6 дней назад
Улуу Кыайыыны уруйдаан
Кыайыы 80 сылын хас нэһилиэк, улуус, куорат ахсын бэрт тэрээһиннээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик, үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтибит. Кэлин бу өрөгөйдөөх бырааһынньыгы хаартыскалар уонна видеокиинэлэр кэрэһилиэхтэрэ, ыччат дьоҥҥо кэпсиэхтэрэ. Ыам ыйын 9 күнүгэр Дьокуускай куорат Кыайыы болуоссатыгар сылдьыбыт бэтэрээннэри, Өлбөт үйэлээх полк халҕаһалыы хаамыытыгар кыттыбыт дьону Михаил Эверстов-Соргу түһэриилэригэр сэҥээрэ көрүҥ.
