2 года назад 350
“ҺӨҔҮҤ: саха тыла – худуоһунньук хараҕынан” быыстапка-күрэс түмүгэ таҕыста
Айыы аймаҕа буолан, айар аналлаахпыт: былыр тыйыс да усулуобуйаҕа олорон, сиэдэрэйдик иистэнэллэрэ, ураннык уһаналлара, сэрии да кэмигэр кэрэ киэргэллэри оҥороллорун уҕарыппатахтара, билиҥҥи тиэхиньикэ үйэтигэр да илиинэн айар-тутар умнулла илик.
Дьэ, оннук тарбаҕар талааннаах ыччаппыт “ҺӨҔҮҤ: саха тыла – худуоһунньук хараҕынан” быыстапка-күрэскэ төрөөбүт тылы хартыынаҕа, оҥоһукка, ойууга-бичиккэ дьүһүйэн көрдөрдүлэр.
Барыта 50 сайаапка киирбититтэн, 28 үлэ талыллан, ону үрдүк таһымнаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата: Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, Арассыыйа ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын академиятын бочуоттаах чилиэнэ, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Михаил Старостин – бэрэссэдээтэл, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Наталья Николаева, лингвист, тыл түсчүтэ, төрөөбүт тылы көҕүлээччи Николай Павлов-Халан.
Кинилэр хас биирдии үлэ хайдах уонна туохтан оҥоһуллубутун сыныйан көрөн, суолтатын ырытан, түмүккэ 6 лауреаты быһаардылар.
Ол курдук, Добун суругу уонна 10 тыһыынча суумалаах сэртипикээти туттулар:
Екатерина Шапошникова.
Кини холустаны түрдьэ кумааҕы курдук оҥорбут. Онно көтөр суолларынан латыынныы “Хаар түстэ” диэн суруйбут.
Итинэн ааптар көтөр-сүүрэр атаҕын суола айылҕа суруга-бичигэ буоларын бигэргэтэр. “Булчут ону илдьит курдук ылынан ааҕар уонна онтон элбэҕи билэр”, — диир Екатерина Ефимовна.
Василий Камшилин. Соҕуруу улааппыт нуучча график-худуоһунньуга, бу быыстапкаҕа “Письменность” диэн үлэтинэн кыттаары, саха тылын устуоруйатын дьаныһан туран үөрэппитэ хайҕаллаах.
–Бу бастакы ойуубар сахалар сүгүрүйэр Дьөһөгөй Айыылара бүтэйи тоҕо көтөн тахсыбытын көрөҕүт – үөрэҕэ суох хараҥа кэми туораабыппытын кэрэһилиир. Латыынныы буукубалар – саха бастакы лингвист учуонайа Сэмэн Ноҕуруодап, алпаабыты оҥорон, дьэ, онтон ыла сурук-бичик тарҕаммытын, саха норуота ааҕар-суруйар буолбутун кэпсииллэр. Ол аата билии сырдык суолугар үктэммиттэр. Саҥа кэмҥэ кириллицаҕа олоҕурбут алпаабыкка көспүттэр, ону кытта сайдыы үйэтэ саҕаламмыт. Ол эрээри саха тылын уратытын латыынныы буукубалар ордук толору уонна чопчу тиэрдэллэр эбит. Тоҕо диэтэххэ, бу буукубаларынан хайдах саҥарарыҥ курдук суруйуохха сөп.
Иккис үлэбин Ноҕуруодап алпаабытыгар анаатым. Оччотооҕуга 30 тыһыынча кэриҥэ киһи бу алпаабытынан үөрэнэн, сахалыы ааҕар-суруйар буолбут. Бастакы учуобунньуктар, кинигэлэр, хаһыаттар Ноҕуруодап алпаабытынан суруллубуттара. Ону бэлиэтээн, куобах туһунан остуоруйа тиэкиһинэн киэргэтэн биэрдим, — диэн кэпсиир лауреат Василий Камшилин.
