3 года назад 354
Петр ЧИРЯЕВ: «Голливуду солбуйар кыахтаахпыт»
Аан дойду бөдөҥ киинэ хампаанньалара Арассыыйаттан бардылар. Аны Голливуд киинэлэрин көрбөт буоллубут. Ол аайы биһиэннэрэ кыһамматтар, бэйэбит киэммитин сайыннарыахпыт диэн күлүктэригэр имнэнэллэр.
Хаһыаппытыгар “Саха сиринээҕи киинэ ситимэ” (Якутская республиканская киносеть) коммерческайа суох тэрилтэ дириэктэрэ Петр Чиряев ыалдьыттыыр.
– Бастатан туран, “билиҥҥи балаһыанньанан сибээстээн, саха киинэтигэр саҥа аартыктар арыллаллар” диэн этииҥ туһунан кэпсэтиэххэ. Аан дойду киинэ хампаанньалара Арассыыйаттан аккаастаммыттарыгар туох уларыйда, туох атыннык салаллыа дии саныыгын?
– Манна саамай сүрүнү өйдүүр тоҕоостоох – аан дойду үрдүнэн олус элбэх киинэ оҥоһуллар, барыллаан ааҕыынан, сылга 10 тыһ. тахса киинэ тахсар, ол иһигэр 300-1000 киинэ улахан экраҥҥа көрдөрүллэр, уоннааҕыта киэҥ эйгэҕэ тахса сатыыр эрэ…
Аан дойдуга киинэ ырыынагын арҕаа дойдулар баһылаан олороллор. Бу улахан харчы эргийэр бизнеһэ, онно Голливуд этэринэн олорон кэллибит.
Биһиги дойдубутун ылан көрдөххө, СССР саҕана сэбиэскэй киинэ бэйэ пленкатыгар, бэйэ камератыгар уһуллара уонна прокакка эмиэ сэбиэскэй кинопроекторга көстөрө. Сойуус бэйэтэ оҥорон таһаарбыт киинэтин бэйэтэ прокаттыыра. Оччолорго киинэ аһара популярнай буолбута. ССРС биир олохтооҕо сылга 40-чата киинэҕэ сылдьар диэн ааҕаллар. Сойууска 200 мөл. киһи олорбут буоллаҕына, ону 40-ҥа төгүллээбит саҕа киинэҕэ сылдьыы баара. Чахчы кыахтаах, модун күүстээх индустрия этэ.
Сэбиэскэй сойуус эстибитин кэннэ бу индустрияны олоччу сүтэрбиппит. Арҕааҥҥы технологиялар киинэни оҥорууга уонна прокакка кимэн киирбиттэрэ. Тугу, хайдах, хаһан устарбыт барыта кинилэртэн тутулуктаах буолбута. Тоҕо диэтэххэ, арҕаалар киэннэрэ мэлдьи актуальнай, популярнай буолар, бары кинилэри үтүктэ сатыыллар. Холобур, Голливуд биир эмэ киинэтин кытта илин-кэлин түсүһэр хартыынаны устарга олус элбэх харчы наада. Биһиэхэ оннук сатаммат. Билигин Арассыыйаҕа Голливуд киинэлэрин үтүктэ сатыыллар, онтукалара соччо табыллыбат.
Киинэни тарҕатар сыаллаах үлэлиибит
– Биһиги дьоммут киинэни ис дууһаларыттан усталлар, ол иһин улахан ороскуота да суох буолар. Аҕыйах харчы бараммыт киинэтэ мөлтөх диэн буолбат. Арҕаалар технологияларын, кинилэр шаблоннарын туһаммат буоланнар, оҥорон таһаарыы сыаната чэпчиир. Ол иһин киинэлэрбит бүддьүөттэрэ Голливудка тэҥнэспэт кыралар.
Биһиги тэрилтэбит Арассыыйа үрдүнэн соҕотох коммерческайа суох тэрилтэ. Барыһа суоҕун өйдүү-өйдүү, аҥаардас дьоммутугар киинэ көрдөрөр сыалтан, кып-кыра нэһилиэктэргэ киинэ тыйаатырдарын арыйабыт.
