Алаас уола Алампаҕа анаан - Блоги Якутии

2 года назад 322

Алаас уола Алампаҕа анаан

Дьохсоҕон диэн сир аатын саха литературатын үөрэппит киһи барыта билэр буолуохтаах. Улуу убайдарбытын Өксөкүлээҕи, Алампаны, Ойуунускайы, Суоруну бэлэхтээбит ытык сир.

Мин ол нэһилиэк ыччата буолабын. Онон Алампа Куобах Буһарбытыгар отонноон, Өксөкүлээх Амыдайыгар моонньоҕонноон, Ойуунускай Халымнаайытын балыгын амсайан, Суорун Ытык Таҥаһыгар чучунаахтаан улааппытым. Билигин да сайын аайы алаастарыгар сылдьан ааһабыт.

Дьохсоҕон орто оскуолатыгар саха тылыгар үөрэппит учууталларым Галина Константиновна Давыдова, Светлана Климентьевна Архипова, Мария Владимировна Сивцева буолан үһүөн 2008 сыллаахха “Алампа” диэн фотоальбому бэлэмнээн таһаарбыттара.

Г.Д. Давыдова, С.К. Архипова, А.П. Кондратьева, М.В.Сивцева

А4 кээмэйдээх, 144 страницалаах кинигэ, Таатта улууһа үбүлээн, 1000 эксэмпилээринэн тахсыбыта.

Манна Алампа төрдүттэн-ууһуттан саҕалаан, кинини билигин үйэтитэр дьоҥҥо тиийэ элбэх информация хаартысканан киирбитэ.

Алампа аҕатынан төрдө-ууһа
Ийэтинэн төрүччүтэ
Аҕаларын кытта уолаттара Василий, Алампа, Роман уонна кини кэргэнэ Дария
Алаас уола Алампа улаппыт алаастара
Ытык Күөл церковнай-приходской оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан. 1903 с. (кэнники эрээккэ турар)
Алааһыттан тэйэн, Дьокуускайга кэлэн, хаһыакка, онтон атыыһыт Кирилэ Спиридоновка үлэлээн саҕалыыр. 2012 сыллаахха “Саха саҥата” сурунаал 4-с нүөмэригэр “Төрөөбүт дойду” хоһооно тахсар. Онтон ыла айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар.
1909 с. куоракка бирикээсчиттэр кулууптарыгар Гоголь “Женитьбатын” режиссердаан туруорбута. Онно соҕотох таптала Евдокия Яковлева сүрүн оруолга оонньуур. 1913 с. ыал буолаллар.
Айар эйгэҕэ, уопсастыбаннай үлэ үөһүгэр

Алампа аатын үйэтитиигэ Дьохсоҕон дьоно үлэлэһэллэр. 1986 сыллаахха суруйааччы төрөөбүтэ100 сылын өрөспүүбүлүкэ ылбатаҕа. Арай нэһилиэкпит бэтэрээннэрэ Николай Слепцов-Уоһукабыс уонна Дьөгүөр Посельскай Алампа алааһыгар Оккуодайга мэҥэ бэлиэ оҥорон туруорбуттара.

1996 сыллаахха Дьохсоҕон оччотооҕу баһылыга Михаил Лукич Архипов Саха театрын артыыстарын, СГУ саха салаатын учуонайдарын ыҥыран, улахан тэрээһини ыыппыта. Нэһилиэк кулууба, уулуссата Алампа аатын сүгэр буолбуттара, анал стипендияны олохтообута.

Былырыын Алампа төрөөбүтэ 135 сылынан нэһилиэк баһылыга Петр Егорович Захаров, Алампаны үйэтитиигэ үлэлэһэр биир дойдулаахтарыгар анаан, үрүҥ көмүстэн “Үрүҥ туллук” бэлиэлээх бириэмийэни олохтообута.

