2 года назад 237
Хостонор баайбыт туһунан барыта манна баар
Алмааспытынан, көмүспүтүнэн, гааспытынан, ньиэппитинэн, о.д.а. хостонор баайбытынан үбүлэнэн олорор өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо бары ааҕыахтаах, билиэхтээх уонна дьиэтээҕи бибилэтиэкэтигэр ылыахтаах бэртээхэй кинигэтэ тахсыбыт. “Богатства недр Якутии. Полезные ископаемые, минерально-сырьевая база” диэн.
Саха Сиригэр хостонор уматыктары (гаас, ньиэп, таас чох), металлары (тимир, марганец), күндү металлары (кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс, платина), өҥнөөх металлары (хорҕолдьун, вольфрам, сурьма, молибден, сибиниэс, цинк, алтан, никель, кобальт, ртуть, алюминий, тантал, ниобий, уран), хайа тиэхиньиичэскэй сырьеларын (сүлүүдэ, флоготип, вермикулит, графит), химическэй сырьелары (апатиттар, буспут таас туус, цеолит), итиэннэ тутуу матырыйаалларын (цемент, өстүөкүлэ, кирпииччэ таастар), сир аннынааҕы уулары (сир түгэҕинээҕи уонна минеральнай уулар, эмтээх бадарааннар), өҥнөөх таастары (алмаас, хромдиопсид, аметист, гранат, хризолит, топаз, чароит, нефрит, везувианит, хайа курустаала, агаттар, оникс, офиокальцит, таастыйбыт мас, сэлии муоһа), кэллиэксийэлэнэр минераллары (хайа курустаала, аметист, гроссуляр, ахтарандит, корунд, хара шпинель, диопсид, аурипигмент, оруосабай кварц, берилл, касситерит, чароит комплексын минераллара, Инагли кэлимсэ хайатын минераллара) – барыларын састааптарын ырытан, тас көстүүлэрин ойуулаан, хаһан уонна ханна булбуттарын ахтан, туохха туһаналларын, хайдах туһаҕа таһааралларын быһааран, төһө саппаас ханна баарын ыйан, сүҥкэн үлэни суруйбуттар!
“Ааптардара кимнээҕий?” – диэтэргит, 50-с сыллар ортолоруттан саҕалаан, Саха Сирин “Зарница”, “Мир”, “Удачнай”, “Айхал”, “Юбилейнай”, “Сытыканскай”, о.д.а. алмаастаах трубкаларын чинчийбит, кимберлиттэрин үөрэппит саха уһулуччулаах учуонайа, геолого-минералогическай наука дуоктара, аан дойдуга биллэр профессор, Арассыыйа Наукаларын академиятын академига, СӨ Наукаларын үтүөлээх үлэһитэ Виктор Клавдиевич Маршинцев
уонна Саха Сиригэр үлэлии сылдьыбыт, билигин Воронеж университетыгар преподавателлиир, эмиэ геолого-минералогическай наука дуоктара Виталий Галияскарович Гадиятов.
Саамай сөҕөрүм, Виктор Клавдиевич Маршинцев төһө да 2010 сылтан үлэтиттэн тохтоон олордор, аҕыс уон сааһын ортолоотор, күнүн таах тэлэбиисэр иннигэр атаарбат, күн аайы үлэтин курдук, сааһын тухары чинчийбит-муспут матырыйаалларын сыныйар-чөкөтөр, бэчээккэ бэлэмниир. Ол курдук, аҥаардас бу кэнники 10 сылга, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор кэмигэр, сөҕүмэр улахан “Алмазы Якутии” уонна “Алмазы России” диэн библиографическай ыйынньыктары, Гадиятовтыын кыттыгас “Самоцветы Якутии”, бэйэтэ соҕотоҕун 400 трубканы ойуулаабыт “Кимберлиты Якутии”, төрөөбүт Бүлүүтүн хостонор баайын, айылҕатын, историятын сырдатан, биологическай наука дуоктара Дмитрий Саввиновтыын бэлэмнээбит “Вилюйский край”, о.д.а. кинигэлэри таһаартарда. Кини барыта 200-тэн тахса научнай үлэ, 20 монография ааптара. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэбитигэр тахсар туох баар энциклопедияларга геология салаатын туһунан матырыйааллары барытын Виктор Клавдиевич суруйар.
