3 недели назад 1443
Көстүбэт кынатыҥ үрдүккэ көтүттүн!
Күһүн… Көмүс ардах… Сэргэлээх… Поэт ситимнээбит бу тыллара миэхэ университет куорпустарын иннинэн тыргыллар аллея саһарбыт хатыҥнарын сэбирдэхтэрэ тэлибирээн түһэллэрин санатар…
Ол көмүс ардах аннынан билигин, бука, биир устудьуон уол, талба түгэни хоһуйан, хоһоон айан ботугуруу иһэр буолуохтаах…
“Айылҕабын истэр ыраас куттаахпын,
Абыйым иҥэрбит чуор сүрэхтээхпин…”
Кырдьыга да, хаарынан бүрүллүбүт киэҥ нэлэмэн туундара, хаххалыы халҕаһаспыт хайалар, дөйө тоҥмут улахан эбэлэр кыһынын иһийбит чуумпуларын истэ үөрэммит чуор сүрэхтээх, хотугу халлааныгар күлүмнүү үҥкүүлүүр дьүкээбил дьэрэкээн уота олох араас өҥүн арааран көрөргө уһуйбут ойууһут харахтаах буолан, кини күннээҕиттэн да кэрэхсэбиллээҕи булан ылан иэйэр нарын дууһалаах. Ол уйана-уйаҕаһа аһыныгас айыы санаалаабытын биир көрсүһүүттэн саҕыллан тахсыбыт идиэйэ олоххо киирбит кэпсээнэ да кэрэһилиир.
Дьэ, ол курдук, биирдэ кинилэр кылаастарыгар, сэттискэ үөрэнэ сырыттахтарына, Кыайыы күнүн көрсө, тыыл бэтэрээнэ Василий Захарович Тимофеевы ыалдьыттата ыҥырбыттар.
Василий Захарович маһы ыллатар уран ууһун, алдьаммыт тиэхиньикэни сүүрдэр мындыр рационализаторын, хомоҕой тыллаах хоһоонньутун, ааттаах араатарын, итиэннэ сыаҥааннаахтарга ыйан-кэрдэн биэрэр сир түннүгэ киһилэрэ буоларын оҕолор бары бэркэ билэллэрэ.
Ол эрээри бу толло көрөр ытык кырдьаҕастара сүрэҕэр хаһан да оспот баастааҕын, сэрии тулаайаҕа буолан, эрэйи эҥээринэн тэлэн улааппытын, дьылҕата кинини Үөһээ Бүлүүттэн ыраах Абый сиригэр тиксиһиннэрбитин, олох кытаанах тургутууларын модун санаатынан кыайбытын саҥа билэн соһуйбуттара. Ордук чугастык кини ахтыытын Эльдар уол ылыммыта.
– Кэпсээнэ өйбүттэн төрүт тахсыбатаҕа. Наһаа аһыммытым… Ол күнү быһа хас биирдии этиитин эргитэ санаабытым уонна… Захарович туһунан кинигэ суруйарга быһаарыммытым. Тута тутулун торумнаан барбытым…
Көр, ити VII кылаас үөрэнээччитин толкуйа! Эльдар Садовников оҕо сааһыттан итинник дьоһун киһи. Арааһа, сөпкө этэллэр быһыылаах: “Муударай буолан төрүүллэр”, – диэн. Оннук оҕолор, бу сиргэ хаһан эрэ урут олоро сылдьыбыт киһилии, кыраларыттан хас биирдии күнү туһалаахтык атаарарга кыһаллаллар, эдэрдэриттэн үйэлээҕи айарга-тутарга соруналлар.
Эльдар ол Кыайыы күнүттэн кынаттаммыт кинигэтин түөрт сылынан, онуска сылдьан, илиитигэр туппута. “Киһи тылынан эппэт үөрүүтэ, киэн туттуута этэ…” – диэн билинэр.
Бу бырайыагын салайбыт, тэҥҥэ үлэлэспит, бэчээттэтиитигэр сүүрбүт-көппүт киһинэн Анастасия Сорокоумова буолар.
Анастасия Гаврильевна Муҥурдаах оскуолатыгар иитэр үлэни сүрүннээн кэллэ. Кини бэйэтэ эмиэ айар куттаах киһи: суруйар даҕаны, хаартыскаҕа да түһэрэр. Ол иһин Эльдары олус өйдүүрэ уонна билиҥҥэ диэри өйүүр.
