3 года назад 564
Лариса Реасовна КУЛАКОВСКАЯ: «Олохтоох дьонтон тугунан эрэ уһулуччу буолуохтааххын»
Бүгүн биһиги улуу дьон сыдьаана, билигин Сербияҕа олорор Лариса Реасовна Кулаковская интервьютун таһаарабыт.
– Мин бэйэм ийэ киһи буоларым быһыытынан, куруук толкуйдуубун: оҕолорбун хайдах сөпкө, тугу да сыыспакка үчүгэй киһини иитэн таһаарабын диэн. Холобур, Эн, чахчы улуу дьонтон сыдьааннааххын, эйиигин хайдах ииппиттэрин билиэхпин баҕарабын.
– Оҕо иитиитэ хаһан баҕарар, ханнык да омукка тыын боппуруос. Эн ыччатыҥ эйигиннээҕэр ситиһиилээх, эйиигиттэн ордук дьон эрэ буоллаҕына аймах сайдар, инникилэнэр буоллаҕа эбээт. Киһи аймах ол эрэ инниттэн олордоҕо дии, ыччатын кэскиллээх оҥороору. Өксөкүлээх эппитинии “Аан дайдыттан арахсарбытыгар ааппытын эрэ ааттатыа этэ” диэн.
Биһиги Сэбиэскэй кэмҥэ улааппыт дьоммут. Ол саҕана , киһи -аймах сыаннастара атын буолар этэ. Ийэ Дойдуга бэриниилээх , омуктар икки ардыларыгар эйэлээх , Үлэ киһитэ бочуоттаах буолуу кэмэ этэ. Онон, син атын оҕолор курдук, ол сыаннастарга иитиллэн тахсыбыппыт.
Төрөппүттэрбит кинигэ ааҕыытын, эт- хаан өттүнэн чэгиэн буолары ирдииллэрэ. Хайаан да бары дьарыктаах буоларбытын тэрийэллэрэ. Ким да, хаһан да туос иллэҥ сылдьарын өйдөөбөппүн: дьиэ ис-тас үлэтэ, кинигэ ааҕыыта, дьиэтээҕи садаанньыйа толоруу, остуол оонньууларыгар күрэх, араас куруһуоктар, спорт секциялара… Телевизоры даҕаны бириэмэлээн, оҕоҕо аналлаах эрэ биэриилэри көрдөрөллөрө. Ол оннугар, аҕабыт, Реас Алексеевич, киэһэ аайы утуйарбытыгар остуоруйа, көрбүт киинэлэрин, аахпыт кинигэлэрин кэпсээн улаатыннарбыта. Оттон ийэбит, Татьяна Паповна , ас-таҥас өттүн дьаһайара, күннээҕи режими тутуһарбытын хонтуруоллуура. Саамай улахан ирдэбиллэрэ, бэйэ-бэйэбит икки ардыгар убаастабыллаах, эйэлээх сыһыан буоларын, кырдьыксыт, дьоҥҥо ытыктабыллаах сыһыаннаах уонна сүрэхтээх буолары модьуйаллара.
Чычымахтарга махтанабыт
– Бииргэ төрөөбүттэр ахсыа этибит. Икки ардыбыт даҕаны син балачча улахан. Мин улахан эдьиийбиттэн сүүрбэ сыл балыспын. Кини оҕолорун кытта биир көлүөнэбит. Ол иһин да буолуо, улахаттар бэйэлэрэ биир сомоҕолор, оттон биһиги кыралар туспа “хампааньыйабыт”. Оҕо эрдэхпитинэ Таатта улууһугар Чычымах диэн наһаа кыраһыабай сиргэ улааппыппыт. Сайынын улахаттарбыт сир аһын хомуйан, от оттоон соло булбат этилэр. Мин кыралары оҕолоон, “дьиэ бөҕө” буолан, Аммабытыгар сөтүөлээн, күнү быһа оонньоон оҕо саас дьолун билбитим.
Биһиги “Өксөкүлээх сиэннэрэ буолабыт” диэн дьонтон ураты туттубатах дьоммут. Аҕабыт этэн турар: “Өйдөөн кэбиһиҥ, Өксөкүлээх норуот Өксөкүлээҕэ, оттон эһиги эһэҕит – Кулаковскай Алексей Елисеевич” диэн. Ити, мин санаабар, саамай сөптөөх иитии, эдэр дьоҥҥо, били, этэр “медные трубы” диэннэриттэн харыстааһын буолар буоллаҕа. Кырдьыга даҕаны, Өксөкүлээх айымньыларыгар, кини генийигэр биһиги туох сыһыаннаах буолуохпутуй?
