Ааҕыы чороонуттан билии кутуллар - Блоги Якутии

2 года назад 324

Ааҕыы чороонуттан билии кутуллар

СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ быйылгы 2022 сылы Ааҕыы сылынан биллэрбитэ. Онон Сунтаар улууһугар бу сыл устата — олунньу 14 күнүттэн ахсынньы 26 күнүгэр диэри — бары нэһилиэктэрин үөрэх тэрилтэлэринэн «Ааҕыы түһүлгэтин чорооно» диэн эстафета ыытылла турар.

Бу туһунан Сунтаар улууһун Күүкэй А.К. Акимов аатынан оскуолатын бибилэтиэкэрэ Ксения Саввинова суруйар:

“Бу «Ааҕыы түһүлгэтин чорооно» — Арыылаах нэһилиэгин Л.А. Попов аатынан агро хайысхалаах оскуолатын көҕүлээһинэ. Улуус бастыҥ бырайыагын быһыытынан биһирэннэ.

Чорооно да көннөрү чороон буолбатах: Сунтаар улууһун бастакы норуодунай суруйааччыта, киэн туттар киһибит Леонид Поповка Сиэйэ олохтоохторо 1983 сыллаахха туттарбыт бэлэхтэрэ. Оскуолабыт учуутала Ираида Михайловна Герасимова ол кэм үөрүүлээх түгэнин туоһута буолар.

Дьэ, ол бэртээхэй бэлэх билигин ааҕыыны көҕүлээн, биһиэхэ, Күүкэйбит оскуолатыгар, күөрэччи тутуллан, айхаллана ыалдьыттаан ааста.

 Тэрээһиммит сүрүн сыала — билии биир ыллыга ааҕыынан салалларын-салҕанарын, ол ситиһиигэ тиэрдэрин кэнчээри ыччакка өйдөтүү. Иккиһинэн, СӨ норуодунай суруйааччыта Л.А. Попов  аатын үйэтитии.

Нэһилиэкпит баһылыга Юрий Семенович Прокопьев истиҥ эҕэрдэтинэн Ааҕыы чороонун күннэрэ Күүкэйгэ саҕаламмыттара. Бэлиэ күн илдьитин ыаллыы олорор Кутана нэһилиэгин А.А. Иванов-Күндэ аатынан оскуолата аҕалан туттарда. Дэлэгээссийэни бибилэтиэкэр, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Изабелла Николаевна Третьякова салайан кэллэ. Саха тылын учуутала Елена Евгеньевна Архангельская уонна оҕо тэрилтэтин лиидэрэ Валентин Готовцев кэлсибиттэр.

Кинилэр Леонид Попов туһунан дириҥ ис хоһоонноох ахтыыны оҥорон туран, чороону оскуолабыт дириэктэрэ Егор Иванович Алексеевка туттардылар. Егор Иванович харда тылыгар бу ыччаты ааҕыыга көҕүлүүр бэртээхэй бачыым буоларын бэлиэтээтэ, сыл дьоһун тэрээһинигэр кыттыһарбытыттан үөрэрин биллэрдэ, бары көхтөөх буоларбытыгар ыҥырда.

Маннык бэлиэ тэрээһиҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, филологическай наука дуоктара, профессор Василий Васильевич Илларионов ыыппыт бэлэҕин – Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын сабыс-саҥа кинигэлэрин — Учууталлар учууталлара Мария Васильевна Николаева үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда уонна көҥүл ааҕыы күннэригэр олоҥхо түһүлгэтигэр тоҕуоруһарга ыҥырда.

Ааҕыы эйгэтин күн аайы көҕүлүүр олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Нюргуяна Прокопьевна Львова эҕэрдэ тылын ааҕааччыларыгар анаата.

 Ааҕыы чороонун көрсүһүү үөрүүлээх чааһа ырыанан, хоһоонунан ситэриллэн, “Ааҕар киһи билиилээх, билиилээх киһи ситиһиилээх, ситиһиилээх киһи кэскиллээх”!  диэн тосхолунан түмүктэннэ.  

Ааҕыы чорооно ыалдьыттыыр күннэригэр киэҥ ис хоһоонноох үлэлэр тиһигин быспакка ыытылыннылар.

Ол курдук, Күүкэй оскуолатын бэтэрээн учуутала, норуот үөрэҕириитин туйгуна Михаил Александрович Федоровка аналлаах “Ураты тыыннаах учуутал…” диэн кини оҥоһуу кинигэлэрин быыстапката турда.

