Саҥа кэпсээн истэххинэ быһа түһэр дьон баар буолар. Хайыыбытый? - Блоги Якутии

2 года назад 265

Саҥа кэпсээн истэххинэ быһа түһэр дьон баар буолар. Хайыыбытый?

Били ааспыкка сторителлинг туһунан суруйбутум дии, түбэлтэни хайдаах кэпсиири… Өйдөөх дьон суруйбуттарын салгыы кэпсиибин. Арай, эн тугу эрэ кэпсээри гынаҕын, ону ким эрэ быһа түһэр…
Эбэтэр, дьэ саҥа уугар-хааргар киирэн кэпсээниҥ ортотугар тиийэн эрдэххинэ, ханнык эрэ киһи атыны эрдэн барар…

Бу эн

Хайыыгыный?

Искэр кыыһыраҕын, ол эрээри туттуна сатыыгын уонна…

Бу быһа түһэр Бааска 😉

Үксүн: “Доо, мин эн саҥараргар быһа түспэтэҕим ээ”, – диэн киһигин буойа сатыыгын…

Киһи үксэ инньэ гыммыт буолуохтах. Онтубут баара ити хотторуулаах позиция эбит.

Тоҕо диэ. Инньэ гыннаххына истээччилэр атыҥҥа хайаан да аралдьыйаллар – эн уонна ол киһи ыккардыгар буолбут мөккүөргэ, уонна дьэ ону кэтээн бараллар – хайалара кыайар эбитий диэбит курдук… Били, кэпсээниҥ эрэ, тугуҥ эрэ…

Дьиҥэр, ол оннугар истэр дьоҥҥун бэйэ диэки тардыахтаах эбиккин. Холобур: “Ээ чэ, бу киһи ордук үчүгэйдик билэр, кини кэпсээтин…”, – иҥин диэтэххинэ, бары ынараа киһини тохтотон барыахтаахтар: “Бааска, бүт эрэ, кэпсээтиниий!”

Саарбахтыыгыт дуо? Мин эмиэ. Ол эрээри боруобалаан көрдөххө туох да быстан түспэт ини, уонна оттон атын ньымалары толкуйдаан көрүҥ ээ, сүнньэ – аудитория эн диэки буоларын ситиһиэхтээххин.

Добавить комментарий