3 года назад 249
Дьоллоох буолуҥ, бар дьонум
Саха омук киэн туттуута, тумус киһитэ, норуот суруйааччыта Соппуруон Бөтүрүөбүс Дайыылап муус устар 19 күнүгэр күн сиригэр кэлбитэ лоп курдук 100 сылын туолла.
Ааптар: Людмила Баишева-Федорова
Тус бэйэбэр Соппуруон Дайыылап диэтэхтэринэ, харахпар үөһээ мэҥэ халлааҥҥа, кыраман үрдүккэ көҥүллүк, холкутук көтө сылдьар хомпоруун хотой көстөр. Тойон кыыл, атын бытархай көтөрдөр курдук, күннээҕи ыырынан муҥурдаммат: хаардаах хайалар быыстарынан уонунан көс ырааҕы кыраҕытык көрөр, хара баай тыаҕа, киэҥ дуолга туох буола турарын чуордук чуҥнуур. Үрдүк Айыылартан анаммыт араҥаччылыыр ытык ыйааҕынан кини биһигини, бэйэтин омугун, Үөһэттэн харыстыы, хараанныы сылдьар. Күн бүгүнүгэр диэри…
Ардыгар саныыбын ээ: хайдах быыкаа уйаттан, биир дьиэ кэргэнтэн, икки маннык далааһыннаах, бар дьону харыстыыр-хараанныыр аналлаах, модун хотойдор үөскээн-үүнэн тахсыбыттара буолла диэн?!
Биллэрин курдук, кинилэр төрөөбүт алаастарыгар Борго үрүҥ–кыһыл кырыктаах сэриитин быһаарыылаах, тыҥааһыннаах күннэригэр-дьылларыгар конфедералистар тумус дьоннорун түмсүүлэрэ буолан ааспыта. Ол өркөн өйдөөх, модун санаалаах күүстээх дьон ийэ дойдуларын дьылҕатын туһугар ис сүрэхтэн ыалдьар, дьулуһар дьулуурдарын, мөккүһэр мөккүөрдэрин уот сиэмэтэ Бор алааһын өҥ буоругар ыһыллан, үтүө түмүктээх үрдүк үүнүүнү биэрбит дуу?..
Соппуруон Дайыылап убайа Сэмэн Бөтүрүөбүс курдук, оргуйар олох үллэр үөһүгэр сылдьыбыта, өйүн-санаатын, кыаҕын саха омук барҕара сайдарыгар анаабыта. «Олоҕум устатын тухары мин ырам чаҕылыйар саха норуотун, Саха сирин дьоло-соргута этэ. Ол иһин мин билигин миигин истэр да, истибэт да дьоҥҥо бука барыларыгар туһаайан, эдэрсин эрдэхпинэ биир кинигэбин ааттаабыт тылларбынан хатылаан этиэхпин баҕарабын: « Дьоллоох буолуҥ, бар дьонум!»
Итинник Соппуруон Бөтүрүөбүс норуотун кытта өрүү бииргэ, кини кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон, кини эрэйин чэпчэтиһэ, олох тыйыс тургутуута тирээн кэллэҕинэ, ыарахан куйаҕы кэтэн, суон дурда, халыҥ хахха буолара.
Дьокуускай куоракка 1986 сыл аргыардаах сааһыгар катокка тахсыбыт күлүгээннии быһыы уопсастыбаҕа тыҥаан турбут быһыыны-майгыны, кутургуйаны тоҕо тарпыт курдук, төлө тардан устудьуон ыччат айдааныгар кубулуйбута, эбии үлүннэрэн-балыннаран, бүтүн Сойууска дуорааннаммыта. Токурутан өйдөөһүн түмүгэр саха норуотугар омугумсуйуу күлүгэ түһэриллибитэ. Бу маннык уустук быһыы-майгы сабардаабытыгар, үрдүкү былаастарбыт “аласный патриотизм” дии-дии араатардыылларыгар, Соппуруон Бөтүрүөбүс Москваттан үрдүк трибунаттан туохтан да толлубакка, кимтэн да чаҕыйбакка саха ыччатын көмүскээбитэ биллэр.
