Бибилэтиэкэ уларыйар - Блоги Якутии

3 года назад 545

Бибилэтиэкэ уларыйар

Наассыйа бибилэтиэкэтэ (устудьуоннуур сылларбытыгар Пушкинка диир этибит, оттон өскөтүн Күлүмнүүр аата иҥэрилиннэҕинэ, туох диэхпит эбитэ буолла?) уларыйбыт.


Мэктиэтигэр үлэһиттэрэ да ордук эйэҕэс буолбут курдуктар 😉
Киэҥ-куоҥ буолбут, дьон олорон кэпсэтэр сирдэрэ элбээбит, кинигэни урукку курдук сакаастаан ылбаккын, барыта стеллажтарга аһаҕас турар, кэрийэ сылдьан хараҕыҥ хатаммытын талаҕын. Оннук, хата, Клиорина “Куррикулум витэ” диэн ахтыы кинигэтин булан ыллым, уруккуттан аахпыт киһи дии саныыр этим да, хаһан да анаан-минээн көрдөөбөтөҕүм. Бу чинчийээччигэ биһиги сахалар иэстээх сылдьабыт дии саныыбын. 60-70-с сыллартан саҕалаан чулуу дьоммут аатын тилиннэриигэ сыратын-сылбатын уурбут, уонтан тахса сыл бэйэтэ хаайыыга сыппыт наһаа уустук дьылҕалаах киһини өрө туппакка хаалбыппыт, сатаатар ханна, хаһан өлбүтүн да чопчу билбэппит… Кинигэтиттэн кэрэхсэбиллээх түгэннэри булан ылан күн аайы ЯСИА-ҕа тахсар Биики Халандаарга угар былааннаахпын.

Чэ, тиэмэбитигэр төнүннэххэ маннык. Кэнники сылларга Москуба, Питер бибилэтиэкэлэригэр сырыттым ини сылдьыбатым ини. Барытыгар биир көстүү – аныгылыы киэҥ-куоҥ, сырдык, ыччаты чугаһатарга үлэлиир сирдэргэ кубулуйан эрэллэр. Урукку курдук тимир-тамыр, аат эрэ харата хоруйдуур дьахталлар суох буолбуттар. Соҕотох эрэ киһи бүөмнээн үлэлиир чуумпу сирдэриттэн дьон мустар, алтыһар, кофе иһэ-иһэ кинигэ ааҕар, кэпсэтэр сиригэр кубулуйан эрэр.

Ону биһиги, ааҕааччылар, өйүөххэ, уларыйыы биһиэхэ табыгастаах буоларыгар эмиэ санаабытын тиэрдиэххэ, бибилэтиэкэҕэ дьону көрсүһүүгэ ыҥырыахха, туох эрэ тэрээһиннэри ыытарга дьулуһуохха.

Атын суруйууларым: