2 года назад 215
Кинилэр саҥа олоҕу туппуттара
Өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах историятын 70 сыла барыта хомсомуолу кытары ситимнээх. Ыччат бу тэрилтэтэ Саха Сиригэр бүтүн бөһүөлэктэри дьэндэппитэ, тимир суол тиһилигин тардыбыта, тыа хаһаайыстыбата, бырамыысыланнас, тутуу салаалара сайдалларыгар сүрүн оробуочай күүс буолбута.
Саха Сирин хомсомуола тэриллибитэ 100 сылын туолбутунан, былырыын оруобуна сылын баттаһа, “Таатта комсомола” диэн кинигэ тахсыбыта.
Кинигэ матырыйаалын хомуйуутун сүрүннээбит, ахтыылары эрэдээксийэлээбит, макыатыгар, бэчээтигэр тиийэ барытын оҥорсубут киһинэн Лариса Аввакумова буолар.
— Лариса Александровна, саҥа кинигэҥ тахсыбытынан эҕэрдэлиибит!
— Бу мин эрэ үлэм түмүгэ буолбатах. Нэһилиэк аайы эппиэттээх дьону анаталаан, 20-тэн тахса киһи үлэлэстэ: Ытык Күөлтэн Е.П. Харитонова, Дьохсоҕонтон М.Л. Архипов, С.В. Ючюгяева, Баайаҕаттан М.Р. Егорова, Г.И. Неустроева, А.Н. Кустурова, Уус Тааттаттан А.Н. Неустроева, Игидэйтэн А.К. Аргунова, Ф.В. Заболоцкая, Орто Амматан В.В. Блахирова, Н.В. Борисова, Т.И. Литвинцева, Хара Алдантан М.Н. Самсонова, Туора Күөлтэн М.Д. Гуляева, Е.Е. Аянитова, Уус Амматан А.Т. Григорьева, Чөркөөхтөн П.Ф. Кычкина, В.Ф. Решетникова, Уолбаттан С.П. Винокурова, Амматан Ф.А. Андросова, К.Н. Попова, Даайа Амматыттан А.В. Тимофеева. Архыып үлэһитэ Лариса Петровна Слепцова сүрүн көмө буолла.
Дьиҥэр, үс сыллааҕыта Сэбиэскэй Сойуус хомсомуолун 100 сылыгар таһаарыахтаах этибит да, кэккэ биричиинэлэринэн тардыллан испитэ. Ол быыһыгар бэчээттии сылдьар ноутбукпун уораннар, хас да ыйдаах хаарыан үлэм таах хаалтайга хаалбыта. Ону барытын хаттаан сөргүтэргэ, иккистээн ахтыыларын суруйтаран ыларга, хаартыскаларын ыыттарарга бириэмэ бөҕө барбыта. Саатар, пандемия эҥин мэһэйдээн… Чэ, ол да буоллар, сылын баттаһа тахсарын ситистибит. Бу сыл устата түҥэтэн, атыылаан, дьэ, бүтэрдибит, наадыйар дьон бары тигистилэр.
— Биэс сыл устата оҥоһуллубут кинигэ баай ис хоһоонноох буолара сэрэйиллэр.
— Бу кинигэни таһаарар туһунан идиэйэни 2001 сыллаахха оччолорго Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга М.Л. Архипов хомсомуол 80 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ эппит эбит. Онтон 2008 сыллаахха Михаил Лукич улуустааҕы социальнай харалта управлениетын начаалынньыгынан үлэлии сылдьан туруорсан, киниэхэ олохтоох бибилэтиэкэҕэ үлэлиир компьютерщик уолу сыһыарбыттар. Дьэ, ол кэмҥэ бастакы матырыйааллары бэчээттээн, тус-туһунан паапкалаан, мунньан саҕалаабыттар. Оттон миигин 5 сыллааҕыта архыып сэбиэдиссэйэ Л.П. Слепцова, хомойуох иһин, биһиги кэккэбититтэн туораабыт ытыктабыллаах салайааччыбыт Е.П. Харитонова, хомсомуол бэтэрээнэ М.С. Андросова уо.д.а. ыҥыран ыланнар: “Бу кинигэни оҥоруоҥ дуо? Матырыйаалын булуутугар көмөлөһүөхпүт”, — диэн эппиттэригэр, үөрүүнү кытта сөбүлэспитим.
Бэйэм идэбинэн омук тылын учууталабын. Ол эрээри бииргэ төрөөбүт эдьиийим, “Таатта” хаһыакка уһун кэмҥэ үлэлээбит суруналыыс Анастасия Морхоева уһуйан, кэнники сылларга кинигэ оҥоруутунан умсугуйан дьарыктанар буоллум. Сүүрбэттэн тахсаны бэлэмнээн таһаартардым. Идэтийдим да диэххэ сөп. Ол иһин сакааһы ыллым да, харахпар тута бу кинигэ хайдах буолуохтааҕын оҥорон көрөр буолбуппун.
