Оҕоҕун тыйаатырга сырытыннараҕын дуо? Суох! - Блоги Якутии

3 года назад 321

Оҕоҕун тыйаатырга сырытыннараҕын дуо? Суох!

Дьиҥэр, бу ыйытыыга аныгы саха кыбыстан хоруйдуо суоҕа. Ол эрээри, кыбыстар төрүөт суох. Тоҕо диэтэххэ, кыра оҕону сырытыннарар да тыйаатырбыт суох курдук. Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра сахалыы испэктээктэри туруорбат, Саха тыйаатыра оҕолорго анаан сылга биирдэ биир “Бэйбэрикээни” көрдөрөр. Олоҥхо тыйаатырын туруоруулара обургу оҕолорго барсаллар, кыра оҕоҕо ыарахан уонна уһун испэктээктэр.

Оччоҕо хайыыбыт диэн ыйытыы “Ийэ тылын кэскилэ” чилиэннэрин үүйэ-хаайа туппута ыраатта. Хата, бэҕэһээ, кулун тутар 24 күнүгэр Саха тыйаатыра учууталлары уонна суруналыыстары ыҥыран “тыйаатыр оҕоҕо” диэн кэпсэтии таһаарда.

Маннык бэйэм санааларбын тиэрдэ сатаатым:
Орох тэбии. Ханнык баҕарар тыйаатыр туһунан тыллаах-өстөөх, туһунан суоллаах-иистээх, ол аата туһунан көрөөччүлээх. Ол иһин ханнык баҕарар “улахан” тыйаатыр оҕо тыйаатырыгар дуу, кимиэхэ эрэ дуу сэлээннээбэккэ, бэйэтин оҕотун бэйэтэ иитэн таһаарыахтаах, ол оҕо тыйаатырга орох тэбэрин, улаатан да баран тыйаатырга кэлэ турарын уонна оҕолорун аҕаларын курдук.

Мөһүлгэ. Кыһын устата хас ый аайы (сатанар буоллаҕына нэдиэлэ да аайы) оҕолорго аналлаах атын испэктээх (ол сыл көстүбэтэх) туруохтаах (бу мөһүлгэ хас сыл аайы хатыланыан сөп – премьералар наһаа элбэх буолбатахтарынан). Оччоҕо уһуйааннар уонна оскуолалар бэйэлэрин үлэлэрин былааннарыгар киллэрэн, оҕолорун тиһигин быспакка аҕала туруо этилэр, иитэр бырагыраамаларыгар киллэриэ этилэр.

Эмэгэт. Көрөөччү үксэ испэктээккэ буолбакка, артыыска кэлэр. Бу маны туһанарга артыыс ыччакка кумир буолуохтаах – ол аата киинэҕэ оонньуохтаах, уопсастыба олоҕор кыттыахтаах (гражданскай позициятын көрдөрөртөн толлуо суохтаах), кинигэ суруйуохтаах, кини туһунан интэриниэт, сурунаал толору буолуохтаах. Уопсайынан тыйаатыр салалтата артыыстан ыччат “эмэгэтин” (кумирын) оҥоро сатыахтаах, оччоҕо ыччат тыйаатырга сыстыа, билиэти сырса сылдьан кэлиэ.

Чинчийии. Тыйаатырга ким сылдьарын социолог учуонайдарынан чинчиттэрэргит буоллар. Москубаҕа, холобур, провинциаллар эрэ тыйаатыры кэрийэллэр, манна мин көрдөхпүнэ, тыаттан киирбит устудьуоннар элбэхтик сылдьа сатыыллар. Кырдьык оннук дуо? Атын кимнээҕи уонна хайдах тордуоктаан аҕалыахха сөбүй? Учуонайдар сүбэ биэрдиннэр.

Харчы. Ааан дойду атын тыйаатырдарыттан уратыгыт – саха сиэригэр, култууратыгар тирэххит. Бу атын да аралдьытар тэрилтэлэртэн уонна тэрээһиннэртэн (киинэттэн, кинигэттэн, түүҥҥү кулууптан, эрэстэрээнтэн уо.д.а.) көрөөччүнү (уонна кини үбүн-харчытын) “былдьыыр”, күрэстэһэр кыаххыт. Ону хаһан да умнумаҥ!

Бэрт сэргэх кэпсэтии буолла, тыйаатыр тутаах режиссера Тараховскай маннык тыллары ыһыгынна: “Киэһэ испэктээк буолар буоллаҕына, сарсыарда остуоруйа туруохтаах!”


Учуутааллар, учуонайдар, суруналыыстар, ыччат этиилэрин мин үтүүп ханаалбар бэйэҕит илэ көрүөххүтүн, истиэххитин сөп, холобур, мантан саҕалааҥ: Аһыныгас санааны…
Эбэтэр мантан: Тыйаатырга хом санааларым…

Эбэтэр: Кыыс хоруйа.

Добавить комментарий