Алампа төрөөбүт сэтинньи 14 күнүн ахсын сыл аайы дьохсоҕоттор Хадаайытааҕы музей-комплекс тиэргэнигэр туруоруллубут А.И.Софронов-Алампа уҥуоҕар сибэкки дьөрбөтүн уураллар.

Оскуолабыт выпускнига, билигин “Чолбон” сурунаалга үлэлиир литератор, кэскиллээх драматург, кыраайы үөрэтээччи Утум Захаров

Алампаны көрсүбүт Анна Жиркованы тыыннааҕар интервью ылан, матырыйаал суруйбутун билиһиннэрэбит. Сэргээн ааҕыҥ.

Алампаны көрбүт ытык кырдьаҕас кэпсээбитэ...

Улуу суруйааччыбыт кылгас олоҕо чаҕылхай, сытыы бөрүөтүн суола лаппа арылхай эрээри, тиһэх суола киһини сонньутар, билигин даҕаны араас үөрэхтээхтэри чинчийэргэ, үөрэтэргэ күһэйэр.

Бу курдук бэлиэ түгэҥҥэ Алампаны тыыннааҕын көрбүт, тиһэх суолугар атаарсыбыт ытык кырдьаҕаһы кытары сирэй көрсөн кэпсэппит түгэммин ахтан-санаан ааһарга сананным.

Улуу суруйааччыбыт кылгас олоҕо чаҕылхай, сытыы бөрүөтүн суола лаппа арылхай эрээри, тиһэх суола киһини сонньутар, билигин даҕаны араас үөрэхтээхтэри чинчийэргэ, үөрэтэргэ күһэйэр.

Бу курдук бэлиэ түгэҥҥэ Алампаны тыыннааҕын көрбүт, тиһэх суолугар атаарсыбыт ытык кырдьаҕаһы кытары сирэй көрсөн кэпсэппит түгэммин ахтан-санаан ааһарга сананным.

Улуу дьоммут ситимэ

 Оҕо сырыттахпына, эһэм оҕонньор “Ойуунускайы көрбүтүм, испэктээккэ оонньообуппар, төбөбүттэн имэрийбитэ”, — диэн кэпсиирэ. Ону мин: “Ойуунускай хайдах киһи этэй?” — диэн ыйыттахпына, эһэм: “Тойон буоллаҕа дии, мааны таҥастааҕа, маҥан саал былааттааҕа”, — диэн кэпсиирэ.

Улаатан баран, улуу дьоммутун көрбүт дьон бу орто дойдуга хаалбатахтара буолуо дии саныырым. Алҕаһаабыт эбиппин. Ону ааһан, биир тыыннаах туоһу ытык кырдьаҕас мэлдьи аттыгар сылдьыбыппын.

Тыыл уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕин систиэмэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Учууталлар учууталлара Анна Николаевна Жиркова Алампаны тыыннааҕар көрбүтүн туһунан кэпсээбитин ааҕыҥ.

Дойдубуттан тэйбэтэҕим

 Мин 1920 сыл сэтинньи 16 күнүгэр Уус Алдан оройуонун I Өспөҕөр төрөөбүтүм. Биэс саастаахпар дьоммун кытары куоракка көһөн киирбиппит. Ол да буоллар, хас сайын ахсын Уус Алдаҥҥа тахсарбыт. Хаһан даҕаны дойдубуттан тэйбит курдук санамматаҕым. Бииргэ төрөөбүттэр үһүө этибит. Бэйэбиттэн алта сыл аҕа Надежда диэн эдьиийдээҕим уонна алта сыл кыра Николай диэн аҕабыт аатынан ааттаммыт бырааттааҕым. Ийэбит уопсайа сүүрбэтэ оҕоломмутуттан, биһиги үс тыыннаах хаалбыппытын билэбин.