Эһэбит, биһиги оҕо эрдэхпитинэ, билиҥҥи курдук чыпчаалга тура илик этэ. Ол эрээри, норуота куруутун киниэхэ сүгүрүйэрин, сыаналыырын сүрэхпитинэн сэрэйэр этибит. Аны санаатахха, дойдубут дьоно, чычымахтар аҕабытын да, биһигини да сүрдээҕин харыстаан , кистээн илдьэ сылдьыбыттар эбит. Биир эмэ хара санаалаах киһи, сымыйанан да үҥсэн, киһини сиртэн симэлитэр кэмнэригэр, бэйэлэрин хоонньохторугар уктаннар, аныаха кэллэхпит. Бар дьоммут Өксөкүлээххэ таптала кинилэр оҕолоругар, сиэннэригэр бэриллибитин биһиги эмиэ толору ылабыт. Түгэнинэн туһанан, чычымахтарбытыгар барҕа махталбын тиэрдэбин эһиги хаһыаккыт нөҥүө.
Оттон дьиэ-кэргэммитигэр Өксөкүлээххэ сүгүрүйүү, кини айымньыларын билэ сатааһын, нойосуус үөрэтии куруутун баара. Эһэбит туттубут маллара, кинигэлэрэ, хаартыскалара саамай күндү, сыаналаах өйдөбүнньүкпүт этэ. Аан бастакы нойосуус үөрэтэр хоһооннорбут “Оскуолаҕа”, “Кутуйах”, “Куоска” этилэр. Оннооҕор, буукуба үөрэтэргэ аҕабыт Өксөкүлээх курдук “Аччайбыта “А”, оччойбута “О”, экчэйбитэ “Э” дии-дии, сирэйдиин сырдаан, үөрэтэ олороро бу баар курдук. Аҕатын үстэ көрбүт түгэннэрин, Өксөкүлээх туһунан дьонтон тугу истибитин ымпыктаан-чымпыктаан , иҥэн-тоҥон кэпсиирэ.
– Реас Алексеевич Өксөкүлээх биэс оҕотуттан собус-соҕотоҕун тыыннаах хаалан, боростуойа суох олохтонон, Россия саамай ыарахан кэмигэр, Улуу киһи оҕото буолар дьылҕатын этинэн-хаанынан билэн олорбута. Биир холобур аҕалабын, Өксөкүлээх туһунан “1952 с. аҥардас олунньуга өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар 157 холуннарыылаах ыстатыйа тахсыбыта. Оччолого хаһыакка таҕыста да кырдьык диэн өйдөбүл баара” диэн суруналыыс Иван Ушницкай суруйан турар. Оттон аҕабыт “сарсыарда утуйан турдаххына “һуу, хата бөөлүүн илдьибэтилэр” диэн санаанан уһуктар дьиппиэр сыллар этилэр” диирэ.
Аҕабыт олус да суохтуура бииргэ төрөөбүттэрин! Хайдахтаах курдук кинилэри таптыырын кини кэпсээннэриттэн, ахтыыларыттан билэрбит уонна аҕабын аһына, харыстыы улааппыппыт. Өксөкүлээх оҕолоро бары улаатан бараннар, эдэр саастарыгар бу күн сириттэн бараахтаабыттар. Эбэбит 40, оттон эһэбит баара эрэ 49 саастарыгар өлөөхтөөбүттэр.
Оттон ийэбит, Татьяна Паповна Заболоцкая-Кулаковская , тоҕус бииргэ төрөөбүттэрдээх, сүрдээх үлэһит, көнө, ыраас сүрэхтээх Далбар Хотун этэ. Кини сатаабатаҕа диэн суоҕа: иистэнэр да этэ, асчыт гиэнэ бастына. Ийэбит “Өксөкүлээх Өлөксөй кийиитэ дуо” дэтиэн дэппит личность. Кини аҕабытыгар суон дугда, халыҥ хахха буолбута. Аҕабыт айар үлэтигэр, учууталлыыр сылларыгар көмө, тирэх киһитэ. Ийэ-аҕа сыһыана оҕону иитигэ улахан суолталаах. Ийэбит холобуругар үөрэнэммит, биһиги кыргыттар үчүгэй хаһаайка, эрэллээх кэргэн буолабыт диэтэххэ омун суох. Дьиэ-кэргэҥҥэ дьахтар оруола ордук улахан дии саныыбын. Дьахтартан тутулуктаах дьиэҕэ үөрүү-көтүү, нус-хас олох баара. Төһөнөн дьахтар муудурай, өйдөөх, оччонон кини көстүбэккэ эрэ салайар дьоҕура күүстээх. Ылан да көрдөххө, наскыччы, ис туруктаах дьахталлар оҕолоро да ситиһиилээхтэр, үтүө дьон, кэргэттэрэ да тахсыылаахтар, аймах эйэлээх олохтоох. Оттон эр киһи, аҕа баһылык дьиэтин-уотун туруктаах , байым оҥоруохтаах, тулхадыйбат олоҕу мэктиэлиэхтээх. Оччого эрэ ситиһиллэр, ил олох. Ону бары билэбит.
