2 года назад 657
Үөрүүбүтүн бэйэбититтэн уорумуох
“Үлэм сүнньүнэн атын эрэгийиэн дьонун кытта элбэхтэ алтыһабын. Аҕыйах сыллааҕыта сөҕө истэрбит, бүрээттэргэ сылга 60 мөл. солк., татаардарга, башкирдарга 100-чэкэ мөл. солк. үбү бырабыыталыстыбалара төрөөбүт тылы сайыннарыыга анаан көрөрүн. “Тыл бэлиитикэтин биһиэхэ салалта өйүүр эрээри, дьоммут көҕө суохтара бэрт. Эһиэхэ, сахаларга, төттөрүтүн норуоттан бэйэтиттэн тахсар хамсааһыҥҥыт күүстээх”, — диэн хайҕаан тураллар”, — диэн кэпсээтэ “Кыым” хаһыат шеф-эрэдээктэрэ Альберт Капрынов “Саха тыла айар дьон хараҕынан: “ҺӨҔҮҤ” арт-эбийиэк уонна “ҺӨҔҮҤ: саха тыла – худуоһунньук хараҕынан” быыстапка-куонкурус холобурдарыгар” диэн төгүрүк остуолу салайан ыытарыгар.
Бу тэрээһин улуустары кытта видео-сибээс көмөтүнэн ыытылынна. Норуот дьокутаата Мария Христофорова уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин көҕүлээһиннэринэн тэрилиннэ. Сыала-соруга – саха тылын ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма көмөтүнэн тарҕатыыга кыттыһарга ыҥырыы.
Мария Христофорова, Ил Түмэн дьокутаата:
-Кэлиҥҥи сылларга саха тылыгар салалта өттүттэн улахан болҕомто ууруллар буолла. Ол курдук, Национальнай бэчээт күнэ баар буолла. Тыл бырагыраамата бигэргэннэ. Норуот дьокутааттара туруорсан, төрөөбүт тылы сайыннырыыга анал үп көрүллэрин ситистибит. Ол курдук, бастаан 56 мөл. солк., оттон былырыын Ил Дархан Айсен Николаев 100 мөл. солк. тахса үбү анаабыта. Быйыл да, эһиил да итинтэн итэҕэһэ суох үп көрүллүөхтээх. Бу саха тылын туһугар туруулаһар дьон барыбыт кыайыыта буолар.
Сардаана Сыромятникова, уопсастыбанньык:
-“Саха Сирин култуурата” диэн айар холбоһукка норуоппут кэскилин, инники дьылҕатын туһугар долгуйар, кыһаллар ыччат бэйэтин баҕатынан кыттыһан үлэлэһэр. Өксөкүлээх Өлөксөй норуот быһыытынан тыыннаах хааларбытыгар, сайдарбытыгар түөрт хайысханы туһаайбыта: 1. Сурукпутун-бичикпитин тэнитии. 2. Саха литературатын тарҕатыы. 3. Төрүт дьарыгы култуураны сөргүтүү, утумнааһын. 4. Төрөөбүт тылынан сырдатыы үлэтин ыытыы. Биһиги бөлөхпүт бу түөрт суолу тутуһар. Онуоха аныгы олох ирдэбилигэр сөп түбэһэр, ыччакка табыгастаах ньымалары туһанабыт.
Елизавета Мигалкина, поэт, ҺӨҔҮҤ хамсааһыны көҕүлээччи:
-Сардаана эппитин курдук, саха тылын аҥаардас уус-уран айымньынан эрэ буолбакка, билиҥҥи үйэҕэ араас ньыманан тарҕатыахха сөп. Холобура, бу ойуулуур-дьүһүннүүр аныгы ускуустуба нөҥүө. Биитэр саха киинэтэ олус сайынна. Ыччат киинэни сэргээн көрөр. “Искусство кино” диэн сурунаал толорор дириэктэрэ Владимир Кочарян сахалар пассионарийдар буолалларын бэлиэтээбит этэ. Аҕыйах да буолларбыт, мөлүйүөнүнэн ахсааннаах омуктардааҕар көхтөөхпүтүн, барытыгар холонон көрөрбүтүн, саҥаны айа-тута сатыырбытын хайҕаабыт. Тыллаахпытын тухары тыыннаахпытын өйдүүрбүт кэрэхсэбиллээх, бу курдук биир санаанан үлэлиэххэйиҥ.
