“ҺӨҔҮҤ” быыстапкатын көрөн сөҕүҥ - Блоги Якутии

2 года назад 408

“ҺӨҔҮҤ” быыстапкатын көрөн сөҕүҥ

Арассыыйаҕа олорор норуоттар төрөөбүт тылларын саамай симэлиппит, туох да диэбит иһин, сэбиэскэй былаас. Оннук биир охсуулаах дьаһалынан 1964 сыллаахха РСФСР Үөрэҕин министиэристибэтин бирикээһэ этэ.

Ол докумуоҥҥа национальнай оскуолаларга үөрэх маҥнайгы кылаастан нууччалыы барыахтааҕын туһунан этиллэрэ. Төрөөбүт тылы биридимиэт эрэ быһыытынан үөрэтии көҥүллэнэрэ. Дьолго, сахалар оччотооҕу миниистирбит Николай Иванович Шарин, ырааҕы көрөр мындыр толкуйдаах салайааччы буолан, тыл сүттэ да омук эстэрин санаан, Татарстаан миниистирэ М.И. Махмутовы, Башкирия миниистирэ Ф.Х. Мустафинаны кытта сүбэлэһэн баран, “билигин тута нууччалыы үөрэтэн саҕалаатахпытына, тыа сирин оҕолоро өйдүөхтэрэ суоҕа, бырагырааматтан хаалыахтара” диэн сылтахтанан, “Особый учебный план татарской, башкирской, якутской школ» диэн туспа былаан бигэргэтиллэрин ситиспиттэрэ.

Н.И. Шарин

         Дьэ, ити эрэ иһин биһиги тылбытын букатын сүтэрэр суорума суолтан быыһаммыппыт. Онтон 90-с сылларга Национальнай оскуолалары саҥардан сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ ылыллан, тылбыт уостаары гыммыт эрчимигэр күүс эбэн, күөдьүтэн биэрэн, сахалыы саҥабыт саҥа үйэҕэ дорҕоонноохтук сатарыыр кэрэ кэскилэ түстэммитэ.

         Ол эрээри бу кэнники 10 сылга, аан ситим ааттаахтык ааҥнаан, Интэриниэт илимигэр ыччаппыт балыктыы хаптаран, ютубунан, инстаграмынан, тиктогунан, о.д.а. социальнай ситимнэринэн үлүһүйэн, тыыннаах кэпсэтииттэн тэйэн, виртуальнай эйгэ угаайытыгар умсугуйан, төрөөбүт тылын умна быһыытыйан эрэр…

         Сап саҕаттан салҕанан кэлбит саха омук барахсан түҥ былыргыттан сыа-сым курдук тутан аҕалбыт үйэлээх баайын – тылын, култууратын, үгэһин, дьэ, сайдыылаах олоххо кэлэн баран, биһиги, аныгы сахалар, суох оҥорон кэбиһэрбит кыһыылаах да, кыбыстыылаах даҕаны.

         Ол иһин ити ыарыылаах боппуруоһу кыһалҕа оҥостон, бу былдьаһыктаах быыһык кэмҥэ сахабыт тылын өрүһүйэр уонна өйүүр сыалтан, норуоппут инники дьылҕатын туһугар долгуйар ыччат сомоҕолоһон,  “ҺӨҔҮҤ” диэн хайысханы “Саха Сирин култуурата” хамсааһын иһинэн көҕүлээбиттэрэ.

 Сүрүннээччи киһинэн Национальнай бибилэтиэкэ үлэһитэ Татьяна Павлова буолар. Кини граҥҥа кыайан, ол үбүнэн быйыл икки улахан бырайыагы олоххо киллэрдилэр.

Татьяна Павлова Изабелла Егоровалыын

         Бастатан туран, атын тыллаах омук буоларбытын бэлиэтиир дьиҥ сахалыы “Ү”,“Ө”, “Һ”, “Ҕ”, “Ҥ” буукубаларбытын арт-эбийиэк гына оҥорторон, бырайыагы өйүүр Национальнай бибилэтиэкэ олбуорун иһигэр туруордулар.

