2 года назад 637
Былаас утары туруортаабыт икки чулуу киһитэ
Бүгүн, алтынньы 19 күнүгэр, Саха Сиригэр ЯКНАРРЕВДОТ (Якутский народно-революционный добровольческий отряд) тэриллибит күнэ.
Онон сибээстээн историческай наукалар кандидата Владимир Ильич Пестерев суруйуутуттан ЯКНАРРЕВДОТ байыастара үрүҥ генерала Пепеляев дружиналарын самнанар соруктаах сырыыларын, Саһыл Сыһыы сэриитин, Стродтаах Пепеляев дьылҕаларын туһунан сахалыы тылбаастаан таһаараабыт.
2015 сыллаахха Л.А. Юзефович «Зимняя дорога» кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Суруйааччы документальнай романыгар анархист-хомуньуус Иван Строд уонна үрүҥ генерала Анатолий Пепеляев сыһыаннарын дириҥник ырыппыт. Сэрии хараҥа уонна сырдык өрүттэрин, кини кыттыылаахтарын уонна дьоруойдарын ис туруктарын, ол бутуурдаах кэмҥэ киһи дьылҕатын уонна дууһа муунтуйуутун бэркэ ойуулаан арыйбыт.
Киһилии сиэрдээх этилэр
А.Пепеляев дворянныы иитиилээх буолан, бэртээхэй уопсай уонна байыаннай үөрэхтээҕэ, оттон И.Строд баара-суоҕа үс кылаас үөрэхтээҕэ. Ол эрээри кини олус талааннаахтык суруйбут кинигэлэрэ, ахтыылара биир эрэ көлүөнэ ааҕааччыны сөхтөрбүт буолбатахтар.
А.Н. Пепеляев дириҥ итэҕэллээх буолан, сэрии устата биир даҕаны өлөрүү бириигэбэригэр илии баттаабатах. Ону ааһан, Пермь куораты ылан баран, билиэҥҥэ түбэспит 12 тыһыынча кыһыл армееһы уонна 800 урукку офицеры босхолообута. Дьиҥэр, гражданскай сэрии сокуонунан кинилэри барыларын кырган кэбиһиэхтээҕэ. Ону дьиҥ киһилии сиэрдээх буолан, итинник үтүө быһыыны оҥордоҕо.
Строд эмиэ мээнэ кырыктанары өлөрөрү-өһөрөрү утарара. Арай биирдэ кыһыл армеец Гомартелины, мародердаабытын уонна Өлүөхүмэ сахаларын атаҕастаабытын иһин ытан, киэптээбит киһийдэҕи анараа дойдулаппыта.
Пепеляев генерал дуоһунаһыгар сылдьан, байыаннай сулууспаттан сылайара, оттон И.Я. Строд ис-иһиттэн сэрииһит буолан, төттөрүтүн дуоһуйара. В.И. Чапаев, С.М. Буденный кэриэтэ, Строд эмиэ толору георгиевскай кавалер буолбута. Иккиэннэригэр өстөһүү, кыыллыйыы диэн суох этэ. Кэпсэтии остуолугар Строд субу соторутааҕыта ар-бур дэспит дьонун кытары утары көрөн олорон дуогабардаһара.
Саһыл Сыһыытааҕы кыргыһыы кэмигэр А.Н. Пепеляев 31, И.Я. Строд 28 саастаахтара. Строд холостуой этэ, оттон Пепеляев атыыһыт кыыһа Нина Ивановналыын олороллоро, икки уол оҕолоохторо: Всеволод (1913 с.т.) уонна Лавр (1922 с.т).
Олох дьалхааннаах быыһык кэмигэр күөн көрсөр дьылҕаламмыт бу икки чулуу киһи, дьиҥэр, киһи майгытын-сигилитин үрдүк хаачыстыбаларын барытын илдьэ, иҥэринэ сылдьаллара. Иккиэн идиэйэлэригэр уонна идеалларыгар бэриниилээхтэрэ. А.Н. Пепеляев Сибиирдээҕи уобалаһы тэрийиини өйүүрэ, И.Я. Строд анархия идиэйэлэринэн коммунизмҥа кэлбитэ. Кини 1927 сыллаахха РКП (б) чилиэнэ буолбута, 1931 сыллаахха баартыйа ыытар бэлиитикэтин кытта сөпсөспөккө, баартыйаттан тахсыбыта.