Александра Неустроева, ҺӨҔҮҤ арт-эбийиэги оҥорсубут худуоһунньук:
-Бэйэм култуура институтугар, художественнай училищеҕа уонна оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолатыгар уһуйааччынан үлэлиибин. Онно кэтээн көрөрбүнэн, билиҥҥи ыччат, тыаттан үөрэнэ да кэлээччилэр, үксүн нууччалыы саҥарар буолбуттар. Ол иһин биһиэхэ, ускуустуба дьонугар, төрөөбүт тыл кыһалҕата эмиэ сытыытык туран, бу “Саха Сирин култуурата” айар холбоһукка кыттыһан, сахабыт тылын кэрэһилиир төрүт дорҕооннорбут буукубаларынан арт-эбийиэк оҥорорго быһаарбыппыт.
Худуоһунньук дьүөгэлэрим Анна Саввина, Людмила Федорова буолан эскиһин уруһуйдаабыппыт. Бастаан муустан, мастан эҥин оҥорор санаалар бааллара. Онтон үйэлээх буоллун диэн, тимиртэн оҥордубут.
Турар миэстэтэ олус сөп. Национальнай бибилэтиэкэ диэн култуура үйэлээх баайын хараанньыта буоллаҕа эбээт.
Уопсайынан, ҺӨҔҮҤ бырайыагынан сыл устата элбэх үлэ барда. Өктөм пааркатын муус, хаар скульптураларынан киэргэппиппит. Өксөкүлээх 5 сылынан, быйылгы оҥоһуктарбыт суруйааччы айымньыларыгар ананыаҕа.
Ювелир устудьуоннарбын кытта ҺӨҔҮҤ диэн киэргэллэри-симэхтэри быыстапкаҕа анаан оҥорбуппут. Дьиҥэр, фирмалары кытта дуогабардаһан, атыыга да таһаарыахха сөп.
Бэс ыйыгар “Өксөкү” диэн инсталляция быыстапкатын тэрийбиппит.Онно кумааҕыттан Өксөкүлээх этиилэрин кырыйан киэргэппиппит. Нэдиэлэ устата онно араас тэрээһин буолбута: поэзия киэһэтэ, ыраастаныы, олоҥхону истии, о.д.а.
Бу курдук саха тылын ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманан тарҕатарга улуустар кыттыһыҥ диэн ыҥырабын, нэһилиэккитигэр арт-эбийиэктэри туруоруҥ. Биһиги ыйан-кэрдэн, сүбэлээн биэриэхпит.
Татьяна Хомоксонова, “ҺӨҔҮҤ” бырайыак тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ, Национальнай бибилэтиэкэ үлэһитэ:
-Билигин ҺӨҔҮҤ бренд буолан эрэр. Оттон буукубалары итинник сааһылаан ууран, бастакынан куйаар ситимигэр киллэрбит киһинэн Николай Павлов-Халан буолар. Ону сэргэ тумус туттар киһибит Ульяна Винокурова олугу уурсубута. Ол курдук, кини көҕүлээһининэн, АГИКИ устудьуоннара сахалыы шрифтэри клавиатураҕа туруорар аахсыйаны 2013 сыллаахха ыытан тураллар.
