Хорсун санаалаах уолаттарбытын умнубаппыт - Блоги Якутии

3 недели назад 411

Хорсун санаалаах уолаттарбытын умнубаппыт

Арассыыйаҕа сэтинньи 8 күнэ – Сулууспаларын эбээhинэhин толоро сылдьан, олохторун толук уурбут Ис дьыала уорганын үлэhиттэрин кэриэстиир күн.

 Бу күн биhиги оскуолабытыгар биир дойдулаахпыт Никифоров Конон Николаевич туhунан ахтан-санаан, оҕолорго билиhиннэрэр Кэриэстэбил күн буолла.

Конон Николаевич Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын дьуhуурунай чааhыгар милиционерынан үлэлии сылдьан, Бүлүү куоратыгар сулууспатын кэмигэр, баара-суоҕа 25 сааhыгар, 1995 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр күлүгээн илиититтэн сырдык тыына быстыбыта. РФ Президенэ Б.Н. Ельцин 1996 сыл муус устар 4 күнүнээҕи Ыйааҕынан, Никифоров Конон хорсун быhыытын үрдүктүк сыаналаан, улууска бастакынан «За Мужество» орден наҕарааданы дьонугар туттарбыттара.

Бу ѳйдѳбүнньүк күҥҥэ билигин буола турар анал байыаннай дьайыыга кыттыбыт, хорсуннук сэриилэспит, олохторун тыына быстыбыт, биhиги оскуолабытыттан үүнэн, сайдан тахсыбыт уолаттарбытын Васильев Николай Николаевич уонна Шадрин Ньургун Михайлович ааттарын чиэстиир анал истиэндэ арыйыыта оскуолабытыгар буолла.

Николай Николаевич Васильев 1994 с. атырдьах ыйын 5 күнүгэр Илбэҥэ нэhилиэгэр элбэх оҕолоох Елизавета Егоровна, Николай Сергеевич Васильевтар дьиэ кэргэннэригэр тѳрдүс оҕонон тѳрѳѳбүтэ.

Коля Баппаҕаайы оскуолатын 2012 сыллаахха бүтэрбитэ. Аармыйаҕа Владивостокка муора байыаннай флотугар сулууспалаабыта. Бүлүүтээҕи ойуур баhаарын умуруорар авиционнай сулууспаҕа үлэлии сылдьан, 2022 сыллаахха анал байыаннай дьайыыга дойдутун кѳмүскээри, Донецкай республикаҕа тиийбитэ. Икки сылы быhа онно сылдьыбыта. Быйыл 2024 с. балаҕан ыйын 23 күнүгэр Донецкайга Водяное диэн сир Марьинскай оройуонугар сырдык олоҕо быстыбыта. Саҥардыы ыал буолан, икки эрэ ыйдаах оҕолоох.

Наҕараадалара: «За службу в спецназе», «Ветеран боевых действий», «Участник боевых действий на Украине, ДНР, ЛНР» мэтээллэр.  «Эр санааланыы» уордьанынан наҕараадаламмытын дьонугар туттарбыттара.

Ньургун Михайлович Шадрин 1997 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр Бүлүү куоратыгар тѳрѳѳбүтэ. Биhиги оскуолабытын 2015 сыллаахха бүтэрбитэ.

Бүлүүтээҕи техникумҥа үѳрэнэн, механик-суоппар идэтин ылбыта. 2023 сыллаахха анал байыаннай дьайыыга Украина сиригэр барбыта. Штурмовой байыаннай чаас этэрээтин мотострелковай рота састаабыгар киирэн, гранатометчик эбээhинэстээх этэ.

Ньургун 2024 с. тохсунньу 17 күнүгэр, байыаннай дьыала соругун толоро сылдьан, Украинаҕа Донецкай соҕурууҥҥу хайысхатыгар сырдык тыына быстыбыта. «Эр санааланыы» уордьанынан наҕараадаламмыта.

Баппаҕаайы оскуолатын учууталлара, бииргэ үѳрэммиттэрэ уолаттар тустарынан истиҥник санаан-ахтан, тыл этэн уйадыттылар, киэн тутта кэпсээтилэр.

V-XI кылаастарга Колялаахха кылаас салайааччыта Николаева Сардана Николаевна ахтар:

Коля элбэх саҥата суох, киhи эрэнэр киhитэ этэ. Дьоҥҥо кыhаллара, болҕомтолооҕо, үтүѳ санаалааҕа. Кылаас олоҕор кѳхтѳѳх кыттааччы, тэрийээччи буолара. Сатаан хаартыскаҕа табан түһэрэрэ, интэриэhинэй гына видео оҥороро. Истиҥ, эрэллээх табаарыс, доҕор буолара, олус эппиэтинэстээҕэ, эппит тылын толороро. Коля спорка дэгиттэрэ, эт-хаан ѳттүнэн сайдыылаахҕа, сытыыта, сымсата, күүстээҕэ, кытаанах уол этэ. Ол саҕаттан кѳмүскээччи курдук буолара, ол иhин да байыаннай суолу талбыта буолуо, дойдутун кѳмүскүүр сыаллаах. Саахымакка, сүүрүүгэ, мас тардыhыытыгар, хапсаҕайга, о.д.а. күрэхтэргэ кыттан миэстэлэhэрэ.