Былааһы норуокка биэрэр баҕалааҕа
Дьылҕа Хаан оҥоһуутунан, бу икки киһи Арассыыйаҕа гражданскай сэрии түмүктэнэр түһүмэҕэр көрсүбүттэрэ – 1923 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр.
1922 сыл бэс ыйыгар Владивостокка араас кэмҥэ кэлбит В.А.Коробейников, П.С.Куликовскай уонна ВЯОНУ бэрэстэбиитэллэрэ Г.С. Ефимов, С.П.Попов, Г.В.Никифоров-Манньыаттаах Уола, Антипин, Яковлев Приамурскай быстах бырабыыталыстыба салайааччылара ини-бии С.Д. уонна Н.Д. Меркуловтартан, кэлин М.К. Дитерихстэн, Саха уобалаһыгар повстанецтарга көмөлөһөргө генерал-лейтенант А.Н. Пепеляев хамандыырдаах доброволецтар этэрээттэрин тэрийиигэ көҥүл ылбыттара. Саха Сиригэр хомуньуустары утарбыт дьон Пепеляев этэрээтин көмөтүгэр наадыйалларын итэҕэппиттэрэ.
Пепеляевтар бассабыыктары утары маҥаннаах от күөх өҥнөөх былаахтарын күөрэччи туппутунан киирсибиттэрэ. Бу былаахха А.Н. Пепеляев уларытыы киллэрбитэ. Ол курдук, Сибиир уобаластаахтарын маҥаннаах от күөҕэ былаахтарыгар диагоналынан кэтит кыһыл дьурааны оҥорторбута. Ити дьураа, Пепеляев санаатынан, өрөбөлүүссүйэ символа этэ. Былаах биир өттүгэр православнай кириэс уонна Спас Нерукотворнай мөссүөнэ уруһуйдааҕа – «өрөбөлүүссүйэ Христоска хайыһыынан түмүктэнэр» диэн суолталааҕа.
«Аптаныамыйалаах Саха Сириттэн – аптаныамыйалаах Сибииргэ» лозунунан А.Н. Пепеляев Дьокуускай куораты ылан баран, норуот мунньаҕын ыҥырар санаалааҕа. Маныаха дьахтарыттан, эр киһититтэн, итэҕэлиттэн, норуотуттан тутулуга суох уопсай куоластааһыҥҥа олоҕуран, хомуньуустара суох норуот былааһын талларыахтаах этэ.
Пепеляев бэйэтин кэмигэр А.В. Колчагы Ленинниин эйэлэһэригэр сүбэлээбитэ. Уонна Ураалга диэри, Уһук Илини барытын хабан туран, Сибиир өрөспүүбүлүкэтин тэрийэргэ этии киллэрбитэ. Кини П.А. Куликовскай салайааччылаах гражданскай былааһы билинэрэ. Тобольск, Енисей, Иркутскай, Пермь бааһынайдарын, Ураал собуоттарын оробуочайдарын, саллааттары уонна офицердары, Аан дойду маҥнайгы сэриитин бэтэрээннэрин, урукку колчаковецтар салайааччыларын баһылыктара буолан, бэйэтин демократическай идиэйэлэрин тарҕата, Саха Сиригэр похуокка барарга сөбүлэспитэ. Кини олохтоохтор өйөбүллэригэр эрэнэрэ. Дружинатыгар үксүлэрэ баҕа өттүнэн киирбит байыастар этэ. Төрөөбүт дойдуларыгар, дьиэ кэргэннэригэр эргиллэн кэлэргэ эрэллээх этилэрэ.
1923 сыллаахха олунньу 6 күнүгэр Пепеляев дневнигэр маннык суруйан турар: «Мин ыра санаам – Сибииргэ киирэн, Сибиири босхолоон, уопсай Сибиирдээҕи учредительнай норуот мунньаҕын ыытан, былааһы барытын норуокка биэрии. Онтон салгыы кинилэр хайдах быһааралларыттан тутулуктаах …».
