Мегюренская библиотека МКУ "Мегино-Кангаласская МЦБС", Автор в Блоги Якутии - Страница 2 из 2
Всего записей: 19

2 месяца назад

Аҕабыыттар үтүө быһыылара

1924 с. дь. сэтинньи ый 28 к. Дьүпсүн улууһугар биир Сахаар диэн аҕабыыт биир Өспөх нэһилиэгэр Маппый Бырыбылыых диэн т. ийэтэ ыалдьыбытыгар аҕабыыкка кэлбит, онуоха таҥара киһитэ үөрэ-көтө барбыт бу эмээхсини суолугар кэскиллии. Бу тиийбитэ эмээхсин өлөөрү сытар эбит, онуоха бу аҕабыыт тыын харбаатынан бу эмээхсини таҥараҕа тиксэрбит, таҥараҕа тиксээт эмээхсинэ өлөн хаалбыт. Эмээхсиннэрин аҕалан Далее…

2 месяца назад

Ынах ыыр чааhынан

Сыыһа ыыртан ынах-сүөһү буортутуйар. Сутуругунан ыатахха ынах эмиийэ уһаабат, онон илиинэн ыырдааҕар ордук. Бастааҥҥы үүтүн сиргэ ыахха сөптөөх. Бааһынай хаһыатыгар (Крест. газета) суруйаллар эбит, хайдах ынаҕы ыахха диэн, онно этэллэр эбит “сыыһа ыыртан ханнык баҕарар ынаҕы буорту гыныахха сөп” диэн. Ити кэннэ ынаҕы ыах иннинэ илиини суунарга сөптөөх, тымныы сиргэ турар буоллаҕына сылаас уунан сууйарга, ол Далее…

2 месяца назад

Олох көрдөрүүтэ (ВЫСТАВКА)

Сылтан сыл аайы олох тупсан эрэр. Урукку бириэмэлэргэ олох көрдөрүүтэ соҕуруу дойдуга буола сылдьыбыта, онно сэбиэскэй былаас олоҕо сылтан сыл аайы көнөн иһэр. Аны билигин оройуоннай көрдөрүүлэр (выставки) буолаллар. Соҕуруу Соруочинсы диэн сиргэ полтаабскай губиэрньэҕэ көрдөрө сылдьыбыттара, онно олох улаханнык тупсубут сирэ. ӨЙДӨӨН  Дьокуускай куоратыгар мусуой (музей) диэн баар. Онно саха дойдутугар баар бары эриэккэс, саха Далее…

3 месяца назад

Сэбиэскэй былаас олохтонуутун кэмигэр ойууттары сойуолааhын туhунан …

ОЙУУТТАР АЛБЫННАРА ТАХСАР. Дьокуускай уокруга баартыйатын кэмитиэтигэр аккаас сурук Мин баттыгастаах олох баарыгар бастаан иирэ сылдьыбытым – ойууннуур этим. Мин дьиҥ кырдьыкпын этэбин, ойуун буолан сылдьаммын абааһы баарын төрүт билбэтим, онон, абааһы диэн тыл араас аньыыттан куттаан албыны эрэ оҥорор наадатыгар баар буолбут суол. Онон, бүгүҥҥү күнтэн ыла кимиэхэ даҕаны ойууннуом суоҕа. Билиҥҥи былааһы ытыктыыр Далее…

3 месяца назад

Саха кыра оҕото иитиллэр дьиэтэ

Саха оҕотун дьиэтэ нууччалыыта (Дет. дом.) диэҥҥэ былдьатан баран икки саары ардыгар хаалан хаалла. Дьиэ аныаха дылы көстө илик. Саад биир кэм көһө сылдьар буолан, оҕолор оҥорбут, үлэлээбит үлэлэрэ алдьанан тииһэнэн хаалар.  Үөрэх суута кырааһынай кириэс аннараа өттүгэр баар, уруккута нуучча оҕотун дьиэтэ (Примитив.) диэн дьиэни биэрбиттэрэ. Ол дьиэ саха оҕотугар табыллыа суох. Бииринэн, ол дьиэ чугаһыгар Далее…

3 месяца назад

Дьахталлар мунньахтара

Лиэнин биир суол үөрэҕэ баар, дьахталлар тустарын эппитэ. Лиэнин сэбиэскэй былаас оҥоһулларын кытта эппитэ: сэбиэскэй былааска бары үлэһит-бааһынай дьахталлара тэҥ бырааптаныахтаахтар диэн. Уонна эппитэ: “Ханнык даҕаны эстрээпэ судаарыстыба үлэтин үлэлиэхтээх” , – диэн. Үлэһит бааһынай баһылыга т. Лиэнин көрөн ыйан биэрбитэ, бу дьахталлары биир санаанан-сүбэнэн сылдьан сэбиэскэй олох үлэтигэр үлэлииллэригэр. Онон дьахтар бары сууттарга үлэлээн эрэр. Оттон саха Далее…

3 месяца назад

Тыа дьахтара билигин да кыайан мунньахха киирбэтэ

Мунньахтарга иккилии-үстүү куорат сахатын дьахталлара дэлэгээтинэн сырыттылар. Тыа сириттэн дьахтар хотон көстүбэт. Куорат дьахтара тыа дьахтарын олоҕун, кыһалҕатын сураҕынан эрэ истэн билэрэ буолуо, манна олорон эрэн. Халыым хаалла, “ыраас олох” турда, саха дьахтарын олоҕо тубуста диэн этэн-суруйан кэбиһэртэн – тыа дьахтарын олоҕо тупсан хаалбат. Билиҥҥэ дылы сэбиэскэй былаас диэн тугун үгүстэрэ билбэт (онно-манна сылдьан истэр-көрөр эрдэрэ Далее…

3 месяца назад

Улахан сымыйа буолла

Быйыл күһүн Илин-Хаҥалас улууһун Ситэриилэх Кэмитиэтин Сэбиэттэрин дьаһалынан, кинилэр күүстээх аҕытаассыйаларынан, 500-600 кэриҥэ ыал хотоннорун дьиэлэриттэн араарбыттара. Улуус мунньаҕар тахсыбыт куораттан табаарыстар эрэнэн тураннар кэпсиир этилэр: сэбиэскэй былаас ыраас олоххо баҕалааҕын быһыытынан, бу хотону дьиэттэн араарарын туһугар үбү харыстаабат, онон, тыаҕа түһэр нолуоктан чэпчэтиэҕэ. Итиэннэ, улуус нэһилиэк ороскуотуттан быыһаныахтара диэн. Итиирдик кэпсээннэри истэннэр, дьон бэккэ үөрбүттэрэ. Далее…

3 месяца назад

Хотонун дьиэтиттэн араарыммыт таб. кэпсээнэ

(Дьүпсүн улууһа) Өспөх нэһилиэгэр бу ааспыт 1924 сылга араарбыт хотонун дьиэтиттэн т. Дьэким Таарскай. Ол бу курдук диэн кэпсиир: “Мин быйыл хотоммун дьиэбиттэн арааран бэккэ эрэ диэн абыранным, дьиэм ончу сиигирбэт буолла. Урут дьиэм муннуктара, суол аана дэлби чэҥ муус буолара. Билигин көрдөхпүнэ, хотоннорун дьиэлэриттэн араарымматах ыаллар дьиэлэрэ сиигэ-чэҥэ былыргытыҥ курдук.  Мин бэт үчүгэйдик биллим хотон Далее…