Архивы История - Блоги Якутии

2 дня назад

Семинар-практикум «Академия читательского мастерства»

1–2 ноября в Москве состоялся ежегодный семинар-практикум «Академия читательского мастерства», организуемый Русской ассоциацией чтения (РАЧ) совместно с Всероссийской государственной библиотекой иностранной литературы (ВГБИЛ).

1 неделя назад

Улуу суруйааччы хоһооннорун улуу артыыс ааҕар

Бүгүн Анемподист Иванович Софронов-Алампа  төрөөбүт күнүнэн кини хоһооннорун норуодунай артыыс Гаврил Гаврильевич Колесов 1996 сыллаахха суруйааччы төрөөбүтэ 110 сылын  бэлиэтиир дьоро тэрээһиҥҥэ аахпытын таһаарабыт. Бу үбүлүөйдээх тэрээһин Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр буолбута. Алампа аатынан кулуупка, билиҥҥинэн Норуот айымньытын дьиэтигэр.

2 недели назад

Сырдык уобараһа «Үйэлэри уҥуордаан» сыдьаайа тыктаҕа…

Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буоларын турууласпыттар – сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт эдэркээн бэйэлээх уолаттар этилэр. Уонна хайдах курдук, улахан бэлиитиктии мындырдык, наада буоллаҕына ньуолбардык, ситиһии туһугар киирсибиттэрэй?! Киһи сөҕөр эрэ.  Ол уолаттартан биирдэстэрин Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан режиссёр Руслан Тараховскай Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов “Үйэлэри уҥуордаан” саҥа испэктээгин Далее…

2 недели назад

Хорсун санаалаах уолаттарбытын умнубаппыт

Арассыыйаҕа сэтинньи 8 күнэ – Сулууспаларын эбээhинэhин толоро сылдьан, олохторун толук уурбут Ис дьыала уорганын үлэhиттэрин кэриэстиир күн.  Бу күн биhиги оскуолабытыгар биир дойдулаахпыт Никифоров Конон Николаевич туhунан ахтан-санаан, оҕолорго билиhиннэрэр Кэриэстэбил күн буолла. Конон Николаевич Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын дьуhуурунай чааhыгар милиционерынан үлэлии сылдьан, Бүлүү куоратыгар сулууспатын кэмигэр, баара-суоҕа 25 сааhыгар, 1995 сыл ыам Далее…

4 недели назад

Тобуруокап Тарааһа, Танюшата уонна да атын доҕотторбут

Алтынньы 25 күнүгэр Саха Сирин норуодунай поэта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, култуура үтүөлээх үлэһитэ Бүөтүр Тобуруокап 1917 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Ороһутугар күн сирин көрбүтэ. Онон бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноругар оҕолор оҥорбут роликтарын түмэн таһаарабыт. Бу  тэттик киинэлэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук, итиэннэ “Ил Түмэн” издательскай дьиэ, сахалыы Далее…

4 недели назад

Махтал кинигэтэ

Махтал диэн наһаа күүстээх ньэгир. “Ол иһин хардарыта махтанан, эрчими эбэр эниэргийэни иҥэриниэхтээххит”, – диэн уйулҕаһыттар сүбэлииллэр.          “Норуот эмчитэ Михаил Фомич Чашкин” диэн кинигэни Дьокуускай олохтоохторугар билиһиннэрэр дьоро күҥҥэ Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалата МАХТАЛ сылаас тыынынан илгийдэ. Тыл эппиттэр бары айылҕаттан айдарыылаах Чааскыннарга уонна бу кинигэни таһаарбыт “Таатта” хаһыат эрэдээксийэтигэр махтаннылар, оттон хомуйан Далее…

1 месяц назад

Опыт медленного чтения рассказа А. Платонова «Юшка»

Студенческий научный кружок Северо-Восточного федерального университета им М.К. Аммосова «Медленное чтение» в сотрудничестве с Национальной библиотекой Республики Саха (Якутия) провели очередную встречу в зале «Синергия» НБ ГУК СВФУ. Организаторами встречи являются сотрудники НИИ чтения имени Ю.Н. Столярова Виктория Власьевна МИХАЙЛОВА и Светлана Иннокентьевна БОЙТУНОВА. Участниками кружка являются студенты Северо-Восточного федерального университета им. М.К. Аммосова и Далее…

1 месяц назад

Дьоруойу чиэстиир дьоро тэрээһин

Кыстык хаар түһүөхтээх Бокуруоп күнүгэр Дьокуускай, үрүҥ үллүгүн бүрүнэн, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх көстүүтэ буолла  – тула сып-сырдык, барыта ып-ыраас, мааны кыыстыы мап-маҥан… Ол үөрүү үлүскэнин үрдэтэ, Бырабыыталыстыба 1-кы №-дээх дьиэтин саалатыгар Ил Дархан Айсен Николаев РФ Дьоруойун албан аатын ылбыт Родимир Дмитрьевич Максимовы өрөгөйдөөх быһыыга-майгыга көрсөн эҕэрдэлээтэ. Бурхаат байыаспыт кырыктаах кыргыһыыга көрдөрбүт  хорсун быһыытын Далее…

1 месяц назад

Арассыыйа Дьоруойа дойдутугар кэллэ

“Кимий?” – диибин, “Кини”, – дииллэр, Кими эрэ кэтииллэр… Ити ырыаҕа сырдык уоттаах дьиэттэн Үлэ Дьоруойун  оһуохайга кэлэрин күүтэр эбит буоллахтарына, биһиги, таатталар, алтынньы 9 күнүгэр сарсыардаттан Арассыыйа Федерациятын Дьоруойун албан аатын сүкпүт РОДИМИР ДМИТРИЕВИЧ МАКСИМОВЫ  күүттүбүт. Оборона миниистирэ Андрей Белоусов илиититтэн Көмүс Сулуһу түөһүгэр иилиммит Дьоруой уолбут сарсыарда 7 чааска Москубаттан көтөн кэлиэхтээх этэ. Ону Далее…

2 месяца назад

Бэдьимэ иитэр-үөрэтэр кыһатын бүгүҥҥү олоҕуттан…

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин уонна “Саха Сирин култуурата” айар ыччат уопсастыбаннай холбоһугун ҺӨҔҮҤ диэн саха тылын сонун ньымаларынан тарҕатарга туһуламмыт бырайыагын чэрчитинэн буктрейлер уонна видеопоэзия күрэхтэрин тэрийэн ыыппыппыт. Онно иккиэннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ Н.Д. Неустроев аатынан оскуолата көхтөөхтүк кыттыбыта. Онон кинилэргэ биһирэбил бириис быһыытынан Национальнай бибилэтиэкэ медиа-киинин видеографа Михаил Эверстов-Соргу ролик оҥорон биэриэхтээх диэн эрэннэрбиппит. Далее…