Прокакка эмиэ итинник. Билигин киинэ тыйаатырдарыгар барыларыгар омук оборудованиета турар. Кэнники сылларга Арассыыйаҕа кириэһилэлэри, кыралаан тыас-уус оборудованиетын уонна билиэт атыылыыр бырагыраамалары оҥорорго үөрэннибит, уоннааҕыта барыта тас дойдулартан атыылаһыллар – проектордар, экраннар, dolby тыа-уус о.д.а.
Бу билиҥҥи балаһыанньа уһаатаҕына, олохтоох киинэ тыйаатырдара оборудованиета суох хаалар кутталлаахтар. Тоҕо диэтэххэ, оборудование түргэнник эргэрэр, саҥардыллары эрэйэр. Холобура, лаампа саппааһа бүттэҕинэ, миэстэлэргэ киинэ көрөр кыаллымыан сөп.
«Бэйбэрикээн-2» бэркэ баран иһэр
– Репертуар туһунан эттэххэ, билигин киинэ көрдөрөр тыйаатырдарбыт улахан сүтүктэннилэр. Урукку курдук аан дойду таһымнаах киинэлэртэн ытыстарын сотуннулар. Ол курдук, урут, холобура, каассаҕа киирэр харчы 70-80 бырыһыана – Голливуд, 20-30 бырыһыана – Арассыыйа киинэлэрэ буоллахтарына, билигин барыс киирэрэ кытаатта.
Саамай улахан охсууну коммерческай, ол аата арыандаҕа турар киинэ тыйаатырдара ылыахтара. Саха сирин үгүс киинэ саалалара муниципальнай дьиэлэргэ үлэлии олороллор. Дьокуускайга “Лена” уонна “Центральнай” муниципальнай дьиэлээхтэр. Оттон “Емеян”, “Синема-центр”, “Азия” курдук коммерческай тыйаатырдар сабыллан да хаалар кутталлаахтар.
Саха киинэтэ тахса туруоҕа. Пандемия кэмигэр прокакка тахсыбакка сыппыттар бааллар. Биһиги көрөөччүбүтүгэр бэйэбит киинэбит ордук интэриэһинэй.
Улуустарга киинэни эмиэ үксүн муниципальнай кулуупка көрдөрөллөр, онон ыарахан кэмнэри арыый чэпчэкитик аһарыныахтара, хамнастара, биллэн турар, кыччыаҕа.
Киинэ эйгэтигэр биллэриллибит санкциялары Саха сиригэр билиҥҥитэ билэ иликпит. Урукку киинэлэрбит көстө тураллар уонна “Бэйбэрикээн” иккис чааһа тахсан, бу өрөбүллэргэ бэркэ баран иһэр.
Тыа сиригэр киинэ саалалара арыллыахтара
– Инникитин репертуар туһунан эттэххэ, киинэ оҥорор атын хампаанньалар биллэн барыахтара. Киинэни, сериаллары оҥорор дойду элбэх. Дисней оннугар Корея, Кытай, Индия кэлиэхтэрин сөп. Аан дойдуга контент элбэх. Бэйэбит дистрибьютордарбыт саҥа кэмҥэ үлэлэрин хайысхатын уларытан, атын киинэлэри көрдүөхтэрин наада. Киинэ ырыынагар тахсан, нууччалыы тылбаастаан эҥин, саҥа киинэ син биир көстөн иһиэҕэ.
Ханнык баҕарар ыарахан кэмҥэ култуураҕа ураты болҕомто ууруллар. Быйыл дойдубутугар оҥоһуллан тахсар, бэйэбитигэр прокаттанар киинэ былаас өйөбүлүн ылыаҕа дии саныыбын.
Маны таһынан, Саха сиригэр култуура тэрилтэлэрин модернизациялааһыны саҕалыыбыт. “Сорохтор бу быыһык кэмҥэ дуо?” диэн соһуйаллар. Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин кытта быйыл тыа сирдэригэр кинозал арыйыыга куонкурустары ыытабыт. Бу бырагыраама чэрчитинэн сыл устата 10 киинэ көрдөрөр сааланы арыйыахпыт.