Похуокка турунуу
Пепеляев этэрээтин таҥаһынан, саанан-саадаҕынан хааччыйыыга Саха Сирин атыыһыт эмиграна П.А.Кушнарев, Г.В. Никифоров, С.П. Попов уонна да атыттар кыттыыны ылбыттара. Кирэдьииттэри араас фирмалар биэрбиттэрэ: Америкаттан «Олаф Свенсон и Ко», «Братья Холмс», Англияттан «Гудзон Бей», Британия Уһук Илиҥҥи хампаанньата, Японияттан «Арай Гуми», «Никон Моохи» уонна Владивостоктан Н.К. Дитерихс бырабыыталыстыбата.
Баҕа өттүнэн мустубуттар Сибиирдээҕи дружиналара 650 киһилээҕэ (Е.К. Вишневскай дааннайынан – 720).
Айааҥҥа 1922 сыл балаҕан ыйын 6 күнүгэр тиийбиттэр. В.А. Коробейниковтыын онно көрсүбүттэр. Балаҕан ыйын 7 күнүгэр А.Н. Пепеляев мунньах тэрийэр. Дьокуускайга похуот саҕаланарын туһунан быһаарыныы ылыналлар. Кини Норуот оборонатын сэбиэтин тэрийэр. Састаабыгар олохтоох кэмэрсээннэр, «уопсастыбаннай диэйэтэллэр» киирэллэр. Кинилэр соруктарынан олохтоох нэһилиэнньэттэн этэрээттэри тэрийии уонна Сибиирдээҕи дружинаны аһынан, тырааныспарынан (атынан уонна табаларынан) хааччыйыы буолбута.
Кэлин Аммаҕа олунньу 5 күнүгэр Норуот оборонатын сэбиэтэ иккистээн талыллыбыта. Бэрэссэдээтэлинэн М.К. Артемьев, чилиэннэринэн В.Д. Борисов, Г.П. Грачев, В.Е. Ощепков, В.И. Попов буолбуттара. Охотскайга, Айааҥҥа, Уус Маайаҕа, Тааттаҕа, Чурапчыга, Аммаҕа бу иннинэ хотторбут повстанецтар этэрээттэрин тобохторо дружинаҕа холбоспуттара. Охотскайга уонна Айааҥҥа дружинаҕа эбии 200 кэриҥэ төрөөбүт улуустарыгар төннөр баҕалаах повстанецтар холбоспуттара.
Балаҕан ыйын 11 күнүгэр Сибиирдээҕи дружина Ньылхан хайысхатынан похуокка туруммута. Кинилэр сатыы быраҕыллыбыт, отунан-маһынан саба бүрүллүбүт Айаан суолунан барбыттара (Айаантан Дьокуускайга диэри 1200 км).
ЯКНАРРЕВДОТ тэриллиитэ
Кыһыл Аармыйа 5-с командованиета Дьокуускайга Сибиир дружинатын похуотун сыалын-соругун, садаачаларын билэр этэ. Онон Дьокуускайга 300-350 бастыҥ кыһыл армеецтан турар, бастыҥ командованиелаах уонна тэриллиилээх байыаннай эспэдииссийэни тэрийэн, пепеляевецтарга утары ыытарга бирикээстииллэр. Бу кэмҥэ кыһыллар этэрээттэрэ В.Коробейников чугуйан иһэр норуот аармыйатын эккирэтэллэр. Олор Ааллаах Үүҥҥэ этилэрэ, оттон И.Л. Карпель хамаандалыыр этэрээтэ Ньылхаҥҥа баара.
1922 сыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр Ньылхаҥҥа И.Карпельга Пепеляев генерал этэрээтиттэн таҥнарыахсыт поручик Наха Бернгард Мартынов кэлбитэ. Кэлин Уус Маайаҕа баҕа өттүнэн киирбит рядовойдар таҥнарыахсыт Алексей Вычужанин уонна Богдашкин кэлэн, пепеляевецтар чугаһаан эрэллэрин биллэрбиттэрэ, онон И. Карпель Дьокуускайга төннүбүтэ.