“Ардыгар оскуолаттан ыкса түүн бүтэн тахсарбыт. Анастасия Гаврильевна бэйэтин холобурунан сурук үлэтэ киһиттэн тулууру уонна сүрэхтээх буолууну эрэйэрин өйдөппүтэ. Онно билбитим: суолталааҕы оҥорор буоллахха, киһи төрүт сылайбатын. Сөбүлүүр дьарыккынан үлүһүйүү дуоһуйууну эрэ бэлэхтиирин. Ол иһин билигин тыҥ хатыытыгар диэри балаһаларбын суруйа олоруохпун сөп. Ону ноҕурууска курдук ылыммаппын, төттөрүтүн, сатабылбын сайыннарарбыттан үөрэбин, туох эрэ өссө улахаҥҥа бэйэбин бэлэмниир, эрчийэр курдукпун…”.
Эльдар, ити Захарович туһунан “Олоҕум оспот омоонноро” кинигэтин суруйаары, элбэх кырдьаҕаһы көрсөн кэпсэппит. “Саастаах дьоннуун алтыһарбын, кэпсээннэрин истэрбин сөбүлүүбүн ээ… Белай Гораҕа тиийдэрбин эрэ, булгуччу Клавдия Николаевна Чероваҕа сылдьан ааһарым. Ийэм өттүбүнэн эбэм Мария Дмитриевна, эһэм Федор Авксентьевич Павловтар – иккиэн үрдүк үөрэхтээх зоотехниктар. Оттон аҕабынан эбэм Ирина Герасимовна Муҥурдаах орто оскуолатыгар алын сүһүөх кылаастарга 44 сыл устата учууталлаабыта. Эһэм Николай Васильевич Садовников – киномеханик. Аҥаардас кинилэр да уруккуну-хойуккуну сэһэргииллэрэ умсулҕаннаах айымньы буолуон сөп”.
Улууһун устуоруйатын сэҥээрэр уол, ити курдук дьонтон ахтыыларын хомуйан, архыыбы хасыһан, итиэннэ биир дойдулаахтара, холобура, Николай Ребров, Николай Петров суруйууларын ааҕан, Абыйын туһунан бэйэтин сааһыгар дьүөрэтэ суох үгүһү билэр буолбута. Анастасия Гаврильевналыын “Сыаҥааннаахтар сэрии ыар сылларыгар” диэн кинигэҕэ үлэлэһэ сырыттаҕына, Дьокуускайтан тиийбит суруналыыс хас биирдии бэтэрээн аатын-суолун, төрөөбүт дьылын-күнүн эндэппэккэ этэн иһэр үөрэнээччини олус сөҕө көрбүтүн кэпсииллэр.
Суох, Эльдар ол бэйэтин нэһилиэгин дьонун эрэ интэриэһиргиир буолбатах этэ: бибилэтиэкэҕэ тиийэн, Саха Сирин биллиилээх дьонун туһунан сыныйан ааҕара уонна, кинилэринэн киэн туттарын бэлиэтигэр, 100 киһи мэтириэтин уруһуйдаабыта. Ити кэллиэксийэтинэн “Кэскил” хаһыакка 50-тан тахса сыл эрэдээктэрдээбит Н.И. Протопопова чиэһигэр ыытыллыбыт рекорд-күрэҕэр кыттан биһирэммитэ.
Ол иһин мин Эльдары бастаан, тылынан буолбакка, киистэнэн дьүһүйэр уол быһыытынан билбитим. Онтон, дьэ, ол худуоһунньук оҕом бэркэ суруйарын-айарын, оскуола саҕаттан кинигэҕэ кыттыгас ааптар буоларын билэн баран, аны ол кэннэ хас сырыы ахсын кинини бэйэбэр саҥалыы арыйан иһэбин. Оннооҕор бу күн сиригэр кэлиитэ да ураты эбит: соҕотох буолбакка, игирэ аҥаардаах төрөөбүт.
