2 месяца назад
Көстүбэт кынатыҥ үрдүккэ көтүттүн!
Күһүн… Көмүс ардах… Сэргэлээх… Бэйиэт ситимнээбит бу тыллара миэхэ университет куорпустарын иннинэн тыргыллар аллея саһарбыт хатыҥнарын сэбирдэхтэрэ тэлибирээн түһэллэрин санатар… Ол көмүс ардах аннынан билигин, бука, биир устудьуон уол, талба түгэни хоһуйан, хоһоон айан ботугуруу иһэр буолуохтаах… “Айылҕабын истэр ыраас куттаахпын, Абыйым иҥэрбит чуор сүрэхтээхпин…” Кырдьыга да, хаарынан бүрүллүбүт киэҥ нэлэмэн туундара, хаххалыы халҕаһаспыт хайалар, Далее…