Александра Захарова. Иван Арбита “Тыал” диэн хоһоонун ойуулаан, онно “Собо” бөлөх матыып айан, ырыанан доҕоһуоллаан, бэртээхэй клип оҥоһуллубут. Александра тыллары барытын Ноҕуруодап алпаабытынан суруйбута – эмиэ сонуннук көстөр.
Бу диэн эттэххэ, Ноҕуруодап алпаабытыгар интэриэс улааппыт, биитэр муода үөскээбит дуу? “Уопсайынан, ити алпаабыты хаалларбыттара эбитэ буоллар, омук тылларын үөрэтэрбитигэр судургу буолуохтаах этэ”, — дэстилэр быыстапкаҕа сылдьыбыт дьон.
Айталина Морсуева, Екатерина Кузнецова, Лена Рожина. Култуура уонна ускуустуба Аартыкатаҕы институтун устудьуоннара сахалыы айымньылартан этиилэри быысыбай ньыматынан лабиринт курдук анньан, “Мин тылым” диэн паннону оҥорбуттар.
Чахчыта да, биһиги тылбыт бу курдук араас тургутууну тулуйан, уларыйыылары туораан, баччаҕа диэри тыыннаах ордон тиийэн кэллэҕэ. Өссө да иннигэр элбэх моһоллор күүтэллэрин бу эрийэ-буруйа тигии сэһэргииргэ дылы.
Эдита Степанова. Кини икки үлэнэн кытынна. Бастакыта – “Suruk”. Сэбиэскэй кэминээҕи почта дьааһыгын дьэбинэ – суруйсубат буолбуппутун туоһулуур. Оннук хардарыта сурук ыытыһар истиҥин, долгутуулааҕын, санааны сааһылыырын таһынан, тылы чөл хаалларарга сабыдыаллаах эбит. Билиҥҥи сыыппара үйэтигэр, сахалыы клавиатураны туруорарбытын сүрэҕэлдьээн, “үөрүү” диэн тылы “уоруу” диэн суруйа сылдьарбыт хомолтолоох…
“Ханнык баҕарар көннөрү мал суолтатын быһаардахха, дириҥ ис хоһоонноно түһэр”, — диир Эдита Степанова. Кини иккис үлэтин туһунан бу курдук кэпсиир: “Эһэм биир да тоһоҕото суох оҥорбут мас олоппоһун киһи олоҕун кытта дьүөрэлиэххэ сөп. Чахчыта да, элбэҕи ааспыт, күн-дьыл тургутууларын туораабыт бу олох мас “олох” диэн тыл хас да суолтатын кэрэһилиир: 1. Олох – сиденье 2. Олох – жизнь», — диэн.
Лариса уонна Мария Захаровалар. “Кырачааннарга халандаары” сааһын тухары дьыссаакка иитэччинэн үлэлээбит ийэ уонна кини төрөппүт кыыһа, Санкт-Петербург А.Л. Штиглиц аатынан художественнай-бырамыысыланнай академияны бүтэрбит худуоһунньук, иккиэн биир сүбэнэн оҥорбут буолан, оҕо болҕомтотун тардар уратылаах, дьэрэкээн ойуулаах-бичиктээх.
Хас биирдии күн туох бэлиэ түгэннээҕин, устуоруйаҕа суолталааҕын кэпсиир ыйынньыктаах уонна уруһуйдаах. Манна даҕатан эттэххэ, Мария Мексикаҕа олорор. Онон саамай ыраах кыттааччыбыт буолар.
СӨ худуоһунньуктарын сойууһа Александра Неустроеваҕа, Дора Айкуо Тихоноваҕа, Эрсан Мордовскойга, Наталья Намыҥҥа, Христина Доктороваҕа, Марианна Малардыроваҕа, Татьяна Бурнашоваҕа, Екатерина Суржаниноваҕа, Гаврил Никутовка; Национальной бибилэтиэкэ Мира Аргуноваҕа, Йэн Сурга, Наталья Христофороваҕа, «Үйэ» арт-бөлөххө, “Айар” национальнай издательскай хампаанньа Анна Саввинаҕа, Сардаана Ивановаҕа, ювелир кыргыттар бөлөхтөрүгэр, Кулаковскай аймах Феодосий Заровняевка, Людмила Федороваҕа, Хаарчаана Баппаҕайҕа, “Архетип” айар бөлөххө, Екатерина Суржаниноваҕа, Сардаана Ивановаҕа кинигэ бэлэхтэрин туттардылар.