“Тоҕо эмиэ ол көстүбэт сиргэ саһыардыгыт?”— диир буоллаххытына, мин саныахпар, бу эмиэ суолталаах курдук. Сахалар киин сиртэн тэйиччи ойдом олорбут буоламмыт, ол-бу дьалхааҥҥа улаханнык оҕустарбакка, бэйэбит тылбытын, култуурабытын бу күҥҥэ диэри тутан кэллэхпит дии. Билигин да ааһар албастарга абылатан, аһара арыллан биэрбэккэ, бүөм соҕустук бүччүмнүк сылдьарбыт ордук буолуо этэ. Ол бэйэбитин харыстанан, көмүскэнэн. Ону туоһулурдуу уонна таайтарардыы, бу сурукпут-бичикпит кэрэһитэ кистэнэн турарга дылы…   

–“ҺӨҔҮҤ” арт-эбийиэги оҥорор туһунан толкуй Татьяналаах биһиэхэ Алтаайга сырыттахпытына киирбитэ. Холобура, Болгарияҕа Кириллица түмэлэ диэн баар дии. Онно  алпаабыт буукубата барыта мусуой тиэргэнигэр кэчигирээн турар. Ол курдук оҥорор баҕа күөдьүйбүтэ. Эскииһин Анна Саввина, Людмила Федорова уонна мин буолан ойуулаабыппыт. Онно “Саха Сирин култуурата” бөлөхпүтүгэр баар Елизавета Мигалкина, Анастасия Кулаковская, Сардаана Сыромятникова уо.д.а: “Өксөкүлээх “Оттоку олук алгыһын” тылларыттан киллэриэххэ”, — диэн сүбэлээбиттэрэ. Дьэ, итинник бары куолаан айан таһаарбыппыт. Оҥоруутун рекламнай тэрилтэлээх уус табаарыспыт Роман Терентьевкэ сакаастаабыппыт, — диэн сэһэргиир “ҺӨҔҮҤ” түмсүү тутаах киһитэ Александра Неустроева, устудьуоннары художественнай училищеҕа, Аартыка институтугар, ускуустуба оскуолатыгар уһуйар преподаватель.

Александра Неустроева

         Буукубалары ҺӨҔҮҤ диэн бэрээдэгинэн сааһылаан уурбуттара да кэрэхсэбиллээх. Чахчыта да, маннык аҕыйах ахсааннаах норуот бачча баай тыллаахпытын, сүдү олоҥхолоохпутун, алгыстан саҕаламмыт литэрэтиилээхпитин сөҕүөххэ эрэ сөп.

         Аны иккис улахан тэрээһиннэрэ ахсынньы 1 күнүттэн саҕаланна. Ол курдук, бу сайынтан биллэриллибит “ҺӨҔҮҤ: саха тыла – худуоһунньук хараҕынан”  күрэскэ киирбит 32 оҥоһук быыстапката SMART-бибилэтиэкэҕэ аһылынна.

Дьэ, манна саха тылын эҥинэ бэйэлээхтик дьүһүйбүт инсталляциялары, хатыламмат хартыыналары, симэхтэри-киэргэллэри, о.д.а. сонун экспонаттары  көрүөххүт.

“Qaar tuste”

   Холобура, Екатерина Шапошникова холустаҕа уоуһуйдаабыт  “Хаар түстэ” ойуутун-бичигин бу курдук быһаарар:   “Булчут кыыл-сүөл хаарга хаалларбыт суолларын айылҕа илдьитэ курдук көрөн ааҕар уонна онтон элбэҕи билэр: хаһан бүтэһик хаастар көппүттэрин, аар тайҕа бу хара тыатыгар төһө көтөр-сүүрэр баарын, олор хайа диэки сылдьалларын, о.д.а. Көтөр суолларынан латыынныы суруллубут бу түрдьэ кумааҕы саха алпаабытын оҥорбут, быйыл төрөөбүтэ 130 сылын туолбут Сэмэн Ноҕуруодапка ананар”.

