3 года назад 353
Сүүс сыллааҕы ойуулар тоҕо нууччалыы эрэ тахсалларын биллим
Бэлиэтии көрбүккүт эбитэ дуу, 100 сыллаах улуу үбүлүөйү көрсө Дьокуускайга туруоруллубут туох баар уулусса билбордтара нууччалыы тахсыбыттара. Ону ааһан, оннооҕор “Чолбон” сурунаал, “Кыым” хаһыат бырааһынньыктааҕы таһаарыыларыгар эмиэ нууччалыы “100 лет ЯАССР” диэн суруктаах ойуулары бэчээттээбитэрэ.
Маны муодарҕыы саныыр этим. Тоҕо маннык буоллаҕай диэн.
Онтум хоруйа судургу эбит дии санаатым.
Бу бэлиэ күн символикатын оҥорбут дизайнер үбүлүөйгэ аналлаах ойуулары барытын икки барылынан оҥорбут – нууччалыы уонна сахалыы, ол эрээри, ол ойуулары атын дьон туһаннынар диэн аналлаах саайка таһааралларыгар (https://100yakutia.ru/brandbook) нууччалыытын Гуугул диискэттэн араас ньыманан хачайдыыры хааччыйбыттар (эгэлгэ чопчулуурдаах/расширениелаах1 билэлэри, ол иһигэр .png), оттон сахалыытын хачайдыырга биир эрэ .ai расширениелаах билэлэри хачайдыыр гыммыттар. Оттон бу .ai чопчулуурдаах ойуу буоллаҕына түбэһиэхчэ эрэдээктэргэ2 аһыллыбат, Adobe хампаанньа эрэдээктэрэ эрэ арыйар.
Ойууга: Күөҕүнэн нууччалыы суруктаах билэлэр (итини баттаатахха Гуугул диискэҕэ тиийэҕин, ханнык баҕарар билэни талан ыларыҥ көҥүл), саһархайынан – сахалыы суруктаах билэлэр (итини баттаатахха тугу да талларбат), от күөҕүнэн – сахалыыны баттаатахха хачайдаммыт соҕотох чопчулуурдаах билэ.
Онон, хаһыат, сурунаал дизайнердара улаханнык уустугурда барбакка судургутук нууччалыы ойуулары туруоран кэбиһэллэр эбит. Бүттэхпит ол. Биир алҕастан сылтаан судаарыстыбаннай тылбыт таһыма түһэн хааллаҕа ити.
Ити https://100yakutia.ru/ саайка бэлиэлэри оҥорбут киһи бэйэтин төлөпүөнэ баар эбит, ону буламмын Радиславпын диэн ааттаммыт худуоһунньукка эрийэн кэпсээтим. Киһим судургутук: Кыһалҕа суох, саайт оҥорооччуларга тиэрдиэм, – диэтэ. Көннөрөллөр ини диэн санаа кыыма саҕылынна, төһө да хойутаабыт үрдүнэн үбүлүөйбүт сыл бүтүөр диэри салҕанан бара турар буоллаҕа…
Апдейт: Иэхэйбин-чуохайбын! Дьэ, таһаардылар. Сахалыы логотиптары талан ылан хачайданыахха сөп буолла: https://disk.yandex.ru/d/ZVcaJ-CA04zGaQ
(эбэтэр мантан https://100yakutia.ru/brandbook)
Быһаарыылар:
- Билэ чопчулуура – нууччалыы расширение файла, билэ ханнык көрүҥүн быһаарар кутурук, холобур билэ “.doc” диэн чопчулуурдаах буоллаҕына, ол аата тиэкистэн турар, Ворд эбэтэр Блокнот бырагырааманан арыйыахха сөп. Оттон “.png” эбэтэр “jpg” чопчулуурдаах буоллаҕына ол билэни ойууну таҥастыыр бырагырааманан арыйыахха сөп.
- Эрэдээктэр (манна) – анал көмпүүтэр бырагыраамата, билэни таҥастыыр. Ойуу билэ буоллаҕына ол эрэдээктэринэн арыйан ол ойууну көрүөххэ, уларытыахха сөп. Тиэкистээх билэ буоллаҕына онно аналлаах тиэкис эрэдээктэринэн (МС Ворд, холобур) арыйан ааҕыахха уонна эмиэ уларытыахха сөп.
Комментарии 4
Ооо, хомолтолоох дьыала буолбут эбит дии…
Биир бэйэм хомойуохпун да, үөрүөхпүн да билбэккэ олоробун. Бобуу-хаайыы буолбакка дьалаҕай сыһыан…
Эн санаа5ар САССР диэн суруллара сөп ду, эбэтэр САССӨ? Бэлиэ5э САССР эбит.
Отой былыр САССӨ диэн суруллар эбит этэ, былаахха латыын буукубатынан туочукалардаах суруллубут этэ.
Онтон 1938-40 сс. кирииллиссэҕэ көһүү, 60-с сс. саҥа таба суруйуу быраабылатыгар киирии (киирии тыллар олохторун нууччалыы суруйар тосхол). Онон төһө да “Р” дорҕоонтон саҕаланар тыл саха тылыгар төрүкү суоҕун үрдүнэн “Республика” диэн суруйуу күһэлэҥинэн киллэриллэр…