2 года назад 283
Үс үйэ анараа өттүгэр саха ахсаана төһө этэй?
Лев Гумилев түөрүйэтинэн, нуучча норуотун пассионарноһа уһулу ойон тахсыбыт кэмэ — XVII үйэ. Кырдьыга да, ити кэмҥэ байыаннай, экэнэмиичэскэй, култуурунай өрө көтөҕүллүү буолан ааспытын история чахчылара кэрэһилииллэр.
Оттон Саха Сирэ Нуучча судаарыстыбатыгар холбонор кэмигэр кини норуота сайдыы хайа таһымыгар сылдьарай? Саха ахсаана төһө этэй?
Бу ыйытыыга историческай наука дуоктара Андриан Афанасьевич Борисов чинчийэн суруйбут матырыйаалын билиһиннэрэбит.
XVIII үйэтээҕи сибидиэнньэлэртэн, источниктартан биллэххэ, сахаларга демографическай «дэлби тэбии» тахсыбыт курдук. Биир үйэ иһигэр саха ахсаана үс төгүл улааппыт. Ол эрэн, маннык сөҕүмэр көстүүгэ ханнык да быһаарыы бэриллибэтэх.
Биллиилээх этнограф Б.О. Долгих дьаһааҕы төлөөччүлэри ааҕан таһаарыы төрүтүгэр олоҕуран, XVII үйэ ортотугар саха ахсаанын 28000 киһинэн быһаарбыта. Оттон үүммүт үйэ саҥатыгар 38000 киһинэн бэлиэтээбитэ.
Б.О.Долгих ааҕан таһаарыыта биллэр методиканан ыытыллыбыта: улахан эр дьону уопсай нэһилиэнньэҕэ сыһыаран, 1 сыыппараны 4-кэ хабаатыннарар ньыманан.
Маныаха сүрүн источниктарынан дьаһаах хомуурун докумуоннара буолбуттара – эр дьон 18 саастарыттан саҕалаан, сурукка киллэриллибит дьаһаах кинигэлэрэ. Бу сыыппаралары саарбахтыахха сөп, аҕыйах ахсааннаах нуучча сулууспалаах дьоно баһа-атаҕа биллибэт киэҥ сиргэ-уокка олорор сахалары барыларын хайдах да сурукка тиһэр кыахтара суоҕа. Дьаһааҕы төлөөччүлэринэн буолбуттарын да иһин. Аны туран, ити кэмҥэ сахалар ортолоругар дьаһаахтан дьаарханан, улахан хамсааһын, куотуу, күрээһин, атын сирдэргэ көһүү маассабайдык барбыта. Итинник кэмҥэ нэһилиэнньэни ааҕыы ураты уустуктарданара өйдөнөр суол. XVII үйэ бастакы аҥаарыгар сахалар олорор сирдэрин-уоттарын уларытыылара сүрүннээн Саха Сирин киин өттүгэр барбыта.
Олохтоох дьон Саха Сирин киинин тас өттүгэр Өлүөхүмэнэн, Бүлүүнэн, Өлөөнүнэн, Анаабырынан, Өлүөнэ алын өттүнэн, Дьааҥы, Индигиир өрүстэр тардыыларынан, Аллан ыраах салааларынан, Өймөкөөнүнэн, Халыманан, бэл диэтэр, Охуоскай муора кытылынан, Амыр өрүс тардыыларынан тарҕаммыттара.
XVII үйэ бүтүүтэ Бүлүү уонна Өлүөхүмэ сахаларын ахсаана 1750 киһиэхэ эбэтэр 7000 дьаһааҕы төлөөччүгэ тэҥнэспитэ. Дьааҥы, Индигиир уонна Халыма өрүстэр сүнньүлэринэн XVIII үйэ саҥатыгар 800 саха баара эбэтэр дьаһааҕы төлөөччү 3200 киһи. Учуонайдар бэлиэтииллэринэн, саха маассабай хамсааһына – көһүүтэ — экэнэмиичэскэй буолбакка, нуучча сулууспалаах дьонун уонна хаһаактарын баттабыллаах сыһыаннарыттан төрүөттээҕэ.