Оччолорго, 2003 сыллаахха, аан дойдуну Интэриниэт ситимэ иилии эргийэн эрэр кэмигэр, сыаҥааннаахтар коммутатор нөҥүө үлэлиир радиостанция көмөтүнэн сибээстэһэллэрэ. Ол иһин ардыгар, араадьыйа долгуна алҕас хабан кэбистэҕинэ, кэпсэтэ турар киһи саҥатын бары истиэхтэрин сөбө. Соннук түгэн Эльдардаах төрүүллэригэр буолбут – ийэтэ Айталина Фёдоровна игирэлэммитин дьонугар эрийэн эппитин, нэһилиэк ыала үксэ истэн кэбиспит. Онон бөһүөлэктэн тэйиччи үлэлии сылдьар аҕаларынааҕар олохтоохтор, үтүө сонуну урут билэн, аара суолга көрсөн эҕэрдэлээн үөрдүбүттэр.
Үүт-үкчү дьүһүннээх уолаттарын Андрей Николаевич бэйэтэ сүрэхтээбит: арыый аҕатын Эльдар, оттон аҕыйах мүнүүтэнэн хойутаабытын – Ренат. Уонна сыыстарбатах, оруобуна бэйэлэригэр барсары талан ылан иҥэрбит эбит: улуу режиссер Эльдар Рязанов амыдайа айар куттаах, оттон спорт эйгэтигэр чугас аатынан сүрэхтэммитэ, чахчыта да, оскуола сылларыгар тустуунан, билигин волейболунан үлүһүйэр.
“Быраатым хайаны үөрэтэр үнүстүүт устудьуона. Мин айар үлэһит идэтигэр IV кууруспун. Тас көрүҥмүтүнэн майгыннаһабыт эрээри, атын-атын айылгылаахпыт. Ол эрээри уруһуйдуурбутун иккиэн наһаа сөбүлүүбүт”, – диир.
Эльдар 2017 сыллаахха, Муҥурдаах оскуолатын үбүлүөйүн көрсө, боростуой харандааһынан учууталларын мэтириэттэрин уруһуйдаабыт. Ону көрүдүөр эркинигэр ыйаабыттар.
Үбүлүөйдэригэр ити курдук бары саба түһэн бэлэмнэммиттэрин кэннэ, эмискэ өтөрүнэн буолбатах улахан буурҕа түһэн, сылгы-ынах бөҕө охтон, суол-иис, сибээс быстан, былааннаабыттарын курдук бырааһынньыктаабакка хаалбыттар, бэйэлэрин истэригэр эрэ сэмээр бэлиэтээбиттэр. Этэргэ дылы, эҕэрдэлиир дэлэгээссийэ оннугар хоромньуну ааҕар оробуочай хамыыһыйа кэлэн үлэлиир балаһыанньата бүрүүкээбит.
– Биһиги айылҕабыт итинник тыйыс да буоллар, Абыйбын туохха да биэрбэппин. Хоту сааһа наһаа кэрэ. Ураты уһуктуу… Аҥаардас Хамса күөлбүтүгэр бырааппын кытта кустуурбут да туспа турук буолара. Ыам ыйын сырдык киэһэлэригэр соҕотох хаамарбын билигин ахтабын… Ол тыллыы тырымнас тыынынаттан айар иэйии абылаҥын ыларым. Дьиэбэр кэлэн, саҕыллыбыт сылык-сынык санааларбын сурукка тиһэрим. Блокнот бөҕө баар буолуохтаах: бэлиэтээһиннэрим, айымньыларым… Билигин да күн ахсын сурунабын ээ…
Дьоно уолларын айар үлэтигэр анаан туспа кэбиниэт оҥорбуттар. “Онно уу чуумпуга олорон суруксуттуурум. Мин, уопсайынан, чуумпу сытыы этим”.
Ити аата кини туох да аймалҕана-айдаана, үөрэ-сүүрүгэ суох бэйэтэ соҕотоҕун аа-дьуо сылдьан, сыалын-соругун быһаарсарын этэр.
– 2018 сыллаахха Бүтүн Арассыыйатааҕы “Лидер” диэн куонкуруска кыайаммын, Саха Сириттэн соҕотоҕун “Артек” лааҕырга ыҥырыллыбытым. Онно барарбар, улуус үөрэҕин начаалынньыгар киирэн, Дьокуускайга диэри айаным ороскуотун уйуналларыгар көрдөспүтүм. Хата, төлөөбүттэрэ, ийэм аах истэн, туруорсуулаахпыттан соһуйбуттара.
