Архивы Культура - Страница 2 из 36 - Блоги Якутии

4 недели назад

Бастыҥ олоҥхоһуттарга — анал ааттар, истипиэндьийэ, бириэмийэ

Олоҥхо күнүгэр бастыҥ олоҥхоһуттары наҕараадалаатылар. Ол курдук, Ил Дархан анал истипиэндьийэтин Туоһу суруктарын Сунтаартан Владимир Данилов, Чурапчыттан Сусанна Лазарева, Дьокуускайтан Любовь Платонова, Мэҥэ Хаҥаластан Гаврил Спиридонов, Дьааҥыттан Мария Стручкова, Тааттаттан Людмила Цой туттулар. Олоҥхо дэкээдэтин тэрийэр кэмитиэт анал ааттарын ыллылар:  «Олоҥхону бастыҥ толорооччу» — Аксинья Степанова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Г.Г. Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин исписэлииһэ, быйылгы “Олоҥхо-баттл” телевизионнай куонкурус кыайыылааҕа; «Олоҥхоҕо бастыҥ уһуйааччы» — Мария Афанасьева, Сунтаар улууһун Кутана оскуолата, эбии Далее…

4 недели назад

“Төлкөнү” билбэт төлкөлөнүмүөххэ

Сэтинньигэ элбэх суруйааччы төрөөбүт: Ойуунускай, Алампа, Чысхаан… Оттон бүгүн сэтинньи 22 күнүгэр Николай Гаврилович Золотарёв-Якутскай  күнү көрбүт (1908-1995 сс). Былырыын бу “Блоги Якутии” интэриниэт-сурунаал “Сахалыы сэһэргиэх” былаһааккатыгар Мария Неймохова ыстатыйатын таһаарбыппыт. Онно кини  1988 сыл балаҕан ыйыгар кэргэнэ Егор Неймохов Николай Якутскайы, 80 сааһын үбүлүөйдээх тэрээһиннэринэн, Бүлүү улуустарынан арыаллаабытын туһунан суруйбута. Ол айаҥҥа сылдьыспыт Иван Далее…

4 недели назад

Хоһоонньуттар хоһуйбуттарын худуоһунньуктар дьүһүйдүлэр

Саха тылын  худуоһунньук хараҕынан көрдөрөр “ҺӨҔҮҤ” быыстапка ураты эйгэтигэр хоһоон дьоро киэһэтэ буолан ааста: “Тыл туһунан тыл” диэн перфоманс. Бу информация, цифровизация, глобализация, модернизация, урбанизация, быһата, барыта ЦИЯ баһылаабыт үйэтигэр төрөөбүт тыл суолтатын толкуйдатар ыйытыылартан дьүһүйүүбүт саҕаланна. Төрүт дорҕоону аныгылыы тэтимҥэ тыаһатар Далан дьүрүскэнин, Спиридон Иванов хомуһун доҕуһуолугар поэттар Рустам Каженкин, Саргылаана Сандаар, Анатолий Слепцов, Далее…

1 месяц назад

Чысхааннаах дойду номоҕо

Бүгүн сэтинньи 21 күнүгэр Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан төрөөбүт күнэ. Айар аата да этэринии, кини тымныы оройунан сураҕырар Өймөкөөҥҥө 1908 с. күн сирин көрбүтэ. Айар үлэтин саҕаланыытыгар Ойуунускай хайҕалын ылбыт уран тыл маастара Чысхаан биһиэхэ бэртээхэй айымньылары суруйан хаалларбыта. Олортон саха дьоно саамай билэрэ –  “Мааппа”. Оруобуна бу күннэргэ режиссер Алексей Романов ити кэпсээҥҥэ олоҕуран устубут  “Хаар Далее…

1 месяц назад

Семинар-практикум «Академия читательского мастерства»

1–2 ноября в Москве состоялся ежегодный семинар-практикум «Академия читательского мастерства», организуемый Русской ассоциацией чтения (РАЧ) совместно с Всероссийской государственной библиотекой иностранной литературы (ВГБИЛ).

1 месяц назад

Улуу суруйааччы хоһооннорун улуу артыыс ааҕар

Бүгүн Анемподист Иванович Софронов-Алампа  төрөөбүт күнүнэн кини хоһооннорун норуодунай артыыс Гаврил Гаврильевич Колесов 1996 сыллаахха суруйааччы төрөөбүтэ 110 сылын  бэлиэтиир дьоро тэрээһиҥҥэ аахпытын таһаарабыт. Бу үбүлүөйдээх тэрээһин Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр буолбута. Алампа аатынан кулуупка, билиҥҥинэн Норуот айымньытын дьиэтигэр.

1 месяц назад

Ойуунускайга анаан уһуллубут роликтар

Бүгүн халандаарга 11.11. чыыһыла. Сэтинньи 11 күнэ. Улуу убайбыт Ойуунускай төрөөбүтэ 131 сылын туолла. Барытыгар “1” сыыппара баарын курдук, кини үйэлэр тухары бастакы уонна бастыҥ буола туруоҕа. Бу бэлиэ күҥҥэ, үгэс курдук, дьон кини пааматынньыгар тоҕуоруһа муһунна, мэҥэ бэлиэтигэр сибэкки дьөрбөтүн ууран сүгүрүйдүлэр, ахтан-санаан аастылар. Оттон биһиги бүгүн Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускайга анаммыт уонна кини бэйэтэ Далее…

1 месяц назад

Сырдык уобараһа «Үйэлэри уҥуордаан» сыдьаайа тыктаҕа…

Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буоларын турууласпыттар – сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт эдэркээн бэйэлээх уолаттар этилэр. Уонна хайдах курдук, улахан бэлиитиктии мындырдык, наада буоллаҕына ньуолбардык, ситиһии туһугар киирсибиттэрэй?! Киһи сөҕөр эрэ.  Ол уолаттартан биирдэстэрин Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан режиссёр Руслан Тараховскай Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов “Үйэлэри уҥуордаан” саҥа испэктээгин Далее…

2 месяца назад

Эрэл көмүс далаһатын устун…

         “Олох суолун хайыһар трассатыгар холуохха сөп. Биир түгэҥҥэ старт бэриллэр уонна ханна эрэ хайаан да биэтэгэ кэтэһэр. Трасса түһүүтэ-тахсыыта суох буолбат, сыырдары дабайыылаах, иҥнэри сирдэринэн ааһыылаах, хабылык-халтархай хаардардаах”. Итинник диэн киирии тылтан – олох уонна хайыһар суолун тэҥнии тутан  хоһуйууттан саҕаланар – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хайыһардьыт, 9 төгүллээх чөмпүйүөн, Саха сирин спордун сайдыытыгар сүҥкэн өҥөлөөх Далее…

2 месяца назад

Тобуруокап Тарааһа, Танюшата уонна да атын доҕотторбут

Алтынньы 25 күнүгэр Саха Сирин норуодунай поэта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, култуура үтүөлээх үлэһитэ Бүөтүр Тобуруокап 1917 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Ороһутугар күн сирин көрбүтэ. Онон бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноругар оҕолор оҥорбут роликтарын түмэн таһаарабыт. Бу  тэттик киинэлэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук, итиэннэ “Ил Түмэн” издательскай дьиэ, сахалыы Далее…