К.К. Байкалов уонна Саха АССР бырабыыталыстыбатын салайааччыта И.Н. Барахов ЧОН этэрээтин тэрийиини саҕалыыллар. Этэрээккэ комсомолецтар уонна хомуньуустар киирэллэр. Маны тэҥэ кыһыл бартыһааннартан уонна баҕа өттүнэн баҕалаахтартан ураты Кеша Алексеев хамандыырдаах Саха Сирин национальнай ротата тэриллэр.
Кыһыл бартыһааннар дружиналара Чурапчыга Н.Д. Кривошапкин-Субуурусскай, Төҥүлүгэ Л.Н. Фадеев, Бүтэйдээххэ Т.Е. Сосин уо.д.а. салайыыларынан тэриллэллэр. Иркутскайтан Кыһыл Аармыйа 5-с командованиетын этииитин истибэккэ, Саха АССР бырабыыталыстыбата урукку повстанецтар ахсааннарыттан баҕа өттүнэн кэлбиттэр этэрээттэрин тэрийэр.
Онон ЯКНАРРЕВДОТ уопсай ахсаана 130 киһилээх буолар. Салайааччынан Г.Ф. Сивцев, ыстаап начаалынньыгынан сахалыы холкутук саҥарар дьэбириэй И.Л.Карпель буолар. Хамыһаардарынан – М.К. Аммосов, А.И. Софронов. Этэрээттэр хамандыырдарынан урукку повстанецтартан С.М. Михайловы, С.И.Михайловы, Устиновы уонна Широкиҕы аныыллар. ЯКНАРЕВДОТ киһитин ахсаана сыыйа улаатар. Киин улуустартан кинилэргэ анаан нэһилиэнньэ аттары, аһы-үөлү, таҥаһы-сабы хомуйар.
П.А. Ойуунускай 1922 сыл алтынньы-сэтинньи ыйдарыгар тус бэйэтэ Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Чурапчы улуустарыгар тахсан, көмөнү хомуйууну тэрийбитэ. Е.И. Курашов кыһыл этэрээтэ Амма улууһун Мээндигэ нэһилиэгэр сэтинньи 5 күнүгэр олохтоохтор 10 дьиэлэрин, ампаардарын, хотоннорун умаппыттарын Ойуунускай билиммитэ. Ол үрдүнэн кини олохтоохтортон үрүҥ генералы буолбакка, сэбиэскэй былааһы өйүүллэригэр ыҥырбыта. Кыһыллар К.К. Байкалов бирикээһин толороллоро. Кини пепеляевецтар базалара суох буоллуннар диэн, нэһилиэктэри уматарга бирикээстээбит.
А.Н. Пепеляев хаста да төхтөрүйэн, ЯКНАРРЕВДОТ байыастарын бэйэтигэр тарда сатаабыта табыллыбатаҕа. Кыһыллар Пепеляев Дьокуускайдыыр суолун, Амма солобуодатын ааһа көтөн, Марыылааҕынан уонна Лээгинэн саба туппуттара. ЯКНАРРЕВДОТ байыастара. Строд К.К.Байкаловка Саһыл Сыһыыны төгүрүйүү туһунан иһитиннэриилээх бакыатын тиэрдэ баран иһэр разведчик-связистар Алексей Вычужиҥҥа уонна Сергей Мирушниченкоҕа көмөлөспүттэрэ. Кинилэр биэс суукканы быһа айаннаан, дэлби сылайбыт, аччыктаабыт этилэр. Төҥүлүгэ тиэрдэн биэрбиттэрэ.
Бэриммиттэрэ буоллар…
1922 сыл ахсынньы 27 күнүттэн 1923 сыл тохсунньу 19 күнүгэр диэри үлэлээбит Саха Сирин Сэбиэттэрин I сийиэһэ Саха АССР бырабыыталыстыбатыгар Пепеляев Сибиирдээҕи дружинатын суох оҥорууну сүрүн соргунунан туруорбута.
Дружина Ньылхаҥҥа аччыктыыра, кыһыҥҥы таҥаһа суох буолан үлүйэ сыһара. Е.К. Вишневскай ахтыытыгар «аан тирии бүрүөһүнүн ойо быһан ылан, өр буһаран, миин курдук иһэрбит» диэбит.
