2 месяца назад 707
Махтал кинигэтэ
Махтал диэн наһаа күүстээх ньэгир. “Ол иһин хардарыта махтанан, эрчими эбэр эниэргийэни иҥэриниэхтээххит”, – диэн уйулҕаһыттар сүбэлииллэр.
“Норуот эмчитэ Михаил Фомич Чашкин” диэн кинигэни Дьокуускай олохтоохторугар билиһиннэрэр дьоро күҥҥэ Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалата МАХТАЛ сылаас тыынынан илгийдэ.
Тыл эппиттэр бары айылҕаттан айдарыылаах Чааскыннарга уонна бу кинигэни таһаарбыт “Таатта” хаһыат эрэдээксийэтигэр махтаннылар, оттон хомуйан таһаарбыт Анна Посельская ахтыыларын биэрбит уонна үбүнэн көмөлөспүт дьоҥҥо.
– Бу кинигэ “Таатта ытык дьоно” диэн сиэрийэбитинэн бэйэбит типографиябытыгар таҕыста. 500 эксэмпилээринэн. Урукку өттүгэр ханна да бэчээттэммэтэх уонна умнулла быһыытыйбыт матырыйааллар, итиэннэ төрүччүтэ, архыыптан Куома Чааскыны сойуолаһан хаайар бириигэбэрдэрин куоппуйалара, куйаар-кодунан “Саха” НКИХ бэлэмнээбит биэриилэрэ, видеолар киирдилэр. Ахтыылар географиялара киэҥ, ис хоһоонноро хатыламматтар. Ойуутун Афанасий Дедюкин диэн устудьуон уол уруһуйдаата. Таатта үрэх кытылыгар Оҕонньор ото үүнэн турар гына.
Улууспут уонна Уолба нэһилиэгин дьаһалталара, норуот дьокутааттара В.Лебедев, П. Рахлеев, өрүү өйүүр киһибит И.Бочонин, ону сэргэ В.Слепцов, итиэннэ Ленскэй урукку баһылыга Ж.Абильманов спонсордаатылар. Жумарт Жакслыкович биирдэ Өймөкөөҥҥө баран иһэн, Чааскыннаахха хоммут. Ол махталын бэлиэтигэр ботуччу сууманы ыытан үөртэ. Ити курдук, дьон махтала Михаил Фомичка муҥура суох. Ону манна киирбит суруктар туоһулууллар.
Кинигэ биһирэмин “Сахабэчээт” дириэктэрин сүбэһитэ Валентина Бочонина ыытта. “Таатта” хаһыат бу тэрилтэ иһинэн баарын, 2000 сылларга биир бастакынан офсетнай бэчээккэ көһөн, ол кэмтэн ыла кинигэ таһаарыытынан утумнаахтык дьарыктаналларын бэлиэтээтэ.
– Олох уларыйар, оттон “Таатта” хаһыат биир туппут сүрүнүн ыһыктыбат: чулуу дьонун ааттарын ааттатар бырайыагын бырахпакка илдьэ сылдьар, – диэн норуодунай суруйааччы Николай Лугинов хайҕаата: – Михаил Фомич биир отунан араас ыарыыны эмтиир. Мин санаабар, онно тыл күүһэ сытар. Наукаҕа килиэккэ тыл күүһүн иҥэрэрин дакаастаабыттара.
Мин сылдьарбар куруук нууччалар баар буолаллар. “Атын омуктар ордук ылыналлар, быдан аһаҕас буоланнар”, – диэн этэн аһардылар. Маныаха итэҕэл күүһүн көрөбүн. Итиччэ ыраахтан төһөлөөх эрэйдэммит дьон дьулуһан кэлэрэ буолуой? Бу эмп абырыа диэн эрэнэн, итэҕэйэн… Оттон сахалар, айылҕабыт үөрэтэн, улахаҥҥа ымыртыбат бүтэй соҕус омукпут. Арыгытын эмтэтэ кэлбит киһи көрдөһөрүн истибитим: “Чэ, өрүс эстиэр диэри быстарыам”, – диэн болдьоҕун эҥин туруорсар. Ону Мэхээлэ утарбат, арай этэр: “Иһиэн иннинэ булгу төлөпүөннээн сэрэтээр”, – диэн. Баайбытын өһүлбэтэҕинэ, туох буолара буолла? Дьэ, дьикти…
Дьэ, дьикти. Өссө биир дьиибэ түгэни Уолба нэһилиэгин баһылыга Александр Винокуров кэпсээтэ.
