2 года назад 358
Култуура үйэлээх баайын – сыыппара эйгэтигэр
Тыыннаах хаалар туһуттан көмүлүөк оһоҕун тоҕус ыйдаах томороон тымныы устата салҕыбакка оттубут саха омук барахсан ол түҥ былыргыттан ыла күн бүгүнүгэр диэри биир кыһарыйар кыһалҕалаах – норуот быһыытынан сүппэтэх-симэлийбэтэх киһи диэн.
Төһө да аныгы үйэ буоллар, ити боппуруос билиҥҥи глобализация үйэтигэр өссө сытыырхайан турара мэлдьэх буолбатах. Кэлии-барыы, көһүү, итиэннэ Интэриниэт ситимигэр кыраныыссалар аһаҕастара, араас омук дьоно алтыһыылара хааччахтаммата – бу барыта биһиэхэ, аҕыйах ахсааннаах норуоттарга, охсуулаах буолуон сөп.
Ол иһин аныгы ньыманы туһанан, култуурабыт үйэлээх баайын сыыппара эйгэтигэр үйэтитэр сорук турар. Маныаха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ былааннаах үлэни көдьүүстээхтик ыытар. Ол курдук, Саҥа дьыл иннинэ ахсынньы 21 күнүгэр “Центр цифровизации языкового и культурного наследия народов Якутии” диэн киини арыйбыта.
Бу киин “Сыыппара биир кэлим эйгэтэ” (“Единая цифровая среда”) диэн бырайыак салаата буолар.
Саха Сирин норуоттарын төрөөбүт тылларын уонна култуураларын цифровизациялыыр киин үлэтин тохсунньу 26 күнүгэр улуустар култуураҕа управлениеларын салайааччыларыгар билиһиннэрдилэр.
Национальнай бибилэтиэкэ дириэктэрин бастакы солбуйааччы Василий Борисов докумуоннары оцифровкалыыр лаборатория үлэтин кэпсээтэ.
Лаборатория аныгы тиэхиньикэнэн хааччыллыбыт. Холобура, 5 мөл. солк. сыаналаах планетарнай “ЭЛАР” диэн сканер эргэ да кинигэни чуолкайдык түһэрэр кыамталаах эбит. Оттон 3Д-сканер туттар малы 3 өттүттэн түһэрэн ылар эрэ буолбатах, өссө киэбин эмиэ уһулан ылара сөхтөрдө.
Бу маннык ньыманан электроннай пуонданы байытан истэхтэрин ахсын, сыыппара биир сомоҕо эйгэтэ ситимнээхтик үлэлээтэҕинэ, бибилэтиэкэлэргэ сылдьыы 3 төгүл улаатыахтааҕын эттилэр.
“Энциклопедия Якутии” диэн электроннай справочнигы Наукалар академияларын Саха Сиринээҕи салаатын кытта оҥоро сылдьаллар. Бырайыак салайааччытынан ф.н.к. Варвара Филиппова буолар.
“Энциклопедия барыта 22 салааттан (разделтан), 67 хос салааттан (подразделтан) турар. Манна учуонайдар, академиктар бэлэмнээбит 12 тыһыынча ыстатыйалара олох бары эйгэтин хабаллар. Саамай элбэх матырыйаал култуура уонна ускуустуба салаатыгар түмүлүннэ. Бастакы тома (А, Б, В) бу сыллаахха тахсар”, – диэн сырдатта.
“Центр формирования интегрированных информационных ресурсов” киин салайааччыта Яна Чабыева кэпсиир:
-Бу энциклопедия тиэхиньиичэскэй өттүн «Дит-М» IT-хампаанньа оҥордо. Википедияҕа ким баҕарар көҥүл киирэн, информацияны угар бырааптаах буолан, онно сыыһа-халты элбэх буолар, оттон бу энциклопедия кырдьыктаах, бигэргэммит, бэрэбиэркэлэммит эрэ чахчыларга олоҕурар.
“Культурный код Якутии” бырайыак сүрүн соруга – матырыйаалынайа суох нэһилиэстибэни сыыппара эйгэтигэр үйэтитии буолар. Бу отдел үлэһитэ Валерия Лаптева тустаах сайтынан хайдах туһанары көрдөрдө.
“Олоҥхо” порталы сүрүннүүр Татьяна Хомоксонова саха эпоһыгар тоҕо туспа порталы оҥоро сылдьалларын быһаарда.
“Худуоһунньуктар, уустар, эдэр дьон олоҥхо туһунан информацияҕа наадыйан көрдөөтөхтөрүнэ, Интэриниэккэ улахан тугу да булбаттарын эппиттэрэ. Ол кыһалҕаны өйдөөн, олоҥхо, олоҥхоһуттар, толорооччулар туһунан, итиэннэ аудио, видео матырыйааллары угуохпут. Култуура үлэһиттэригэр олус туһалаах сайт буолуоҕа, бииргэ үлэлиэххэйиҥ”, – диэн ыҥырда.
Балары таһынан Национальнай бибилэтиэкэ сыыппара эйгэтигэр туһуламмыт хас да бырайыактаах. Холобура, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын виртуальнай түмэлэ, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын, тылларын, историяларын сэһэргиир “Книгакан” о.д.а.
Онон “Сохраняя традиции, создаем будущее” диэн тосхолунан киэҥ хабааннаах үлэ барар.
Александр Сыромятников хаартыскаҕа түһэриилэрэ