“Дьиҥнээх учуонай харчыта да суох саҥаны арыйарга дьулуһар, олоҕун наукаҕа аныыр”, — дииллэринии, бу кэнники кинигэлэрин бэйэтин биэнсийэтинэн уонна оҕолорун көмөлөрүнэн таһаартарар. Дьиҥэр, гаас-ньиэп, алмаас-көмүс хампаанньалара үбүнэн-харчынан өйүөх да этилэрэ…
Соһуйуоххут иһин, Менделеев табылыыссатыгар баар кремний (Si) диэн элэмиэммитин айылҕаҕа хайдах баарынан сылдьарын булбут киһинэн Виктор Клавдиевич Маршинцев буолар! Бу минерал баарын, дьиҥэр, 1810 сылтан билэллэр, оттон саха учуонайа кимберлиттэн арааран ылан, уратытын, састаабын ойуулаан суруйбут. Ону туоһулуур диплому Бүтүн Сойуустааҕы минералогическай уопсастыба бэрэсидьиэнэ Д.В. Рундквист 1983 сыллаахха туттарбыт.
–Виктор Клавдиевич, сүҥкэн үлэҕинэн эҕэрдэлиибин! Кинигэҕитин “Богатства недр Якутии – гордость якутского народа” диэн эпиграфынан саҕалаабыккыт…
— Кистээбэккэ эттэххэ, бастаан “гордость и горе якутского народа” диэри гыммыппыт… Ол барыта хостообут, түөрэ хаспыт, киртиппит сирдэрин оннук айгыратан, бөхтөрүн хомуйбакка быраҕан баралларын иһин. Өссө 1956 сыллаахха, Томскайдааҕы судаарыстыбаннай университекка үөрэнэр кэммэр, алмааһы көрдөөбүт сирдэригэр быраактыкабын бара сылдьан, айылҕаны алдьаталларын харааста көрбүтүм. Ол кэнниттэн сааһым тухары өрөспүүбүлүкэбит хостонор баайдаах сирин барытын кэриэтэ кэрийэн көрдүм эрээри, барытыгар оннук дьулаан көстүү – онон-манан тимир арааһа ыһыллан сытар, сир көнө ньуура үнтү хаһыллан, дэлби тэптэриллэн, сир эстибитин кэннэ курдук хартыына… Туолба өрүс устун 1930-с сыллардаахха тардыбыт турбалара соннук күн бүгүнүгэр диэри сытар. Аны, туундараҕа тыһыынчанан буочука сытарын көрдөххүнэ сөҕүөҥ этэ.
Бөртөлүөттэр уматык куттан баран, сонно хаалларан иһэллэр. Ыксаан биир кэмҥэ дьоппуоннарга этэн, олоруҥ кэлэ охсон, анал тэрилинэн хампырытан, ыраастаан эрдэхтэринэ, аны биһиэттэрэ: “Бу дьон тулутуо суохтар, начаас бүтэрииһиктэр”, — диэн тохтотон кэбиспиттэрин кэпсииллэр. Бырамыысыланнай оройуоннар айылҕаларын боппуруоһа миигин эдэр эрдэхпиттэн долгутар буолан, экологическай эмсэҕэлээһиннэри чинчийэр этэрээттэргэ сылдьыһарым.
–Эн олох Лариса Попугаева арыйбыт “Зарница” трубкатын разведкалыыр кэмтэн ыла алмааһы чинчийиинэн дьарыктанаҕын.
–Оо, ол “Зарница” бастакы буолан, нууччалыы эттэххэ, классическай ньыманан үөрэппиппит. 20 м дириҥнээх, 400 м уһуннаах гына хаһыллыбыт шурф барыта уунан туолан хаалбыта. Ол бадарааннаах ууга умса-умса, боруобатын ыларбыт. Аны 30 киилэттэн тахса ыйааһыннаах кимберлиттэрбитин күнү быһа үрүсээкпитигэр сүгэ сылдьарбыт. Сылайан, оттон-мастан традыһан хаамарбыт. Ыарахан да буолара! Аны онтукабытын манна Дьокуускайга сыһан-соһон аҕалан, минерологиятын, геохимиятын, петрологиятын чинчийэрбит.
—Бырастыы гын, ол эрээри эйигин наар остуолга олорон, үрүҥ үлэни толорбута буолуо дии саныырым. Ону баара хара үлэтин эмиэ оҥорбут, матырыйаалгын барытын бэйэҥ булан-сүгэн аҕалар эбиккин буолбаат?
–Үөрэхпин бүтэрээт, үлэбин Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы филиалыгар лаборанынан саҕалаабытым. 1970 с. «Кимберлитовые и карбонатитовые образования восточного склона Анабарского поднятия» диссертациябын көмүскээн, геолого-минералогическай наука хандьыдаата буолбутум. Онтон 1986 с. докторскай үлэм тиэмэтэ “Вертикальная неоднородность кимберлитовых тел Якутии” диэн этэ.
