«Киин куорат» хаhыат, Автор в Блоги Якутии
Всего записей: 11

3 года назад

Дария Козлова: «Дьахтар ыһыахха бытырыыстаах былаат бааныахтаах»

Дария Семеновна Козлова Эбээн Бытантай национальнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо, РФ норуотун маастара, СӨ норуотун маастара, “Кырадаһын абылаҥа” уонна “Сахалыы мааны соннор” түмсүүлэр уһуйааччыта уонна салайааччыта, Светлана Ивановна Петрова салайар “Уран иис” түмсүү иистэнньэҥэ. Ииһинэн дьарыктаммыта 40-тан тахса сыл буолбут, ол тухары наар дьону сахалыы иискэ үөрэппит. Тимэҕи да тикпэт дьон сахалыы сону тигэр буолаллар диэн Далее…

3 года назад

Ираида Попова: «Суруйааччы истиилэ, буочара, уратыта хаалыахтаах»

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит Ираида ПОПОВА – Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, “Полярная звезда” сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ. Икки тылынан суруйар, тылбааска, драмаҕа үлэлиир. Өссө уруһуйдуур, иистэнэр, ыллыыр, гитаралыыр – дьарыгын ааҕан сиппэккин. Оннук эргиччи айар эйгэлээх киһи. – Ираида Гаврильевна, аҕаҥ – биллиилээх учуонай, кыраайы үөрэтээччи Гавриил Васильевич Попов. Бука, оҕо сааһыҥ интеллигенция эйгэтигэр аастаҕа? Далее…

3 года назад

Зоя БАГЫНАНОВА: «Көрөөччүнэн тутайбатаҕым, билиҥҥэ диэри далбарга сылдьар дьоллоохпун…»

Муус устар 22 күнүгэр Саха АССР үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Зоя Багынанова 80 сааһын туолар. Биһиги икки чаастаах сэһэргэһиибит күлүү-үөрүү аргыстаах, эмиэ да санньыар, курус мүнүүтэлээх, уйадыйан ылыылаах, ахтылҕан аҥаардаах ааста. Тылтан тыл, кэпсээнтэн кэпсээн тиһиллэн истэ. Кинини кытта Нерюнгритааҕы куукула тыйаатырыгар үлэлээбит кэмнэрин, уус-уран ааҕыы суолтатын, Федот Потапов Уйбаан Гоголевтыын доҕордоһууларын, киинэҕэ мүччүргэннээх Далее…

3 года назад

Дьоллоох буолуҥ, бар дьонум

Саха омук киэн туттуута, тумус киһитэ, норуот суруйааччыта Соппуруон Бөтүрүөбүс Дайыылап муус устар 19 күнүгэр күн сиригэр кэлбитэ лоп курдук 100 сылын туолла.  Ааптар: Людмила Баишева-ФедороваТус бэйэбэр Соппуруон Дайыылап диэтэхтэринэ, харахпар үөһээ мэҥэ халлааҥҥа, кыраман үрдүккэ көҥүллүк, холкутук көтө сылдьар хомпоруун хотой көстөр. Тойон кыыл, атын бытархай көтөрдөр курдук, күннээҕи ыырынан муҥурдаммат: хаардаах хайалар быыстарынан уонунан Далее…

3 года назад

Светлана Филиппова: «Кистэлэҥҥэ сылдьыбыт докумуоннар көҥүлгэ таҕыстылар»

Кулун тутар 10 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн Архыып күнэ бэлиэтэннэ. Онуоха Дьокуускай куораппыт архыыбын үлэтин, үлэһиттэрин, тугунан тыынан олороллорун билэ Строителлэр уулусса 18 нүөмэригэр баар дьиэҕэ бара сырыттым.Онон бүгүн күндү ааҕааччыларбар Дьокуускай куорат муниципальнай архыыбын салайааччыта Светлана Афанасьевна Филиппованы кытта кэпсэтиибин билиһиннэриэм. Үлэбит оргуйан олорор Бу сыллар устата улахан үлэни оҥордубут. Барыта 131 пуонда баар, Далее…

