Сүлдьүкээр историятын хасыһан үөрэппиттэрэ. Ол үлэлэринэн 2015, 2019 сыллардаахха икки кинигэни бэлэмнээн таһаарбыттар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй гуманитарнай кылааһыгар үөрэнэр кэмигэр, суолдьут сулус буолбут учуутала С.Г. Олесова сүбэлээн, бастаан тыл институтун үлэһитэ А.А. Кузьминалыын, онтон Г.С. Попова-Санаайалыын олоҥхоҕо көстөр этническэй идентификационнай маркердары чинчийбиттэр.
— Науканы айар үлэ курдук ылынабын. Ол иһин дуоһуйа дьарыктанабын, дууһалыын сынньанабын.
Бастакы кууруска киириэхпиттэн ыла, эмиэ Саргылаана Гаврильевна булуһуннаран, ХИФУ наукаҕа уонна инновацияҕа департаменын дириэктэрэ Н.В. Малышеваны кытта үлэлэһэбин. Кини салайыытынан үүт аһылыктар ааттарын үөрэтэбин. Нинель Васильевнаны көрсүбэтэҕим эбитэ буоллар, баҕар, соҕуруу үөрэнэ барбатахпын кэмсинэ сылдьар буолуом этэ. Оттон билигин чопчу сыаллаахпын — учуонай-учуутал буолар.
Саха тылын туһунан
Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах араас научнай кэмпириэнсийэлэргэ сылдьар киһи эрэллээхтик этэр:
–Арассыыйа атын субъектарыгар тэҥнээтэххэ, биһиги тылбытын тутан олорор норуоппут. Ол эрээри аны тылбыт туттуллар эйгэтин Интэриниэт ситимигэр кэҥэтиэхпитин, Ютубка, Инстаграмҥа, сайтарга киллэриэхпитин наада. Гаджет кэмин оҕолоругар табыгастаах буоларын гына.
Ыччат төрөөбүт тылыгар интэриэһэ сүппэт дии саныыбын. Ону сыл аайы Өрөспүүбүлэкэтээҕи лиссиэй гуманитарнай кылааһыгар, ХИФУ хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын, култууратын институгар киирии куонкуруһа үрдүгэ да туоһуулур. “Инникигэ хардыы” НПК-ҕа саха салаатыгар экспертиибин. Холобура, оҕолор сахалыы харыс тыллары, өс хоһоонугар аат туохтуурдары, саха таабырыннарыгар архаизмнары, киирии, ханыыласпыт тыллар көстүүлэрин, о.д.а. үөрэтэллэр. Ити чинчийиилэр да кэнчээри ыччат саха тылын сэҥээрэрин кэрэһилиир. Манна даҕатан эттэххэ, кыайан тылбаастаммат нууччалыы тыллары дорҕоонун сахатытан суруйууну (холобура, экзамен-эксээмэн, история-устуоруйа ) мин биһириибин. Саатар, оннук гынан, тылбытын харыстыы сатыа этибит буолбаат? Бэйэм сахатытыыны түргэнник ылынным, оннук саҥарар да буоллум.
Үрдүккэ үктэл
“Эдэр киһи биир кэм үөрэнэртэн-чинчийэртэн сүрэҕэлдьээн да ылыаххын сөп этэ. Эн бэйэҕин көдьүүстээх үлэҕэ хайдах көҕүлүүгүн?” — диэн ыйытабын.
—Эппиэтинэстээх буолуохха наада. Бэйэҥ иннигэр. Кими да хомоппот, эрэллэрин түһэн биэрбэт гына дьоһуннук сылдьарга, туруоруммут сыалгын-соруккун ситиһэргэ. Ити хаачыстыбаны кыра эрдэххэ төрөппүттэр иитэллэр, иҥэрэллэр эбит. Ийэм Галина Ивановна – учуутал, аҕам Альберт Николаевич – сылгыһыт. Кинилэр миэхэ көҥүлү биэрэллэрэ – бэйэм быһаарынарбар, таларбар. Хаһан да сонун үлүһүйүүбүн харгыстаабаттара, хааччахтаабаттара. “Санныгар төбөлөөх, бэйэтэ толкуйдаатын”, — дииллэрэ. Оҕо НПК-ларга, олимпиадаларга, куонкурустарга, сүлүөттэргэ сылдьан сайдар. Ону төрөппүттэр өйүөхтээхтэр. Мин ыраах күрэхтэһэ барарбын хаһан да буойбаттара. Айаным төлөбүрүн уйуналлара. Ол оннугар билигин I куурустан, туйгун уонна наукаҕа элбэх ситиһиилээх буолан, үрдүк истипиэндьийэни ылабын, бэйэбин иитэбин.
Уопсайынан, мин олохпор суолбун арыйан биэрэр дьону көрсөн иһэрбиттэн үөрэбин. Бастатан туран, талааммын уһугуннарбыт, бэйэбэр эрэли сахпыт Сүлдьүкээрим учууталларыгар махтанабын. Иккиһинэн, киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ сирдээн аҕалбыт “Кэскил” хаһыатым үлэһиттэригэр. Үсүһүнэн – наукаҕа ыллыкпын ыйбыт, учуонайдары билиһиннэрбит С.Г. Олесоваҕа.
Ол иһин оҕону кэмигэр болҕойон көрүөххэ, туохха дьоҕурдааҕын сэҥээриэххэ наада эбит. Оттон оҕолорго этиэм этэ, дьарыктаах буолуҥ диэн. Оччоҕо соруктаах буолуоххут. Соругун толорорго туруммут киһи ситиһиилээх.