1766-1769 сыллардааҕы Бастакы дьаһаах хамыыһыйата сахалар ити маассабай көһүүлэрин тохтоппута. Бу кэмтэн ылата, саха олохсуйан олорор сириттэн барара, ыраатара олохтоох былаас биэрбит анал билиэттээх эрэ буоллаҕына көҥүллэнэрэ.
1700 сыллаахха Саха Сирин киин өттүнээҕи 35 дьаһаах буоластарыгар уонна Саха Сирин атын сорҕотугар суруллубут 23 кыстыктарга уонна остуруоктарга туһааннааҕынан 5982 уонна 2929 дьаһааҕы төлөөччүлэр бааллара. Барыта – 8911 киһи.
1705 сылга – 6631 уонна 3680. Барыта – 10331 дьаһааҕы төлөөччү.
1712 сылга – 5070 уонна 3679. Барыта – 8749 киһи.
1715 сылга – 8304 уонна 1955. Барыта – 10259 дьаһааҕы төлөөччү.
Бу дааннайдарынан дьаһааҕы төлөөччү төһө киһи баара чуолкайдык этиллэр кыаҕа суох. Барыллаан эрэ таһаара сатыахха сөп буолуо. 35 дьаһааҕы төлүүр буоластарга сахалар олороллоро. Ити кэмҥэ 2000-тан тахса дьаһааҕы төлүүр сахалар Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ уонна хотугулуу-илиҥҥи өрүстэргэ дугуйдаммыттара. Барыллааһын быһыытынан, XVIII үйэ саҥатыгар саха ахсаанын 38000 киһинэн, оттон 1715 сылга 41000 киһинэн ылыахха сөп буолуо.
1732-1734 сс. биэрэпиһинэн 15660 дьаһааҕы төлөөччү баара көстүбүтэ, мантан 9050-на киин саха буоластарыгар. Историк Г.П.Башарин дааннайынан, киин буоластарга 9060, оттон остуруоктарга уонна кыстыктарга дьаһааҕы төлөөччү 6610 киһи бэлиэтэммит. Бу сыыппаралартан сылыктаатахха, дьаһааҕы төлөөччү ахсаана биллэ улааппыт эрээри, эбиллии бигэтэ суоҕа көстөр. Ордук 1712-1715 сс. халбаҥнааһын ордук күүстээх курдук. Арааһа, ити көстүү чуолаан саха нэһилиэнньэтэ күүстээх хамсааһынын, көһүүтүн кытта сибээстээх быһыылаах. Уус Маайатааҕы, Усуйаанатааҕы, Халыматааҕы, Алаһыайдааҕы уонна Зашиверскайдааҕы кыстыктарга 1712 сыллаахха сахалар бэлиэтэммэтэхтэрэ, оттон 1736 сылга дьаһааҕы төлөөччү сахалар көстүтэлээн барбыттара. Бүлүү төрдүнээҕи кыстыкка 1736 сылга тоҥус нэһилиэнньэтэ көстүбэт буолбута, сахалар эрэ хаалбыттара. Бу дааннайдартан таһаардахха, саха ахсаана 60 тыһыынча киһиэхэ тиийбитэ.
