"ҺӨҔҮҤ: хоһоонунан хоһуйуу" видеопоэзия күрэҕэ түмүктэннэ - Блоги Якутии

7 месяцев назад 924

“ҺӨҔҮҤ: хоһоонунан хоһуйуу” видеопоэзия күрэҕэ түмүктэннэ

         Инсталляция, перформанс, буктрейлер, арт-эбийиэк, анимация, клип, о.д.а. аныгы араас ньыманы туһанан, саха тылын ыччакка көҕүлүүр, тарҕатар соруктаах ҺӨҔҮҤ хамсааһын чэрчитинэн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларынан ВИДЕОПОЭЗИЯ күрэҕин тэрийэн ыыттылар.

         Видеопоэзия диэн хоһооҥҥо ролик устан киэргэтиини ааттыыллар. Холобура, маннык:

Дьэ, ити курдук анаан уһуллубут каадырдарынан, ону тэҥэ бэлэм хартыыҥкаларынан, оҕо бэйэтин уруһуйунан, графическай ойуулуктарынан  ситэриллибит-киэргэтиллибит 61 үлэ куонкуруска киирдэ. Ону барытын дьүүллүүр сүбэ сыныйан көрдө-иһиттэ: тыл үнүстүүтүн үлэһитэ, саха литэрэтиирэтин чинчийэр учуонай, билим хандьыдаата Саргылаана Ноева, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, АГИКИ преподавателэ Надежда Комиссарова, Саха академическай тыйаатырын уонна киинэ артыыһа Елена Маркова, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт Елизавета Мигалкина, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин медиа-киинин видеомонтажера Михаил Эверстов.

         Бааллары эбитэлээн, уопсай түмүгү таһаарбыппытыгар, V-VII кылаастарга кыайыылааҕынан Хаҥалас улууһун Тиит Арыы Г.В. Ксенофонтов аатынан оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ Лилиана Гоголева норуодунай поэт С.Р. Кулачиков-Эллэй “Үөрэх ыҥырыыта” диэн хоһоонугар видеопоэзията бастаата (сал. Л.А. Гоголева, Р.И. Самсонова).

Уһун хоһоону нойосуус үөрэтэн, өйүттэн иэйиилээхтик аахпыт Лилианаҕа “Сосновый бор” лааҕырга сынньанар путевка ананна. Итиэннэ https://new.nlrs.ru/ сайтпыт учуотчуга бигэргэппитинэн, бу видеопоэзияны 5 хонук иһигэр 842-тэ көрөн ааспыттар эбит, онон Национальнай бибилэтиэкэ киниэхэ анал бэлэҕин дириэктэри солбуйааччы Василий Борисов туттарда.

Сыһыары тутан эттэххэ, Тиит Арыы “Айылгы” медиа-киинин эдэр кэрэспэдьиэннэрэ Эллэй “Талыы-кэрэ Сахам Сирэ” хоһоонугар видеопоэзиялара эмиэ олус сэргэх.

VIII-XI кылаастарга Кэбээйи Е.Е. Эверстов аатынан оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ Айсен Егоров кыайда (сал. М.Е. Павлова).

Дьүүллүүр сүбэ эрэ буолбатах, көрөөччүлэр эмиэ сэҥээрбиттэр, куоластааһын кэмигэр ролигын 615 төгүл, кинигэни уларсар курдук, толору эргитэн көрбүттэр. Онон Айсен путевканы таһынан, өссө аныгы тиэхиньикэ табаарын атыылыыр “Мой кейс” маҕаһыыҥҥа 3000 суумалаах сэртипикээтинэн Национальнай бибилэтиэкэттэн наҕараадаланна.

Суруйааччы дьылҕатын, айымньы ис хоһоонун, ааҕааччыга тиэрдэр санаатын барытын биир тиһиликкэ уратытык ситимнээн, бүтүн бөлүһүөктүү өйдөбүллээх тэттик киинэни таҥан таһаарбыт “Твин Пикс” телестудия (Намыы, Булуҥ, сал. С.И. Тобонова) айар түмсүүлэргэ бастыҥынан ааттанна.

Хоту сибээс мөлтөх диибит да, “баҕалаах баҕанаҕа ыттар” дииллэринии, онлайн куоластааһыҥҥа ыраах муустаах Лаптев муоратыттан чугас олорор бороҕоттор, уустук диэбит регистрацияҕытын, хата, ыарырҕаппакка судургутук ааһан, поэт Альберт Бүлүүйүскэй “Мин бүгүн эдэрбин” сонеттарын дьөрбөтүгэр уһуллубут видеопоэзияҕа 195 куолаһы биэрбиттэр. Дьэ, көрүҥ, кыһаннахха, интэриниэт бытаан да сиригэр оннооҕор табыллар эбит. Итинник диэн хайҕаан туран, бу телестудияҕа – “Сосновый бор” лааҕырга 2 путевка.