Сотору буолан баран кини уһуктаах боппуруоһу таарыйар “Пусть сияет всегда яркое солнце” диэн дириҥ ис хоһоонноох ыстатыйата бэчээттэммитэ.
Онтон быһа тардыылар:
“… Мы дети разных народов – якуты, русские, эвены, украинцы, эвенки, татары, евреи – жили одной дружной семьей… Были мы друг для друга просто Вани и Васи, Фаи и Тани, Толи и Коли…И я не помню случая того, чтобы даже в безобидных приятельских разговорах…подчеркивалась национальная принадлежность кого-либо. Это в послевоенные и последующие годы печать и радио, да и разного рода ораторы стали – к месту и не к месту – бесконечно повторять кто какой национальности, соревнуясь друг с другом количеством наличия в коллективах представителей разных наций. Как будто этот количественный показатель может свидетельствовать об их хорошей работе по интернациональному воспитанию.
…Чего греха таить: иногда споры между однокурсниками решались не более убедительными доводами, а с «позиции силы”, случались драки и между студентами различных учебных заведений. Постыдно все это, конечно. Но они не считались какими-то ЧП, не раздувался им мнимый негативный, тем более политический оттенок. Вчерашние драчуны на другой же день, начисто позабыв о своей ссоре, ходили в обнимку. (А происходи теперь драки якутских парней с якутами, или между русскими молодыми людьми, то это сочтут за хулиганство; случись ссора между якутом и русским, то тут же начнут кричать на всех перекрестках о национализме и шовинизме, хотя об этом совершенно не думали сами участники ссоры, и, как говорится, пошла писать губерния…)
…Чувство глубокого уважения и искренней дружбы с людьми других национальностей…становятся истинной сущностью.., когда они воспитываются в нем вместе с молоком матери. Горько, очень горько было мне, когда шестилетний внук озабоченно спросил: “Якут тоже человек или нет? – и, задумавшись, сказал: “Я не хочу быть якутом”…Это был один из самых печальных дней моей жизни.”
* Бу бүгүҥҥү иирсээннээх, дьиксиниилээх күннэри көрөн олорордуу, сааҥсыйалартан үөскээбит уустук быһыыттан-майгыттан тахсар ыллык суолу ыйан биэрэр:
“…Были времена, когда республика сама себя обеспечивала хлебом. Почему прекратили у нас выращивание хлебов? Да, в Якутии, на самой холодной части земли, выращивать хлеб трудно. Земледелие здесь считается сверхрискованным. Но когда хлеб насущный (в самом широком смысле) добывался легко? Дети с малых лет привыкают к хлебу на столе, привозимому из России, Казахстана, Украины.”
* Баччааҥҥа диэри быһаарыллыбакка турар иитиллибит ийэ тылынан үөрэтии кыһалҕаларын этэр:
“…в школах, где обучаются дети не коренной национальности, не проходят ни истории Якутии, ни ее литературу. И выпускники этих школ …не располагают даже элементарными сведениями о своей родной республике. А ведь чего не знаешь, того не полюбишь.Это не вина детей, а нас, взорослых.
… С этим тесно связан и вопрос обучения на родном языке…Трудно себе представить, как мы обкрадываем своих детей, лишая их родного языка. Приехавшие погостить летом из города в деревню девушка или юноша разговаривают со своими дедушкой или бабушкой через переводчика. Я сам не раз был свидетелем такого уродливого явления”.
* Устуоруйаны токурутууларга тохтуур:
“…сейчас в печати много и справедливо пишут о неблагополучии в освещении истории нашего государства, о том, что что многие подчас трагические ошибки обходятся и замалчиваются. Но никакими ухищрениями правду не утаишь. У народа многомиллионное око, многомиллионные уши. И у него хорошая память, ничего никогда не забывает – ни хорошего, ни плохого. Молодежь невероятно чутка ко всякой лжи. Сотни, тысячи раз лучше говорить ей правду, хоть горькую и страшную, чем приятную и сладкую ложь.”.
