Сахалыы сурук-бичик аан ситимҥэ элбиэхтээх! - Блоги Якутии

3 года назад 207

Сахалыы сурук-бичик аан ситимҥэ элбиэхтээх!

Чэ, саҥа сиргэ саҕалаатаҕым буоллун! Сахалыы сурук-бичик аан ситим киэҥ киэлитигэр элбиэхтээх.

Тоҕо ону ситиһэ сатыыбытый? Бүгүн ФАДН1 кэмпириэнсийэтигэр хаһан эрэ дакылаатынан кыттыбыппын санатан, тиэкиһин ыыт диэбиттэр этэ. Онно көрдөрүкпүн (презентацияны инньэ диибит) көрө, тугу кэпсээтим этэй диэн бэйэбэр бэйэм санатта олорон өйбөр маннык санаа көтөн түстэ: кэнники кэмҥэ хас да түһүлгэҕэ бу тиэмэҕэ этиммит эбиппин.

Ити ахтар ФАДН-нар мунньахтарыгар, Куораттааҕы Саха гимназиятын төрөппүттэрин көрдөһүүтүнэн биир блогер төрөппүтү кытта ыыппыт стриммар, уонна нэдиэлэ ынараа өттүгэр орто анал үөрэх кыһаларын саха тылын учууталларыгар лиэксийэбэр. Тоҕотун, дьиҥэр, ханнык баҕарар киһи билэр, билбэт буоллаҕына да, толкуйдаа диэтэххэ бэйэтэ удумаҕалатар кыахтаах – ийэ тылбыт сайыннын, кэскиллээх буоллун диэн буоллаҕа.

Ол эрээри, ол ийэ тылбыт тоҕо кэскиллээх буолуохтааҕын дьон оччо-бачча толкуйдуу барбат курдук, ону ааһан биир атаһым этэрин курдук бүдүрүйбүт көммөт, охтоору турары эбии тэбэн охторор куолу, аныгы үйэҕэ эргэ тыл мэһэй эрэ буолар диир дьон баар буолла…

Биллэн турар, мин хоруйум – суох! Тылы көннөрү алтыһар тэрил, эбэтэр билии сомсор тэрил курдук көрдөххө, биллэн турар, ааҥыл дуу, кытай дуу тылларын билэр олоххор быдан туһалаах курдук – бу тылларынан кинигэ да элбэх, саайт да элбэх, үөрэтэр-такайар да сирдэр элбэхтэр, атыылыыр-эргинэр да кыаҕыҥ быдан үрдүүр курдук. Аны сотору кэминэн, ньыматык (технология) сайдан биир тылы билэр киһи ханнык баҕарар омугу кытта көҥүл кэпсэтэр, өйдөһөр үйэтэ кэлэрэ чугаһаата, кэллэ да диэххэ сөп.

Ол эрээри, тыл – бу киһи толкуйдуур ньымата. Ханнык тылынан толкуйдуугун да, аан дойдуну оннук хараҕынан көрөҕүн. Ол биһиэхэ сахаларга эбии кыах биэрэр. Күрэстэһэр кыах. Атын омуктартан атыннык толкуйдуур буолан (ону тэҥэ кинилэр тылларын баһылаан, култуураларын билэн – кинилэр курдук эмиэ толкуйдуур буолан) атын дьоннооҕор ураты кыахтаныахпытын сөп. Омук быһаарбатаҕын быһаарар, омук кыайбатаҕын кыайар, омук тобулбатаҕын тобулар кыаҕы этэбин.

Онон ыччакка бу санааны иҥэриэххэ. Тыл алтыһар уонна билии сомсор эрэ тэрил буолбакка, уратытык толкуйдуур ньыма буолар, уонна онон ийэ тылбыт биһиэхэ эбии кыаҕы биэрэр.

1 Федеральное агентство по делам народов

Добавить комментарий