 Дьонум кэпсээнинэн уонна кыратык бэйэм өйдүүрбүнэн ыйдаҥардан санаатахпына, куоракка маҥнай Романовтар диэн сэниэ ыалга олорбуппут. Оччотооҕу кэмҥэ баайдарга да үтүө, сымнаҕас майгылаах дьон баар буолаллар эбит этэ.   

Дьокуускайга уруккута 8-с нүөмэрдээх оскуолаҕа үөрэммитим. Оскуола кэнниттэн пединститукка үөрэнэ киирбитим уонна сэрии бүтэр 1945 сылыгар бүтэрбитим.   

Тоһуур да туппатаҕа

   Үөрэхпин бүтэрэн, идэ ылан баран, Уус Алдан Найахытыгар биология, ботаника учууталынан үлэлии тахсыбытым. Маҥнай сахалыы, нууччалыы бутуйан саҥарарым. Үөрэтэр оҕолорум дэлби күлэллэрэ. Хос аат да иҥэрэн турардаахтар. Эдэрим да бэрт буолан эбитэ дуу, үөрэнээччилэрбин кытары тэҥҥэ сүүрэрим-көтөрүм, күн тахсыар диэри оонньуурбут. Сыыйа олус чугасыһан, сыһыаммыт наһаа истиҥ буолан барбыта.

 Оччотооҕу кэмҥэ, ааҕар суруйар киһи ахсааннаах буолан, учууталлар нэһилиэк олоҕор, үлэтигэр быһаччы сибээстээх буоларбыт. Ханнык даҕаны мунньах, тэрээһин биһигинэ суох барбата. Командировкаҕа элбэхтэ ыыталлара. Сэбиэппит уонна холкуоспут бэрэссэдээтэллэрэ иккиэн үөрэҕэ суох дьон этилэр. Инньэ гынан, эбии ноҕорууска бөҕө сүктэрбиттэрэ.

Аны туран, дьокутаатынан талыллыбытым. Дьокутаат быһыытынан маҥнайгы сиэссийэбитин төрүт умнубаппын. Барыта тойоттор, дуоспуруннара диэн сүрдээх. Мин дэлби ол дьонтон куттанан, күлүк курдук олорбутум. Арай көрдөхпүнэ, биир сытыы-хотуу баҕайы дьахтар ол тойоттортон куттаммакка, тэҥҥэ кэпсэтэр-ипсэтэр, аахсар-быһаарсар. Салла, бэркиһии да санаабытым. Кэлин билбитим, Андросова диэн судьуйа, мелодист Виталий Андросов ийэтэ эбит этэ. Оттон мин олорбут ыскамыайкабыттан турбатаҕым даҕаны. Дьэ, оннук киһини дьокутаат оҥорон турардаахтар.

  Ол сыл күһүнүгэр Бороҕон орто оскуолатыгар олус улахан аптарытыаттаах Анаапырап диэн учуутал оннугар миигин анаары гыммыттара. Төрүт буолумматым. Миигин истиэхтэрэ баара дуо? “Тахсаҕын да сабаас” диэн буолла. Киһилэрэ уһуну-киэҥи толкуйдуу барбатым: күһүн куоракка үөрэхтэригэр киирэр оҕолорбун кытары, үлэм киниискэтин, открепительнай кумааҕыбын ылбаккабын да, Дьокуускайга кииристим. Ол күрээн баран эрэрбин салалта обургу истэ охсубут этэ. Бороҕоҥҥо тиийбиппитин кэннэ, улахан аартыкка тахсар солооһуҥҥа миигин тутаары, тоһуур туруорбуттарын туһунан сурах кэллэ. Дэлби санаам түһэн, хараҕым уута бычалыйан таҕыста. Арай оҕолорум тугу эрэ сүбэлэһэллэр. Онтукайым тоһууру албынныыр туһунан быланнаабыттар эбит. Ол курдук, сыарҕалаах миҥэбит солооһун устун бара турда. Оттон миигин биир үөрэппит уолум сирдээн, сүөһү ыллыгынан быһа түһэрэн, тоһуур быдан нөҥүө өттүнэн тахсан кэлбиппит. Ити курдук, уопсайа икки сыл Найахыга учууталлаан баран, Дьокуускайга төннөн кэлбитим. Бу быһыыбын эрдэ кимиэхэ да кэпсээбэт этим.

