Дария Козлова: «Дьахтар ыһыахха бытырыыстаах былаат бааныахтаах» - Блоги Якутии

3 года назад 432

Дария Козлова: «Дьахтар ыһыахха бытырыыстаах былаат бааныахтаах»

Дария Семеновна Козлова Эбээн Бытантай национальнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо, РФ норуотун маастара, СӨ норуотун маастара, “Кырадаһын абылаҥа” уонна “Сахалыы мааны соннор” түмсүүлэр уһуйааччыта уонна салайааччыта, Светлана Ивановна Петрова салайар “Уран иис” түмсүү иистэнньэҥэ. Ииһинэн дьарыктаммыта 40-тан тахса сыл буолбут, ол тухары наар дьону сахалыы иискэ үөрэппит. Тимэҕи да тикпэт дьон сахалыы сону тигэр буолаллар диэн кэпсээн, тус бэйэбин сөхтөрдө.

– Мин өбүгэ төрүт ииһин кистэлэҥин баһылыырга 2009-2014 сылларга М.К. Аммосов аатынан ХИФУ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун доцена С.И. Петрова “Иис үрдүкү оскуолатын маастарыстыбата” ааптарыскай оскуолатыгар дьарыктанан, үгэскэ олоҕурбут сахалыы таҥас, ат толору симэхтэрин тигиигэ иис элбэх мындырдарыгар үөрэнэн элбэҕи билбиппэр Светлана Ивановнаҕа муҥура суох махталбын хаһыат нөҥүө тиэрдэбин.

– Аан бастаан саҕалыырбытыгар Светлана Ивановна Петрова тэрийбит норуот маастардарын быыстапкатыгар Национальнай художественнай музей Комдрагмет быыстапкалыыр саалатыгар маастардар сүбэлэһэн бараммыт, дьон кэллиннэр, төрүт ииһи көрдүннэр диэммит, босхо маастар-кылаастары ыыппыппыт. Миэхэ элбэх киһи суруйтарбыт этэ. Онно суруйтарбыт, үөрэппит кыргыттарым билигин миигин кытта сылдьаллар. Итинтэн саҕаламмыта 2015 сылтан “Кырадаһын абылаҥа” түмсүү тэриллиитэ. Билигин ахсыс сылбын уһуйа сылдьабын. Хаһан да кырадаһыны тигэн көрбөтөх дьон араас кыра паннолартан саҕалаан умсугуйан бардылар, сөбүлээтилэр. Зачет тутан, сииктэрин көрөн, онтон бэйэҕит тугу тигиэххитин баҕараҕыт диэн көҥүл биэрдим, ол курдук иискэ киирэн истилэр. Биһиги уратыбыт диэн, бары чаппараах тигиннилэр, онтуларын ханна баҕарар быыстапкаларга, бырааһынньыктарга эҥин илдьэ, тута сылдьаллар. Художественнай музей сакааһынан толору кэмпилиэк чаппараах тикпиппит. 20 дьахтар илиитин сылааһын иҥэрэн. Дьоммун үөрэтэрбэр наһаа ирдэбиллээхпин. Биир үлэни оҥоробут, онон биир буочар буолуохтаах, кимиэнэ да миллимиэтиртэн улаатыа, кыччыа да суохтаах. Ол курдук сыл устата икки кычым, дэпсэ, чаппараах тиктибит. Ол үлэбит билигин Германияҕа Лейпциг куоракка Грасси музейыгар национальнай художественнай музей туттарбыт саха балаҕаныгар турар.

“Кырадаһын абылаҥа” түмсүүм кэккэ бэһис сылбын “Сахалыы мааны сон” диэн түмсүүнү салайабын, манна биир үөрэнээччим Федорова Полина Николаевна үһүс сылын көмөлөһөр. С.И. Петрова чөлүгэр түһэрбит ньэмиэтинэн кэлбит дьоҥҥо бэйэлэрэ тиктэллэригэр сүбэ-ама биэрэн, таҥастарын өҥүн талалларыгар, быһалларыгар, тигэн таһааралларыгар тиийэ көмөлөһөн биэрэбит. Саха дьахтара мааныга кэтэр кытыылаах сонун тиктэллэригэр үгэскэ олоҕурбут каноннары тутуһуннарар элбэх үлэни эрэйэр, туһунан уустуктардаах. Соннорун толору кэмпилиэктээн тиктэллэригэр дьабака, уостаах үтүлүк, өттүк симэҕэ тигиллиитин ситэрэн үөрэтэбит.