–Дьэ, кинигэҥ тутулун билиһиннэр эрэ. Хайдах быһыылаахтык наардаан-сааһылаан, арааран оҥорбуккутун ааҕан, ким эмэ туһаныа, сүбэ-тирэх ылыа дии саныыбын.
— “Таатта комсомола” диэн кинигэбит киэбэ улахан – А4 формат, халыҥ — 496 сирэйдээх. Элбэх хаартыска киирдэ. Барыта биэс бастаах буолла. Киирии тылын Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров суруйда.
Бастакы чааһыгар Таатта хомсомуолун историятын туһунан тыыл уонна педагогическай үлэ бэтэрээнэ, кыраайы үөрэтээччи, улуус Бочуоттаах гражданина П.Х Андросов суруйуутун киллэрдибит.
Онно этиллэринэн, биһиги оройуоммутугар хомсомуол бастакы ячейката 1920 сыллаахха Чөркөөххө, онтон Уолбаҕа тэриллибит. Салгыы 1921 с. — Баайаҕаҕа, 1926 с. — Игидэйгэ, 1927 с. – Уус Тааттаҕа, 1929 с. — Тыараһаҕа, Ытык Күөлгэ, 1931 с. – Чымынаайыга.
Гражданскай сэрии сылларыгар Таатта комсомолецтара хорсун быһыылары көрдөрбүттэр. Ол курдук, 1921-1922 сс. Н.Д. Субуруускай этэрээтигэр киирэн, 1922-23 сс. “пепеляевщинаны” суулларыыга, 1924-25 сс. Артемьев баандатын тобоҕолуурга кыттыбыттар. 1927-28 сс. Уолбаҕа П.В. Ксенофонтов конфедералистарын хамсааһынын өйөөччүлэр бааллара биллэн, олору уҕарытарга Л.Н. Неустроев баһылыктаах хомсомуол кыһыл дружината тэриллибит. Ити атааннаһыыларга хас да комсомолец өлбүт. “Быраат-убай”, “үрүҥ-кыһыл” сэриитигэр актыыбынайдык кыттыбыт 70-ча эр бэрдин аата суруллан хаалбыт: Гаврил Бочонин, Гавриил Елисеев, Семен Мончурин, Матвей Турнин, Семен Андросов, Семен Эртюков уо.д.а.
Холкуостары тэрийиигэ хомсомуоллар күүскэ үлэлээбиттэр. Ол курдук, өскөтүн 1930 сыллаахха нэһилиэнньэ 13 %-на эрэ холкуоска холбоспут эбит буоллаҕына, 1940 сылга ити көрдөрүүнү 98 бырыһыаҥҥа тиэрдибиттэр.
Култуураны, үөрэҕи тарҕатыыга эмиэ улахан оруоллаахтар. 1921 с. Чөркөөххө бастакы ааҕар балаҕан аһыллыбыт. Онно бастыҥ комсомолецтар И.Ф. Бахсытов, С.К. Андросов, А.П. Винокуров уо.д.а. учууталлаабыттар. 1924 с. “Ыраас олох” диэн уопсастыбаны олохтообуттар. Сүрүн соруга — балаҕантан хотону араарыы, дьиэни муосталааһын, табаҕы бырахтарыы, хаартылыыры бобуу. Кинилэр көҕүлэһиннэринэн, оскуолаларга хор, драма, үҥкүү, физкультура куруһуоктара баар буолбут.
Ийэ дойду көмүскэлигэр, биллэн турар, комсомолецтар биир бастакынан барбыттар. Сорохтор тылланан даҕаны. Тыылга хаалбыттар утуйар диэни умнан туран үлэлээбиттэр. Аҥаардас сэрии бастакы сылыгар Оборона пуондатыгар хомсомуол маҥнайгы сүһүөх 30 тэрилтэтэ холбоон 49.499 солкуобайы харчынан, 1065 устуука итии таҥаһы ыыппыт. Хомсомуол кыргыттар тиэхиньикэни баһылаабыттар. Бастакы тырахтарыыскалар Анна Кириллина, Пелагея Кангаласова, Дария Боппосова ааттара оройуоҥҥа киэҥник биллибитэ. Нуормаларын букатын 300 % толорор ыччат холобурга сылдьыбыт. Хомсомуолга киирбит үөрэнээччилэр кыһын пиэрмэҕэ ньирэй көрсөллөр, сайынын от-бурдук үлэтигэр сылдьаллар эбит. Сэрии сылларыгар хас да киһи “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн, Дементий Хапчалов Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуоттаах грамотатынан наҕараадаламмыттар.
Сэрии кэнниттэн дойдуну чөлүгэр түһэриигэ комсомолецтар, оччотооҕу тылынан эттэххэ, “передовик” этилэрэ. Таатта хомсомуола сэбиэскэй ыччаты иитиигэ, кырыс, оһорбо сирдэри туһаҕа таһаарыыга, сэбиэскэй былаас олохтонуутугар, Ийэ дойду көмүскэлигэр өҥөтүн, социалистическай уонна коммунистическай тутууга көхтөөҕүн иһин 1948 с. Ленин, онтон 1968 с. Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин уордьаннарынан бэлиэтэммит.