“Саха Сирин култуурата” айар холбоһук уопсастыбаннай төрүккэ олоҕуран үлэлиир. Онон идиэйэбитин барытын олоххо киллэрэргэ үппүт-харчыбыт суох. Ол иһин 3 суолу тутуһан, арт-эбийиэк турарын, быыстапкалар тэриллэллэрин ситистибит. Ону уопут курдук билиһиннэриим.
Бастатан туран, тэрилтэлэри кытта үлэни кыайа-хото туттубут. Арт-эбийиэкпитин Национальнай бибилэтиэкэ тиэргэнигэр туруоран, бэйэтин көрүүтүгэр-истиитигэр ылбытыгар махтанабыт. Хаһаайыннаах оҥоһук хаһан да алдьаныа, быраҕыллыа суоҕа, тупсан, киэркэйэн иһиэ. “Смарт” бибилэтиэкэҕэ тэрээһиннэрбит ыытылыннылар. Инновация сайдыытын пуондата массыынатынан тиэйиигэ-илдьиигэ тиийэ көмөлөстө. “Тундра” анимационнай устуудьуйа 400 тыһ. солк. суумалаах ролигы буор-босхо оҥорон биэрдэ.
Иккиһинэн, РФ Бэрэсидьиэнин “Фонд культурных инициатив” уонна Ил Дархан граннарыгар бырайыакпытын көмүскээн, 800-чэ тыһ. солк. үбү ылбыппыт. Онон бу арт-эбийиэк оҥоһулунна, итиэннэ ый устата “ҺӨҔҮҤ – худуоһунньук хараҕынан” быыстапка көрдөрүүгэ турда. Уопсайынан, бэйэм быһаарбыппынан, граннары элбэх киһини хабар тэрээһиннэргэ хамаҕатык биэрэллэр эбит. Пааматынньыкка соччо биэрбэттэр курдук. Ол иһин биһиги, сүүйүүлээх буоллун диэн, ити быыстапканы киллэрэммит, арааһа, үп ылары ситистибит быһыылаах.
Үсүһүнэн, информация үлэтин киэҥник ыыттыбыт. Хаһыаттарга, саайтарга, социальнай ситимнэргэ үлэ хаамыытын сырдатан, киһи бөҕө бу хамсааһын туһунан биллэ. Спонсор буларга да ол туһалыыр. Онон маннык былааннаахтык дьаһанан үлэлээтэххитинэ, киһи үбү-харчыны булуон сөп эбит.
Надежда Комиссарова, СӨ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ:
-“ҺӨҔҮҤ: саха тыла – худуоһунньук хараҕынан” быыстапкаҕа 32 үлэ көрдөрүүгэ турбута. Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга Михаил Старостин бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, итинтэн алтата лауреат аатын ылбыта: холустаны түрдьэ кумааҕы курдук оҥорон, онно көтөр суолларынан латыынныы “Хаар түстэ” диэн суруйбут Екатерина Шапошников,
“Письменность” диэн үлэтинэн кыттаары, саха тылын устуоруйатын дьаныһан туран үөрэппит Василий Камшилин
Иван Арбита “Тыал” диэн хоһоонун ойуулаан, онно “Собо” бөлөх матыып айан, ырыанан доҕоһуоллаан, бэртээхэй клиби устубут Александра Захарова
сахалыы айымньылартан этиилэри быысыбай ньыматынан лабиринт курдук анньан, “Мин тылым” диэн паннону айбыт Айталина Морсуева, Екатерина Кузнецова, Лена Рожина
“Suruk” уонна “Олох” диэн инсталляцияларынан Эдита Степанова
оҕо болҕомтотун тардар уратылаах, дьэрэкээн ойуулаах-бичиктээх “Кырачааннарга халандаары” оҥорбут Лариса уонна Мария Захаровалар.
Онон саха тылын тарҕатыыга тарбаҕар талааннаах да дьон уруһуйунан, оҥоһугунан бэйэлэрин кылааттарын киллэриэхтэрин сөп эбит.
