Маассабай спорду көҕүлээн - Блоги Якутии

3 недели назад 1446

Маассабай спорду көҕүлээн

“Развитие массового спорта – одна из ключевых, приоритетных задач государства”, – диэн этэн турар Владимир Путин. Судаарыстыба ити соругун выпустар түмсүүлэрэ бэркэ толоро сылдьар. Бэйэлэрэ идиэйэлээн уонна үбүлээн, спорт араас көрүҥэр күрэхтэһэллэр.

     Холобура, ааспыт ыйга  1977-1994 сылларга оскуоланы бүтэрбиттэр Нам  улууһугар спартакиада аҥардаах спортивнай-культурнай фестивалы тэрийэн ыыппыттара.

         Оттон 1995-1999 сыллаахтар бу кыһыҥҥыттан ыла  аһымал акциялаах табаарыстыы көрсүһүүлэргэ түмсэллэр. Мини-футболга, волейболга, хайыһарга, лаптаҕа, ориентированиеҕа уонна оҕунан ытыыга күрэхтэһэн тураллар. Ол туһунан  бу сигэлэринэн киирэн ааҕыаххытын сөп:

    

Бу ааспыт субуотаҕа, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, аны “Үрдэл” сынньалаҥ пааркатыгар “Дети 90-х” диэн доҕордоһуу түһүлгэтэ түстэннэ. Ол тэрээһин туһунан Михаил Соргу (98-тар) фоторепортаһыгар көрүҥ.

Тэрийээччилэр – 96-с выпуск.

96-стар урбаанньыт оҕолоро спонсордааннар, бэртээхэй бириистэри туруордулар.

Бу көлүөһэлэри хапсаҕайга абсолютнай чемпион буолбут Клим Иванов (98-тар) ылар чиэскэ тигистэ.

   Хапсаҕайга хамаанданан түмүккэ 96-лар бастаатылар: Иван Друзьянов (60 кг), Александр  Птицын (70 кг), Михаил Сивцев (80 кг), Айаал Иванов (90 кг), Саша Устинов (90-тан үөһэ кг).

Иккис миэстэни 98-тар ыллылар: Гена Сивцев (60 кг), Михаил Местников (70 кг), Влад Федоров (80 кг), Клим Иванов (90 кг), Максим Васильев (90 кг үөһэ)

99-тар үһүстээтилэр: Юрий Кузьмин (60 кг), Илья Тимофеев (70 кг), Петр Федоров (80 кг), Иван Путятин (90 кг).

Кыргыттар эмиэ хапсаҕайдастылар. Туймаада Константинова (98тар) эрэллээхтик кыайда.

Хапсаҕай күрэхтэһиитин судьуйатынан бу көрүҥҥэ спорт маастара Александр Птицын буолла (96-лар).

Ким быһыйын, сымсатын, кыраҕы харахтааҕын уонна күүстээҕин тургутар эстафетаҕа көхтөөх 98-стар бастаатылар.

Марианна Быгыйдара охтон түспэтэҕэ эбитэ буоллар, балтылары-бырааттара таах кыайыахтаах 95-тэр иккистээтилэр.

Балар Николай Москвитин диэн уоллара дьээбэлээхтик “комментатордаан”, күрэхтэһиини өссө көрдөөх оҥорон биэрдэ.

Уопсай туруктарын тылынан туругурдар, күрэхтэһиигэ настройдаан биэрэр Владимир Веревкин диэн “коуч-тренердээх” 97-лэр үһүстээтилэр.  

Киэһэтин музыкальнай конкурс буолла. Манна 97-лэр күннээтилэр. Бэйэ талан толоруутугар Владимир Веревкин, оттон 90-с сыллардааҕы ырыаҕа Ада Канаева  анал ааттары ыллылар.

Сүрэхпит сылааһын уунабыт” аһымал акцияҕа киирбит үбү 5 оҕолоох, доруобуйатынан хааччахтаах үөлээннээхпитигэр туттардыбыт.

Ити курдук бары өттүнэн туһалаах тэрээһин “Маҥнайгы көрүүттэн таптал” шоунан сэҥээриини тарта, оһуохайынан дуораһыйда уонна оҕо саас дискотекатынан түмүктэннэ.

Добавить комментарий