Баларга саҥа технологиялар туттуллуохтара. Холобур, 3000-5000 киһилээх улуус киинигэр киинэ көрдөрөр тыйаатыр арыйабыт уонна хайаан да дистрибуция быраабылатын тутуһуохтаахпыт, ол аата биир киинэни (холобур, “Бэтмен” диэххэ) 3-4 нэдиэлэ көрдөрүөхтээхпит. Оттон нэһилиэккэ бу киинэни икки өрөбүл күн иһигэр көрөн бүтэриэхтэрэ. Атын контент холбонор кыаҕа суох буолар. Ол иһин биһиги атыннык үлэлиэхпит.
Бэйэбит киинэ проекторын оҥордубут
– Тэрилтэҕит хайдах үлэлиирий?
– Биһиги 2013 сылтан үлэлиибит. Быйылгыттан тыа сиригэр тахсабыт. Сыаналаах цифровой проектордары туруорбакка, дьоппуоннары кытта үлэлэһэн, бэйэ проекторын оҥордубут. Билигин онтукабытын Арассыыйаҕа таҥыллар гына тэриниэхтээхпит, ол аата импортнайы солбуйабыт. Бу проектор уратыта диэн, киинэни уоран ылар, куопуйалыыр кыахтара суох буолар. Холобур, киинэ оҥорооччу улууска киинэтин флешкаҕа уган ыытарыгар, тарҕанан хаалар куттала син биир баар. Ол иһин биһиги платформанан үлэлиир система оҥоробут, киинэ оҥорооччу киинэтин шифрдаан угар, онтон бу киинэ тыа сирин кулуубугар баар анал проекторга хачайданан көстөр. Саха сиригэр саҕалыыбыт, онтон Арассыыйаны барытын хабыахпытын сөп.
Дойдубут үрдүнэн баара-суоҕа 2000 кэриҥэ киинэ тыйаатыра баар. 150 тыһ. тахса нэһилиэнньэлээх пуун баар буоллаҕына, ити эппит 2000 киинэ көрдөрөр тыйаатыр баарыттан, 100 – Москваҕа, 50 – Питерга, 30 – Екатеринбурга баар, ол аата олус элбэх нэһилиэнньэлээх пуун киинэ көрдөрөр сирэ суох. Урут сэбиэскэй кэм саҕана аҥаардас Саха сиригэр 2000 кэриҥэ киноустановка баара. Онон биһиги быйылгыттан Арассыыйа үрдүнэн тахсар кыахтаахпыт.
Саха сирэ аһара кинематографичнай. Киинэни бэйэбит оҥорорбут таһынан, олус үчүгэйдик тоҕо анньан кэлэн көрөбүт.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 42 цифровой киинэ тыйаатырдаахпыт, 52 киинэ көрдөрөр саалалаахпыт. Саха сирэ киинэ эйгэтигэр Арассыыйаҕа бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар. Холобур, бу кэнники икки сылга биһигини Калмыкияҕа киинэ тыйаатырдарын арыйыыга кытыннардылар. Икки сыллааҕыта Калмыкия үрдүнэн Элистаҕа биир эрэ киинэ тыйаатыра баара. Өссө 3 киинэ тыйаатыра арылларыгар көмөлөстүбүт. Биһиги коммерческайа суох тэрилтэ формаппытыгар олоҕуран үлэлээн, регионнарыгар 4 киинэ тыйаатырданнылар.
– Арассыыйа прокатыгар билигин ханнык саха киинэлэрэ таҕыстылар? Эн санааҕар, саха киинэтин киин сир көрөөччүтэ ылынар дуо? Оттон биһиги төһө бэлэммитий?