Я.И.Линденау 1741-1745 сс. дааннайынан, 17075 дьаһааҕы төлөөччү баара: 9791 саха улуустарыгар уонна буоластарыгар уонна 7284 остуруоктарга уонна кыстыктарга бааллара. Саха улуустарыгар: Намҥа – 2201, Хаҥаласка – 2036, Бороҕоҥҥо – 1333, Мэҥэҕэ – 1349, Боотуруускайга – 2447, Байаҕантай буолаһыгар 425 дьаһааҕы төлөөччүлэр бааллара. Өлүөхүмэтээҕи остуруокка – 783, Зашиверскайдааҕы остуруокка – 167, Анаадырдааҕы остуруокка – 600; Чааратааҕы кыстыкка – 36, Үөһээ Бүлүүтээҕи кыстыкка – 2564, Орто Бүлүүтээҕи – 797, Уус Бүлүүтээҕи – 167, Маайатааҕы – 139, Томтордооҕу – 195, Эдьигээннээҕи – 505, Үөһээ Өлүөнэтээҕи – 848, Усуйаанатааҕы – 109, Алаһыайдааҕы – 26, Халыматааҕы кыстыкка 348 киһи суруллубуттар.
Ити кэмҥэ бэрэпиэссэр И.Э.Фишер сахалар ахсааннарын 40 тыһыынча киһинэн сыаналаабыта. Биһиги салгыы көрдөхпүтүнэ, ити намтатыллыбыт сыанабыл буолуоҕа.
Петр I ыраахтааҕы 1722 сылтан Арассыыйа нэһилиэнньэтигэр ревизиялары (биэрэпистэри) ыытыыны саҕалаабыта. Ол түмүгэр нэһилиэнньэ туһунан сибидиэнньэлэр чуолкайдаммыт уонна толору буолан барбыттара. «Ревизскэй дууһалар» ахсааннарыгар эр дьон бүттүүн учуоттаналлара.
XVIII үйэ ортотугар, бэрэпиэссэр И.Георги дааннайынан, 34979 саха эр дьоно ааҕыллыбыта. Ол онтон Хаҥалас улууһугар – 5868, Боотуруускай улууһугар – 6380, Нам улууһугар – 3090, Бороҕон улууһугар – 2948, Мэҥэ улууһугар – 3356; Байаҕантай буолаһыгар – 761, Үөһээ Бүлүүтээҕи кыстыкка – 5911, Орто Бүлүүтээҕи – 1270, Уус Бүлүүтээҕи – 1417, Үөһээ Дьааҥытааҕы – 1662, Зашиверскайдааҕы остуруокка – 493, Өлүөхүмэтээҕи остуруокка 1823 эр киһи бааллара бэлиэтэммитэ. Атын источниктарынан 1750 сыллаахха 34942 саха эр киһитэ баара, итинтэн таһаардахха, саха уопсай ахсаана 70000 киһиэхэ тэҥнэһэр.
1761-1767 сс. үһүс ревизияҕа — 34638, 1781-1782 сс. төрдүс ревизияҕа – 43004, 1794-1795 сс. бэһис ревизияҕа 50064 саха эр киһитэ баара бэлиэтэммитэ. Бу сыыппалар төрүттэригэр олоҕуран ааҕыыны ыыттахха, сахалар ахсааннара уларыйыыларын динамиката маннык тахсан кэлэр:
1761 -1767 сс. – 69,2 тыһ;
1781 – 1782 сс. – 86 тыһ;
1794 – 1795 сс. – 100 тыһ.
1750 – 1767 сс. саха ахсаана биир таһымҥа турбута. Салгыы 15 сылга саха ахсаана 16 тыһ. киһинэн эбиллибитэ. Өссө 13 сылынан 14 тыһ. киһинэн эбиллибитэ. Саха ахсаана сылга ортотунан 1 тыһ.тахса киһинэн элбиирэ. Иннинээҕи үйэттэн үүнүү тэтимэ икки төгүлтэн ордугунан үрдүк этэ.
