Тобуруокап Тарааһа, Танюшата уонна да атын доҕотторбут - Блоги Якутии

1 неделя назад 472

Тобуруокап Тарааһа, Танюшата уонна да атын доҕотторбут

Алтынньы 25 күнүгэр Саха Сирин норуодунай поэта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, култуура үтүөлээх үлэһитэ Бүөтүр Тобуруокап 1917 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Ороһутугар күн сирин көрбүтэ.

Онон бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноругар оҕолор оҥорбут роликтарын түмэн таһаарабыт.

Бу  тэттик киинэлэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук, итиэннэ “Ил Түмэн” издательскай дьиэ, сахалыы ааҕыыны көҕүлээн, “ҺӨҔҮҤ” хамсааһынын чэрчитинэн тэрийэн ыыппыт буктрейлер уонна видеопоэзия күрэхтэригэр киирбиттэрэ.

“Танюша туһунан”. Оруоллары толордо – Владилена Третьякова, Орто Халыма улууһун Налимскай оскуолатын үөрэнээччитэ (“Ай-тал” айар куруһуок, сал. Л.А. Третьякова, В.В. Еремеева).

“Олох оскуолата”. Бүөтүр Тобуруокап биир дойдулаахтара – Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу оскуолатын “Иэйэхсит” түмсүүтэ (сал. Н.Н. Михайлова уонна Ж.С. Иванова).

Орто Халыма улууһун Өлөөкө Күөл оскуолатын саха тылыгар учуутала И.Е. Ноговицына салайар VIII кылааһын эдэр кэрэспэдьиэннэрэ  Бубякина Сааскылаана, Заболоцкая Эмилия, Винокуров Аполлон, Третьяков Юра устубут видеопоэзияларын көрүҥ.

“Танюша туһунан”

 “Тараас туһунан чабырҕах”

 “Сахсырҕа ыраахтааҕыта”

Чурапчы улууһун Одьулуунугар олорор Айсен уонна ийэтэ Туйаара Семеновна Максимовтар Бүөтүр Тобуруокап “Аай-ай, уой-ой, ээй-эй” диэн көрдөөх остуоруйатынан буктрейлер:

“Ытанньах саллаат буолбат”. Ааҕар – Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ Н.Д. Неустроев аатынан оскуолатын IV кылааһын үөрэнээччитэ Эрсан Плюк.

“Буукубулар мунньахтара”. Нам улууһун Бөтүҥ оскуолатын “Хотойук” куруһуогун оҕолорун толоруутугар (сал. Т.Р. Протопопова).

Манна даҕатан эттэххэ, бу сэтинньи 1 күнүгэр Дьокуускайга «Арт-Ситим» галерея-устуудьуйаҕа «ҺӨҔҮҤ: саха тыла – худуоһунньук хараҕынан 2.0» диэн аныгы ускуустуба быыстапкатын аһыллыыта буолар. Аадырыһа: Белинскэй уул. 44, 2 этээс.
Саҕаланар 16.00 чаастан.

Комментарии 1

Добавить комментарий