3 года назад

Хас биирдии дьахтар иһигэр «Анфиса»

Николай Габышев 100 сааһынан, «Анфиса» кэпсээҥҥэ тус санаа Мин бүгүн Николай Габышев “Анфиса” кэпсээнин атын харахпынан көрөн, атын өйбүнэн, толкуйбунан ааҕан кэпсиэхпин, санаабын тиэрдиэхпин баҕарабын. Тус бэйэм ырытааччы да, кириитик буолбатахпын, саха тыла идэлээхпин, бэчээт эйгэтигэр үлэлээбитим 20-тэн тахса сыл буолла. Суруйар, үлэлиир тиэмэм үксэ официальнай тылбаас этэ, тыйаатырга, айымньыга кириитикэ, ырытыы диэни суруйан көрбөтөх Далее…

3 года назад

Петр ЧИРЯЕВ: «Голливуду солбуйар кыахтаахпыт»

Аан дойду бөдөҥ киинэ хампаанньалара Арассыыйаттан бардылар. Аны Голливуд киинэлэрин көрбөт буоллубут. Ол аайы биһиэннэрэ кыһамматтар, бэйэбит киэммитин сайыннарыахпыт диэн күлүктэригэр имнэнэллэр. Хаһыаппытыгар “Саха сиринээҕи киинэ ситимэ” (Якутская республиканская киносеть) коммерческайа суох тэрилтэ дириэктэрэ Петр Чиряев ыалдьыттыыр. – Бастатан туран, “билиҥҥи балаһыанньанан сибээстээн, саха киинэтигэр саҥа аартыктар арыллаллар” диэн этииҥ туһунан кэпсэтиэххэ. Аан дойду киинэ Далее…

3 года назад

Хоту дойду уран уустара

Дария Петровна Васильева: — Мин Дьааҥы улууһун Үҥкүр бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин, улуус култуураҕа салаатыгар өр кэмҥэ тэрийээччи-методиһынан үлэлээбитим. Иискэ, оҕуруоҕа эбэм сыһыарбыта. Эбэм ордук тирииттэн уонна түүлээхтэн иистэнэрэ. Бэйэтэ тириини таҥастаан, тыһы, түүлээҕи имитэн тигэрэ. Киниттэн оҕо сылдьан бастаан көнө сииккэ, улаатан истэҕим аайы сыыйа улахан иискэ киирбитим. Сайын аайы отчуттарга балаакка, сүгэһэр суумка, булчуттарга тирии Далее…

3 года назад

Лариса Реасовна КУЛАКОВСКАЯ: «Олохтоох дьонтон тугунан эрэ уһулуччу буолуохтааххын»

Бүгүн биһиги улуу дьон сыдьаана, билигин Сербияҕа олорор Лариса Реасовна Кулаковская интервьютун таһаарабыт. – Мин бэйэм ийэ киһи буоларым быһыытынан, куруук толкуйдуубун: оҕолорбун хайдах сөпкө, тугу да сыыспакка үчүгэй киһини иитэн таһаарабын диэн. Холобур, Эн, чахчы улуу дьонтон сыдьааннааххын, эйиигин хайдах ииппиттэрин билиэхпин баҕарабын. – Оҕо иитиитэ хаһан баҕарар, ханнык да омукка тыын боппуруос. Эн Далее…

3 года назад

Барыта киинэ саундтрегыттан саҕаламмыта

Сунтаар улууһун Туойдаах нэһилиэгэр олорор Дмитрий Попов социальнай ситимҥэ чуһуурбалаах уолунан биллэр. Кини уран матыыптара истээччи сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр. Чуһуурба диэн тугуй? Сорохтор бу тылы саҥа истэллэр.  Нууччалыыта – флейта. Аҕыйах хонуктааҕыта талааннаах ыччат СӨ Национальнай библиотекатын “Үйэ уонна музыка” бырайыагын чэрчитинэн ааҕааччылары кытта онлайн көрүстэ. Чуһуурбалаах уол сэргэх сэһэнин сэҥээрэ истибиппин сурукка тистим. Төрөөбүт Далее…