2 месяца назад 1303
“ҺӨҔҮҤ” арт-эбийиэк тугу туһалаата?
Икки сыллааҕыта бу Судаарыстыбаннас күнүгэр, ол эбэтэр 2022 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр, саха тылын уонна култууратын туһугар туруулаһар ыччат “Саха Сирин култуурата” диэн айар холбоһугун күүһүнэн, сахалыы дорҕоону бэлиэтиир ҺӨҔҮҤ диэн буукубаларынан дьүһүйүллүбүт арт-эбийиэк СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин тиэргэнигэр туруоруллубутун үөрүүлээх аһыллыыта буолбута.
Туох соруктан бу арт-эбийиэк оҥоһуллубутун уонна тоҕо дьиэ кэтэҕэр турарын туһунан сиһилии быһаарбыппыт бу манна баар:
Итиччэ үчүгэй мэҥэ бэлиэ киһи көрбөт сиригэр кистэнэн турарын туһунан блогердар, суруналыыстар бар дьон дьүүлүгэр таһааран сырдаппыттарын кэннэ, Ил Түмэн VI ыҥырыытын дьокутаата Мария Христофорова өйөбүлүнэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук улуус култуураларын үлэһиттэрэ кыттыылаах төгүрүк остуолу ВКС киэбинэн тэрийэн ыыппыппыт.
Ол кэпсэтиигэ Намтан Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ Вера Колпашникова Ленинскэй нэһилиэгин Оһуокай скверигэр ҺӨҔҮҤ диэн арт-эбийиэги туруорар бырайыактаахтарын туһунан эппитэ. Ити сайыныгар идиэйэлэрин олоххо киллэрэн үөрдүбүттэрэ.
Ол эрээри Намҥа эрэ буолбатах, Ньурбаҕа быһыылаах, итиэннэ Чурапчыга буолбут педагогическай дьаарбаҥкаҕа эҥин итинник арт-эбийиэктэри эмиэ оҥорбут этилэрэ.
Ону таһынан быыстапкаларга, уһуйааннарга, үөрэх кыһаларыгар сылдьан, ҺӨҔҮҤ диэн суруктаах оҥоһуктары, паннолары, симэхтэри, киэргэллэри, ойуулары, сөрүөлэри элбэхтэ көрөр буоллубут.
“Ити ҺӨҔҮҤ арт-эбийиэккит туох туһалааҕый? Ол онтон саха тыла сайынна дуо?” – диэн бу соторутааҕыта ыйыттылар.
Бастатан туран, ҺӨҔҮҤ бэлиэ кэнчээри ыччакка ураты тыллаах улуу омук оҕото буоларын умнубакка өйдүү-саныы сылдьыахтааҕын саҥата суох саната турар аналлаах.
Иккиһинэн, бу ҺӨҔҮҤ хамсааһын дьон төлөпүөнүгэр сахалыы шрифти туруорарыгар улаханнык сабыдыаллаабыта мэлдьэх буолбатах.
Үсүһүнэн, Анжелина Ильина диэн кыыс, былырыын Айыы кыһатыгар үөрэнэ сылдьан, эмиэ “ҺӨҔҮҤ” хамсааһын сабыдыалынан, итинник ааттаах испэктээги суруйбутун, Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай драматическай тыйаатыр туруорбута. Режиссер – Алгыс-Сиэн Мөрөс.
Манна даҕатан эттэххэ, сарсын балаҕан ыйын 28 күнүгэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар ол испэктээги көрдөрөллөр.
Төрдүһүнэн, ҺӨҔҮҤ хамсааһын чэрчитинэн “Саха тыла – худуоһунньук хараҕынан” быыстапка тэриллибитэ.
Бэртээхэй бырайыак биһирэнэн, быйыл иккистээн ыытаары, куонкуруска киирбит үлэлэри түмүү, көрүү түһүмэҕэ буола турар.
Бэсиһинэн, былырыын “Ил Түмэн” издательскай дьиэни кытта кыттыһан, сахалыы ааҕыыны көҕүлээн, тэттик ролигы устууга “ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы” буктрейлер күрэҕин тэрийбиппит.
Бу куонкурус киэҥ сэҥээриини ылан, быйыл аны видеопоэзия күрэҕэ буолла.
Интэриниэт үйэтигэр дьон уһуну аахпат да, истибэт да буолбута – олохпут чахчыта. Дэлэҕэ “Клиповая культура” уонна “клиповое мышление” диэн өйдөбүллэр үөскүөхтэрэ үһү дуо? Сөп ээ, информация тохтообокко кутуллар кэмигэр кылгас эрээри, чаҕылхайы, соһуччуну, уратыны уонна кэрэхсэбиллээҕи эрэ сэҥээрэллэрэ чуолкай буоллаҕа эбээт.
Ону учуоттаан, араас аныгы албастарынан ити курдук сабыдыаллыы сатыыбыт, саха тылыгар болҕомтолорун ууралларыгар кыһаллабыт, туспа тыллаах омук буолалларын санатабыт, түҥ былыргы өбүгэлэрбититтэн симэлийбэккэ кэлбит үйэлээх баайбытын бу айылаах сайдыылаах сыыппара үйэтигэр олорон сүтэрэрбит сүрэ бэрдин өйдөөн, харыстыырга уонна тарҕатарга үлэлэһэбит.
Онон ҺӨҔҮҤ диэн көннөрү киэргэл сурук буолбатах, бу Бэрт Дьикти диэн киһи сибээс тэриллэригэр киллэрбит шрифтэриттэн саҕалаан, Халан ҺӨҔҮҤ диэн наардаан биэрбититтэн тирэҕирэн, салгыы “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук сонун хайысхаларынан көҕүлээн, ону Национальнай бибилэтиэкэ өйөөн, ҺӨҔҮҤ хамсааһын тэнийэр, кэҥиир уонна көдьүүстээхтик үлэлиир.
Комментарии 1
Бэрт!