Саха АССР сэриилэһэр этэрээттэрин командующайа К.К.Байкалов бирикээһинэн, Саха АССР ревкомун бэрэссэдээтэлэ И.Н. Барахов 1922 сыл тохсунньу 14 күнүнээҕи «Генерал Пепеляевка, генерал Пепеляев этэрээтин офицердарыгар уонна саллааттарыгар» мэктиэ суругун, туттарар сыаллаах И.Я. Строд 40 киһилээх этэрээтэ барар.
Ол сурукка этиллэринэн, өскөтүн Пепеляев сэбиэскэй былааска бэриннэҕинэ, дружинатын дьонугар амнистия мэктиэлэнэрэ уонна баҕарбыт сирдэригэр олоро барар бырааптаналлара.
Строд этэрээтэ Дьокуускайтан туруммута. Айаннаан иһэн, пепеляевецтар Амманы ылбыт буолуохтарын сөбүн, онуоха көмүскэниигэ итэҕэстэр баалларын бэлиэтээбитэ. Ону гарнизон командованиетын салайааччы П.И. Баринов аахайбатаҕа.
1922 сыл ахсынньы 22 күнүгэр Строд этэрээтэ Амматтан тахсан, Уус Миилэ хайысхатынан айаннаабыта. Онно Строд Саха Сирин норуот хамыһаардарын сэбиэтин суругун Пепеляевка балаҕаҥҥа хаалларан баран, Уус Маайа улууһун Петропавловскайыгар төннүбүтэ.
Сурукка Владивосток хотторбутун, сэбиэскэй былаас олохтоммутун туһунан этиллибит этэ. Бу туһунан Пепеляев эрдэ билбит. Уус Миилэҕэ Пепеляев Алдан сахаларыгар сийиэс тэрийэр. Кинилэртэн эт, фураж, сылгы ылар. Дьокуускайга диэри 400 км хаалар, онон Дьокуускайга Амманан айанныырга быһаарынар.
Бу кэмҥэ, 1923 сыл олунньу 2 күнүгэр, полковник Андерс этэрээтэ Амма солобуодатын ылар. Сорох кыһыл армеецтар билиэҥҥэ түбэһэллэр, сорохторо Дьокуускайга куоталлар.
Аммаҕа пепеляевецтэр «байанайданаллар»: сэттэ бөлөмүөтү, 100 буут оту, 5 сылгыны, 65 табаны, 800 буут килиэби, 1375 буут эти, 40 буут арыыны, Абаҕаҕа 1000 буут килиэби уонна араас малы-салы тиэнэллэр. Пепеляев Аммаҕа кэлэн баран, Дьокуускайга саба түһүү кэмин болдьуур – олунньу 15 күнэ.
Петропавловскай сэлиэнньэтигэр, олунньу 3 күнүгэр, Строд этэрээтэ кэлиитигэр, гарнизон кыһыл армеецтара Амманы пепеляевецтэр ылбыттарын истэллэр. Олунньу 7 күнүгэр былаана суох уопсай мунньах оҥорон, командованиеттан С.П. Дмитриевы туораталлар уонна хамандыырынан Строду талаллар. Мунньахха Строд Аммаҕа турунарга, пепеляевецтэр Дьокуускайга баралларын мэһэйдииргэ этэр.
Саһыл Сыһыыга
Олунньу 8 күнүгэр 282 байыастаах, маллаах 100 сыарҕалаах хомуур этэрээт Петропавловскайтан Дьокуускайга турунар. Аара И.Строд М.К.Артемьев тоһуурун эргийэ барар.
М.К.Артемьев, Пепеляев бирикээһинэн, Строд этэрээтэ Аммаҕа айанын тохтотуохтааҕа. Строд албын маневрдарынан уонна сымыйа сураҕынан Артемьевка «этэрээт Петропавловскайга төннүбүт» диэн иһитиннэрэр.
