Тыл түмэлэ түстэннэ - Блоги Якутии

2 года назад 203

Тыл түмэлэ түстэннэ

СӨ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын интерактивнай түмэлэ” порталы билиһиннэрэр тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт Наталья Васильевна Бурцева көрсөн: “Саха тылын учууталларын сийиэһин дэлэгээттэригэр соһуччу үөрүү буолла!” – диэн санаатын үллэһиннэ.

Кини Мүрүтээҕи “Уолан” гимназияҕа саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлиир. “Өссө биир этиилээхпин. Бу порталга уруок презентацияларын уган иһэргит эбитэ буоллар, дьэ чахчы, күннэтэ киирэн көрөр, үөрэтэрбитигэр олус туһанар виртуальнай мусуойбут буолуо этэ. Ити саха тылыгар уһуйааччылар барыбыт баҕа санаатын тиэрдэбин. Холобура, мин Бүөтүр Тобуруокапка уонна Кулантайга сэдэх матырыйааллаах презентациялардаахпын, ону үөрүүнэн биэриэм этэ. Итинник бары көмөлөөн байытар буоллахпыт дии. Атын предметтэргэ интерактивнай матырыйаал Интэриниэккэ элбэх ээ, оттон саха тылыгар букатын суоҕун тэҥэ. Онон бу мусуой үлэлии сылдьар учууталга тирэх буолар практическай  суолтата улахан буолуохтаах дии саныыбын”, — диир Наталья Васильевна.

Төрүт олохтоох омуктарбыт тылларыгар туһуламмыт бу виртуальнай түмэли оҥорор туһунан идиэйэни Ил Дархан уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын тыллары сайыннарыы боппуруостарыгар управлениетын салайааччыта Римма Жиркова көҕүлээбит. Ону СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ олоххо киллэрдэ. Ол туһунан дириэктэр Саргылаана Максимова бу курдук кэпсээтэ:

 Билиҥҥи кэмҥэ бибилэтиэкэлэр, атын социокултуурунай уонна үөрэх кииннэрин курдук, төрөөбүт тылы, норуот култууратын харыстыырга уонна тарҕатарга күүскэ үлэлэһэллэр. Бу бырайыак СӨ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын сайыннарар бырагыраама чэрчитинэн оҥоһулунна. Порталбытын “интерактивнай түмэл” диэтибит. Тоҕо диэтэххэ, ханнык баҕарар мусуой курдук, биһиги интерактивнай түмэлбит ким даҕаны саарбахтаабат, чопчу бигэргэтиллибит информацияны тиэрдиэхтээх. Ол иһин матырыйаалларын үрдүк таһымнаах исписэлиистэр бэлэмнээтилэр: Гуманитарнай чинчийиилэр уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар проблемаларын институтун, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы институтун, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университетын үлэһиттэрэ.

Кинилэр билиҥҥитэ оҥкул буолар тирэх матырыйааллары порталга киллэрдилэр. Мантан инньэ онно эбии уган, мусуой ис хоһоонун кэҥэтэн-байытан иһиэхтээхпит.

 “Нуучча тыла” салаа контенын филологическай факультет доцена, п.н.к. Лариса Николаевна Самсонова оҥордо, киниэхэ Римма Геннадьевна Жигадло көмөлөстө.

— Аан дойдуга 258 мөлүйүөн киһи нууччалыы саҥарар, оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр судаарыстыбаннай тыл буолар. Бу порталга киирбит матырыйааллары икки блокка араардыбыт. Бастакыбыт уларыйбат, бастайааннай. Ол эбэтэр манна нуучча тылын туһунан научнай ыстатыйалары, чинчийиилэр түмүктэрин, о.д.а. туһунан ааҕыаххытын сөп. Иккискэ – нуучча тылыгар үөрэтэр роликтар, учуонайдарбыт хаартыскалара, хаһыаттарга, сурунаалларга бэчээттэммит үлэлэрбит, кафедраларбыт бэлэмнээн таһаарбыт кинигэлэрэ, факультеппыт сонуннара. Бу информациялар кэмиттэн кэмигэр саҥардыллан иһиэхтэрэ, — диэн сырдатта Лариса Николаевна.