 Дьоҥҥо оннук болҕомтолооҕо

 Мин аҕам Николай Жирков Анемподист Ивановичтыын өрөбөлүүссүйэ инниттэн билсэллэрэ. Кирилл Спиридонов диэн атыыһыт киһиэхэ үлэлээбиттэрэ. Ол иһин адьас кырабыттан ити ааты истэн улааппытым.

Испирдиэнэп балыгынан эргинэрэ. Алампа үөрэхтээх-хаардаах, нууччалыы саҥарар буолан, Кирилл Давыдовичка суруксутунан, суотчутунан, оттон мин аҕам балык тутааччынан сылдьыбыттар. Саас муус барда даҕаны, Булуҥ оройуонугар балыктыы бараллар эбит. Балыктарын тууһаан, ыыһаан, дьуухалалаан баран, күһүн Дьокуускайга төннөн кииирэллэр эбит. Кэлин ыал да буолан баран, ойохторун илдьэ бараллара үһү.

Биирдэ ийэм, оҕото куоппутугар, тэһийбэккэ сэргэхсийэ таарыйа барса сылдьыбыт. «Хаһан даҕаны төрөөбүт сирбиттэн тэлэһийбэтэх киһи, сотору буолаат, дойдубар ахтылҕаным олус күүһүрбүтэ», — диэн ийэм кэпсиирэ. “Астара барыта балык буолан, эмиэ дэлби эрэйи көрөрүм”, — диирэ. Биир күн балык ыраастыы туран: «Оо, бу балыктар, саатар, собо буолан хаалбаккыт ээ», – диэн саҥа таһаараахтаабыт. Арай аҕыйах хонон баран, биир күн күөһүн өрөөрү сырыттаҕына, Алампа биир солуур соболоох тиийэн кэлбит. Баар дьон бары дьиктиргээбиттэр уонна соһуйбуттар. Чугаһынан собо балыктаах күөл баарын ким даҕаны истибэтэ үһү. Кэлин биллибитэ, ийэм ол бэйэтин иһигэр ботугураан саҥарбытын Алампа истибит уонна үс көстөөх сиргэ сытар күөлтэн баран балыктаан, ол биэдэрэтин итиччэ тэйиччи сири сыһаҕастаһан илдьэ кэлбит эбит. “Алампа оннук болҕомтолоох үтүө киһи этэ”, — диэн ийэм кэпсээн, миэхэ бэйэтин итиччэ улуу киһиэхэ убаастабылын уонна тапталын иҥэрбитэ.

Умайбыт суруктар

 Алампаны, дьиҥэр, эрдэ көрбүтүм эбитэ буолуо эрээри, оҕо буолан аахайбатахпын. Арай биир күн бытыктаах киһи дьиэбитигэр киирэн кэлбитэ. Таҥаһын-сабын эмиэ бу диэн өйдөөбөппүн. Ити күн дьиэбитигэр аҕабын кытта иккиэйэх быһыылаах этибит. Оччотооҕуга биһиэхэ ыалдьыт бөҕө сылдьара. Мин аттыларыгар оонньуу сылдьан көрбүтүм, ол бытыктаах киһим нүксүччү туттан олороро, тугу эрэ ботугураан кэпсиирэ уонна ытыыра. Маҥнайгыбын эр киһи ытыырын онно көрөммүн соһуйбутум. “Бу киһи тоҕо ытыырый?” – диэн ыйыппыппар, аҕам нөҥүө хоско таһааран кэбиспитэ. Оччолорго мин сэттэлээх-аҕыстаах этим. Өр-өтөр буолбатаҕа, “Алампаны хаайбыттар үһү” диэн сурах тигинээн кэлбитэ.