Петропавловскайтан түүннэри-күнүстэри 200 килэмиэтири айаннаан, Абаҕаҕа 5 суукканан тиийэллэр. Олунньу 13 күнүгэр Абаҕа сэлиэнньэтин таһыгар олохтоох Николай Гаврильевич Аммосов-Мокооноп олохтоох Птицын диэн оҕонньор нөҥүө Стродка илдьит тиэрдэр: генерал Е.К.Вишневскай Абаҕа таһыгар тоһуур бэлэмнээбитин туһунан. Моохулу үрэҕинэн хонуктуу Саһыл Сыһыыга эргийэллэригэр сүбэлиир.
Абаҕа таһыгар Улахан Алааска тоһуур миэстэтин пепеляевецтэргэ урукку кинээс Стручков сүбэлээбит. А.Н.Пепеляев бирикээһинэн, полковник Суров 260 киһилээх этэрээтэ тоһуур бэлэмнээн, Строду кэтэспит. Н.Г.Аммосов сүбэтинэн, Строд тоһуурга диэри 2 килэмиэтир хаалбытын кэннэ, Саһыл Сыһыыга этэрээтин эргитэр.
Саһыл Сыһыыга хорҕойорго сөптөөх мас тутуулар бааллара. Сэттэ нуучча дьиэтин көҥдөйө, хотонноох 8 балаҕан, миэлиҥсэ, биэс ампаар, о.д.а. – уопсайа 25 тутуу.
Саһыл Сыһыыга Строд этэрээтэ кэлэригэр, түөрт дьиэҕэ уонна үс балаҕаҥҥа 11 дьиэ кэргэн олороро. Генерал Вишневскайдыын кыргыһыы кэнниттэн нэһилиэнньэ Саһыл Сыһыыттан Абаҕаҕа көспүт эбит. Ол эрээри алаас соҕуруу өттүтүгэр икки балаҕаҥҥа төкүрүктээһин бүтүөр диэри олохтоохтор Иванов Антон, Гаврильев Алексей, Емельянов Семен уонна Птицына Прасковья хаалбыттар.
Александр Николаевич Карманов уһаайбатыгар үс ампаар, сарай, хотонноох дьиэ баара. Бу уһаайбаҕа Строд этэрээтэ үс саба түһүүнү тулуйбут.
Саһыл Сыһыыны төгүрүктээһин кыһылларга да, үрүҥнэргэ да алдьархайдаах иэдээҥҥэ кубулуйбута. Тоҥмут өстөөх уонна бэйэ дьонун сүүс өлүктэринэн, итиэннэ 10-тан тахса сылгы, сүөһү өлүктэринэн хахха оҥостон сэриилэһии – аан дойду историятыгар суох ынырык түбэлтэ буолуо. Ол кэмҥэ Пепеляев дружинниктара 6 саҥа тактикалыыр-байыаннай идиэйэни толкуйдаан, олоххо киллэрбиттэр.
Олунньу 14 күнүгэр сарсыарда 6 чааска пепеляевецтэр утуйа сытар кыһыл армеецтарга маҥнайгынан саба түһэллэр. Саһыл Сыһыы 18 хонуктаах «муустаах төгүрүктээһинэ» кулун тутар 4 күнүгэр диэри салҕанар. Ынырык усулуобуйаҕа киирсии туһунан сиһилии И.Я Строд «В якутской тайге» кинигэтигэр суруллар.
Утарылаһааччылар хайалара даҕаны хорсун-хоодуот санаалаатара. Саха Сирин тайҕатын тыйыс айылҕатыгар итэҕэл, идиэйэ, кэскил туһугар кыргыспыттара.
1923 сыл кулун тутар 2 күнүгэр Амма босхолонор. Баҕа өттүнэн түмсүбүт Сибиирдээҕи дружина Айаан диэки куотар. Манна бэс ыйын 17 күнүгэр С.С. Вострецов этэрээтигэр Пепеляев генерал салалталаах 103 офицер, 230 саллаат билиэн түбэһэллэр.