Кыһыл оҕо эрдэҕинэ эмискэ ымынах ыспыт. Ону Оҕонньор мааһынан соппуттара, начаас сүтэн хаалбыт, ол оннугар бэгэччэгэр мэҥ курдук тахсан кэлбит. Онтуката оҕотугар, онтон сиэнигэр бэриллибит. “Оҕонньор араҥаччылыыр бэлиэтэ быһыылаах”, – диэн быһаарар.
Элбэх киһи итинник эмтэммитин туоһулаан кэпсиир эбит. Ол эрээри харыстанан кистиир, ыһа-тоҕо этэллэрин сэрэхэчийэр дьон эмиэ баалларын Анна Константиновна ахтыылары хомуйарыгар көрсүбүт. Бэйэ туһугар долгуйаллара өйдөнөр. Ол эрээри билигин Михаил Фомич уонна Альбина Саввична Чашкиннар бэйэлэрин доруобуйаларын бөҕөргөтөллөрүгэр көмө наадатын “Айар” издательство кылаабынай эрэдээктэрэ Валерий Луковцев тоһоҕолоон эттэ:
– Иккис этиим диэн, бу кинигэҕэ эмтэнэн үтүөрбүт дьахтар Куома көрдөһүүтүн – Оҕонньор эмтиирин көҥүллүүр сурук биэрэллэрин – доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр улахан дуоһунаска үлэлиир убайыгар тиэрдибит эбит. Онуоха убайа анал хамыыһыйа тэрийтэрэн, бэрэбиэркэ буолбут. Ол түмүгүнэн көҥүл биэрбиттэр. Архыыпка ол докумуону ирдэһэн, булан ылар буоллар…
Үһүс этиим, Куома Чааскын туһунан кинигэни нууччалыы тылбаастыахха наада.
Этэллэр дии, тоҥус ойууннарын күүстээхтэр диэн. Ол эрээри олор бу Куома, Ньыыкан, Алыһардаах курдук элбэх киһини эмтээбиттэрэ биллибэт. Онон Куома дьоҥҥо үтүөтэ умнуллуо суохтаах.
Терентий Андросов, Дьохсоҕонтон төрүттээх Дьокуускай олохтооҕо:
– Учууталым Анна Константиновна сорудаҕынан, Чашкин төрүччүтүн архыыпка көрдүүрбэр, 1890 с. (бу иннинээҕи кинигэлэргэ 1878 с.т.) төрүөх диэн докумуону уонна биир сиргэ, тоҕо эрэ, Белолюбскай диэн суруллубутун булбутум. Баайаҕаттан силистээх курдук. Дьиктитэ, Куома оҕонньор түүлбэр киирэ сырытта. Төбөбүттэн имэрийэн баран сыллаата. Арааһа, сөп диэн биллэрдэ дуу…
Чааскын Ньыыканы уонна Гурий Турантаевы кытта аймахтыыларын этээччилэр. Гурий Иванович кыыһа Екатерина Гурьевна көрсүһүүгэ кэлбит. Кини: “Аҕабыт төрөөбүтэ 90 сылынан Бээрийэттэн тахсыбыт 6 норуот эмчитигэр анаан сквер оҥорбуппут – билигин нэһилиэкпит көмүскэлэ курдук. Онон уолбалар эмиэ ытык киһилэригэр сүгүрүйэн ааһар сири оҥоруохтарын наада”, – диэн санаатын эттэ.
–Уолбаҕа Куома пааматынньыга баар. Ол эрээри балаҕаннарын аттыгар туруоран, онно түмэл оҥоруохтара хаалбыт. Мин Куома киһини хаанныырын көрбүтүм: моонньугар быа курдук былааты баайан ыкта уонна онно, этибиэркэ тутан баран, хамсатын төбөтүнэн саайда. Хаан ыһылла түстэ. Үрбүтүгэр, хаана тохтоон хаалла. Эрбэҕин силлээн баран, дьөлбүт сирин баттаан кэбистэ. Бүттэ, – диэн аҕынна Уолбатын күлүгүрбэт күлүктэрин үйэтитэр Иван Нелунов.
