2 года назад 370
Биики Халандаар диэн тугуй?
Дьон куруук ыйытар: “Биики диэн туох тылый?”, ону ааһан сорохтор тырыттыахчалар: “Саха тыла буолбатах буоттуо…”
Быһаарабын: Биики Халандаарга Бикипиэдьийэттэн сүһэн суруйабын. Ол иһин “биики”.
Оттон ити Биики Домох, Бикитиэкэ, Бикипиэдьийэ, Биики Тылдьыт, Биики Хааһах иҥин диэн бырайыактар ааттарыгар баар “биики” диэн өс ааҥыл тылын нөҥүө аан дойду тылларыгар киирбит ҕабаай омук “wiki-wiki” диэн тыла “түргэн-түргэнник” диэн суолталаах. Ол аата Бикипиэдьийэ аатын бастаан толкуйдуулларыгар булан ылбыт, таба тайаммыт тыллара. Онон бырайыак аатыгар түргэнник суруллар, түргэник көннөрүллэр энциклопедия диэн суолтаны укпуттар.
Дьэ итинник. Аны саха тыла буолбатах диэччилэргэ маннык хоруйдуом этэ. Ханнык баҕарар тыл сайдар, саҥа эйгэлэри баһылыырыгар саҥа тылынан-өһүнэн байар, холобур ааҥыл тыла итинник атын тыллартан сүһэн ылар кыаҕа үрдүк буолан аныгы үйэҕэ саамай тарҕаммыт тыл буолла дииллэр, аҥардас Британия сэриитин күүһүнэн эрэ буолбатах. Онон киирии тыллартан дьиксинимиэххэ, хомуньууһум, остуол, учуутал диэн тыллар былыыр үйэҕэ киирэн тылбытын байыта сылдьаллар дии, онон саҥа тыл-өс киирдин, олохсуйдун, тылбыт имигэс, киһи-аймах баһылаабытын барытын баһылыыр бигэ тыл буоллун!
Аны кыратык “Биики Халандаар” туһунан. Бу халандаар, дьиҥэр, Сахалыы Бикипиэдьийэҕэ уруккуттан баар. Ону туһанан 2020 сыллаахха ЯСИА сахалыы салаатын өйөөн, ол сыл муус устарыттан онно угар буолбуппут. Бастаан биһиги биикиһиттэр хат наардаан, таарыйа эбэн-сабан кинилэргэ тиэкис бэлэмнээн биэрэр этибит: бүгүн туох күнэй, устуоруйаҕа сахаҕа сыһыаннаах туох буолбутай, ким төрөөбүтэй, ким өлбүтэй. Ону ЯСИА суруналыыс кыргыттара “подводка” эбэн биэрэллэрэ, табыгастаах ойуу уган бэйэлэригэр бэчээттииллэрэ. Оннук ЯСИА-ны кытта бииргэ үлэлээбиппит быйыл томточчу икки сылын туолла. Онон аны атыннык дьаһаныахха диэн Тэлэгирээм диэн платформаҕа сурутуу таһаарар буоллубут. Сурутуу буор-босхо, ону ааһан суруппакка да киирэн хам-түм ааҕыахха, бэйэҕэ туһалааҕы сүһэн ылыахха сөп. Сорох хаһыаттар онтон сиэттэрэн ол күн бэйэлэригэр сиһилии матырыйаал таһаарар иҥин буоллулар. Сороҕор Эдуард Рудых иилиир-саҕалыыр Саха араадьыйатыгар тахсар биэриитигэр туһаналлар.
Бу күннэргэ сурутааччы ахсаана 300-һү куоһарда, түгэнинэн туһанан, сурутааччыларбар махтаныам этэ – эһиги баар буолан кынат үүнэр курдук буолар, киһи салгыы үлэлиэн баҕарар, туһалааҕынан дьарыктанарыттан үөрэр-көтөр! Уруй-туску, сурутааччыларбар!
Биики Халандаар туох туһалааҕый? Төрөөбүт күннээхтэри уратытык эҕэрдэлииргэ, туос этэргэ туһаныахха сөп. Бэйэҥ нэһилиэгиҥ, улууһуҥ дьонунан, халандаарга киирбит аймахтаргынан киэн туттан тарҕатыаххын сөп. Билэр эбэтэр сүгүрүйэр дьоҥҥун төрөөбүт күннэрэ буоларын өйдөөн кэлэн үтүө тыллары этиэххин сөп, билигин ханнык баҕарар аатырбыт киһини ситим нөҥүө булан ылан быһаччы эҕэрдэлиир кыах баар.
Аны күннээҕи олох дьалхааныгар балыйтаран сороҕор көҕүс кыарыыр түгэнэ үүнэр, кэлэр сириҥ кэлии үүтэ, барар сириҥ баҕана үүтэ буолан хаалар, оччоҕо устуоруйа мөһүлгэтэ эргийэн кэлэ турарын, тохтообокко иннин диэкки дьүккүйэн иһэрин, ким да умнуллубатын көрдөххүнэ, көхсүҥ кэҥээбиккэ, хараҕыҥ сырдаабыкка дылы буолар. Күүстээх санаалаах дьон холобуруттан эр ылан эн эмиэ салгыы эрэллээхтик үктэнэҕин, санааҕар санаа, кыаххар кыах эбиллэр.
Биики Халандаары сурутуҥ, тускутугар туһаныҥ! Бу баар: https://t.me/biikige
p.s. Ээ, арба, ити Тэлэгирээмҥэ баарынан эрэ муҥурдаммат буолуҥ, итиннэ сорҕото эрэ суруллар, аллара баар сигэнэн киирэн Бикипиэдьийэҕэ бэйэтигэр ааҕар буолуҥ. Онно араас дойдулар бүгүҥҥү бэлиэ күннэрэ, аан дойдуга, Арассыыйаҕа туох бу күн буолбута уу сахалыы сурулла сылдьар. Туох эрэ, ким эрэ ахтыллыбатах, көппүт дии санаатаххытына тута суруйар буолуҥ, күннээҕи матырыйаал ырытыытыгар, эбэтэр быһаччы миэхэ. Уонна сэҥээрик ??туруорары умнумаҥ ?.