Кэм сиэртибэлэрэ
Пепеляев похуотун түмүгэр 188 киһи өлбүт, 161 бааһырбыт, 319 билиэн ылыллыбыт. Элэһин сиригэр киирсии түмүгэр пепеляевецтэр өлбүтүнэн уонна бааһырбытынан 60 кэриҥэ киһини сүтэрэллэр. Билиистээххэ үрүҥнэртэн 85 киһи өлөр, 75 бааһырар. Оттон кыһылларга өлбүттэрэ – 43, бааһырбыттара – 26. Уопсайа Сибиирдээҕи дружинаны эһиигэ кыһыллар 192 киһи сүтүктээхтэр, 259 бааһырбыттаахтар.
Үчүгэйэ диэн, олохтоох нэһилиэнньэни хайалара да тыыппатахтар. Оннооҕор 1923 сыл олунньутугар Эмис нэһилиэгин олохтооҕо Петр Николаевич Бубякин, кыһылларга көмөлөһөөрү, сылгылары кистээбитин иһин, М.К.Артемьев этэрээтин дружинниктара ытарга бириигэбэрдииллэр. Бу кэмҥэ Олом Күөлгэ, Амматтан 80 км, Дьокуускайтан 100 килэмиэтир тэйиэс сиргэ Пепеляев кэлэр уонна бириигэбэри көтүрэр. Ол эрээри Амма солобуодатыгар алҕас буулдьаттан 10 киһи суорума суолланар. Бу туһунан бэйэтин ахтыытыгар К.К. Байкалов суруйан турар.
Тыыннаахтарыгар иллэспиттэрэ
Кыһыл этэрээтин хамандыыра С.С. Вострецов Айаантан Владивостокка диэри өрүһүнэн устууларыгар Пепеляевтыын үчүгэйдик билсэр уонна киһи быһыытынан аһынар. Кэлин кини генералы болдьоҕун иннинэ босхолуурга ходатайство түһэрэр. Уонна тактикаҕа преподавателинэн хамандыырдар куурустарыгар аныырга этэр. Манна олоҕуран, норуокка М.Фрунзе аатынан байыаннай академияҕа Строд уонна Пепеляев көрсүһэллэр. Онно Строд Пепеляевка Саһыл Сыһыыны санаппыт диэн номох баар.
Строд уонна Пепеляев ити иннинэ Чита куоракка ыытыллыбыт суукка көрсүбүттэр. Суут 1924 сыл тохсунньу 15 күнүттэн олунньу 3 күнүгэр диэри буолбут. Строд туоһу быһыытынан биир да тылынан хотторбут генералы буруйдаабатах, үөхпэтэх. Кини Саһыл Сыһыы төгүрүктээһинин кэмигэр көрсүбүт ыарахаттарын уонна ыарахан усулуобуйаларын кэпсээбит.
Генерал Пепеляев Строд туоһулааһынын кэннэ, маннык сайабылыанньаны оҥорбут: «Биһиги сууттана турааччылар бары гражданин Строд этэрээтэ ураты хорсун быһыыны оҥорбутун билэбит уонна чахчы сөҕөрбүтүн биллэрэбит. Чэпчэтиини оҥортороору этэр дии санаабаккытыгар». Ол эбэтэр былаас утары туруортаабыт модун санаалаах дьоно тыыннаахтарыгар иллэспиттэр. Сибиирдээҕи дружина ликвидацияланарыгар 200 рядовой байыас дьиэлэригэр утаарыллыбыттар, 162 киһи – административнай сыылкаҕа уураахтаммыттар.
Бэһис Кыһыл Аармыйа байыаннай трибунала Пепеляев уонна кини соратниктарын (уопсайа 78 киһи) буруйдааһын 880-с №-дээх дьыалатын көрөн баран, А.Н.Пепеляевы уонна 21 офицеры ытан өлөрөргө бириигэбэрдииллэр. Кэлин 10 сыллаах көҥүлү быһыыга уларыталлар. Саха АССР бырабыыталыстыбата Пепеляев дружинатын үлтүрүтүү кэнниттэн, Пепеляев похуотугар кыттыыны ылбыт сахаларга амнистия биллэрбитэ.
ЯЦИК Президиумун 1923 сыл ыам ыйын 1 күнүнээҕи уурааҕынан, ураты хорсуннук киирсибит Кыһыл Аармыйа уонна ЯКНАРРЕВДОТ биэс хамандыырын кыһыл көмүс буукубаларынан суруллубут үрүҥ көмүс бэлиэнэн наҕараадалыыллар.