Кырдьыга да, хотулар бараллара-кэлэллэрэ уустук, ночоото да улахан. Ол иһин элбэхтэн маталлар. Эльдар Ил Дархан Харыйатыгар кыайан кэлбэтэҕиттэн хомойор. Ол оннугар бастакытын лааҕырга сылдьыбытын – Өктөмҥө уруһуй сайыҥҥы оскуолатыгар уһуйуллубутун – ханнык да омук сиригэр күүлэйдээҕэр кэрэхсэбиллээхтик кэпсиир. “Онно сылдьан бэйэбин лиидэр быһыытынан арыйбытым. Билигин кууруспар ыстаарыста эҥин буолбатахпын эрээри, доҕотторум мин тула өрүү түмсэллэр”, — диэн билинэр.
Кини дууһата сытар үөрэҕэр киирбитэ – табыллыыта. Бэйэтэ этэринэн – дьоло. Оскуолатыгар “Эрэл” пресс-кииҥҥэ дьарыктаммыт, улуустааҕы “Сайдыы” оҕо хаһыатыгар эрэдээктэрдээбит, оройуоннааҕы “Хотугу кыымҥа” элбэхтэ бэчээттэммит буолан, Дьокуускайга бэлэм суруналыыс кэлбитэ диэтэхпинэ, сымыйа буолбатах.
Ол иһин I кууруска тута “Кэскилгэ” кэрэспэдьиэнинэн ылаллар, иккискэ – “Эдэр саас” сыһыарыытын сөргүтэн таһаарсар, үһүскэ – “Кэм” сурунаалга үлэлэһэн саҕалыыр. Билигин “Ил Түмэн” хаһыакка баар.
Идэтин сөпкө талбытыгар, улахан суолга үктэммит Эльдар оҕо саас ыллыгар көрсөн сабыдыаллаабыт дьонун умнубакка махтанарын хайҕаатым. Чуолаан айар үлэҕэ көҕүлээбит настаабынньыга Анастасия Гаврильевна Сорокоумоваҕа, төрөөбүт тыл минньигэһин, сахалыы айымньы алыптааҕын өйдөппүт Людмила Васильевна Ильинаҕа, ааҕыы абылаҥар сирдээбит бибилэтиэкэрэ Ульяна Иннокентьевна Новиковаҕа, итиэннэ “Хотугу кыым” суруналыыстара Сусанна Лукинична Никитинаҕа, Александра Семеновна Заровняеваҕа, “Уран тыл оһуора” бассаап-түмсүүгэ (тэр. Р.Н. Тимофеева).
Оттон билигин кини – “идеальнай студент”. Итинник диэн наука дуоктара, бэрэпиэссэр Варвара Борисовна Окорокова хайҕаан суруйбутун, Эльдар үөрэн, статуһугар таһаарбыт этэ. Кырдьыга да, үөрэҕи, айар үлэни, суруналыыстыканы, уопсастыбаннай тэрээһиннэри уонна тыйаатыр эйгэтин – барытын алтыһыннарар устудьуону уһуйар дуоһуйуу эрэ буоллаҕа эбээт. Бииргэ үөрэнэр оҕолоругар да астык ини – литэрэтиирэни ырытар, тыйаатыр испэктээктэрин сэҥээрэр, хоһоон-кэпсээн айар, хаһыакка-сурунаалга суруйар талааннаах уолу кытта тэҥҥэ үрдүк үөрэх үктэлин дабайаллара.