Этнограф Б.О. Долгих саха уопсай ахсаанын сыаналааһына намтатааһыннаах. Дьаһааҕы хомуйааччылар дьаһааҕы төлүүр кыахтаах бары сахалары кыайан хабар кыахтара суоҕун туһунан этиини ылыныахха сөп. Нэһилиэнньэ тутулуктаах категориятыгар киирсээччилэр, ол иһигэр иитиэхтэр, кулуттар уо.д.а. дьаһаах кинигэлэригэр киирбэккэ хаалыахтарын сөп. Кинилэр хаһаайыттара, аҕыйах дьаһааҕы төлүүр туһуттан эмиэ кулуттарын ахсаанын кистиир күүстээх интэриэстээх этилэр. Бэйэлэрин дьиэ кэргэннэрин ахсаанын кистиир эмиэ кыахтаах этилэр. Итинник этэри, холобур, нэһилиэнньэ бултуур кыахтаах эр дьонун учуоттамматах улахан бырыһыана көстөн тахсыбытыгар, Бастакы дьаһаах хамыыһыйатын арыаллаабыт ревизиялар матырыйааллара туоһулууллар. Г.П.Башарин бэлиэтииринэн, ревизия түмүгүнэн, дьаһааҕы төлүүр саастаах 600-чэ эр киһи булуллубута.
«САССР историята» иккис туомун ааптардара суруйалларынан, 1730-с сс. Бастакы дьаһаах хамыыһыйатыгар диэри кэмҥэ, Сибиирдээҕи (Тобольскайдааҕы) күбүөрүнэ төрүт олохтоох нэһилиэнньэтин эр дьонун ахсаана 2559 киһинэн улааппыт буоллаҕына, саха эр дьонун ахсаана 22218 дууһанан хаҥаабыт. Бүтүн Сибиир тухары бу көрдөрүү 33488 дууһанан улаатыыта барбыт. 1730-с сс. биэрэпис матырыйааллара дьаһааҕы төлөөччүлэри эрэ учуоттаабыт курдуктар, оттон хамыыһыйа нэһилиэнньэ эр дьонун барытын суруйбут.
Түмүктээн эттэххэ, XVIII үйэ устатын тухары саха ахсаана утумнаахтык эбиллибит курдук эрээри, санаа хоту тэтимнээхтик барбатах. Үйэ бастакы үс гыммыт бииригэр оҥоһуллубут сыанабыллар толорута суох дааннайдарга олоҕурбуттар. Официальнай биэрэпистэргэ нэһилиэнньэ тутулуктаах араас категориялара учуоттамматахтар. 1732 – 1734 сс. учуот, нэһилиэнньэ тутулуктаах категориятын киллэрбит буолан толору соҕус буолбут. Ол иһин XVIII үйэ саҥатынааҕы уонна ортотунааҕы нэһилиэнньэни суруйуу дааннайдарын икки ардыларыгар улахан араастаһыы баарын курдук көстөр.
1700 – 1715 сс. саха ахсаана муҥутаан 50000 киһи иһинэн халбаҥныан сөп, оттон XVII үйэ ортото — 40000 киһи иһинэн.
Көстөрүн курдук, саамай хобдох кэминэн 1730 – 1760 сс. буолбуттар эбит. Чуолаан бу кэмҥэ Нуучча судаарыстыбатын өттүттэн сахалары күүстээхтик баттааһын-үктээһин барбыт. Ити кэмҥэ сахалар Уркуускай уонна Охуоскай тракталарынан хаһыанай таһаҕаһы босхо таһарга күһэллибиттэрэ. Ити хара баттал тохтоотун кытта, сахалар өрө тыына түспүттэрэ.
1766 – 1769 сс. Бастакы дьаһаах хамыыһыйатын үлэтин хаамыытыгар дьаһаах систиэмэтэ бэрээдэктэммитэ. Сир сыһыаннаһыыларыгар баар быһыы-майгы бигэтийбитэ – XVIII үйэ 60-нус – 70-нус сылларыгар агыраарынай эрэпиэрмэ ыытыллыбыта. Ити сабыытыйа саха нэһилиэнньэтин демографиятыгар тутатына үтүө өрүттэммитэ.
Тылбаастаан оҥордо Прокопий Иванов.
Хаартыскалар Интернет ситимиттэн. М. Носов уруһуйа.