Бэркэ өйдүүбүн, долбуурга харалла, сааһылана сытар суруктары ийэм хомуйан ылан, остуол үрдүгэр төгүрүк киэҥ бүлүүһэ иһигэр хайыта тыыта-тыыта уоттаабытын. Кэлин сураспытым, ол Алампа хотуна соҕуруунан, араас киэҥ сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан аҕабар бооччойбут суруктара үһү. Ити кэмҥэ аҕам “Рыбтрест” тэрилтэҕэ дириэктэринэн үлэлиирэ. Алампа доҕоро, итиэннэ ийэм төрүттэрэ Афанасьевтар диэн эмиэ сэниэ-баай ыал буолан, кулаактар кыыстара аатыран, биһиги дьиэ-кэргэҥҥэ күлүк, кэтэбил-манабыл түһэ сылдьыбытын, кыра оҕолор да буолларбыт, эдьиийбинээн өйдөөн хаалбыппыт. Аҕабытын үлэтиттэн уурата сылдьыбыттара. Кэлин буруйа суоҕа дакаастанан буолуо, төттөрү ылбыттара.

Сыылкаҕа сырыттаҕына

Биирдэ аҕам, үлэтин сүнньүнэн буолуо, Беломорканалга командировкаҕа бара сылдьыбыт. Анаан-минээн тиийэн, доҕорун Алампаны көрсүбүтүн туһунан маннык сэһэргээбитэ:

“Көҥүл ылан, кэтэбиллээх сирдэрин иһигэр киирбитим. Кэннибиттэн биэс-алта миэтэрэ тэйиччи арыалдьыттаахпын. Санныгар карабинын сүгэ сылдьар. Дьиэ-уот бөҕө. Саллааттарга майгынныыр дьон эрээтинэн хаамаллар-сиимэллэр. Тыала-кууһа сүрдээх. Арай көрдөхпүнэ, биир сиппиирдээх киһи бараактар быыстарын миинньиктии сылдьара. Көрөөт да, Алампаны тута билбитим. “Алампыа!” — диэн ыҥырбытым да, киһим истибэтэ. Иккистээн доргуччу соҕус ыҥырдым. Киһим эргиллэ түстэ, балай эмэ одуулаан турда. Оттон: “Ньукууска, эн дуо?!” – диэн ыйытта. Утары хааман кэллэ. Биһиги көрсүбэтэх дьон куустуһа түспэтибит, биһигини хас хардыыбытын барытын кэтии сылдьалларыттан туттуннубут. Ол оннугар илиибитинэн ыга тутуһан, бэрт уһуннук дорооболостубут. Доҕорум күрүө кытыытыгар турар ыскамыайкаҕа илдьэн олорто, бэйэтэ аттыбар сэргэстэһэн кэбистэ. Бу олорон, Алампа кимнээх туох үлэһит буолбуттарын, байбыттарын, туох эмэ ыйдаҥардар сурахтар баалларын сураспыта. Ол кэпсэтиибитигэр дойдутун хайдахтаах курдук күүскэ ахтыбытын туһунан үгүстүк ахтыбыта. Болдьох бириэмэбит бүтэн, бараары турдахпына, оргууй соҕустук ыйыппыта: “Ньукуускаа, эн миэхэ бу тоҕо кэлэн бардыҥ? Оҕоҕун-уруугун, ама, санаабаккын дуо?”. Ити курдук быраһаайдаспыппыт. Доҕорум сайыспыт хараҕын төрүт умнубаппын”.

Таҥнаран биэрдэҕин кыһыытын!

 Мин ийэм Анна Жиркова (Афанасьева) диэн этэ. Кини үөрэҕэ, идэтэ суох буолан, хаһаайыстыбатын көрөн, дьиэтигэр олорбута. Алампа кэргэнэ Дуунньалыын чугас дьүөгэлиилэрэ. Тиһэх күннэригэр диэри доҕордуу сыһыаннарын уураппатахтара, сибээстэрин быспатахтара.