“Саха тыла” салааны РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун саха тылыгар кафедратын сэбиэдиссийэ, ф.н.к., доцент Дария Ивановна Чиркоева, итиэннэ Гуманитарнай чинчийиилэр уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар проблемаларын институтун саха тылыгар отделын сэбиэдиссэйэ Надежда Ивановна Данилова бэлэмнээтилэр. 

Бу улахан бырайыакка кулун тутартан үлэлээн саҕалаабыппыт, — диир  Дария Ивановна. – Тыл интерактивнай мусуойа диэн, арааһа, Арассыыйаҕа бу соҕотох буолуо. Ханна да баарын истэ-көрө иликпит. Саха тылыгар матырыйаал элбэх. Ону барытын сыыйа бу порталга киллэрэр, биир сиргэ түмэр баҕа баар. Ол буолуо этэ, бу түмэл сүрүн сыаннаһа. Оттон билигин ыйыллыбыт ахсаанынан наардаан уктубут. Тутулун кэпсиир буоллахха, түөрт түһүмэхтэн турар: 1. Саха тылын устуоруйата (научнай ыстатыйалар). 2. Саха тылын үөрэппит дьон (С.Новгородов, Е.Убрятова, Е.Коркина, Н.Антонов уо.д.а.) туһунан  киинэлэр. 3. Аудио-матырыйааллар (учуонайдар лиэксийэлэрин, улуус-улуус ураты саҥатын, о.д.а истиэххитин сөп). 4. Хаартыскалар. Этиллибитин курдук,  бу саҕалааһын эрэ, эбэн иһиэхпит.

 Гуманитарнай чинчийиилэр уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар проблемаларын институтун хотугу филологияҕа отделын сэбиэдиссэйэ Сардаана Ивановна Шарина:

 – Бу порталга үлэлэһэргэ үөрүүнэн сөбүлэспиппит. Тоҕо диэтэххэ, сүтэр кутталлаах тыллары куйаар ситимигэр төһө кыалларынан үйэтитэ сатыахтаахпыт. Кэлин кэнчээри ыччаппыт тылын үөрэтээри гыннаҕына, бу мусуой көмө-тирэх буолуоҕа. Ол курдук,  Хоту уонна Аартыка төрүт олохтоох эбээн, эбэҥки уонна дьүкээгир омуктарын тылларын туһунан сибидиэнньэлэри биэрдибит: тарҕанан олорор сирдэрин, төрдүлэрин-уустарын, этностар бэрэстэбиитэллэрин барыллаан ахсааннарын, хас киһи төрөөбүт тылын билэрин, ханнык оскуолаларга уһуйалларын, бу тыллар төһө үөрэтиллибиттэрин, чинчийиилэр ырытыыларын, о.д.а. Үөрэтэр тылгын хайдах саҥаралларын иһиттэххинэ эрэ ылынаҕын. Ол иһин видеороликтары киллэрдибит. Холобура, суруйааччы Г.Н. Курилов-Улуро Адо, учуонай Т.Е. Андреева дьүкээгирдии, Н.Ю. Ушницкая эбэҥкилии, эдэр учуонайдар эбээннии лиэксийэлэрин сэҥээриэххит. Тоҥустар тылларын үөрэппит чинчийээччилэр тустарынан, итиэннэ кинилэр үлэлэрин ааҕыаххыт. Ил Дархан эбэҥкилэргэ Г.М. Василевич, эбээннэргэ С.А. Лебедев, дьүкээгирдэргэ Н.И. Спиридонов-Тэки Одулок ааттарынан бириэмийэлэри олохтообута. Кимнээх лауреат буолбуттарын эмиэ бу түмэлтэн билиэххит.

