3 года назад 684
Сахалыы клавиатура
Дьон “сахалыы шрифт” дииллэр. Дьиҥэр сириип/бичик итиннэ туох да сыһыана суох. Саха алпаабытын ураты биэс буукубатын үгүс сириип өйүүр (ол аата оннук буукубалардаах). Онон төһө да суруйар кыаҕыҥ суоҕун үрдүнэн сахалыы тиэкиһи ааҕар буоллаххына – ол аата сахалыы сириип эн тэрилгэр (төлөпүөҥҥэр, көмпүүтэргэр) хайыы-үйэ баар.
Суруйбат буолуу төрүөтэ сахалыы клавиатура аттарыыта (клавиатурная раскладка) суоҕар сытар.
Бу маны “КиберСаха” түмсүү ҺӨҔҮҤ диэн аахсыйалары ыытан, хас да сылы быһа устудьуоннары кытыннаран иҥин, саастаах дьоҥҥо төлөпүөннэригэр туруоран биэрэр этэ. Дьиҥэр, ол клавиатура аттарыытын туруорунар наһаа судургу ээ, ким баҕарар босхо туруорунар кыахтаах.
Бэрт Дьикти диэн дьикти ааттаах атаһым онно аналлаах, ханнык тэриллээхиттэн көрөн тугу гыныахтааххын биирдии хаамыынан ойуулаабыт ситим-сирин оҥорбута туома уонтан тахса сыл буолла. Тыһыынчанан киһи онон сирдэтэн төлөпүөнүгэр сахалыы суруйар кыахтанна.
Бу аҕыйах хонуктаахха ол сирин атын аадырыска көһөрдө.
Онон, доҕоттоор, ким эмит эһиэхэ сахалыы “үөрүү” диэн оннугар “уоруу” диэн суруйдаҕына, Ҕ буукубаны 5 сыыппаранан солбуйар буоллаҕына бу сигэни ыытар буолаарыҥ:
sakhalyy.ru
(пошаговые инструкции установки саха клавиатуры на любые гаджеты)
Баҕар, “улахан эбит, өйдөнөр буолла да бүттэҕэ ол” диир дьон баар буолуо. Оннугун оннук эрээри, үөрэхтээх, таһымнаах киһи уратыта – сөпкө, ыраастык саҥарыы, оннук дьону атын дьон ытыктыыр, тылын истэр. Сурукка эмиэ биир оннук: наһаа туһалааҕы суруйар дьон алҕастаах суруйар буоллахтарына, элбэх дьон болҕойбот, хайдах эрэ бэйэтэ да билбэтинэн ол киһи эппитин сэниир, улахаҥҥа уурбат.
Аны ыччаппыт улахан дьон сыыһа суруйарын көрөн “арааһа бу сөп быһыылаах” диэн сыыһаны үөрүйэх оҥостон кэбиһиэн сөбүн ылан көрүҥ.
Уонна оттон саха буолан баран өбүгэбит тылын ытыктыахтаах буоллахпыт, туох дии саныыгыт?