Архивы Культура - Страница 19 из 36 - Блоги Якутии

2 года назад

Эдьиийбит – суолдьут сулуспут

Саха опернай ырыаһыттарын ортолоругар соҕотох Сэбиэскэй Сойуус норуодунай артыыһа, норуоттар икки ардыларынааҕы вокальнай куонкурустарга бастакынан суолу тэлбит Анегина Ильина олунньу 3 күнүгэр ытык 80 сааһын туолар.          Бу үөрүүлээх түгэни көрсө, социальнай ситимнэргэ бырааттарын кытта түспүт бэртээхэй хаартыскаларын таһаарбыттар. Ону көрбүт эрэ бары: “Бииргэ төрөөбүттэрэ дьоһун да дьон эбиттэр!” – диэн сэргии түһэллэр.          Чахчыта Далее…

2 года назад

Култуура үйэлээх баайын – сыыппара эйгэтигэр

         Тыыннаах хаалар туһуттан көмүлүөк оһоҕун тоҕус ыйдаах томороон тымныы устата салҕыбакка оттубут саха омук барахсан ол  түҥ былыргыттан ыла күн бүгүнүгэр диэри биир кыһарыйар кыһалҕалаах – норуот быһыытынан сүппэтэх-симэлийбэтэх киһи диэн.          Төһө да аныгы үйэ буоллар, ити боппуруос билиҥҥи глобализация үйэтигэр өссө сытыырхайан турара мэлдьэх буолбатах. Кэлии-барыы, көһүү, итиэннэ Интэриниэт ситимигэр кыраныыссалар аһаҕастара, Далее…

2 года назад

ТӨГҮРҮКТЭЭҺИНИ ТӨЛӨ КӨТӨН

Дойдуга бүрүүкээн турар байыаннай балаһыанньанан, патриотическай иитиигэ улахан суолта уурулунна. Ол курдук, РФ Президенэ Владимир Путин эһиил 2024 сылга Герой куорат – Ленинград – 872 хонуктаах блокадаттан босхоломмута 80 сылын киэҥник бэлиэтииргэ эттэ уонна онно аналлаах тэрээһиннэри 2023 сыл тохсунньу 18 күнүттэн саҕалыырга туһаайда. Тоҕо тохсунньу 18 күнүттэн? Бу күн 80 сыл анараа өттүгэр Ленинград Далее…

2 года назад

Ырай уонна үөдэн түгэҕэ

Бу нэдиэлэҕэ икки киинэҕэ сырыттым. Дьиҥэр, “Кэрэни көрбүт” иннинэ “Эдэр сааһы” көрүөхтээх эбиккин. Тоҕо диэтэххэ, католиктар: “Ырайга тиксиэн иннинэ бастаан “чистилищены” ааһан ыраастанаҕын”, — дииллэр дии.         Чахчы, биирэ – ырай, биирэ – үөдэн түгэҕэ.          Төһө да киинэ “Эдэр саас” диэн сырдык ааттаах буоллар, Дмитрий Давыдов үөдэн түгэҕин көрдөрүөхтээҕин сэрэйэ-сэрэйэ барбытым. Оннук да буолла: эмиэ Далее…

2 года назад

Хотугу норуоттар үҥкүүлэрин үөрэппитэ, үйэтиппитэ

Хореограф аан дойдутааҕы күнүнэн ситимнээн, хотугу норуоттар үҥкүүлэрин үйэтиппит соҕуруу дойду кыыһа Мария Жорницкая туһунан кэпсиэм. Бука, араспаанньатын сэргии истибит буолуохтааххыт. Кырдьык, Дьокуускай биир уулуссата кини кэргэнэ Ефим Жорницкай аатын сүгэр. Таптаһар сүрэхтэргэ тымныы да сылаас Ефим Львович өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ сүҥкэн үтүөлээх киһи. Кини ыраах Одесса куоратыгар 1899 сыллаахха төрөөбүт. Өрөбөлүүссүйэ дьалхаанын билбит, гражданскай уонна Аҕа дойду Улуу Далее…

2 года назад

Бастакы биологическай үлэни суруйбута

А.Е. Кулаковскай 1979 с. тахсыбыт “Научные труды” кинигэтигэр “Виды животного и растительного царств, известные якутам” диэн  анал салаа баарын билэҕит. Онно Өксөкүлээх Өлөксөй көтөр-сүүрэр, хамсыыр-харамай, үүнээйи сахалыы, нууччалыы, латыынныы ааттарын суруйан хаалларбыта киирбитэ. Бу үлэтэ бастаан 1929 сыллаахха Нуучча географическай уопсастыбатын сурунаалыгар бэчээттэммит. Илиинэн суруллубута (оригинала) билиҥҥэ диэри көстө илик. 2010 сыллаахха Людмила Реасовна Кулаковская Далее…

2 года назад

“ҺӨҔҮҤ: саха тыла – худуоһунньук хараҕынан” быыстапка-күрэс түмүгэ таҕыста

Айыы аймаҕа буолан, айар аналлаахпыт: былыр тыйыс да усулуобуйаҕа олорон, сиэдэрэйдик иистэнэллэрэ, ураннык уһаналлара, сэрии да кэмигэр кэрэ киэргэллэри оҥороллорун уҕарыппатахтара, билиҥҥи тиэхиньикэ үйэтигэр да илиинэн айар-тутар умнулла илик.   Дьэ, оннук тарбаҕар талааннаах ыччаппыт “ҺӨҔҮҤ: саха тыла – худуоһунньук хараҕынан” быыстапка-күрэскэ төрөөбүт тылы хартыынаҕа, оҥоһукка, ойууга-бичиккэ дьүһүйэн көрдөрдүлэр. Барыта 50 сайаапка киирбититтэн, 28 үлэ Далее…

2 года назад

“Саха тыла – худуоһунньук хараҕынан” быыстапка сонуннара

Ааспыт нэдиэлэҕэ дьүүллүүр сүбэ мустан, күрэх-быыстапка үлэлэрин сыаналаата. Түмүк ахсынньы 25 күнүгэр 16.00 чаастан Смарт-бибилэтиэкэ 302 аудиториятыгар биллэриллиэҕэ. Дьүүллүүр сүбэни билиһиннэрдэххэ, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Михаил Старостин, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Наталья Николаева, лингвист, төрүт тылы тарҕатыы, сайыннарыы үлэтин көҕүлээччи Николай Павлов-Халан уонна быыстапка тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ – поэт Далее…

2 года назад

Саха туой оҥоһугун туһунан кинигэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин историческай саалатыгар биир бэрт кэрэхсэбиллээх тэрээһин буолан ааста – саха тылынан уус-уран айымньытын хомуйааччы, чинчийээччи, этнограф, кыраайы үөрэтээччи Андрей Саввин-Өндүрүүскэ Саабын сахалар туой оҥоһуктарын туһунан «Гончарное ремесло у якутов» диэн кинигэтин биһирэмэ буолла. Ойуунускай алгыһынан Андрей Андреевич Саввин 1896 сыллаахха сэтинньи 21 күнүгэр Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа Далее…

2 года назад

Проекты и мероприятия в библиотеках города

Добрый день, друзья! Возвращаемся к вам с информацией о событиях сети городских библиотек. В ноябре в библиотечной системе стартовал проект популяризации культурных мероприятий среди молодежи «Пушкинская карта». Первое мероприятие для своих посетителей провела библиотека «Маяк» — встречу с актрисой ГАРДТ им. А.С. Пушкина Татьяной Медвинской «Основы ораторского искусства: урок по технике речи». Проект действует для Далее…