 Салгыы ХИФУ хотугу филологияҕа кафедратын бэрэпиэссэрэ Варвара Григорьевна Белолюбская тыл эттэ:

– 80 сыл анараа сыл өттүгэр Муома оройуонугар төрөөбүт эбээн бастакы поэта Николай Тарабукин эбээн суруйааччыта Платон Ламутскайга эппит: “Эн биһикки дойдубут үрүҥ хаарыгар бастакы айымньылары суруйан хаалларыахха”, — диэн. Оттон эбээн учуонайа Василий Лебедев: “Мин төрөөбүт тылым, төһө да аан дойдуну эргийбэтэр, арай мин саҥардахпына уонна туойдахпына, олус кэрэтик иһиллэр”, — диэбитэ. Эбэҥки биллиилээх поэта Алитет Немтушкин этэн турар: “Өскөтүн мин төрөөбүт төрүт тылбын  умнар эбит буоллахпына, оччоҕуна миэхэ бу кулгаахтарым туохха наадаларый?” – диэн. Дьэ, ити курдук кинилэр төрөөбүт тылларын таптыыллара уонна сайдыан олус баҕараллара. Онуоха билигин өрөспүүбүлүкэбит салалтата аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылларын харыстыырга уонна тарҕатарга үлэни күүскэ ыытар. Ол биир туоһута – интерактивнай мусуой. Бу порталга тоҥус-мондьуур тылларын үөрэтэр А.М. Певнов суруйбут монографиятын, элбэх аудио-, видео- уонна архыып матырыйаалларын киллэрдибит.  Манна даҕатан эттэххэ, хотулар тылларын үөрэтэр учууталлары аан бастаан 1986 с. бэлэмнээн турабыт. Олор Халыма үс улууһугар, Муомаҕа, Аллайыахаҕа тиийэн үлэлээбиттэрэ. Кинилэртэн Антонина Афанасьевна Винокурова билигин биһиги кафедрабытын салайа сылдьарыттан үөрэбит. Итинник эдэр көлүөнэни уһуйуу көмөтүнэн утум салҕанан иһиэхтээх.

Бу интерактивнай мусуой аҥаардас көрдөрөр-кэпсиир эрэ соруктаах буолбатах, биир салаата баҕалаахтары төрүт тылларга үөрэтиигэ туһуламмыт. Дьүкээгирдии саҥарарга уһуйар контены оҥорбут Нерюнгритааҕы “Аартыка”  экспериментальнай оскуола учуутала Анна Николаевна Татаева билиһиннэрдэ:

– XVII үйэҕэ саҕаланыыта дьүкээгирдэр ахсааннара 5000 кэриҥэ эбит. Өлүөнэ тардыытыттан Анаадырга тиийэ тарҕанан олорбуттар. Үйэ бүтүүтэ 10 төгүл аччаабыттар уонна абына-табына ыһыллан хаалбыттар. Ол түмүгэр билигин икки дьүгээкир бэйэ-бэйэлэрин кытта кыайан өйдөһүмүөхтэрин сөп. Тоҕо диэтэххэ, туундара дьүкээгирин тыла тыа дьүгээрин тылыттан уратылаах. Биһиги манна туундара дьүкээгирин тылыгар уһуйабыт.

Портал ити үөрэтэр салаатын Уус Маайа улууһуттан дэлэгээт Ольга Ильинична Дьячковская сэҥээрэ истибит:

Мин Күптэн сылдьабын, эбэҥки национальнай нэһилиэгиттэн. Алын кылаас учуутала буолабын. Эбэҥки тылын уонна култууратын үөрэтэргэ чаастаахпыт. Онно бу интерактивнай мусуойу туһаныам диэн үөрдүм. Бастаан кийиит буолан тиийбиппэр, оскуолабыт эйгэтэ нууччалыы соҕус этэ. Национальнай кэнсиэпсийэ өрөгөйдөөн турар 90-с сылларыгар сахатыйыы баран испитэ. Онтон эмиэ төттөрү түһэн хааллыбыт. Ол иһин ыытыллар бэлиитикэттэн тыл дьылҕата олус тутулуктаах эбит диэн этиэм этэ.     