 2010 с. тохсус кылааска Чинэкэ нэhилиэгэр баhаартан Корякиннар дьиэ кэргэни быыhаан, хорсун быhыытын иhин, Российскай Федерация Ыксаллаах быhыыга-майгыга министиэристибэтин, Бүлүү улууһун баһаары бохсор 15 нүѳмэрдээх этэрээтиттэн грамотанан, махтал суругунан наҕараадаламмыта.

Биhиги уолбут наhаа эрдэ олохтон туораабытыттан курутуйан туран, кини эр санаатын, хорсунун саныыбыт, үйэ тухары ѳйбүтүгэр хаалыа. Коляны хаhан да умнуохпут суоҕа, биhиги сүрэхпитигэр ѳрүү тыыннаах, эйэлээх олох туhугар турууласпытын ѳйдүѳхпүт-саныахпыт.

«LIDER» фото, видео, телестудия салайааччытынан үлэлээбит Платонова Саргылана Семеновна элбэхтик бииргэ алтыспыт, үлэлэспит үѳрэнээччитин ахтар-саныыр:

Шадрин Ньургун Бүлүү куоратыгар тѳрѳѳбүтэ, 5 сааhыттан тулаайах хаалан, детдомҥа сылдьыбыта. Оҕо сааhа онон ыараханнык ааспыта. Ньургун биhиги нэhилиэккэ кэлэн, Федоровтарга иитиллэн, дьиэ кэргэн диэни билбитэ. Онон VII кылаастан оскуоланы бүтэриэр диэри биhиги оскуолабытыгар үѳрэммитэ. Отой кѳрсүѳ, сэмэй майгылаах, үѳрэҕэр орто, тыл уруоктарыгар үчүгэй этэ. Нууччалыы үчүгэйдик саҥарара. Оҕолору кытта кыыhырсыбытын ѳйдѳѳбѳппүн. Υлэhит оҕо буолааччы. Хаhан да аккаастаабат этэ. Араас тэрээhиннэргэ кѳхтѳѳхтүк кыттара, кыыhырар диэни билбэт оҕо этэ. Куруук сырдык мичээрдээх буолааччы. Научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыттан, улууска хаста да миэстэлэспитэ. Гоголевскай ааҕыыларга кыттан Никифоров Айланныын I миэстэ буоланнар, наhаа да үѳрбүт сирэйин билигин да умнубаппын. Кэлин киhини кѳрүстэҕинэ, уруккутун курдук мичээрдии сылдьааччы. Ыраас мѳссүѳннээх оҕо этэ. 2023 сыл атырдьах ыйыгар хантараак түһэрсэн, Украинаҕа сэриигэ барбыта. Гранотометчигынан сылдьыбыт. Сэриигэ инники кирбиигэ тыынын толук уурбут. Баара-суоҕа 27 сааhыгар суох буолла.

Ньургуну кытта оскуолаҕа бииргэ үѳрэммит табаарыhа, ОБЗР учуутала Антонов Аян Анатольевич:

Оскуоланы бүтэриэхпититтэн Ньургуннуун куруук билсэрбит, кылааспыт группатыгар суруйсарбыт, сонуммутун үллэстээччибит. “Анал байыаннай дьайыыга барабын”,- диэбитигэр соhуйбуппут да буоллар, эргиллэн кэлиэ диэн эрэллээх этибит… Хомойуох иhин, бу олохтон букатыннаахтык барда. Аны хаhан да Ньургуммутун кытта кэпсэппэппит, билсибэппит диэн харааста саныыбыт. Табаарыспытын биhиги куруук ѳйдүү-саныы сылдьыахпыт.

Жиркова Ирина Николаевна, алын кылаас учуутала:

Ньургун үѳрэммит кылааhын мин алын кылааска үѳрэппитим. Υѳрэппит оҕолорум миэхэ куруук кэлэн билсэллэрэ, онно Ньургун тэбис-тэҥҥэ кэлэн сылдьыhара, кэпсэтэрэ, мин үѳрэппит оҕом курдук буолара. Бииргэ тѳрѳѳбүт балтым Варвара Николаевна Ньургуну ииппитэ, онон биhиэхэ куруук сылдьааччы, ийэбитин эбээ диэччи. Куруук ааhан иһэн мас кыстаан, муус киллэрэн, хаар күрдьэн кѳмѳлѳһѳрѳ. Кырдьаҕас ийэбин кытта олорон, тэҥҥэ чэй иhэ-иhэ сэhэргэhэрэ, убаастабыллаахтык сыhыаннаhара. Оннук элэккэй, үтүѳ санаалаах, үлэhит уол этэ.

Бу Кэриэстэбил күн оскуолабыт хорсун санаалаах выпускниктарын туhунан оскуола оҕолоругар элбэҕи арыйда, патриоттуу санааҕа, дойдуга бэриниилээх буолууга, дьону ытыктыырга, тулалыыр эйгэни харыстыырга туһаайда.

Арассыыйа саллааттарын, хорсун санаалаах буойун уолаттарбытын – Николайы, Ньургуну, норуот туhугар, сокуон иннигэр сулууспалаабыт Куонааны – умнубаппыт,  дойдубут чиэhин эрэллээхтик кѳмүскээбиттэригэр махтанабыт, сүгүрүйэбит, кинилэринэн киэн  туттабыт.

Людмила Тарасова,

М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын учуутала

Илбэҥэ, Бүлүү.

Добавить комментарий