Дьахталлар мунньахтара - Блоги Якутии

3 месяца назад 107

Дьахталлар мунньахтара

Лиэнин биир суол үөрэҕэ баар, дьахталлар тустарын эппитэ.
 Лиэнин сэбиэскэй былаас оҥоһулларын кытта эппитэ: сэбиэскэй былааска бары үлэһит-бааһынай дьахталлара тэҥ бырааптаныахтаахтар диэн. Уонна эппитэ: “Ханнык даҕаны эстрээпэ судаарыстыба үлэтин үлэлиэхтээх” , – диэн.
 Үлэһит бааһынай баһылыга т. Лиэнин көрөн ыйан биэрбитэ, бу дьахталлары биир санаанан-сүбэнэн сылдьан сэбиэскэй олох үлэтигэр үлэлииллэригэр. Онон дьахтар бары сууттарга үлэлээн эрэр.
 Оттон саха сиригэр бу үлэ саҥа оҥоһуллан үлэлээн эрэр: саха дьахтара былыр-былыргыттан хотонуттан атыны билбэт этэ.
 Сэбиэскэй былаас майгы быһыытынан буоллаҕына, саха дьахтара олоҕо уларыйдаҕына, оччоҕо биһи т. Лиэнин кэриэһин толоруохпут.
 Саха Өрөспүүбүлүкэтин иһигэр бастааҥы хардыы ити чааһынан оҥоһулунна. Ол буолар быйылгы Сэбиэт быыбарыгар дьахтар мунньахтара буолан эрэр. Ол мунньахтара мантан антах хайдах үлэлэһэр туһун сүбэлэһиэхтэрэ, сэбиэттэргэ, кэпэрэтииптэргэ дьахтар үлэлэһэригэр.
 3-с Саха сирин Сэбиэттэрин Үрдүкү Мунньаҕа халыымы суох гынарга ыйааҕынан таһаарда. Бу ыйаах сүһүөҕэр турарыгар улахан аҕытаассыйа наада. Манна дьахталлар бэйэлэрэ кыһанан көмөлөһөллөрө туһалааҕынан көстөр.
 Кулун тутар ый 8 к. бары улуус дьахталларын мунньаҕа буолуохтаах. Бу мунньах дьахтар үлэтэ ханан сатанарыгар, тэнийэригэр, хайдах үлэлиир туһунан ыйан-кэрдэн биэриэҕэ. Ол кэнниттэн дьахтар үлэтэ улахан хардыынан барыахтаах.
 Лиэнин эппит кэриэс тылын сүһүөҕэр туруоруохха – дьахтар үлэтин тыа сиригэр саҥа быһыынан-майгынан тэрийиэххэ.

Маркиэл Бүбээкин

Дьахталлар мунньахтара // Кыым, 1925. – № 7. – С. 1.

Добавить комментарий