Вера Колпашникова, Намнааҕы Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ:
-Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников Нам бөһүөлэгин киинигэр сир биэрэн, онно Оһуокай скверэ тутуллуохтаах. Ол түһүлгэ ортотугар ҺӨҔҮҤ диэн арт-эбийиэги туруорар соруктаахпыт. Быйыл сирин-уотун оҥоруу үлэтэ барыахтаах. Нэһилиэнньэ сөбүлээн сылдьар кырасыабай миэстэтэ буолуохтаах.
Георгий Белоусов, “Саха” НКИХ суруналыыһа, ыытааччыта:
-Бу соторутааҕыта туман быыһынан үлэбэр быһалыы бараары, Национальнай бибилэтиэкэ тэлгэһитин иһинэн хааман иһэн, дьэ доҕоор, ҺӨҔҮҤ диэн буукубаларбыт уу чуумпутук бу барыһан тураллар эбит. Били, оҕо сылдьан мунан баран, быраҕыллыбыт бүүс-бүтүн сайылыкка тахсан кэлбиппэр курдук соһуйдум. Ону сторис гына устан таһаарбытым, өрөспүүбүлүкэҕэ улахан сэргэхсийиини оҥордо быһыылаах. Киһи бөҕө суруйда. Ону тоҕо итиннэ саһан турарын Национальнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бэркэ быһааран суруйбуттар этэ. Ойдом ыраах олороммут, тылбытын тутан хаалбыппытыгар тэҥнээн, итинник наһаа биллибэт-көстүбэт сиргэ турара эмиэ ураты суолталааҕын бэлиэтээн туран, инники былааннарын эппит этилэр. Ол эрээри, мин санаабар, быһах дуу, хомус дуу оҥорор сатабылбытын саһыаран-кистээн харыстыахха сөп курдук, оттон тылбытын кэрэһилиир, үйэтитэр бэлиэни киэҥ сиргэ туруорар тоҕоостоох.
Светлана Попова, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрин солбуйааччы:
-Георгий Ефимович бу боппуруоһу көтөҕөн, дьон болҕомтотун тардыбыккар махтанабыт. Бибилэтиэкэ иннигэр, бастатан туран, сырыыта бэрт, массыыналар тураллар. Иккиһинэн, киртийэн хаалыа диэммит, итиннэ тиэргэммитигэр сквердээхпит ээ, онон дьүөрэлээн туруорбуппут. Кэлин тэрээһиннэри ыытарга, сыана курдук буолуоҕа, аттыгар ыскамыайка туруоран, эркинин кырааскалаан, ыччат тоҕуоруһа мустар миэстэтигэр кубулутар соруктаахпыт. Онно биллэр-көстөр дьон сырдатыы, спонсор булуутуугар күүс-өйөбүл булуоххутун сөп.
Сардаана Сыромятникова:
-Оннук, ити бибилэтиэкэ бэйэтин арт-эбийиэгэ буоллаҕа дии. Итинэн эрэ муҥурдаммакка, саҥа арт-эбийиэктэри оҥорон иһиэххэ диэн ыҥырар соруктаах бу ВКС ыыта олоробут. Оттон ити бастакы хардыы буолар.
Николай Павлов-Халан, төрөөбүт тыл туһугар туруулаһар киһибит:
-Дорҕоон диэн тылбыт баайа. Ону гаджет тэнийиэҕиттэн суруйбат буолан эрэбит. Үйэ анараа өттүгэр мурун Й буукубата баара. Бу дорҕоон Нь уонна Й икки ардынан этиллэрэ. Кийиит, ийэ, о.д.а. дириҥ өйдөбүллээх тылларга туттуллара. Алпаабыкка буукуба быһыытынан киирбэккэ хаалан умнуллубут. Ол тэҥэ, бу тутан хаалбыт Ө, Һ, Ҕ,Ү,Ҥ буукубаларбыт төлөпүөммүтүгэр сахалыы клавиатураны туруорбатахпытына, эмиэ сүтэн-симэлийэн хаалыан сөп.
