Икки сыл тухары күн аайы ЯСИА-ҕа таҕыстыбыт - Блоги Якутии

3 года назад 458

Икки сыл тухары күн аайы ЯСИА-ҕа таҕыстыбыт

Биики Халандаар диэн Сахалыы Бикипиэдьийэ уонна Саха-информационнай агенство бииргэ оҥорбут бырайыактара муус устар 7 күнүгэр лоп курдук икки сылын туолуоҕа.

ЯСИА сахалыы салаатын суруналыыстара Мария Горохова уонна Полина Николаева. Архаадьый Сомсуонап уонна Сахалыы бикипиэдьийэ дьаһабыла Халан

Сүрүн сорукпут сахалыы суруйар сурналыыстыканы уопсастыбаннас өттүттэн өйөбүл этэ. Тоҕо диэтэххэ көрдөрөр уонна иһитиннэрэр сахалыы суруналыыстыка билигин да сайдар кыахтаах буоллаҕына (тэлэбиисэри көрөр, араадьыйаны истэр дьон элбэхтэр), сахалыы ааҕар дьон күнтэн күн аҕыйаан иһэр курдуктар. Наһаа аҕыйаатахтарына, сурутааччы суох буоллаҕына, сахалыы хаһыат үбүлэммэт буолуо турдаҕа, оччоҕо саха тыла биир тулааһыныттан матар кыахтаах. Онон, биһиги биикиһиттэр, ааҕар, сахалыы суруйар дьону куруук өйүүбүт, таһаарыылар (хаһыаттар, сурунааллар, интэриниэт саайтар) киэҥ эйгэҕэ тахсалларыгар тугу кыайарбытынан көмө буолабыт.

Муниципальнай сулууспа туйгуна, биэлсэр да, милиисийэ да, нэһилиэк баһылыга да буола сылдьыбыт, Халбаакы ытык киһитэ Архаадьый Сомсуонаппыт “Саха Медиа” махтал суругун тутар

Бу сүрүн сорукупут таһынан, саҕалыырбытыгар Бикипиэдьийэҕэ да ааҕааччы өттүттэн эбии болҕомто тардыллыа дии санаабыппыт. Онтубут, түмүгэр, отой улахан туһалаах буолла – Бикипиэдьийэ элбэх саҥа ыстатыйанан байда, хас биирдии күҥҥэ анаммыт ыстатыйалар биллэ тубустулар, хаҥаатылар. Хас күн аайы Саха сиригэр, Арассыыйаҕа уонна аан дойдуга буолбут сүүрбэччэлии түгэн бэлиэтэнэр буолла, чопчуланна.

Онон, хас да сыл аастын, күн аайы бу күннээҕи ыстатыйалар мөһүлгэ курдук ааҕааччыга эргийэн кэлэ туруохтара, Бикипиэдьийэ сүрүн сирэйигэр тахсан иһиэхтэрэ, бу күн устуоруйаҕа саха олоҕор суолталаах туох буолбутун кэпсии туруохтара.

Хаҥастан иккис – Отчут диэн псевдонимынан Бикипиэдьийэҕэ суруйар учуонай уолбут. Бикипиэдьийэҕэ бастакы кылаатын өссө Москубаҕа үөрэнэ сылдьан уонча сыллааҕыта оҥорбута

Хаартыскаларга көстөр дьонтон ураты бырайыакка көхтөөх кыттыыны Нүөрүҥгүрүттэн Григорий Кузьмин уонна Питерга үөрэнэ сылдьар устудьуон Айхан Павлов ылбыттарын бэлиэтиибин. Ону таһынан бастакы сылбытыгар саахалга түбэһэн олохтон эрдэ барбыт Саха Медиа суруналыыһа Татьяна Васильева улахан көмөнү оҥорбута.

Маны таһынан, хас күн аайы киирэн сэҥээрик туруорар, алҕастарбытын кыраҕы харахтарынан көрөр, көннөттөрөр ааҕааччыларбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит! Ойуччу тутан бэлиэтиэм этэ “Саха сайдам саҥата” диэн бассаап-бөлөх кыттыылаахтарын!

Биики Халандаар” бу ый сэттиһинэн тахсан бүтүөҕэ, ол эрээри ЯСИА-ны кытта бииргэ үлэлиирбит тохтообот, саха устуоруйатыгар сыһыаннаах матырыйалларынан (эссе халыыбынан) салгыы үлэлэһэр былааннаахпыт.

Атын суруйууларбын аах:

Добавить комментарий