 Дуунньаны үгүс билбэт өттө маҥан туллугунан ойуулаан, итиэннэ артыыс быһыытынан ылынан, кэрэ, үтүө киһи курдук саныыллар. Төрүт оннук буолбатах! Биир бэйэм Дуунньаны испэр саараама киллэрбэппин. Дьүһүнэ кэрэ диэччилэр да бааллар. Ол дьону кытары адьас сөпсөспөппүн! Алампа дууһатын кини улаханнык аймаабыта. Көр эрэ, таҥнаран биэрдэҕин кыһыытын! Эдэр уолга иирэн барбыта абатын!

Алампалаах Дуунньа Москубаҕа олоро сырыттахтарына, ол кэмҥэ дойдубут тэбэр сүрэҕэр баар сахалар бары Алампалаахха мусталлара. Төһө эрэ иһирэх кэпсэтиилээх, ыра санаалаах түмсүүлэр буолбуттара буолуой? Алампа барахсан саҥа үүнэн-тахсан эрэр саха ыччатын олус биһириирэ, доҕордоһоро. Ол кэлэр дьон быыстарыгар Степан Гоголев диэн силиэдэбэтэл идэтигэр үөрэнэ сылдьар эдэр устудьуон уол баара. Степан, биллэн турар, эмиэ Алампалаах доҕордоро этэ.

 Чэ, ити курдук күн-дьыл турбат, бириэмэ суурайан, саҥа кэминэн солбуйан иһэр буоллаҕа. Москубатааҕы кэмнэр ааспыттара. Алампалаах Дьокуускайга олорор кэмнэрэ этэ. Анемподист Иванович туллугун Дуунньаны сүтэриитин Егор Неймохов иккис кинигэтигэр суруллубутуттан ордук ким кэпсиэ буоллаҕай?!

 

“Ити кэмҥэ күүлэҕэ киһи атаҕын тыаһа эрчимнээхтик тоһугуруу түстэ да, ааннара иэччэҕиттэн эһиллиэхтии тыастаахтык тэлэллэрин кытта, Ыстапаан Күөгүлэп (ити кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ борокуруора) көтөн түстэ. Кинилэргэ адьас кыһаллыбакка, соруктаах баҕайытык түгэх хоско ааһа турда. Миисэ соһуйуу бөҕөтүн соһуйан, айаҕын аппытынан батыһыннара көрөн хаалла уонна:

–Хайа, ити мин тойонум туохха… хайдах… – диэн бобуллаҥнаата.

Хоско өр буолбатылар, ытыар диэри киэргэммит Дуунньаны Ыстапаан хонноҕун анныттан ылан, аа-дьуо долгулдьута хаамтаран, кинилэр иннилэринэн кэлэн ааһан тахсан бардылар. Убайдыы-быраат хайалара да саҥарбакка, чочумча таалан олордулар. Онтон Алампа кэмниэ-кэнэҕэс:

–Дьэ, Миисэ, миигин ол-бу диэн омнуолуу санаама, Дуняшабын хаһан да, тугунан да атаҕастаабытым суоҕа, бу туох аньыыбар-харабар… – ситэ саҥарбакка бөтөн хаалла уонна, хараҕын уута харса суох халыйан тахсарын сотто-сотто, ис-иһиттэн ынчыктаан эрэрдии, сирэйин саба туттан олорон ботугураата: – Оо, Дуунньам, Дуунньам эрэйдээх…”.