         Кинилэри оруобуна 20 куолаһынан куоһаран, Үөһээ Бүлүү Тамалакаан оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ Эрсан Алексеев поэт Василий Ушницкай-Сэки “Ытыктааҥ, харыстааҥ, ветеран дьоннору” хоһоонугар видеопоэзията ( сал. А.А. Павлова, Н.Н. Михайлова) “Көрөөччү биһирэбилэ” ааты ылла уонна өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 1998 сыллаахха бүтэрбиттэр туруорбут 10 тыһыынча солкуобай уу харчынан бириэмийэлэрин тутар чиэскэ тигистэ.

Дьиэ кэргэттэргэ Кэбээйиттэн IV “б” кылаас үөрэнээччитэ Диана Павлова уонна кини эбээтэ Марина Семеновна, эһээтэ Артем Алексеевич Киренскэйдэр ҺӨҔҮҤ кубогын ыллылар (сал. А.Д. Захарова, А.П. Терехова). Үйэлээх айымньы көлүөнэлэри ситимниирин кэрэһилээн кэпсиир кэрэхсэбиллээх видеороликка – саха култууратын уонна тылын аныгы кэмҥэ үйэтитэр “Көмүлүөк” фирма сиэдэрэй иһитэ. 

Эдэр аҕа Клим Иванович Эверстов оҕолоро Марианнаны уонна Харысхалы кытта видеопоэзиялара эмиэ бэртээхэй. Дьиэ кэргэн сылынан кинилэри сэмэй бирииһинэн бэлиэтээтибит. Уопсайынан, кэбээйилэр куонкуруска көхтөөхтүк кытыннылар. Маныаха учуутал Антонина Петровна Тереховаҕа махтанабыт. Кини көҕүлээһининэн былырыын 8 буктрейлеры оҥорон ыыппыттар эбит буоллаҕына, быйыл 7 видеопоэзияны тутан үөрдүбүт. Онон Кэбээйи Е.Е. Эверстов аатынан оскуолатыгар “Сосновый бор” лааҕырга путевканы аныыбыт.

Маннык путевканан наҕараадаланаллар – Орто Халыма улууһун Налимскай ( сал. Л.А. Третьякова, В.В. Еремеева) уонна Өлөөкө Күөл (сал. И.Е. Ноговицына) оскуолалара. Иккиэннэригэр Бүөтүр Тобуруокап “Танюша туһунан” хоһоонугар видеопоэзия баар. Сааскылаана Бубякина (Өлөөкө Күөл) бэйэтэ уруһуйдаан оҥорбутун дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ Саргылаана  Ноева, олус сэргээн, анал биирин туттарда.

Оттон эбээни уонна сиэн кыыһы бэркэ үтүктүбүт Владилена Третьяковаҕа (Налимскай) – “Астыктык артыыстаан ааҕыы” анал ааты кытта “Скинтайм” маҕаһыын тас көстүүнү тупсарынарга аналлаах кэсмиэтикэтэ Халымаҕа барар.

Бүлүү куоратыттан кыттааччы быйыл элбэх. Барыта таһымнаах үлэлэр. Г.С. Донской аатынан 2-с нүөмэрдээх оскуола учууталлара И.Д. Докторова, А.В. Тимофеева, Р.В. Торотоева элбэх оҕону бэлэмнээбиттэр.

IX “б” кылаас “Дуолан” бөлөҕүн “Хоһооннор – дьоннор” видеопоэзиятыгар Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Николаевич Винокуров кыттыбыта хайҕаллаах. Кини ханнык баҕарар сайдыы духуобунай төрүккэ олоҕурарын таба өйдүүр салайааччы буоларын улуус талааннаахтарын күүһүнэн биир дойдулаах композитордара Марк Жирков “Сыгый Кырынаастыыр”, “Ньургун Боотур” операларын туруоралларыгар көҕүлээбитэ да туоһулуур. Оттон биһиги бу куонкуруспутугар хоһоон ааҕан, кэнчээри ыччакка бэйэтинэн холобур буолбутугар тэрийээччилэр ааттарыттан Сергей Николаевичка махтанабыт.