Пепеляев хаайыыга уопсайа 13 сыл олорбут. Ол курдук, болдьоҕо бүтүүтэ биирдии сылы эбэн испиттэр. 1936 сыл муус устар ыйыгар босхолоон, Воронеж куоракка олохсуппуттар. Бу НКВД киитэрэй угаайылаах эпэрээссийэтэ эбит. Ол курдук, хаайыыга олорон, Япония консулун кытары кистээн суруйсан, КРО тэрийии боппуруостарын ырыппыттар диэн оҥорон, онтон сылтаан сэбиэскэй былааһы самнарыыга үлэлэһэр диэн түмүк оҥороллор. Ити кэнниттэн генерал-лейтенант Пепеляев салалтатынан сэриилэспит Сибиир урукку 15203 үрүҥ офицерын уонна буржуазия бэрэстэбиитэллэрин контрреволюционнай тэрилтэ чилиэннэрин быһыытынан сууттаан өлөртөөбүттэрэ. Бу туһунан саха суруналыыстара Иван Николаев уонна Иван Ушницкай булбут матырыйааллара дакаастыыллар.
1937 сыл ахсынньытыгар ВКП(б) КК сэкирэтээрэ Сталиҥҥа РОВС иһитиннэрбитинэн, кистэлэҥ киксии баар диэн, Пепеляевы иккистээн 1937 сыл атырдьах ыйыгар тутуллар уонна Новосибирскайга тиэрдэллэр. Манна кини контрреволюционнай тэрилтэни тэрийиигэ балыллар.
Ахсынньы 7 күнүгэр ытыллан өлүүгэ бириигэбэрдэнэр. Бириигэбэр 1938 сыл тохсунньу 14 күнүгэр Новосибирскай куорат хаайыытыгар толоруллар.
Иккиэн ыар дьылҕаламмыттара
Үрүҥ генерала А.Н.Пепеляев ытыллыбытын кэнниттэн кыһыл хамандыыра Строд Москубаҕа 5 ый буолан баран өлөрүллэр. Өскөтүн Пепеляев сэбиэскэй былаас утары охсуспут буоллаҕына, Строд саҥа былааһы турууласпыта. Ол эрээри иккиэн биир дьылҕаламмыттара…
Строд сэбиэскэй былаас туһугар Саһыл Сыһыыга өлөр былааннааҕа. Пепеляевецтэр саба түһүүлэрэ кыайыылаах буолбута буоллар, Стродтаах эрдэттэн бэлэмнээбит иитиилэрин кини тоҕу тэптэриэхтээҕэ. Кини байыаннай сулууспатын устата 8-та бааһырбыт. Олортон биэһэ ыараханнык. Саһыл Сыһыыга буулдьа түөһүгэр хатаммыт, ол үрдүнэн кини кыргыһыыны салайа сылдьыбыт. Оннук бэриниилээх киһини 1937 сыл олунньу 4 күнүгэр хаайбыттар. РСФСР ХК 58-8, 58-11 ыстатыйаларынан буруйдаммыт (антисоветскай-террористическай тэрилтэҕэ кыттыы иһин). 1937 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр ССРС Үрдүкү суутун Байыаннай кэллиэгийэтэ үрдүкү миэрэҕэ бириигэбэрдиир. Тутатына ол күн ытыллар.
1957 сыл бэс ыйын 23 күнүгэр аата реабилитацияланар. Сиэнэ Ольга Новомировна Русина (Строд) билинэринэн, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр Строд накаастыылларын тулуйбакка, кирилиэстэн ыстанан, бэйэтигэр тиийиммит диэн «үһүйээн» баар үһү.
Стродтан М.К. Аммосов, П.А.Ойуунускай, И.Н.Барахов, К.К.Байкалов уонна да атын өрөспүүбүлүкэ салайааччыларын утары көрдөрүүлэри кырбаан туран ыла сатаабыттар. Ону чулуу киһи Строд түһэн биэрбэтэх, бэйэтин аатын хараардыбатах.
Тылбаастаатылар Г.Матвеева, А. Иевлева