Биир күн ийэбин кытары Дуунньалаахха барса сылдьыбыппын саныыбын. Онно Алампалаах Дуунньа өссө да бииргэ олороллор быһылааҕа. Ийэм киирбитин көрөн, Дуунньа: “Мааса туохха кэлбиккин билэбин, төрүт төттөрү сүбэлээмэ. Эн тылыҥ миэхэ кураанах дорҕоон буолан иһиллиэҕэ”, — диэн эппитин…

Хаһан даҕаны бырастыы гыммаппын — Алампа өлөөрү сытан, тиһэх суолугар барар кэмигэр Дуунньатын көрүөн баҕаран ыҥыттарбытыгар кэлбэтэҕин. Барахсан: “Көрүөн баҕарбат буоллаҕына, түннүк таһынан аастын, бүтэһикпин көрүөхпүн баҕарабын”, — диэн эппитин, кини ылымматаҕын…

Кистииллэригэр халлаан хараҥа этэ

    Үрдүкү кылааска үөрэнэ сырыттахпына, биир сайын аҕам миигин Белинскэй уулуссатыгар турар, бэркэ билэр дьиэтигэр илдьэ барда. Дьиэ боруогун атыллаан баран көрбүтүм, киирэр аан хаҥас өттүгэр дэлби дьүдьэйэн хаалбыт бытыктаах киһи ороҥҥо сытара. Мин киирэн эрэрбин көрөн, киэҥ хараҕа өссө кэҥии түспүтэ. Чараас бырастыына сабыытын бүрүнэ тардыбыта, миигин тонолуппакка көрбүтүттэн куттанан, аҕам кэннигэр түспүтүм. «Ньукуускаа, тоҕо бу эдэр оҕону манна аҕаллыҥ?» –диэбитин ылынан, аҕам миигин таһырдьа таһааран кэбиспитэ.

Тэлгэһэҕэ тахсан, мин аҕабын кэтэһэ таарыйа “кылаас” (атах оонньуута) оонньообутум. Балай эмэ өр буолан баран, аҕам тахсыбыта. Барбыппыт. Алампа, баҕар, онно кэриэс тылын эппитэ эбитэ буолуо. Туох диэн кэпсэппиттэрин ыйыппатахпыттан хомойо саныыбын. Ити кэннэ олус ытыктыыр, баар-суох киһибит Алампабыт уһаабатаҕа.

Дьиибэргиирим диэн, Алампаны көмөллөрүгэр, аҕам эдьиийим биһиккини атаарар күннэригэр илдьэ тахсыбыта. Өссө олус соһуйабын, ол кистииллэригэр халлаан лаппа хараҥа этэ. Ол иһин дьон кыраһыын лаампатынан сырдатыналлара. Көмүүнү аҕам бииргэ төрөөбүт инитэ Иван Жирков, Саха АССР үөрэҕин наркома, салайан ыыппыт курдук өйдүүбүн. Мин кэлбиппин көрөн, хатыылаах хараҕынан кынчарыйбытыгар, аны эдьиийим кэннигэр түһэн саспытым. Бу көмүүгэ баар дьонтон Платон Алексеевич Ойуунускайы эрэ өйдөөн хаалбыппын. Кини доҕорун, биир дойдулааҕын Алампаны тиһэх суолугар атааран, тыл эппитэ.

Үйэтин толору олорбута

Биһиги кэпсэтэрбитигэр Анна Николаевна 97-с хаарыгар үктэммит ытык кырдьаҕас этэ. Мин саҥабын төһө да истибэтин иһин, өйө-санаата чөл, саҥата-иҥэтэ хоп курдуга. Төрөппүт соҕотох уола 11 ыйдааҕар, быраастар сыыһа диагноз туруораннар, бу күн сириттэн бараахтаабыт. Таайын аатынан Ванюша диэн ааттаабыттар эбит. Ванюша бу кыра сааһыгар хайыы-үйэ саҥарар, киһи сиэттэҕинэ хаамара эбитэ үһү. Ытык кырдьаҕас олоҕун бу кэрчигин миэхэ наһаа аһа сатаабата. “Кэлин биир кыыс оҕону иитэ ылбыппыт”, — диэн кэпсээтэ. Ол кыыһа билигин бу олоххо эмиэ суох. Махтанара диэн, икки кыыс сиэни хаалларан бараахтаабыт. Кэргэнэ Василий Федоров эмиэ Уус Алдантан төрүттээх баартыйалаах киһи эбит. Кини эмиэ 90-с сылларга олоҕо түмүктэммит. Эрин Василий Гаврильевиһы олус үтүө киһи быһыытынан ахтарын өйдөөбүтүм.

