Халан, Автор в Блоги Якутии
Всего записей: 16

4 месяца назад

Саха сирин тыатын иччитэ

Аныгы киһи иччи диэн тылы абааһыны-сибиэни эрэ кытта ситимниир. Дьиҥэр, иччи диэн билигин туттар хаһаайын диэн тылынан солбуйбут өйдөбүлбүтүн бэлиэтиир тыл буоллаҕа. Холобур, ыт иччитэ диэн өлбүт ыт абааһыта буолбатах, ыты бас билэр киһи 🙂 Бу күннэргэ Дьокуускайга “Тыа сирэ – омук дьылҕата” диэн бэрт сэргэх икки күннээх форум буолан ааста. Тыа хаһаайыстыбата оҥорон таһаарыытыттан Далее…

1 год назад

Шушутаж или что мы упускаем в Якутске

На днях, в первый день августа 2023 года, в Якутске мэр Евгений Григорьев провел круглый стол “Языковое пространство столицы Якутии”. Инициатива этого мероприятия исходила от известной журналистки, общественного деятеля и авторки песен Яны Угаровой. И вели его, соответственно тоже они. Выступающие были из разных сфер: архитектура, образование, культура, спорт и др. Всех их в разной Далее…

2 года назад

Сахалыы панграммата толкуйдааҥ

Маннык тыл оонньуута баар.Сахалыы панграммата толкуйдааҥ эрэ.Панграмма диэн тугуй? Алпаабыт буукубаларын барытын көрдөрөр этии.Холобур нуучча тылыгар маннык панграммалар бааллар: В чащах юга жил-был цитрус… — да, но фальшивый экземпляръ Любя, съешь щипцы, — вздохнёт мэр, — кайф жгуч Южно-эфиопский грач увёл мышь за хобот на съезд ящериц Съешь ещё этих мягких французских булок да выпей Далее…

2 года назад

Саҥа кэпсээн истэххинэ быһа түһэр дьон баар буолар. Хайыыбытый?

Били ааспыкка сторителлинг туһунан суруйбутум дии, түбэлтэни хайдаах кэпсиири… Өйдөөх дьон суруйбуттарын салгыы кэпсиибин. Арай, эн тугу эрэ кэпсээри гынаҕын, ону ким эрэ быһа түһэр…Эбэтэр, дьэ саҥа уугар-хааргар киирэн кэпсээниҥ ортотугар тиийэн эрдэххинэ, ханнык эрэ киһи атыны эрдэн барар… Хайыыгыный? Искэр кыыһыраҕын, ол эрээри туттуна сатыыгын уонна… Үксүн: “Доо, мин эн саҥараргар быһа түспэтэҕим ээ”, Далее…

2 года назад

Сторителлинг эбэтэр кэпсиир үөрүйэх

Наһаа үчүгэйдик кэпсиир дьон баар буолааччылар. Атын дьон отой аралдьыйбакка, мыык да диэбэккэ истэн баран истэ олороллорун курдук. Оннук кэпсиэххитин баҕараҕыт дуо? Мин эмиэ баҕарабын. Ол эрээри, ити манан дьыала буолбатах курдук. Эмиэ да бэйэҕин долгутар түгэни кэпсиигин, тугу да айбакка, саас сааһынан кэпсиир курдуккун, ол эрээри, дьон дьааһыйар, атыҥҥа аралдьыйар, бэйэтэ кэпсээн барар… Дьэ, Далее…

3 года назад

Биики Халандаар диэн тугуй?

Дьон куруук ыйытар: “Биики диэн туох тылый?”, ону ааһан сорохтор тырыттыахчалар: “Саха тыла буолбатах буоттуо…” Быһаарабын: Биики Халандаарга Бикипиэдьийэттэн сүһэн суруйабын. Ол иһин “биики”. Оттон ити Биики Домох, Бикитиэкэ, Бикипиэдьийэ, Биики Тылдьыт, Биики Хааһах иҥин диэн бырайыактар ааттарыгар баар “биики” диэн өс ааҥыл тылын нөҥүө аан дойду тылларыгар киирбит ҕабаай омук “wiki-wiki” диэн тыла “түргэн-түргэнник” Далее…

3 года назад

Сахалыы клавиатура

Дьон “сахалыы шрифт” дииллэр. Дьиҥэр сириип/бичик итиннэ туох да сыһыана суох. Саха алпаабытын ураты биэс буукубатын үгүс сириип өйүүр (ол аата оннук буукубалардаах). Онон төһө да суруйар кыаҕыҥ суоҕун үрдүнэн сахалыы тиэкиһи ааҕар буоллаххына – ол аата сахалыы сириип эн тэрилгэр (төлөпүөҥҥэр, көмпүүтэргэр) хайыы-үйэ баар.Суруйбат буолуу төрүөтэ сахалыы клавиатура аттарыыта (клавиатурная раскладка) суоҕар сытар. Бу Далее…

3 года назад

Сүүс сыллааҕы ойуулар тоҕо нууччалыы эрэ тахсалларын биллим

Бэлиэтии көрбүккүт эбитэ дуу, 100 сыллаах улуу үбүлүөйү көрсө Дьокуускайга туруоруллубут туох баар уулусса билбордтара нууччалыы тахсыбыттара. Ону ааһан, оннооҕор “Чолбон” сурунаал, “Кыым” хаһыат бырааһынньыктааҕы таһаарыыларыгар эмиэ нууччалыы “100 лет ЯАССР” диэн суруктаах ойуулары бэчээттээбитэрэ.Маны муодарҕыы саныыр этим. Тоҕо маннык буоллаҕай диэн. Онтум хоруйа судургу эбит дии санаатым. Бу бэлиэ күн символикатын оҥорбут дизайнер үбүлүөйгэ Далее…

3 года назад

Иэйиктэр сахалыы ааттара

Бу сарсыарда дьээбэлэниэх санаа киирдэ?: 😀 – мичийик (смайлик)👍🏻 – сэҥээрикЭмотикон – иэйик👋🏻 – далбаатык❤️ – тапталык🙏🏻 – көрдөһүк👐🏻 – алҕаһык😉 – эҕэлээх мичийик😛 – быктарык🤭 – кытарык🤣 – күндү күлүүк😱 – ынырык😡😬 – кыыһырык🤬 – быдьарык🥱 – дьааһыйык😴 – утуйук🤫 – чуумпуйук эбэтэр чыычык🤝🏻 – махталык✊? – кытаатык☝? – сөмүйүк👈🏻👉🏻👆🏻👇🏻 – ыйык🥳💃🏻🕺🏻 – битийик🙇🏻‍♀️🙇🏻‍♂️🤦🏻‍♀️🤦🏻‍♂️ Далее…

3 года назад

Таба саҥарыы

“Майаак” араадьыйаҕа “Училка против Маяка” диэн рубрикалаахтар.Онно ыытааччылар да, устуудьуйа ыалдьыттара да сыыһа саҥарбыттарын, ааттарын ааттыы-ааттыы, саҥарбыттарын быһан ылан иһитиннэрэ-иһитиннэрэ, биир Наталья Гартман диэн лингибиис дьахтар сыыһаларын-алҕастарын ырытар.Нууччалыы маннык саҥарыллыбат, маннык саҥарыллар диэн.Наһаа үчүгэй.??Маны Саха араадьыйатыгар тиэрдэр киһи…