Уонна саамай баҕарарым диэн, төрөппүттэр оҕо төрөөбүт тылын билэрэ туох суолталааҕын өйдүөхтэрин наада. Оччоҕо эрэ ыытар үлэбит кэскиллээх буолуо.
Ульяна Винокурова, социологическай наука дуоктара:
-Устуоруйа кэрчик кэмнэрин ылар буоллахха, бастакы сурунаал “Саха саҥата” диэн этэ. Ол саҕана сурукка убамматах дьон саҥарар култууралаах этибит. Онтон, дьэ, сурукка-бичиккэ киллэриигэ умса түһэн үлэлээбит күүрээннээх күннэр үүнэллэр. Онуоха баара-суоҕа ити 5 дорҕоону уонна дифтону тутан хаалбыппыт. Ону да информационнай технологиялар үйэлэригэр сүтэрэр кыһалҕа турда. Бассаапка “үөрдүм” диэни “уордум” диэн суруйа сылдьаллар. Ити Һ, Ө, Ҕ, Ү, Ҥ буукубаларбыт ытык өйдөбүллэрбитигэр бааллар эбээт: үлэ, өркөн өй, түһүлгэ, о.д.а. Ону уларытан-тэлэритэн суруксуттуу олоробут. Ол иһин өһүргэнэммин диэххэ, 2012 сыллаахха АГИКИ устудьуоннарын кытта хамсааһыны саҕалаабыппыт: гаджеттарга сахалыы клавиатуралары туруорууну. Халан бырайыагынан. Урут илиинэн суруйар эрдэхпитинэ, ити дорҕооннорбутун сөпкө саҥарарбыт. Билигин тыл кэннигэр турар Ҥ чуолкайдык этиллибэт да буолан эрэр. Эмиэрикэҕэ сырыттахпына, саҥарарбын истэн олус кэрэхсииллэрэ. Төрүт олохтоохторо оччолортон ити кыһалҕаҕа сылдьаллара. Ол иһин аҥаардас төрүт дорҕоонунан эрэ ырыалары толороллоро. Ол кыһалҕа биһиэхэ тирээн эрэр. Онон маннык араас ньымалары туһанан, төрөөбүт саҥабытын, төрүт тылбытын тарҕатар хайҕаллаах. Аны туран, мин саҥа диалектнай уратытын харыстыырга туруулаһабын. Холобура, бэйэм халымалыы саҥабын күн бүгүҥҥэ диэри сүтэрэ иликпин. Ураты кэрэ көстүүбүт дии саныыбын. Уонна бу ҺӨҔҮҤ курдук арт-эбийиэктэри куорат киин сиригэр оҥорон туруорарга турунуоххайыҥ.
Сүбэ мунньах түмүгүнэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин тиэргэнигэр баар арт-эбийиэк курдук, саха тылыгар анаммыт оҥоһуктары, тутуулары улуустарга уонна киин куорат көстөр сирдэригэр туруорарга үлэлэһэр сорук турда.
Чурапчыттан Дмитрий Попов тыл бырагырааматынан көрүллэр үптэн улуус тоҕо тиксибэтин ыйытта. Онуоха бу боппуруоһу норуот дьокутааттара туруорсалларын Мария Христофорова эттэ уонна киниэхэ чопчу хоруйу бэлэмнээн ыытыах буолла.
Дьэ, онон доҕоттоор, тылбытын сайыннарар туһугар туох баар аныгы албастары, сонун ньымалары туһанан, ыччакка тарҕатыах. Холобура, бу бүгүҥҥүттэн ыла СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ, “Саха Сирин култуурата” айар бөлөх «ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы» диэн буктрейлер өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһун биллэрдилэр. Кыттыҥ уонна кыайыҥ!Балаһыанньатын саайтан билсиэххитин сөп.
Суруйда Анисия Иевлева