Бастыҥаны эдэр дьахтар кэтиэхтээх

Ыһыахха кэтиллэр толору көстүүмҥэ саха дьахтара хайаан да халадаайдаах, хаһыаччыктаах буолуохтаах, этэрбэс кэтиэхтээх уонна саастаах өттө бытырыыстаах былаат бааныахтаах. Билигин үйэбит уларыйан, сааһыттан тутулуга суох бастыҥа кэтэр буоллулар.

Светлана Петрова үөрэтэринэн, былыргы итэҕэлинэн, бастыҥаны саастаах дьахтар кэппэт. Төрүт иис өбүгэлэрбит итэҕэллэригэр олоҕурар. Ол иһин сааһырбыт дьахтар бастыҥаны кэппэт, оҕотуттан ордон мааны буолуо суохтаах диэн өйдөбүллээхтэр эбит. Кыыс оҕо, сүктэр кыыс эрэ кэтиэхтээх. Аны дьабаканы кэтэллэр, онтулара лиэнтэлээх буолар, ол эмиэ суолталаах ээ. Сааһырбыт дьоммор кэннигэр лиэнтэлэппэппин. Сүктэр кыыс дьабакатыгар уһун лиэнтэлээх бардаҕына, кэргэн тахсыбыт киһитэ быһыахтаах диэн эмиэ номох баар. Ол гынан баран сорохтор, билигин көрдөххө, кырдьаҕастар да, араастаан тиктэ сылдьар буолаллар, лиэнтэлииллэр эҥин.

Илин, кэлин кэбиһэри киһи барыта кэтэр буолла. Биһиги соҥҥо хайаан да илин, кэлин кэбиһэри ирдиибит, кытаатан ылына сатааҥ диибит. Баар буоллаҕына, үрүҥ көмүһэ ордук. Сону кэттэххинэ, саамай киэргэтэрэ ол буоллаҕа. Туоһунан уонна оҕуруонан тигиллибит киэргэли соҥҥо кэтэри дьиҥэ утарабын. Быйыл эмиэ кэлэктиибинэй үлэни оҥотторо сылдьабын.

Биир сарсыарда түһээн турдум. Саха сирин 100 сыла, онно олоҥхо тиэмэтигэр үлэҕит суох диэн санаалаах уһукта биэрдим. Онон “Дьулуруйар Ньургун Боотур” тиэмэтиттэн оҥотторор эбиппин дии санаатым. Бөлөхтөрбөр кэпсээтим, тигиэххит этэ дуо диэн. Кырадаһыннар буоларбыт быһыытынан ол ньыматынан, хайа быһан, оҥо быһан, ойо быһан тигиэхтээхпит. Ону барытын туттаммыт, үчүгэй үлэни таһаарыахтаахпыт диэн сорук турда. Билигин 16 хартыынаны кинигэттэн ылан таҥаһынан тигэ сылдьабыт. Наһаа эппиэтинэстээхтэр, эттим да оҥоруохтаахпыт диэн түһүнэн кэбистилэр. Бастаан ыарырҕаттылар, онтон наһаа үчүгэйдик саҕалаатылар. Төһө кыалларынан элбэх кыбытыктаах, хайа быһыылаах ньыманы туттан. Субуота аайы мустабыт, бу сыл иһинэн бүтэрэр былааннаахпыт.

Толору материал “Киин куорат” хаһыат саайтыгар тахсыбыта.

Телеграм-ханаалбытыгар күн аайы сонуну, кэпсээннэри, аудио-кэпсээннэри таһаарабыт.

Добавить комментарий