3 года назад 758
Иэйиктэр сахалыы ааттара
Бу сарсыарда дьээбэлэниэх санаа киирдэ?:
😀 – мичийик (смайлик)
👍🏻 – сэҥээрик
Эмотикон – иэйик
👋🏻 – далбаатык
❤️ – тапталык
🙏🏻 – көрдөһүк
👐🏻 – алҕаһык
😉 – эҕэлээх мичийик
😛 – быктарык
🤭 – кытарык
🤣 – күндү күлүүк
😱 – ынырык
😡😬 – кыыһырык
🤬 – быдьарык
🥱 – дьааһыйык
😴 – утуйук
🤫 – чуумпуйук эбэтэр чыычык
🤝🏻 – махталык
✊? – кытаатык
☝? – сөмүйүк
👈🏻👉🏻👆🏻👇🏻 – ыйык
🥳💃🏻🕺🏻 – битийик
🙇🏻♀️🙇🏻♂️🤦🏻♀️🤦🏻♂️ – оодьэйик
🤷🏻♀️🤷🏻♂️ – билбэччэй
🧏🏻♀️🧏🏻♂️ – акаарык
🙋🏻♀️🙋🏻♂️ – эмиэ далбаатык
👊🏻🤛🏻 – кэһэтик
😢😭 – хомойук
🎼🎶- тойук
😋 – салбанык
💩 – эмэһик эбэтэр холлуйук
🤔 – толкуйук
😰🥵 – тиритик
🤮🤢 – өөҕүк
😷🤒🚑🤕 – ыарык
✍✉️ – суруйук
💔 – арахсык
❌🚫⛔ – бобуук
🍾🥃🍷 – арыгык
🍺🍻 – пиибик
🥛🍼 – үүтүк
🥘🥯🥐 – уойук
🫂- кууһук
🤤 – сыраанык
😿😫- сыҥсыйык
Бу, биллэн турар, дьээбэ-хообо. Ол эрээри саха тыла эгэлгэ эйгэни, киһи аймах айбытын барытын баһылаан иһиэхтээх. Онон иһэ истээх дьээбэ-хообо. Тыл дьылҕата, кэскилэ тылы илдьэ сылдьар дьонтон эрэ тутулуктаах. Ол аата миигиттэн уонна эйигиттэн ?
Ким эрэ “мин атыннык этиэ эбиппин” дии саныа. Ол үчүгэй. Ол аата сарсыардааҥҥы дьээбэм-хообом таах хаалбатах, толкуйдаппыт ??.
Комментарии 2
Уйбаан Самаайап: Барыта холбоон халанык ?
;)))