Ил Түмэн дьокутаата, саха тыла сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах киһи, “Кыым” хаһыаты сөргүтэн, норуот хаһыатыгар кубулуппут, “Хатан”, “Күрүлгэн”, “Байдам” курдук дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэммит сурунааллары төрүттээбит, билигин “Ил Түмэн” издательскай дьиэ генеральнай дириэктэринэн-кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлиир, Арассыыйа нацональнай СМИ-лэрин ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Мария Христофорова анал бирииһин “Кыым” хаһыатынан Аал Луук маһы оҥорбут Анна Саввинаҕа анаата.
.
Мария Николаевна “ҺӨҔҮҤ” бырайыагы олус сэҥээрбитин уонна саха тылын бэйэлэрин баҕаларынан киэҥ эйгэҕэ ускуустуба, култуура нөҥүө тарҕатарга дьулуһар ыччат бу хамсааһынын өйүүрүн, салгыы үлэлэһэрин биллэрдэ. Оттон Анна Саввина: “Бу “Ийэ тыл” инсталляциябын өссө ситэрэн-тупсаран баран, Бэчээт күнүгэр “Ситим-медиа” тэрилтэҕэ аҕалан бэлэхтиэм”, — диэн үөртэ.
Саха тэлэбиидэнньэтин биир бастыҥ суруналыыһа Георгий Белоусов, олоҥхоһут уран тыла, алаастан алааска тиийэн, орто дойду оһуорун курдук ойууламмыт “Алтынньы” диэн паннону сэҥээрэн, Дора Айкуо Тихоноваҕа худуоһунньук лааппытын сэртипикээтин бэлэхтээтэ.
Маны сэргэ бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах Василий Кривошапкин бу бырайыагы хара маҥнайгыттан биһирээн, сүбэ-соргу, көмө буолбута. Бу наҕараадалыыр дьоро киэһэҕэ спонсор эрэ буолбакка, фотограф быһыытынан эмиэ үлэлээтэ.
ҺӨҔҮҤ диэн саха төрүт дорҕоонун бэлиэтиир буукубаларбыт, чахчыта да, барыбытын биир сорукка түмтэ: төрөөбүт тылбытыгар болҕомто ууралларын, сахалыы саҥаны сайыннарар, туттуллар эйгэтин кэҥэтэр туһугар сомоҕолоһон үлэлииргэ.
Ол курдук, сыл устата бу бырайыагынан үлэлээн, билигин Национальнай бибилэтиэкэ тиэргэнигэр ҺӨҔҮҤ диэн арт-эбийиэкпит дьэндэйдэ, Саша Охлопков “ҺӨҔҮҤ” анимационнай үлэтэ омук сирдэригэр кытта билиннэ уонна “ҺӨҔҮҤ: саха тыла – худуоһунньук хараҕынан” быыстапкабыт элбэх киһи сэҥээриитин ылла.
Бу быыстапка-күрэс “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук көҕүлээһининэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин, СӨ Ил Дарханын гранын, Култуура көҕүлээһиннэрин пуондатын, СӨ Инновация сайдыытыгар пуондатын өйөбүллэринэн тэриллиннэ. Smart-бибилэтиэкэҕэ ый кэриҥэ көрдөрүүгэ турда. Ахсынньы 30 күнүгэр диэри кэлэн көрүөххүтүн сөп.
Быыстапкаҕа сылдьыбыт уонна санааларын суруйан хаалларбыт, бу хамсааһыны өйөөбүт дьоҥҥо ис сүрэхпититтэн махтанабыт!
Норуот тыыллаах – омук быһыытынан тыыннаах!
“Саха Сирин култуурата” айар холбоһук.