-Мин эрэ буолбатах, кууруһум оҕолоро бары дьоҕурдаахтар. Кэлин суруйааччылар үүнэн тахсыахтара диэн эрэнэбин. Кылаабынайа, бэйэ-бэйэбитин өйөһүөхпүтүн, хардарыта дьайсан, сайдан иһиэхпитин наада. Тус бэйэбэр билигин тургутуу кэмэ. Барытыгар холонон көрөбүн. Төһө кыайар, табыллар, арыллар, тахсар эбиппин билээри уонна кыахпын быһаараары. Күүстээх литературоведтар В.Б. Окорокова, В.Г. Семенова, М.П. Попова, С.Е. Ноева, суруналыыстар Борис Павлов-Кэм, Г.А. Бочкарева, И.И. Ксенофонтов, И.П. Ушницкай, тыйаатыр кириитигэ Н.О. Осипова, уо.д.а. идэтийбит дьон сүбэлэрэ, үөрэтиилэрэ, ыллыктаах тыллара, сабыдыаллара бэйэбэр өссө ирдэбиллээх буоларга, таһыммын үрдэтэн иһэргэ туһаайаллар. “Кэскиллэрим” миигин 2022 сыллаахха Москубаҕа межэтническэй суруналыыстыка оскуолатыгар ыыппыттарыгар махтанабын. Киһи ыыра-ычата кэҥииригэр итинник үөрэхтэр олус туһалаахтар.
Эльдар икки тылынан суруйар. Ол эрээри сахалыытын өрө тутар. “Бичийбэтэх күнүм диэн суох быһыылаах… Дууһам көрдүүр. Илиим кыһыйар. Аччык киһи курдукпун. “Кэскилтэн” тохтоон баран, сатаан тулуйбатаҕым, айар-тутар былаһаакканы көрдөөн барбытым. Чокуур Николаевич Гаврильев сүбэтинэн уонна өйөбүлүнэн, “Эдэр саас” сыһыарыы сөргүтүллэн тахсар үлэтин сүрүннүүр чиэскэ тиксибитим”.
Ол гынан баран, үүнэн-сайдан баран иһэр киһини туппаккын, саҥа кирбиилэри ылан иһэригэр алҕыы эрэ хаалаҕын. Оскуола “Эрэл” хаһыатыттан саҕалаан, улуустааҕы “Хотугу кыымҥа” холонон, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кэскилгэ” арыллан, “Эдэр сааска” буһан-хатан, күн бүгүн Эльдар “Ил Түмэҥҥэ” чочулла сылдьар.
Кини: “Гуманист-суруйааччылар баалларын курдук, гуманист-суруналыыс буолар соруктаахпын”, – диир.
Сөп ээ, билиҥҥи кэмҥэ араас албаһынан болҕомтону тардарга сорунар блогердары, хара дьайы, имэҥи, айдааны туустаан-тумалаан тириэрдэр “желтай прессаны” дууһаны иитэр айымньылардааҕар, хаачыстыбалаах хаһыаттардааҕар ордук билэрбит кистэл буолбатах. Дьиҥэр, олоруҥ харчы, аудитория, аат-суол иһин киһи чөл кутун, уопсастыба олоҕурбут укулаатын, олох сыаннастарын, норуот үйэлээх баайын, кэнчээри ыччаты да харыстаабакка, тугу баҕар тарҕатыахтарын сөп.
Оннук бутуурдаах быыһык кэмҥэ сиэрдээх суруналыыстыка туругуруох тустаах. “Аан дойдуга биллэр “Time”, “Fortune”, “Life” курдук сурунааллары төрүттээбит Генри Люс “Я стал журналистом, чтобы максимально близко подойти к сердцу мира» диэн этиитин айар үлэбэр тосхол оҥостобун. Тыл күүһүнэн дьон сүрэҕэр үтүө санаа кыымын саҕарга кыһаллабын ”, – диир Эльдар.
Кини суруналыыстыка диэн “людям о людях” буоларын, саха суруналыыстыкатын анала төрөөбүт тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтиигэ туһуланарын толору өйдөөбүт буолан, дьоҥҥо да, тылга да харыстабыллаах сыһыаннааҕа хайҕаллаах.
“Киһи көстүбэт кынаттаах. Ол кыната – сүрэҕин, өйүн дьулуура”, – диэн быһаарар Эльдар.
Чуумпу сытыы уолбут ол көстүбэт кынаттарынан, тыаһа суохтук күүскэ сапсынан, өссө үрдүккэ көтөн иһиэ диэн эрэнэбит, эрэйэбит…
Оттон мин бигэ этэбин: “Эльдар курдук ыччат тахсан иһэрин тухары саха тыла саргылаах, саха суруналыыстыката сарсыҥҥылаах”.
Анисия Иевлева.
Хаартыскалар Э.Садовников социальнай ситимиттэн туһаныллыннылар.