Хос эбэм кэриэтэ киһи уһун үйэни хайдах ситиспитин быһаарбатаҕа. “Арыгыны адьас испэтэҕим, табах диэни эмиэ үйэлээх-сааспар төрүт тардыбатаҕым”, — диэбитэ. “Билиҥҥи ыччат үөрэҕэр кытааттын”, — диэн бэйэтин алгыһын тиэрдибитэ. “Киһи кырыйдаҕына, ааспыт олоҕун наар санаан тахсар эбит”, — диэн кэпсээнин түмүктээбитэ.

Улуу убайдарбытын Анемподист Иванович Софронов-Алампаны уонна Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускайы тыыннаахтарын көрбүт киһилиин сэһэргэһэн ааспыппыттан үөрэбин.

Анна Николаевна бииргэ төрөөбүттэрэ эмиэ сир түгэҕин булбуттар. Кини бу орто дойдуга соҕотох хаалбытыттан улаханнык хомойорун, дьонун олус суохтуурун кистээбэт. Дьонун мэтириэттэрэ сырдык сыбахтаах истиэнэҕэ, оччотооҕу кэм хара-маҥан күлүктэрэ буолан, үөһэттэн одуулаан тураллара. Сүһүөхтэрэ уйбат, хаампат буолан, Анна Николаевна оронугар олорон чэйдиир этэ. Дьонун мэтириэттэрин көрө-көрө. “Дьоммун кытары кэпсэтэбин, кинилэр миигин сэмэлииллэр быһылаах”, — диэхтиирэ. 

Оттон Алампа олорон ааспыт олоҕо, улуу таптала хайа киһини интэриэһиргэппэт, араас санааҕа түһэрбэт, долгуппат буолуоҕай?! Доҕоругар Дуунньаҕа анаан, ааттаһан, киһи кутун тутар, бөһүйбүтү уулларар, тылын саппааһын араастаан дьүөрэлээн, кэчигирэтэн үгүс да хоһоону суруйбута. Таптал диэни ким таайбыта баарай?! “Сааскы маҥнайгы чыычааҕа” санаата ол ааттаһар тыллартан уларыйбатаҕа. Билигин биһиги төһө даҕаны Алампабытын кытары оччотооҕу хомолтотун үллэстибиппитин, испитигэр абара санаабыппытын иһин, Дуунньа тэбэр сүрэхтээх, ураты халбаҥнаабат санаалаах киһи буоллаҕа. Букатын кэлин, ити быһыытын кэмсинэ санаабытын туһунан истэммин өрө тыынабын, кыратык да буоллар уоскуйабын…

Ити курдук, Анна Николаевна Жирковалыын кэпсэппиппит номнуо биэс сыл буолла. Ытык кырдьаҕас 2020 сыл сэтинньи ый 16 күнүгэр 100  сааһын томточчу туолбута. Бу дьоро күнүгэр кинини эҕэрдэлии үгүс уруулара уонна араас сылларга үөрэппит оҕолоро кэлэн эҕэрдэлээн ааспыттарын тэлэбиидэнньэнэн көрдөрбүттэрэ. Хамсыгынан сибээстээн, биллэн турар, сирэй көрсүһүннэрбэккэ, түннүк нөҥүө далбаатаан, үтүө санааларын анаан барбыттара.

Анна Николаевна ол дьыл ахсынньытыгар, 100 сааһын томточчу туолан баран, бу күн сириттэн күрэммитэ.

Добавить комментарий