Зоя БАГЫНАНОВА: «Көрөөччүнэн тутайбатаҕым, билиҥҥэ диэри далбарга сылдьар дьоллоохпун...» - Блоги Якутии

3 года назад 216

Зоя БАГЫНАНОВА: «Көрөөччүнэн тутайбатаҕым, билиҥҥэ диэри далбарга сылдьар дьоллоохпун…»

Муус устар 22 күнүгэр Саха АССР үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Зоя Багынанова 80 сааһын туолар. Биһиги икки чаастаах сэһэргэһиибит күлүү-үөрүү аргыстаах, эмиэ да санньыар, курус мүнүүтэлээх, уйадыйан ылыылаах, ахтылҕан аҥаардаах ааста. Тылтан тыл, кэпсээнтэн кэпсээн тиһиллэн истэ.

Кинини кытта Нерюнгритааҕы куукула тыйаатырыгар үлэлээбит кэмнэрин, уус-уран ааҕыы суолтатын, Федот Потапов Уйбаан Гоголевтыын доҕордоһууларын, киинэҕэ мүччүргэннээх сырыыларын туһунан кэпсэттибит. Эрдэ сүбэлэспиппит курдук, ааҕааччы соччо билбэтин-көрбөтүн киллэрэ сатаатыбыт.

“Чэ, Ленин төрөөбүт күнүгэр буоллун”

– Зоя Петровна, эн тускунан испэктээк туруораллара буоллар, олоҕуҥ ханнык кэрчик кэмин сюжет сүрүн чааһа оҥоруохтарын баҕараҕын?
– Оҕо сааһым олус үчүгэйдик ааспыта. Ол дьоллоох кэммин. Төрөппүттэрим тустарынан кэпсиир буоллахпына, хаһан да этиспэт, чуумпу олохтоох ыал этэ. Ураты ис култууралаах дьон этилэр. Кимниин да этиспэттэрэ, кими да саҥарбаттара. Иккиэн саҥата суох өйдөһөллөрө. Ийэм тахсан бардаҕына, аҕам түннүктэри кэрийэ сылдьан, кэнниттэн батыһа хаалара. Ийэм кыраһыабай дьахтар этэ. Аҕам оһуохайдыыра, олоҥхолуура. Миигин көтөҕөн олорон ыллыыра-туойара. 
Кыра уолум түөрт ыйдааҕар ийэбэр хаалларан, Өлөөҥҥө гостуруоллуу барбытым. Оҕоломмут дьахтар икки аҥаар ыйынан үлэтигэр тахсыахтаах диэн дьиикэй да сокуон эбит. Үүтүм элбэх да элбэх этэ. Антракт кэмигэр сибэкки иһитигэр ыана-ыана сылдьыбытым. Ийэм барахсан, икки оҕобун көрөөрү, биэнсийэҕэ тахсыбыта. 

Куукуланан тугу баҕарар этитиэххин сөп

– Ааспыкка Саха тыйаатырыгар кэпсэтии түһүлгэтэ тэриллибитэ. Төрөөбүт тыл, литература, тыйаатыр быстыспат ситимнэрин туһунан ырытыһыы буолбута. Итиэннэ тыйаатыр көрөөччүтүн бэйэтэ иитэн таһаарыахтаах диэн түмүккэ кэлбиппит. Оҕону тыйаатырга хайдах угуйуохха сөбүй?
– Биһиги Федот Федотовичтыын Нерюнгритааҕы куукула тыйаатырыгар үлэлээбиппит. Саха тыла сайдарыгар, саха оҕото тыйаатырга сыстарыгар олус наадалаах тыйаатыр. Ол эрээри ыраах сытар. Манна аҕалар бырааппыт суох этэ. Төһө эмэ туруорса сатаабыппыт үрдүнэн, ким да өйөөбөтөҕө. Биэс сыл курдук үлэлэппиппит уонна тохтоппуппут. 
Дьиҥэр, быыкаа куукуланы хамсаттаххына, оҕо чуумпура түһэр, кыратык эймэҥэлэттиҥ да, тута ылы-чып барар. Куукула диэн син биир оҕо төрүүрүн курдук. Хараҕыҥ ортотугар оҥоһуллан тахсар. Киһиэхэ курдук сыһыаннаһаҕын. Онно-манна бырахпакка, сирэйин суулаан, харыстаан илдьэ сылдьаҕын. Бу Дархаана эмээхсин диэн этэ (кыра хоппоттон биир куукуланы хостоон таһаарар). Отучча сылтан орто (куолаһа титирэстээн ылар). Барахсаным, онто-манта туллан, хапсыйан… (сэрэнэн имэрийэр) сирэйин көрдөрүөхпүн баҕарбаппын. Нерюнгриттан быһа бииргэ үлэлиир талааннаах худуоһунньугум Дария Петровна (Дария Дмитриева – Аапт.) сааспын туоларбар оҥоруом диэбитэ да, кыаллыбата. 