Айталыына Алексеевна Семенова, Үөһээ Бүлүү улууһа:

 -Харбалаах нэһилиэгин Н.Якутскай аатынан оскуолатыгар алын сүһүөх кылаастары үөрэтэбин. Интерактивнай матырыйаал нууччалыы тылынан олус элбэх, оттон сахалыы сэдэх. Онон Национальнай бибилэтиэкэ бу виртуальнай түмэлигэр сахалыы контены элбэтиэн наада. 

Интэриниэт тыа сиригэр кэлиэҕиттэн оҕолор нууччалыы саҥарар буоллулар. Ону төрөппүттэр төттөрүтүн биһирииллэр. “ВПР, ОГЭ, ЕГЭ – барыта нууччалыы дии, онно бэлэмнээх буолуо этилэр”, — дииллэр. Ити биир кэлим эксээмэннэр тылга охсуулара буолар. Учуобунньуктарбыт эмиэ нууччалыылар. Ол эрээри мин сахалыы быһаарабын. Төрөөбүт тылым туһугар ис сүрэхпиттэн туруулаһабын.

Үөрэҕирии саҥа ыстандаартынан саха тылын чааһын сарбыйан кэбистилэр. Хата, өрөспүүбүлүкэбит бэйэтэ харчы көрөн, биир чааһы эбэн, нэдиэлэҕэ син икки чаас буолла да, ол төһө көдьүүстээх буолуой? Ол иһин кылаас таһынан үлэни көҕүлүүбүн. “Төрөөбүт дойду устунан айан” диэн 4 сыллаах бырагырааманан үлэлиибин. Исиидэр Бараахап уонна Николай Якутскай мусуойдарын кытта кыттыгас бырайыакпыт буолар. Оҕолор бастаан олорор дэриэбинэлэрин, онтон улуустарын, ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэлэрин устуоруйатын үөрэтэллэр. Патриоттуу тыыны иҥэрдэххэ эрэ, төрүт култууратын, төрөөбүт тылын таптыыр, харыстыыр ыччат үүнүөҕэ.

Сунтаар 3-с оскуолатын учуутала Анна Анатольевна Алексеева:

-Төлөпүөнү илиитигэр тутан улааппыт оҕо олох атын эбит. Толкуйдууруттан саҕалаан, саҥарарыгар тиийэ. Холобура, быйыл ылбыт бэһистэрим нууччалыы эрэ чубугураһа сылдьаллар. Ол иһин Интэриниэт эйгэтигэр сахалыы контент тэнийиэхтээх. Бу интерактивнай мусуой олох саамай бириэмэтигэр оҥоһулунна диэн хайгыыбын. Үөрэнээччилэрим манна киирэн, Национальнай бибилэтиэкэ электроннай ресурсатыттан кинигэлэри ааҕыахтара.

Дьэ, бу электроннай бибилэтиэкэ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларга сыһыаннаах төһө элбэх кинигэлээҕин Мария Альбертовна Платонова сырдатта.

Холобура, аҥаардас саха тылын үөрэтиигэ эрэ анаммыт 686 кинигэ (тылдьыттар, монографиялар, учуобунньуктар, о.д.а) электроннай барыйааннара баар эбит.

“Бу 20 сыл устата муспут электроннай бибилэтиэкэбит баайын толору туһанаргытыгар көҥүлү биэрэбит”, — диэн эттэ Национальнай бибилэтиэкэ  дириэктэрэ Саргылаана Максимова уонна Саха тылын учууталларын II сийиэһин дэлэгээттэригэр VIP таһымнаах “Ааҕааччы билиэттэрин” туттартаата. Ону хайдах туһанары, тус кэбиниэккэ киирэри Раиса Ивановна Колодезникова сиһилии быһаарда.  

 Арассыыйаҕа бастакынан тэриллибит тыл виртуальнай түмэлин “аана” официальнайдык ахсынньы 16 күнүгэр тэлэччи  арыллыаҕа диэн иһитиннэрэбит.

Добавить комментарий