         Аны ити IX “б” кылааспытыгар үөрэнэр  Айынаат Адамов норуодунай поэт Күннүк Уурастыырап “Олох” диэн хоһоонун бэрт чуордук, дорҕоонноохтук ааҕан, “Киһи истэ биһириир ааҕыыта” диэн анал ааты ылла уонна дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, Саха тыйаатырын артыыһа Елена Маркова анал бирииһин тутта. Елена Дмитриевна: “Хоһоону наһаа үчүгэйдик өйдөөбүт, нууччалыы этэххэ, чувствуйдаабыт”, – диэн эттэ.   

Өссө бу оскуолаттан “Уолан” бөлөх, VI “б” кылаас үөрэнээччитэ Леонид Николаев бэркэ кытыннылар. Поэзияны умсугуйар уран дууһалаах буола улааттыннар диэн, “Айар” кыһа олохтообут хоһоон кинигэлэрин биэрэбит.

Г.И. Чиряев аатынан 1-кы нүөмэрдээх оскуола “Ориентир” медиа-киинэ (сал. М.К. Ионова), өрүү буоларын курдук, бары ирдэбилгэ хоруйдуур үлэлээхтэр. Күлүм гынан ааспыт талааннаах поэтесса И.Колодезникова-Ымыы “Саха балаҕана” хоһоонугар видеопоэзияларын улаханнык биһирээтибит уонна, бастыҥнар кэккэлэригэр киллэрэн туран, путевканан наҕараадалыыбыт.

Оттон “Репортер” (сал. К.В. Дорофеева) медиа-киин видеопоэзиятыгар эдэр кэрэспэдьиэн Джулианна Дорофеева оператор быһыытынан сатабылын көрдөрбүт. Киниэхэ – “Скинтайм” нобуора.

Тустуук буолаары, Таатта Дьохсоҕонугар ыраахтан-чугастан кэлэн уһуйулла сылдьар интэринээт иитиллээччилэрэ – “Дьохсоҕон боотурдара” (сал. Л.П. Тарбахова, В.Ф. Колотинская) – күннээҕи олохторугар спорт эрэ буолбакка, хоһоон эмиэ баарын, спортсменнар диэн дьиҥнээх патриоттарын, ханна да күрэхтэһэ бардахтарына, дойдуларын ахталларын, Сахабыт Сирин аар-саарга ааттатар ыра санаалаахтарын сэһэргиир видеопоэзияларыгар бириис – путевка.

         Көхтөөх кыттыыларын иһин Ньурба улууһун Дьиикимдэ (сал. Л.А. Сабычикова), Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа лиссиэйэ (сал. М.Г. Петрова), Амма улууһун Сатаҕай (сал. Р.Р. Егорова,  Х.Е. Скрябина), Мэҥэ Хаҥалас улууһун Алтан (сал. А.М. Попова) оскуолаларыгар биирдии путевка ананна.

Манна даҕатан эттэххэ, путевкалар чопчу болдьохторо суох. Бу кыһыҥҥыттан саҕалаан, сыыйа-баайа ыҥыртаан иһиэхтэрэ, биһиги эрдэ биллэрэн иһиэхпит. 

Бэдьимэлэр быйыл эмиэ көхтөөхтөр. Маныаха Мария Ивановна Плюк диэн учууталы бэлиэтиир оруннаах. Кини салайар VIII кылааһа олохтоох ааптар Акулина Говорова “Кэс тыл”, төрөппүт кыыһа Айысхаан ааптар быһыытынан “Бэдьимэ” (Дуораана хоһоонугар), уола Эрсаан “Ытанньах саллаат буолбат”, кыра кыыһа Нарыйаана ойуулаабыт “Кутуйах” роликтарынан кыттан, дьиэ кэргэн көхтөөҕүн көрдөрдө. Плюктарга ҺӨҔҮҤ хамсааһын суолдьут сулуһа, өрүү өйүүр уопсастыбанньыкпыт, социологическай наукалар дуоктара, бэрэпиэссэр Ульяна Алексеевна Винокурова туруорбут наһаа абыраллаах “Төрүччү” кинигэтин туттардыбыт.

Аны туран, Өксөкүлээх Өлөксөй “Кутуйах” хоһоонугар Нарыйаана Плюк графическай уруһуйунан ойуулук оҥорбутун Кулаковскай аймах бары сэҥээрэн көрбүттэр уонна эһэлэрин кинигэтин илии баттаан биэрбиттэрин тиксэрдибит.

Бэдьимэттэн барыта 5 видеопоэзия киирэн, салайааччыларга Е.В. Дмитриеваҕа уонна М.И. Плюкка махтанан туран, көхтөөх оскуолаҕа видеоролик босхо устан биэрэргэ дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит режиссер идэлээх видеограф Михаил Эверстов эрэннэрдэ.