Куукуланан ким баҕарар буолуоххун, тугу баҕарар этитиэххин сөп. Дьиктитэ баар, сороҕор сүтэн хаалар. Көрдүү сатыыгын – булбаккын. Онтон көрбүтүҥ, бу сытар буолар. 
Биирдэ Ойуунускай “Оҕоҕо баҕарбыт” айымньытын туруорбуппут. Бэйэбит оонньуур кыахпыт суох. Куукула тыйаатыра буоллаҕа. Ону мааска оҥорторбуппут. Худуоһунньукпут – Борис Корнилов. Ыналба мааската оһуобайдык тахсыбыта. Ханньалба ханньайан, Кээтии күлэн-үөрэн, Боккуойа халыйан, бары бэркэ табыллыбыттара. Оччолорго манна кэлэн, Пионердар дыбарыастарыгар (билигин Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра) оонньообуппут. Василий Афанасьевич Босиков уонна Владимир Петрович Ларионов көрө кэлбиттэрэ. Иккиэн оҕолоро суох дьон. Хайыахпытый, оонньоотохпут дии. “Күлсэммит, ыскамыайкабытыттан суулла сыстыбыт. Бу барахсаны, оҕоҕо баҕаран тиритэ-хорута сырыттаҕа!” – диэн астыммыттарын биллэрбиттэрэ. Владимир Петрович уп-улахан харсыына сибэккини туттарбыта.   
Николай Заболоцкай “Мааппа” айымньытын эмиэ маасканан туруорбуппут. Һуу, дьон куттаныы бөҕө! Борис Егоровичпыт эмиэ олус кэрэ, номоҕон дьүһүннээх Мааппаны оҥорбута. Хомойуох иһин, быыстапкаҕа турдаҕына, уоран ылбыттара. Онтон Борис Егорович хос оҥоро сатаабыта да, үүт-үкчү оннук мааска тахсыбатаҕа. Онон дьикти эбит. 
“Туйаарыма Куону” туруорбуппут. Дария Петровна куорпуһун ытарҕаттан оҥорбута. Узбекистаҥҥа тиийэ сылдьан, куукулабыт кэрэ куолар куонкурустарыгар кыайбыт этэ. Биир гостуруолга сылдьан сүтэн хаалбыта. 