1948 с. Таатта хомсомуолун маҥнайгы сүһүөх 68 тэрилтэтигэр 645 чилиэннээҕэ. Кэлин сопхуостарга механизированнай хотоннору, кырыс сири тиэриигэ, саҥа кулууптары, оскуолалары, итиэннэ Харбалаах, Даайа Аммата диэн бөһүөлэктэри тутууга оройуон комсомолецтара үлэлээбиттэрэ. “Тыа сирэ — ыччат романтиката” диэн ыҥырыы таһаараннар, өрөспүүбүлүкэ ыччатын сопхуостарга үлэлииргэ угуйбуттара, туһаайбыттара.
Кинигэбит иккис баһыгар — райкомол бастакы (39 киһи) уонна иккис (23 киһи), итиэннэ үөрэнэр ыччакка сэкирэтээрдэринэн үлэлээбит дьон галереялара, олор ахтыылара.
Итиннэ эбии Таатта оройуонугар хомсомуолу тэрийбиттэр, хорсуннук сэриилэспиттэр, эйэлээх олоххо дьоруойдуу быһыыны оҥорбуттар, атын улуустарга сэкирэтээрдээбиттэр, уобалас кэмитиэтигэр, райкомол аппараатыгар үлэлээбиттэр, инструктордар, бастыҥ пропагандистар, сопхуостар уонна тэрилтэлэр МСКТ сэкирэтээрдэрин, охсуулаах үлэҕэ, БАМ, АЯМ тимир суолун, Харбалаах, Даайа Аммата бөһүөлэктэрин тутууга кыттыбыттар, хомсомуол бэлиэлэринэн, “Сайыҥҥы үлэ чиэппэрин бастыҥа”, “Туйгун үөрэҕин иһин”, “Удаарынньык”, “Ленинскэй зачет” значоктарынан наҕараадаламмыттар испииһэктэрин киллэрдибит.
Үһүс бас Тааттаны ааттаппыт комсомолецтарга ананна: биирдии ынахтан үстүү туонна үүтү ыыр кирбиини аһары түспүт, пятилетка былаанын 3 сылынан толорбут Дария Миронова, Саха Сирин хомсомуолун лаурета буолбут Галина Ефимова, уордьаннаах чөмпүйүөн ыанньыксыт Капиталина Протопопова, Ыччат уонна устудьуоннар норуоттар икки ардыларынааҕы XXII бэстибээлин дэлэгээтэ Акулина Попова тустарынан ыстатыйалар.
Төрдүс баһыгар хомсомуолга удьуор ууһунан утумнаан үлэлээбит династиялары сырдаттыбыт. Холобура, Уус Тааттан Неустроевтар аймах 32 киһитэ бары хомсомуоллар эбит. Оттон Ытык Күөлтэн Бочоруковтар аҕалара Константин Константинович 1956-1958 сс. райкомол II сэкирэтээринэн, уола Анатолий Константинович 1984-1986 сс. эмиэ II сэкирэтээринэн үлэлээбиттэр. Кыыстара Людмила Константиновна Цой 1980-1981 сс. райкомол бюротун чилиэнэ, Ытык Күөл орто оскуолатын маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээрэ, Бүтүн Сойуустааҕы маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэлэр сэкирэтээрдэрин кэмпириэнсийэтин дэлэгээтэ (1981 с.). Итинник Тыараһаттан Поповтары, Хара Алдантан Новгородовтары-Захаровтары, Баайаҕаттан Андросовтары, Харбалаахтан Афанасьевтары билиһиннэрдибит.
Бэһис бүтэһик баһа саамай улахан, киэҥ түһүмэхпит буолар. Манна “Таатта”, “Сайдыы”, “Коммунизм”, Петр Алексеев аатынан сопхуостар отделениеларын комсомолецтара хабылыннылар. Бииртэн биир интэриэһинэй ахтыылары ааҕыаххыт, эдэр саас эрчимнээх кэмигэр төннүөххүт.
Аны, “Таатта комсомолун фотогалереята” диэн анал рубрика кинигэ былаһын тухары барар гына оҥордубут. Урут улуус “бытовойугар” бэчээттэммит фотоальбомунан түмүктэнэр. Аныгы ньыманы туһанан, “Сарыал” култуура киинин үлэһиттэрэ 30 киһиттэн ахтыы ылбыттарын куйаар-кодунан көрүөххүтүн сөп.
—Кинигэ таһаарыыта диэн үйэтитии үлэтэ. Бу кинигэҕэ ахтыллыбыттар бары өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылааттарын киллэрсибит дьон. Онон Таатта хомсомуолун историятын нөҥүө бүтүн Саха Сирин сайдыытын сэһэргиир кинигэ Саха АССР 100 сылыгар бэртээхэй бэлэх буолбут.