Эмиэ итинник бирииһинэн Амма-Наахара “Аартык” медиа-киинэ  (сал. Н.А. Григорьева) наҕараадаланар. Поэт Семен Капитонов “Уруй – Кыайыы күнүгэр!” хоһоонугар Өнньүөс сириттэн сэриигэ барбыт дьоннорун ахтан-кэриэстээн, айымньыны устуоруйа чахчытын кытта дьүөрэлээн уһулбут видеопоэзияларын билиһиннэрэбит.

         Тохсус кылаас кэнниттэн Т.Д. Десяткин аатынан Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнай техникумҥа туттарсан киирэн, “Альтаир” театральнай устуудьуйаҕа (сал. О.М. Яковлева) дьарыктана сылдьар оҕолору, устудьуоннар диэбэккэ, 18 саастаахтарын учуоттаан, айар түмсүүлэргэ кытыннардыбыт.

Тыйаатыр уһуйуллааччылара диэх курдук, бэртээхэй видеопоэзия эрээри, суругун-бичигин нууччалыы суруйбуттара адаҕалаата. “Альтаирдарга” – Саха академическай тыйаатырыгар билиэттэр.

         Үөһээ Бүлүү Ороһутугар “Иэйэхсит” диэн оҕо айар дьоҕурун сайыннарар түмсүү үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Салайааччы Нина Никитична Михайлова быйыл икки оҕону көҕүлээн кытыннарда – Валерия Лебедкинаны уонна Гена Иванову. “Иэйэхситтэр” хаһыаттарга, сурунаалларга өрүү бэчээттэнэллэр, үгүс тэрээһини ыыталлар. Онон суруйуулара да элбэҕэ буолуо. Ону түмэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин иһинэн үлэлиир издательствоҕа электроннай кинигэ гына оҥорторор өҥөнү бириис быһыытынан мэктиэлиибит. 40-48 стр. кээмэйдээх буолара ирдэнэр. Ол кинигэ биһиги пуондабытыгар киирэр. Ону сэргэ дириэктэр аатыгар сайабылыанньа суруйан, бэлэм макыаты ылан, бэйэлэрэ бэчээттэтиэхтэрин эмиэ сөп. Бэртээхэй бириис буолбаат?! Эҕэрдэлиибит!

Үөһээ Дьааҥы улууһун Эҥэ оскуолатын үөрэнээччилэрэ, төһө да ыраах олордоллор, өрүү кытталлар. Манна Екатерина Петровна Заровняева диэн сааһын тухары оҕолору сахалыы үчүгэйдик суруйарга, ыраастык саҥарарга уһуйар учуутал үлэлиир. Кини салайар куруһуогар эмиэ элбэх кэпсээн, хоһоон айыллыбыт буолуохтаах. Эҥэлэр эмиэ Национальнай бибилэтиэкэ издательствотыгар электроннай кинигэ оҥорторуохтара. Эчи, үчүгэйин!

Үөһээ бүлүү улууһун Дүллүкү Х кылаастара (сал. А.И. Афанасьева)  поэт Ороһу Уола “Болугурдааҕы дьиэм туһунан” хоһоонугар видеопоэзияларын  Василий Гольдеров кыыһа, биллэр поэтесса Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо көрөн махтанан, кинилэргэ автографтаах кинигэлэрин тиксэрэрбитигэр көрдөстө.  “Олус да үчүгэй видеоролик. Бу дьиэни Василий Гольдеров аатынан музей-уһаайба оҥороору туруорса сатыыбыт. Болугур дьаһалтатыгар, олорор дьоҥҥо бу дьиэ историческай сыаннаһын сырдатаары, ити хоһоонунан видеопоэзия курдугу оҥоруом дии сылдьыбытым, хата, оҕолор оҥорбуттар. Барҕа махтал!” – диэтэ.

Дүллүкү III кылаастарын “Уолан” бөлөҕө уолаттара Дархан Афанасьевка, Харысхан Васильевка, Дамир Стручковка, Тиит Чомчоевка  (сал. З.И. Васильева), Бүлүү Үгүлээтиттэн Эрсан Алексеевка, Ким Дьяконовка, Эрхаан Лукиҥҥа, Дмитрий Спиридоновка, Аймир Петровка (үһүстэр) Данил Христофоровка (VII кылаас) кыттыбыттарын иһин кинигэ бэлэхтиибит.

Сунтаартан наһаа үчүгэйдик хоһоон ааҕар дьиэ кэргэн кытынна – Николаевтар диэн. Уоллара  Никита аатыттан. Бэһис кылаас буолан, “Дьиэ кэргэн” диэн категорияҕа хапсыбатахтар. Ыһыах кэмэ кэлбитинэн, кинилэргэ – сахалыы таҥаһы тигэргэ анаммыт кинигэ.