Саамай ыраах сиртэн кыттааччы – Мария Захарова. Кини Мексикаҕа олорор, оҕолорго аналлаах сахалыы халандаары оҥорон ыыппыт.

Анна Саввина ийэ тылбытын баараҕай Аал Луук (Кудук) маһы кытта тэҥнээбит.

Наталья Намын, Марианна Малардырова, Христина Докторова дьэс алтантан, тирииттэн, мастан, таастартан “Өбүгэ дорҕоонноох симэҕин” оҥорбуттар.

         Эдита Степанова эһэтэ биир да тоһоҕото суох оҥорбут мас олоппоһун киһи олоҕун кытта дьүөрэлии көрбүт. Чахчыта да, элбэҕи ааспыт, күн-дьыл тургутууларын туораабыт бу олох мас “олох” диэн тыл икки суолтатын кэрэһилиир: 1. Олох – сиденье 2. Олох – жизнь.

Көрүдүөр уһугар быыс курдук лиэнтэлэри түһэрбиттэр. Бу – “Дьыбар” инсталляция. “Тымныы киһиэхэ араас толкуйдары үөскэтэр, санаалары саҕар, оҥорон көрөр дьоҕурун уһугуннарар аналлаах”, — диир ааптар Наталья Христофорова.

Людмила Федорова “Айылҕа дорҕоонноро” дьүһүйүүтэ, кырдьык, “Һ”, “Ҥ” буукубаларга майгынныыллар буолбаат?

         Аппликация уонна быысыпка ньымаларынан “Мин тылым” панно.  Айта Морсуева, Катя Кузнецова, Лена Рожина.

Былыргы олох-дьаһах, киэргэл-симэх, тутуу-кутуу көстүүлэрин үйэтиппит хаартыскалартан Эрсан Мордовской саха алпаабытын таҥан таһаарбыт. “Буукубаларым, сахалар бэйэбит курдук, хомоҕой тыллаахтар, хорсун майгылаахтар, дьоһун бэйэлээхтэр”, – диэн быһаарар.

SMART-бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ “Үйэ-арт” диэн түмсүүлээхтэр эбит. Олор хос оҥорбуттар. Онно киирэн, оруҥҥун булунан, Николай Неустроев “Ээ, Сахаада!” диэн хоһоонун истэҕин уонна сиэркилэҕэ бэйэҥ ис дьиҥҥин көрөн, төрүккүн-төрдүгүн, хантан хааннааххын саныыгын. Иннигэр сытар пазл чаастарын хомуйан, хоһоон тылларын таһаараҕын — ол аата ыһыллаары гыммыт сахалыы өйгүн-санааҕын түмэҕин.

         Ыччат ортотугар олоҥхону тарҕатар Анастасия Алексееваны худуоһунньук Катя Суржанинова уратытык дьүһүйбүт: өбүгэлэрбит удьуор утумнарын тутан, ол утаҕы Интэриниэт үйэтин аан ситимигэр тиэрдибит гына.  

Чэ, ити курдук араас санаалары саҕар бэртээхэй быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар 100-тэн тахса киһи сырытта. SMART-бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Маайа Беленкова уонна Роза Ксенофонтова иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Тэрээһин Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын артыыстарын толоруутугар (туруорааччы режиссер Изабелла Егорова)  “Иэйии” перфомансынан саҕаланна. Чахчыта да, бу сиргэ айыллар барыта: кэпсээн, испэктээк, оҕо, таптал, баараҕай тутуу, сиэдэрэй симэх… – иэйииттэн саҕыллар. Бу да быыстапка оннук айар-тутар баҕаттан, төрөөбүт тылбытыгар болҕомто уурулларын ситиһэр соруктан тэрилиннэҕэ эбээт.   