– Дьиҥэ, саха киинэтэ бэйэ көрөөччүтүгэр эрэ анаммыт курдук. Арассыыйа киинэтин ырыынагар саха киинэтэ син тахса сатыыр эрээри, улаханнык биһирэммэт. Тоҕо диэтэххэ Арассыыйа көрөөччүтүгэр туһаайыллыбат. Кинокритиктар төһө да хайҕаабыттарын иһин, көннөрү көрөөччүгэ өйдөммөт киинэ буолуон сөп. Былырыын эксперимент быһыытынан, “Рядовой Чээрини” прокаттаан көрбүппүт. Арассыыйа таһымыгар улахан рекламата суох киинэни сатаан көрдөрбөт эбиккин, холобур, киинэҥ телевидение сүрүн ханаалларынан күүскэ рекламаланыахтаах. Ютубка 10 мөл. тахса көрдөрүүнү куоһарда, күннэтэ 10-ча тыһ. киһи бу киинэни көрөр, хайҕаммыта да элбэх. Ол эрэн 30-ча тыһ. эрэ курдук интернетинэн атыыга барбыта.
Бу тугу этэрий? Арассыыйа көрөөччүтэ харчытын региональнай киинэҕэ биэрэргэ бэлэмэ суох. Региональнай киинэни көрдөрөргө туспа суолу тэлиэххэ наада буолла. Бу унньуктаах уһун, дьаныардаах үлэнэн ситиһиллэр дьыала.
– “Саха киинэтин феномена” диэн баар буолла. Биһиги киинэбит сүрүн уратыта тугуй, эн санааҕар?
– Биһиги дьоммут олус сытыы, ураты толкуйдаахтар, талааннаахтар, креативнайдар. Ол былыргыттан тыйыс усулуобуйаҕа тыыннаах хаалар туһугар охсуһуу сабыдыала буолуон сөп. Ол да иһин биһиги эрэ дьоммут -50 кыраадыс тымныыга камераларын сүгэн баран киинэ уста бараллар. Тиэхиньикэни тыйыс усулуобуйаҕа үлэлэтэр араас албастары тутталлар. Ону ааһан, бэйэбит киинэ прокаттыыр систиэмэбит оҥоһуллан эрдэҕэ дии…
Улуустар киинэ усталларын биһириибит
– Киинэ билиэтин сыаната хайдах быһылларый?
– Быһаарар оруол киинэни бас билээччигэ бэриллэр. Киинэ тыйаатыра табаары атыылыыр маҕаһыын эрэ курдук. Оҥорон таһаарааччы “табаарбын бачча сыанаҕа атыылааҥ” диир, барыһын киинэ тыйаатыра уонна бас билээччи үллэстэллэр – аан дойду үрдүнэн маннык. Холобур, киинэни бас билээччи мин киинэбин 180-200 солкуобайтан кырата суох сыанаҕа атыылааҥ диир. Салҕыы олохтоох киинэ тыйаатыра кыратык эбиэн сөп.
– Нэһилиэктэр, улуустар киинэ усталлар. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсыахтарын сөп дуо? Ол туохтан тутулуктааҕый?
– Улуустарга киинэ уһулаллара элбээбитэ үөрдэр. Кинематографистарбыт да үксүлэрэ улуустан, кыра дэриэбинэлэртэн төрүттээхтэр. Тобуктарын үрдүгэр тутан олорон сценарий суруйан, омуннаатахха, сиэпкэ угуллар камеранан дэриэбинэҕэ устан саҕалаабыт дьон билигин аан дойду киинэ бэстибээллэригэр кыттар, прокакка тахсар кыахтаннылар.
Оттон биирдиилээн саҥа киинэни прокакка таһаарарга РФ Култуураҕа министиэристибэтиттэн “прокаттыыр дастабырыанньа” диэни ылыахха наада. Ол аата биһиги киинэни көрдөрөрбүтүгэр ол дастабырыанньатын хайаан да ирдэһэбит. Сааһынан хааччахтары эҥин онно туруораллар. Бу халбаҥнаабат федеральнай сокуон.
Билигин репертуар аҕыйаабытынан, улуустар киинэ усталларын биһириибит уонна өйүүбүт.
Материалы “Киин куорат” саайтыгар тахсыбыта: https://kiinkuorat.ru/articles/petr-chiryaev-gollivudu-solbuyar-kyahtaahpyt