*
90-с сыллар саҕаланыыларыгар дойду укулаата түөрэ ыһыллан, өй-санаа өрө-таҥнары ытыллар, ыгыллар, муунтуйар сахтарга сарсыҥҥыга эрэли сахпыта, чахчы да төрөөбүт норуотуҥ кэскилин түстэспитэ. Ол курдук, норуоппут олоҕор уһулуччу суолталаммыт саха омук I Конгреһыгар «Саха норуота барҕарыы суолунан» этиллибит тылыгар үрүҥ көмүс үүннээх-тэһииннээх үтүө кэс тылын бар дьонугар хаалларбыта.
*
…Биирдэ кини улахан кыыһа Вера Софроновна, миэхэ манныгы кэпсээбитэ: «Балыыһаҕа саньытаарка, сааһырбыт саха дьахтара: “Эн Соппуруон Бөтүрүөбүс оҕотоҕун дуо?.. Аҕаҥ баарына, биһиги, кыра-хара дьон, улахан таас хайа хонноҕор-быттыгар саһан олорор, көмүскэллээх курдук сананарбыт… Барбытын кэннэ соҕотохто тулаайахсыйан, толугуруһан хааллыбыт дии”, – диэн аргыыйдык, санньыйан туран, эппитэ сүрэҕим ортотунан киирбитэ. Бу буоллаҕа: бар дьон өйдүүр-саныыр, суолталыыр, сыаналыыр Махтала уонна муҥура суох дьиҥнээх Таптала. Мантан ордук үрдүк наҕараада уонна наадата да суох”.
… ӨЛБӨТ ҮЙЭ
Мин өлүөм…
Мин төннүөм
Айбыт айылҕам киэҥигэр,
Ийэ буорум иһигэр…
Тохтуо суоҕа онтон
чыпчылҕан да түгэнэ
Олох устар күрүлгэнэ.
Сир эргийэрин курдук эргийиэ,
Күн көрөрүн курдук көрүө,
Хаар уруккутунуу тэлимниэ,
Самыыр уруккутунуу түһүө.
Сыһыы көҕөрөн баран хагдарыйыа,
Тыа хагдарыйан баран тыллыа.
Атыттар кэлиэхтэрэ
бу күн сиригэр,
Атыттар олоруохтара
бу буор үрдүгэр;
Ытыахтара,
Ыллыахтара,
Арахсыахтара,
Таптаһыахтара…
Мин
Сири кытта сир буолан
Сиик курдук симэлийиэҕим,
Буору кытта буор буолан
Букатын мэлийиэҕим.
Аатым ааттана туруоҕун —
Албан аакка эҥэрдэспэтим,
Уос номоҕор кубулуйуоҕу —
Улуу суолу тэлэйсибэтим.
Ол эрээри…
Мин тыыннаах кэриэтэ сылдьыһыаҕым
Кэннибэр хаалар дьоннордуун,
Кинилэрдиин бииргэ ыллаһыаҕым
Кэрэмэс кэмнэри уруйдуу.
Кинилэр уһатыахтара
мин муҥур үйэбин,
Кинилэр ситэриэхтэрэ
мин бүппэтэх үлэбин,
Кинилэр тэргэн суол оҥоруохтара
мин омоон ыллыкпын,
Кинилэр толорон ааһыахтара
мин муҥкук ырабын…
Таптыахтара кинилэр
мин тугу таптаабыппын,
Сириэхтэрэ кинилэр
мин тугу кыраабыппын.
Үрдүлэригэр
мин айхаллаабыт
Үрүҥ күнүм үрүлүйэн
күлүмүрдүү туруоҕа,
Аттыларыгар
мин уруйдаабыт
Күөрэгэйим үлүһүйэн
чугдаарыта туойуоҕа.
Ол буолуо —
мин өлбөт үйэм!
Матырыйаал “Киин куорат” хаһыат саайтыгар тахсыбыта: https://kiinkuorat.ru/articles/dollooh-buolu-bar-donum
Биһигини Телеграмҥа ааҕыҥ: https://t.me/kiin_kyorat_gazeta
“ВКонтакте” группабыт: https://vk.com/kiinkuorat