Уус-уран ааҕыы абыраабыта

– Поэзияҕа тапталыҥ хаһааҥҥыттан саҕаламмытай?
– Бу санаатахпына, оҕо эрдэхпиттэн эбит. Биһиги уһулуччу учууталларга үөрэммит дьоллоохпут. Оччолорго сахалыы хоһоон аҕыйах, Анна Неустроеваттан ураты дьахтар суруйааччы букатын суох. Вероника Тушнова хоһооннорун умсугуйан ааҕарбыт. Анна Ахматова биир-икки хоһооно тахсара. Оскуолаҕа сылдьан уус-уран ааҕыы күрэхтэригэр кыттарым.
М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищеҕа үөрэнэр кэммэр профессор Олимпиада Михайловна Головина олус да үчүгэй айымньылары биэрэрэ. Бука, бу киһи ааҕыан сөптөөх диирэ буолуо. Холобур, Генри Лонгфелло “Песнь о Гайавате” диэн поэматын билиҥҥэ диэри ааҕабын. Өйбөр киирэн хаалбыт, 60-ча сыл илдьэ сырыттым. Трофим Кириллин сахалыы олус үчүгэйдик тылбаастаабыта.
1966 сыллаахха Ньурба тыйаатырыгар үлэлии кэлэн баран, Михаил Светлов “Гренада” хоһоонун аахпытым. Эмиэ билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. 1969 дуу, 1970 сыллаахха манна кэлбит кэммитигэр Анегина Ильина кэнсиэригэр кытыннара ыҥырбыта, кини Сэмэн Данилов тылларыгар ырыалары толорбута, мин поэт хоһооннорун аахпытым. Анегиналыын Москваҕа биир кэмҥэ үөрэммиппит. Кини консерваторияҕа, мин – Щепкиҥҥэ. Аан бастаан уус-уран ааҕыынан Дьокуускай куорат сыанатыгар таһаарбыт киһим – Анегина Ильина. 

Киинэҕэ «Төлкөнөн» киирбитим

– Дьиҥэр, бастакы холонуубут Москваҕа үөрэнэ сылдьан этэ. “Дорога к морю”, “Трилогия об Ульянове” диэн киинэлэргэ уһуллубуппут. Манна кэлбит нөҥүө сылбытыгар, 1970 сыллаахха, “Төлкө” диэн уус-уран киинэ уһуллар буолбута. Дьаакыбылап кулуба оруолун Лазарь Сергучев, кини уолун Геннадий Сивцев (бастакы кэргэним, оҕолорум аҕалара) толороллор. Маайаны оонньуохтаах кыыс кыайан кэлбэтэ. “Чэ, бу Зоя сылдьар, кини да буоллун”, – диэн кэбистилэр. Хайыахпыный, сиитэс ырбаахыбын ылаат да, Хорообукка айаннаатаҕым. Ити бастакы киинэм… (Зоя Петровна бу киинэҕэ уһулларыгар бэйэтэ “кус” буола сыспытын, доруобунньуга билиҥҥэ диэри сылдьарын үгүс ааҕааччы билэр буолуохтаах – Аапт.).

«Миигин ойох ылаҕын дуо?»

– Киинэҕэ ыҥырдахтарына, сөбүлэһэн иһэбин диэтиҥ. Ол эрээри биир эмэ аккаастаммыт оруоллааххын дуо? 
– Сөдүөтүм суох буолбута сыла да буола илигинэ “Ыаллыыларга” ыҥырдылар. Экстрасенс дьахтары оонньуугун уонна эдэр уолга эргэ тахсаҕын диэтилэр. “Ээ, олох барбаппын”, – диэн биир серияҕа уһуллан баран аккаастаабытым. Сөдүөтүм аһыыта ааһа илик, сылааһа бэрт буоллаҕа. Эргэ тахсан оонньуом дуо? Инньэ диэбиккэ дылы, Даана Сард: “Ааспыт ааспат амтана” сериалы салгыытын уһулуҥ дииллэр, ону эйигин эргэ биэрээри гынабын, тахсаҕын дуо?” – диэн ыйыппыта. Кимиэхэ баҕараргын көрдөөн бул диэбитэ (күлэр). Щепкиҥҥэ бииргэ туттарсыбыт Иннокентий Герасимовка: “Миигин ойох ылаҕын дуо?” – диэн эрийбитим. “Ылабын-ылабын”, – дии түспүтэ. Доруобуйатын туругунан тулуйуо суоҕа диэн аккаастаабыттара. Онон Мишалыын (Михаил Семенов – Аапт.) бэркэ оонньообуппут.   

Интервьюну толору “Киин куорат” саайтыгар ааҕыҥ:

https://kiinkuorat.ru/articles/zoya-bagynanova-k-r-chch-nen-tutaybata-ym-bili-e-dieri-dalbarga-syldar-dolloohpun

Добавить комментарий