— Геологияҕа сыһыана суох киһи ити тиэмэлэргин өйдүүрүм уустук. Арай ааҕааччыларбар эн наукаҕа киллэрбит кылааккын туһунан суруйбуттарын кылгатан билиһиннэриим: “В.К. Маршинцев предложил теорию вертикальной зональности кимберлитовых трубок, позволившую обосновать различие состава и алмазоносности кимберлитовых пород трубок на современной поверхности, разработал модель серпентинизации оливина. Впервые теоретически обосновал выделение для кимберлитов нового типа образований кимберлитовых карбонатитов. Открыл ряд новых минералов ранее неизвестных не только для кимберлитов, но и в целом в природе, что получило международное признание”.
Эн бу үөрэтиилэргинэн аан дойдуга биллэҕин. Норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэлэргэ кыттыбытыҥ аҕай буолуо дии?
–Англияҕа, Аляскаҕа, Америкаҕа, о.д.а тас дойдуларга дакылааттарбын аахпытым. Ангылычаанныы кыһалҕабын быһаарсабын эрээри, көҥүл саҥарбатым хомолтолоох. Урут тыа сиригэр үчүгэйдик үөрэппэтэхтэр эбит.
–Оттон эн курдук аан дойду таһымнаах киһи омук сиригэр дуу, соҕуруу дуу үлэлии тоҕо барбатаххыный?
–Чинчийэр матырыйаалым барыта манна баар буоллаҕа дии. Уонна оччолорго оннук толкуй да суоҕа. Билигин билинэбин, аан дойдуга суох баай сиргэ олорон дьадаҥыбытын.
— Тоҕо буолуой?
–Арассыыйа харчытын 92 бырыһыанын нэһилиэнньэ 15 %-на эрэ үллэстэрин бэлиэтииллэр. Ол кимнээхтэрэ биллэр – долларовай миллионердарбыт уонна миллиардердарбыт. Онтон хаалбыт 8 %-ын барыбытыгар хамнас, босуобуйа гына түҥэтэллэр. Оннук дьаһанан олоробут. Ол иһин ыччат Арассыыйаттан бара сатыыр. Саха Сириттэн эмиэ көһүү улаатта. Төһө да Улук Илиҥҥэ хааллара сатаан, араас чэпчэтиилээх ипотекалары толкуйдаабыттарын иһин, син биир ханна олох үчүгэйигэр талаһыахтара.
–Эн 1993 сылтан СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн Алмааһы, күндү таастары уонна көһөҥө көмүһү чинчийэр национальнай научнай киин дириэктэринэн 2004 сыллаахха сабыллыар диэри үлэлээбитиҥ. Бу туох тэрилтэтэ этэй?
— Бу киин сүрүн сыала-соруга — күндү таастары уонна көмүһү көдьүүстээхтик туһаныы эрэгийиэннээҕи бэлиитикэтин ыытыы этэ. Саҥа технологияны киллэриигэ, уопуттуур-эксперименниир, информациялыыр-анаалыстыыр үлэни тэрийиигэ, научнай-техническэй өттүнэн хааччыллыыга элбэх үлэ ыытыллыбыта. Бырагыраамалары оҥорорбут. “Алмазы и золото” диэн сурунааллаах этибит. Манна үлэлии сылдьан, “Цветные камни и их месторождение”, “Самоцветы Якутии”, “Магия якутских самоцветов” кинигэлэрбитин таһаарбытым.
–Араспаанньаҥ тоҕо нууччалыы курдугуй?
— Миигин ииппит эһэм Клавдий Маршинцев Бүлүүгэ кэлбит хаһаах буолар. Казачьей полкаттан бүтэн баран, Далырга “Коковин и Басов” эргиэн дьиэтигэр бирикээсчитинэн үлэлээбит. Ити иһин кэлин репрессиялана сылдьыбыта. Кини кыыһа, мин ийэм, эрдэ өлөн, аҕам Филипп Корякин миигин эһэбэр биэрбит. Аҕам райисполком бэрэссэдээтэлэ, райком сэкирэтээрэ этэ. Кэлин Госплаҥҥа үлэлээбитэ.
–Үөрэхтээх дьон сыдьаана буолан, наука чыпчаалын дабайдаҕыҥ.
***
Саха сирин геологиятын тыыннаах энциклопедията — Виктор Клавдиевичтан — киһи элбэҕи ыйыталаһан билиэн сөп. Холобура, мин кылгастык кэпсэтээри, Саха Сиригэр 1000-тан тахса кимберлиттээх трубка баарын, итинтэн 150-на эрэ алмаастааҕын, билиҥҥитэ көмүстээх миэстэбит 815 эбитин, 120 артыал үлэлиирин, о.д.а. биллим. Онон “Богатства недр Якутии” кинигэтин ааҕар сорук турда.