Творческое объединение "Культура Якутии", Автор в Блоги Якутии
Всего записей: 47

1 месяц назад

Арт-группа «Узкий взгляд» приглашает на встречу

Вечеринка, ремонт, приготовление еды, празднование дня рождения – любой жизненный процесс может стать началом выставки или темой для арт-объекта. Главное – взгляд, “узкий взгляд”. Именно так – через прищур – наблюдает за миром художник, концентрируясь на какой-либо идее, мысленно отсекая все лишнее, оставляя лишь суть. Об особенностях восприятия пойдет речь на творческой встрече с арт-группой Далее…

3 месяца назад

“ҺӨҔҮҤ” арт-эбийиэк тугу туһалаата?  

Икки сыллааҕыта бу Судаарыстыбаннас күнүгэр, ол эбэтэр 2022 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр, саха тылын уонна култууратын туһугар туруулаһар ыччат “Саха Сирин култуурата” диэн айар холбоһугун күүһүнэн, сахалыы дорҕоону бэлиэтиир ҺӨҔҮҤ диэн буукубаларынан дьүһүйүллүбүт арт-эбийиэк СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин тиэргэнигэр туруоруллубутун үөрүүлээх аһыллыыта буолбута. Туох соруктан бу арт-эбийиэк оҥоһуллубутун уонна тоҕо дьиэ кэтэҕэр турарын туһунан сиһилии Далее…

10 месяцев назад

Открыт прием заявок на отборочный этап

Союз художников Якутии, Национальная библиотека РС(Я), Творческое объединение «Культура Якутии» при поддержке Президентского фонда культурных инициатив объявляют о начале приема заявок на отборочный этап Республиканской выставки современного искусства «ҺӨҔҮҤ: якутский язык глазами художника 2.0». Как можно выразить язык через живопись или графику, фотографию, скульптуру, инсталляцию, аудио или видео творческую работу. Как родная речь может изменить Далее…

2 года назад

Аныгы суруйааччылар айымньыларын синопсистара

«ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы» куонкурус синопсиһын испииһэгэр киирбит аныгы суруйааччылар кинигэлэрин СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин ааҕар саалатыгар кэлэн билсиэххитин сөп. Бу айымньылар «Чолбон» сурунаалга тахсыбыттар: • Суоһааны “Марыыҥка”: №8, 2009 с.• Т.Поскачина “Учуутал күннүгэ”: №8-11, 2018 с. • А.Васильева “Куобах уос”: №5, 2012 с. Сурунаал архыыбын периодика саалатыттан булуоххутун эбэтэр онлайн бу https://cholbon.online/. сигэнэн киирэн ааҕыаххытын сөп. “ҺӨҔҮҤ: Далее…

2 года назад

Сахалыы айымньылар синопсистара уонна сигэлэрэ

“ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы” диэн буктрейлер күрэҕэр көмө синопсистары салгыы таһаарабыт. Сигэлэринэн киирэн, айымньылары толору ааҕыаххытын сөп. Буктрейлер диэн айымньы саамай сүрүн санаатын тиэрдэр уонна чаҕылхай түгэннэрин көрдөрөр видеоролик буолар. Куонкуруска алын кылаас о5олоруттан 35-тэригэр диэри ыччат кыттарын күүтэбит. Кыайыылаахтары сыаналаах бириистэр күүтэллэр. Тэрийээччилэр: СӨ Национальнай библиотеката, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ, “Саха Сирин култуурата” айар бөлөх. Далее…

2 года назад

Буктрейлер күрэҕэр үлэлэр киирэн саҕалаатылар

«ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы» буктрейлер күрэҕэр үлэлэр киирэн эрэллэр. Санатан эттэххэ, буктрейлер (book – кинигэ, трейлер – видеоролик) диэн айымньы саамай сүрүн санаатын тиэрдэр уонна чаҕылхай түгэннэрин көрдөрөр видеоролик буолар. Сүрүн соруга –  тустаах айымньыны киһи сэҥээрэн ааҕыан баҕарарын ситиһии, умсугутуу, интэриэһин тардыы. Маныаха араас иллюстрациялары, хаартыскалары, графиканы, видео о.д.а. көрдөрөр-иһитиннэрэр (аудиовизуальнай) ньымалары туһаныаххытын сөп. Куонкуруска Далее…

2 года назад

Сааскы сынньалаҥҥа үөрэнээччилэр тугунан дьарыктаныахтарын сөбүй?

Кинигэ ааҕыахтарын уонна онон буктрейлер оҥоруохтарын сөп! Сахалыы уус-уран айымньыны ааҕаргытыгар уонна ону рекламалыыр видеоролигы устан, «ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы» диэн куонкуруспутугар кыттаргытыгар ыҥырабыт. Үлэлэри ыам ыйын 13 күнүгэр диэри тутабыт.  Буктрейлергытын ханнык баҕарар сөбүлээбит айымньыгытыгар оҥоруоххутун сөп. Киинэ киэбинэн дуу, ойуулук (анимация) курдук уруһуйдаан дуу, саҥалаах дуу, суругунан эрэ дуу – ол барыта бэйэҕит көҥүлгүт, Далее…

2 года назад

“ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы”. Синопсистар

Соторутааҕыта биллэрбит «ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы» күрэхпитигэр ханнык баҕарар сахалыы уус-уран айымньыны буктрейлер оҥорон кыттыаххытын сөп. Өскөтүн саха литературатын үчүгэйдик билбэт дуу, биитэр итиччэ элбэхтэн биири талан ылары ыарырҕатар буоллаххытына, эһиэхэ анаан испииһэк бэлэмнээтибит. Ону тэҥэ – синопсистары – айымньылар кылгас ис хоһооннорун. Бүгүн Былатыан Ойуунускай үс айымньытын билиһиннэрэбит. Бу кэпсээннэри Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар П.Ойуунускай «Сэһэннэр, кэпсээннэр» электроннай Далее…

2 года назад

Болҕойуҥ, буктрейлер күрэҕэр кыттыҥ!

КҮРЭХ БАЛАҺЫАННЬАТА 1. Уопсай оҥкул 1.1. Бу балаһыанньаҕа «ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы» буктрейлер күрэҕэ ыытыллар бэрээдэгэ, болдьоҕо чуо ыйыллар. 1.2. Тэрийээччилэр: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ, «Саха Сирин култуурата» айар холбоһук.  1.3. Тутуһуллар сүрүн бириинсибэ – күрэхтэһээччилэр бары тэҥ усулуобуйаҕа кытталлар, дьүүллүүр сүбэ чиэһинэйдик сыаналыыр, барыта балаһыанньаҕа бигэргэммит бэрээдэгинэн барар. 1.4. Куонкурус хаамыытын туһунан Далее…

2 года назад

Үчүгэйдик үлэлиир САХАЛЫЫ КЛАВИАТУРА – Sakha Key

Үчүгэйдик, түргэнник үлэлиир САХАЛЫЫ КЛАВИАТУРА – SakhaKey. Айфон: Андроид: Cахалыы кылабатыыра аттарыыта (sakhalyy.ru) (пошаговые инструкции установки саха клавиатуры на любые гаджеты). Бэйэҥ телефоҥҥар туруорун уонна дьоҥҥо тарҕат!