Норуот педагогикатын туһаныахха
-Оҕону иитиигэ эн туох көрүүлээххин?
-Мин биир эрэ оҕону төрөтөн, иитэн таһаарбыт киһибин. Ол иһин бэйэм уопуппуттан этэр быраабым баара дуу, суоҕа дуу? Уолум Алексей дьоҥҥо сирдэрбэт үлэһит. Ханнык да үлэни толлубакка ылсар, сатаабатаҕа диэн суох киһи. Үөрэххэ да, үлэҕэ да сүрэҕэлдьиир диэни билбэт киһини ииппиппин диэн астынабын. Ханнык да ыарахан ситуацияҕа ыһыктынан кэбиспэт диэн убаастыыбын.
Оттон аҕабыт Реас Алексеевич, Үөһээ Бүлүү народнай педагогика музейын тэрийбит Константин Спиридогнович Чиряев көрдөһүүтүнэн, былыр сахалар ыччаты иитиигэ ирдэбиллэрин суруйбут. Ону, кылгатан суруйдахха маннык :
“1. Чиэһинэйгэ. Сымыйаны дойҕохтуур киһини абааһы көрөллөрө. Тугу эмэ оҥорон баран билиммэт, мэлдьэһэ сатыыры сирэллэрэ;
2. Дьону ытыктыырга, таптыырга. Киһи туһунан куһаҕаны этэри, хобу-сиби таһары улаханнык сирэллэрэ.
3. Улахан киһи сорудаҕын толорботу, кинилэргэ утары тылы этэн этиһэри кытаанахтык буойаллара;
4. Киһиргээһини сэмэлииллэрэ;
5. Бэрдимсийиини абааһы көрөллөрө;
6. Куруубайдааһыны, өчөһүүнү булгу иннин ылан араҕаллара;
7. Эһэм икки хараҕа суох наһаа сэһэннээх киһи этэ. Кини арааска үөрэтэрэ. Оннооҕор: ”Оҕом иннэ дии-диигин умса-төннө түһэн харбаспат буол. Оҕоҥ бэйэтэ хайдах киһи буоларыттан тутулуктаах. Дьалбаа киһи буоллаҕына, эн төһөлөөҕү да муспуккун одун-туман көтүтүөҕэ. Оттон оҕоҥ үчүгэй киһи буоллаҕына, таптыыр олоҕун бэйэтэ оҥостуоҕа”, – диэн.
8. Айылҕаны харыстыырга үөрэтэллэрэ;
9. Үгүстүк мээрилээбэккэ, биирдэ этэн кэбиһэлэрэ;
10. Үлэҕэ уһуйа сатыыллара уонна сүрэҕэ суоҕу ураты сирэллэрэ;
11. Айылҕаҕа бэйэтигэр биэрэн көҥүллүк ииппиттэрэ”.
«Олохтоох дьонтон тугунан эрэ уһулуччу буолуохтааххын» диэн интервью “Киин куорат” хаhыат саайтыгар тахсыбыта.
Сэргээбит буоллаххытына, комментарийда хаалларыҥ.
Комментарии 7
”Оҕом иннэ дии-диигин умса-төннө түһэн харбаспат буол. Оҕоҥ бэйэтэ хайдах киһи буоларыттан тутулуктаах. Дьалбаа киһи буоллаҕына, эн төһөлөөҕү да муспуккун одун-туман көтүтүөҕэ. Оттон оҕоҥ үчүгэй киһи буоллаҕына, таптыыр олоҕун бэйэтэ оҥостуоҕа” – бу маны Биики Домоххо угууһубун. Ааттаах этии!
Махтал!
Уктум: https://sah.wikiquote.org/wiki/Чиряев_Константин_Спиридонович
Ким баҕарар итинник дьон этиитин угуон сөп. Эбэтэр айымньылартан быһа тардыылары.
Кыттан Биики Домоҕу хаҥатан иһиҥ! Сахаҕа үйэлэр тухары туһалыы туруоҕа.
https://sah.wikiquote.org/wiki/ЧиряевКонстантинСпиридонович
Дэ сатаатым сигэни 😉
Көрүөххэ сөп:
https://sah.wikiquote.org/wiki/Чиряев_Константин_Спиридонович
Туй-сиэ. Сатамматаҕына стаммат буолар эбит. Өссө биирдэ холонобун:
https://sah.wikiquote.org/wiki/Чиряев_Константин_Спиридонович
https://sah.wikiquote.org/wiki/Чиряев_Константин_Спиридонович