Дьоро киэһэҕэ “ҺӨҔҮҤ” түмсүүнү өйөөбүт Инновация сайдыытын пуондатыттан Савина Алексеева кэлэн эҕэрдэлээтэ.

Кини бу “Саха Сирин култуурата” уопсастыбаннай хамсааһыны кытта алтыһыаҕыттан ыла сахалыы кута уһуктубутун, үс  сыллааҕыта икки тылы сатаан холбоон саҥарбат бэйэтэ билигин сахалыы тыл этэр кыахтаммытын кэпсээбитин бары долгуйа иһиттибит. Бу буоллаҕа эбээт – күннэтэ сахалыы эйгэни олохтуурга түбүгүрүү түмүгүн  туоһута.    

Айыы кыһатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара Александра Попова-Долгуура уһуйуутунан, ийэ тылбыт туһунан хоһоону аахтылар, ол кэмҥэ худуоһунньук Мира Аргунова  хартыынатын ситэрэн уруһуйдаата – эмиэ сонун дьүһүйүү.

Мэйиибит түгэҕэр саһан сытар бүдүмүк өйбүтүн уһугуннарар, бэлиэлэрин бу баар чахчыга буларга сорунар “Архетип” айар бөлөх аатыттан Баттаахаптар төрүт дорҕооммутун кырыымпаҕа лыҥкынаттылар, хомуска дьүрүһүттүлэр.

Онтон сахаҕа барыбытыгар баар ийэ кылыһахпытын уһугуннарар дьарыгы оҥорторбуттарыгар, дьикти турукка киирэн, ол долгунугар сылдьан, быыстапканы сэргии көрдүбүт.

Бу быыстапка ахсынньы 30 күнүгэр диэри туруо. Ити кэм иһигэр кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэр, интэриэһинэй лиэксийэлэр ыытыллыахтара. Бырагырааматын билиһиннэрдэххэ маннык:

Ахсынньы 3 күнэ, субуота

15.00 ч. Тыйаатыр быыһа тугу кистиирий? Тыйаатыр уонна киинэ худуоһунньуга Екатерина Шапошниковалыын сэһэргэһии.  

Ахсынньы 10 күнэ, субуота

14.00 ч.  Худуоһунньук кэпсиир… Быыстапка кыттыылаахтара Эдита Степанова, Василий Камшилин, Екатерина Суржанинова, Александра Неустроева, Мира Аргунова, Анна Саввина  экскурсия ыытыахтара.

16.00 ч. Киһини миэстэ киэргэтэр? Худуоһунньукка эйгэ сабыдыалын туһунан лиэксийэни искусствовед Айталина Мучина ааҕар.

Ахсынньы 18 күнэ, баскыһыанньа

14.00 ч.  «Архетип» айар бөлөхтүүн аһаҕас кэпсэтии.

15.00 ч. Тыл туһунан тыл. Билиҥҥи кэм поэттарын кытта хоһоон дьоро киэһэтэ.

Ахсынньы 29 күнэ, чэппиэр

17.00 ч. Быыстапка сабыллыыта. Наҕараадалааһын. 

     Туох эрэ туһалааҕы тобуларга, үйэлээҕи үксэтэргэ, төрүт култуурабытын сөргүтэргэ уонна тарҕатарга сыралаһар ыччаппыт эһиэхэ анаан бэлэмнээбит быыстапкатын Дьокуускай куорат Ларионов уулуссатын 12а аадырыһыгар турар SMART –бибилэтиэкэҕэ  кэлэн көрүҥ, сэргээҥ, санааҕытын үллэстэн, сурукта суруйуҥ уонна ону анал дьааһыкка уган, бырайыак кыттыылааҕа буолуҥ!

Добавить комментарий