 “Худуоһунньуктар — улуу поэттар” диэн мээнэҕэ эппэттэр. СѲ норуодунай суруйааччыта Л.А. Попов айымньыларын уруһуйунан дьүһүйүү ыытыллыбыта. Манна ийэ оҕотун кытта кыттан, айымньылаах үлэлэрэ тиһиллэн, альбом оҥоһуллан, Арыылаах оскуолатын мусуойугар бэлэхтэннэ. Бу тэрээһини уруһуйга уһуйар эдэр учуутал Олег Григорьевич Васильев көҕүлээбитэ хайҕаллаах.

 Ааҕыы чорооно “Биһик” дьыссаат кырачааннарыгар ыалдьыттаата. Эбэлэр “Таал-Таал эмээхсин” остуоруйаны сиэннэригэр аудио ньыманан, оттон иитээччилэр Л.А. Попов “Куобахчаанын” дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрдилэр.

Ааҕыы эстафетатын биир сүрүн сыалынан биир дойдулаахтарбыт айымньыларын үүнэр ыччакка билиһиннэрии этэ. Күүкэйтэн төрүттээх Андрей Илларионович Егоров-Чокуур төрөөбүтэ 100 сылынан “Айар дьулуур абылаҥа” диэн тэрээһин буолла. Онно “Иэйии абылаҥа” литературнай түмсүү чилиэннэрэ ыалдьыттаатылар.

Сунтаар улууһун “Ньургуһун” түмсүүтүн Кутанатааҕы бөлөҕүн суруйааччы Валентина Григорьевна Дьячковская салайан аҕала сырытта.

Оҕо сааһы көччүтэр тускунан, алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр “Пройди путь к сокровищу” диэн литературнай-спортивнай оонньуу тэрилиннэ. Аахпыт кинигэлэринэн ыйытыктары, 10 эриирдээх-мускуурдаах моһолу туораан, билии кылаата кинигэ буоларын быһаардылар, оннук сөптөөх түмүккэ кэллилэр.

Ханнык баҕарар литература аан бастаан хоһоонунан айыллар. Онон ааҕыы абылаҥар абылатыы литературнай киэһэлэртэн саҕаланар. “Поэзии чарущие строки”, “Поэзия — музыка слов” курдук иэйиилээх киэһэлэр кэрэ өйдөбүлү хааллардылар.

Сунтаар улууһун Л.А. Попов аатынан оройуоннааҕы модельнай бибилэтиэкэтэ бэлэмнээбит видео-матырйаалын туһанаммыт, Л.А. Попов олоҕун, айар үлэтин сырдаттыбыт. 

Норуодунай поэт патриотическай хоһооннорунан “Учуутал уонна үөрэнээччи” диэн доҕоонноохтук ааҕыы сүргэни көтөхтө. Оҕолор Самуил Маршак “12 ый” остуоруйатын инсценировкалаан көрдөрбүттэрэ биһирэбили ылла. Ылбаҕайдык нууччалыы саҥаран, оруолларын таба биэрдилэр, саҥа талааннар арылыннылар.

Ааҕыы чорооно ыалдьыттыыр күннэригэр кэнники кэмҥэ кинигэни аҕыйахта иилиитигэр ылбыт айымньыны ааҕан сайынна. Билии төрдө суруллубукка кистэнэрэ, ол сэһэнэ-сэппэнэ бастыҥ сүбэһит буолара, кинигэ чугас доҕор тэҥэ сэргэхситэрэ, кэрэ эйгэҕэ сирдиирэ өссө төгүл чиҥэтилиннэ.

Көхтөөх кыттааччылар хайҕал суруктары туттулар. Оттон бу күннэр күүрээннэригэр сөп түбэһиннэрэн, айар куттаах хоһоонньут Луиза Прокопьева-Сыккыс Л.А. Поповка анабылын уонна поэт айымньытын нууччалыы тылбаастаабытын ааҕааччыларга иһитиннэрдэ.

  Тэрээһиннэри “Кустук” пресс-киин иитиллээччилэрэ сурукка тиһэн, анал хаһыат таһаардылар.

  Ааҕыы чороонун эстафетата салгыы Толоон нэһилиэгин оскуола-саадыгар  туттарылынна”.

Добавить комментарий