Күрэҥ Ат диэн Нам бөһүөлэгиттэн Амелия Белолюбская (сал. У.К. Винокурова)   норуодунай поэт Семен Данилов  “Саха сылгылара” хоһоонугар видеопоэзиятын саха атын аатырдыбыт Дугуйдан Винокуровка ватсапынан  ыытан көрдөрдүбүт. “Амелия саха төрүт дьарыгын билиһиннэрэр, Дьөһөгөй Айыылаах сахалар сыспай сиэллээхпитин өрө тутар ролигын иһин махтанабын. Кытаат, ситиһиилэри”  диэн суруйан хардарда. Амелияҕа биһиги эмиэ кинигэ биэрэбит.

Үөһээ Дьааҥы  улууһун Боронук оскуолатын  “Аах-ай” диэн медиа-киинэ (сал. А.Т. Стручкова) биир дойдулаахтара Моисей Ефимов «Дулҕалаах таҥаратын дьиэтигэр санаа» хоһоонун, чахчы, туох эрэ сүдү кистэлэҥнээх, таайтарыылаах курдук  ураты истиҥник Мария Мордовская ааҕан, суруйааччы үрдүкү күүстэр баалларыгар итэҕэйэр иэйиитин тиэрдэр гына оператор Алексей Ефимов уһулан, дьону  долгуттулар. “Маладьыастар!” диэн этэн туран, Алешаҕа кинигэ, оттон Машаҕа “Скинтайм” нобуорун бэлэхтиибит.

Дьэ, ити курдук, барыта 206 оҕо кытынна. Барыларыгар – кыттыбыттарын туоһуулуур сэртипикээт. Салайааччыларга – Махтал сурук. Хантан ыларгытын 89142223579 нүөмэртэн ыйытаҕыт.

Былырыыҥҥы буктрейлер күрэҕэр тэҥнээтэххэ, роликка сахалыы шрифт туттуллар буолбута үөртэ. Эллэй, Бүөтүр Тобуруокап, Тимофей Сметанин, Сэмэн Данилов уонна Моисей Ефимов хоһооннорун ордук сэҥээрэллэр эбит, хас да ролик кинилэр айымньыларыгар оҥоһуллубут. Түгэнинэн туһанан, сорохтор бэйэлэрин олохтоох ааптардарын билиһиннэрбиттэр.

Сүбэ курдук эттэххэ, хоһоону ааҕыыга өссө эрчиллиэххитин наада эбит. Уонна тылгытын чуолкайдык саҥарарга кыһаллыҥ, ааҕааччы өйдүүрүн, ылынарын курдук.

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, ити киирбит 61 видеопоэзия барыта үйэ саас тухары бибилэтиэкэ электроннай пуондатыгар  хараллан хаалла https://new.nlrs.ru/collections/4354?page=3. Хаһан баҕарар “Илим” диэн сирдьиппитинэн (поисковик)  көрдөөн булан ылан көрүөххүтүн сөп.

Бу видеопоэзияларынан “ҺӨҔҮҤ: хоһоонунан хоһуйуу” диэн кэллиэксийэ оҥорбуппут. Ону 7759-та арыйан толору көрбүттэр. Аны туран, бу күрэх куоластааһына Национальнай бибилэтиэкэҕэ 1249 саҥа ааҕааччыны эптэ. Онон икки өттүттэн – кыттааччыларга да, тэрийээччилэргэ да – көдьүүстээх, сүүйүүлээх уонна барыстаах күрэх буолла.

Өссө төгүл спонсордарбытын санатабыт: “Сосновый бор” оҕо сынньанар-чэбдигирдэр киинэ (дир. Я.Н. Иванова), “Айар” кинигэ кыһата (дир. А.В. Егоров), “Көмүлүөк” фирма (дир. О.Г. Григорьева),  Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра (дир. П.Т. Макаров), “Скинтайм” маҕаһыын (урбаанньыт, биллэр блогер И.И. Матвеева), бөдөҥ учуонай, уопсастыбанньык У.А. Винокурова, СӨ суруйааччыларын сойууһа (бэрссэдээтэл Г.Г. Андросов) уонна өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 98 сыллаахха бүтэрбиттэр. Бу глобализация уонна цифровизация үйэтигэр тылбыт симэлийбэтин туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллан, кэнчээри ыччакка туһуламмыт бырайыактары өйүүллэрин иһин махтанабыт.  

Добавить комментарий