Оттон бу Уолба диэн туох устуоруйалаах дойдутун бырабыыталыстыба үлэһитэ, Уолбаттан тахсыбыт салайааччы Георгий Никонов сырдатта. Кини Ил Дархан Михаил Фомичка анаабыт Махтал суругун, оттон Ил Дархан сүбэһитэ, үтүөлээх юрист Игорь Николаев СӨ доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин Бочуоттаах грамотатын туттардылар. “Таатта” түмсүү бэрэссэдээтэлэ, Дьокуускай баһылыгын солбуйааччы Владимир Аржаков Куома Чааскын хаартыскатын харысхал курдук укта сылдьарын көрдөрдө. “Аҕам 4-5 саастааҕар улаханнык ыалдьыбытыгар, кини эмтээн, атаҕар туруорбут”, – диэн махтанарын биллэрдэ.
Куома көмөтүнэн тыыннаах хаалбытын Владимир Малгин сэһэргээтэ. “Оһох иннигэр олорон ботугураата. Онтон мин диэки хайыһан баран: “Ити саллааттарбын дьаһайабын”, – диэтэ. Ол кэннэ утары олордон аһаппытыгар, куртаҕым ыалдьан, ас киирбэт буолбат оҕо, туох да буолбатаҕын курдук, иҥсэлээхтик симинэн кэбистим”.
Аҕа уонна уол Чааскыннар феноменнарын учуонай Наталья Данилова ырытта: “В.Кондаков быһаарбытынан, отоһут ойуун буолбатах буоллаҕына, киһи тас эрэ эйгэтин ыраастыыр, оттон ойуун буоллаҕына, иһиттэн эмтиир кыахтаах эбит. Онон Чааскыннар эмтиир ньымаларын этнография өттүттэн ойууннааһыҥҥа олоҕуран чинчийиэххэ сөп”. Кини Михаил Фомич сиэнэ Альмира куонкуруска кыттыбыт үлэтин сэҥээрдэ. “Салгыы дьарыктаныан наада”, – диэн сүбэлээтэ.
Михаил Фомич эмтиирин сиһилии кэпсээбитин суруналыыс Уйбаан Уһуунускай уонна киинэ режиссера Михаил Лукачевскай устубуттар эбит, ону Андрей Николаев ахтан аһарда.
Бу күн элбэх киһи тыл эттэ: Чааскыннар туһунан тахсыбыт 3 кинигэҕэ (бастакы 2009 с. Е.Д. Андросов, П.Х. Андросов матырыйаалларынан, иккиһи В.Дарбасов-Дабаччыма уус-уран айымньы быһыытынан) ахтыылары булан биэрбит Т.И. Андросова, үтүөлээх быраас З.М. Кузьмина, “Туймаада уолбалара” түмсүүттэн А.И. Андреев, А.Е. Ефимова, А.С. Михайлова, И.С. Кочкин.
Агафья Еремеевналаах оҕо сылдьан сыттык хаатынан “Вероника седая” оту үргээн, Куомаҕа биэрэллэрин, Оҕонньор өссө харчылаан манньалыыр эбит. Иннокентий Семенович өлөн эрэр ийэтин Куома өрүһүйбүтүн, Анастасия Семеновна тастыҥ эдьиийин ириҥэрбит атаҕын быраастар быһаары гыммыттарын, Куома эмтээн баран, уҥуох биэрбитигэр сүүрэн хаалбытын, Земфира Макаровна төрөппүттэригэр анаммыт ыһыахха ардах эмискэ тохтоон, күн тыкпытыгар, Чааскын алҕаабыт буолуохтаах диэн кэпсээтилэр.
Суруйааччы быраас Анатолий Слепцов Чааскыннарга ийэтинэн, Тистээхэптэринэн, аймах буолан, син балайда номоҕу истэ улааппыт. Дабаччыма Чааскын туһунан кинигэтин суруйарыгар, артыыс Ефим Степанов ыҥыран, үһүө буолан көрсөн кэпсэппиттэригэр, Ефим Николаевич: “Чааскын туһунан эн пьесата суруй”, – диэбит. Ол этиитин Анатолий Игнатьевич сүгэһэр гына сылдьарын билиннэ.
Оттон биһиги аны ол пьеса суруллан, Саха тыйаатырын сыанатыгар туран, таатталар биир сүдү киһибит норуотугар оҥорбут үтүөтэ өссө дыраама көрүҥэр үйэтитиллэрин эрэнэ күүтэбит.
Анисия Иевлева.