4 недели назад 1218
Бу тэрээһин наһаа истиҥник, сырдыктык барда, Сардаана Платоновна бэйэтин курдук…
Платон Алексеевич Ойуунускай төрөппүт кыыһа Сардаана Платоновна Ойунская төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтээһин Дьокуускайга балаҕан ыйын 6 күнүгэр Литература музейыгар буолан ааста.
Сардаана Платоновна, чахчы да, ис иһиттэн үрдүк култууралаах, өрүү сырдыгынан сыдьаайа, кэпсии-ипсии, ыллыы-туойа сылдьар саха далбар хотуна этэ. Гуманитарнай чинчийии институтугар үлэлээбитэ, наука кандидата, учуонай этэ.
Үлэлээбит институтуттан ф.н.к. Лидия Николаевна Романова Сардаана Платоновна киэҥ хабааннаах үлэтин туһунан сиһилии кэпсээтэ. Ойуунускай аатынан Саха театрын артыыстара Зоя Багынанова, Матрена Седельникова, Аида Еремеева, Юлия Санникова Платон Ойуунускай хоһооннорун ааҕан сэргэхситтилэр. Улуу поэт хоһооннорун тыла хомоҕойо, иэйиитэ истиҥэ киһи эрэ истэ олоруох курдук.
Тэрээһиҥҥэ СӨ култууратын миниистирэ Афанасий Ноев кытынна, олус бэркэ тыл эттэ. Сардаана Платоновна төрөппүт кыыһа Мария Сергеевна Соловьева кини преподавателэ эбит.
Норуодунай поэт Наталья Ивановна Харлампьева дьоһун ахтыыны оҥордо. Хайдах курдук Ойуунускайы эккирэтиһэн, дьиэ кэргэнэ эрэйи көрбүттэрин, ону чиэстээхтик тулуйбуттарын. Онтон аҕаларын аата тиллэн, аны албан ааты дьоһуннук уйбуттарын, өрүү сиэрдээхтик сылдьыбыттарын.
Ити истиҥ бэлиэтээһин олох киһи сүрэҕин ортотунан киирдэ. Кырдьык даҕаны, улуу киһи сыдьааннара буоллаҕа, ону өйдөөн эрдэхтэрэ. Аҕалара хайдахтаах курдук таптаан кыыһыгар Саргылаанаҕа анаан:
”Мин оҕом Лаанык кыыс,
Мин чыычам, мин куукам,
Мык-мык мыскычык,
Чык-чык чыкычык,
Туллукчаан, туораахчаан,
Кугасчаан төбөтүн абыраан сыллатар” диэн наһаа истиҥник-иһирэхтик суруйуо дуо?! Хас тылыгар күүстээх таптал иэйиитэ, ураты минньигэс манньыйыы иһиллэр.
Саргылаананы урут көрөр этим. Аҕатыгар наһаа майгынныыр, хатыҥыр, наһаа сэмэй көрүҥнээх кыыс этэ.
Саха норуодунай артыыһа Зоя Багынанова Ойуунускай төрөөбүтэ 90, 100 сылларыгар Тааттанан, Чурапчынан сылдьан, Ойуунускай хоһооннорун аахпыта. Онтон наһаа үөрэн, Сардаана Платоновна ахтан турар, ону кинигэтигэр киллэрбитэ.
Айар куттаах дьон бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, Сардаана Платоновналыын алтыһыытын түмүгэр, Зоя Петровна Ойуунускай 7 томнаах кинигэтин бүтүннүү аахпыта. Көрбөттөр библиотекаларын көмөтүнэн аудиокнига оҥорбута. Кыайан көрөн аахпат дьоҥҥо төһөлөөх туһалаах буолуой, улуу Ойуунускай алыптаах айымньыларын кытта билсиһэр?! Үчүгэй кыым үтүө дьыаланы саҕан эрдэҕэ.
Өссө наука доктора, академик Петр Алексеевич Слепцовтуун Чурапчы Одьулуунугар көрсүһүүгэ сылдьыбыттара. Одьулуун олохтоохторо барахсаттар биир дьааһык арыы, биир буут ынах этэ үллэстиҥ диэн бэлэхтээбиттэр этэ. Оччо элбэх ас 90-с үрэллии сылларыгар «харата» суох хата сылдьар куорат дьонугар баһаам ас этэ буоллаҕа. Петр Алексеевич үөрэн, саҥа аллайбыт: «Бу тухары көрсүһүүлэргэ сырыттым ини, сылдьыбатым ини, аан маҥнай маннык өлгөм аһы бэлэхтэттим», – диэн. Ол тыа дьоно Ойуунускайы ытыктыыллара бэрт буолан, кини баай нэһилиэстибэтин дьоҥҥо тиэрдээччилэргэ махтанан эрдэхтэрэ.
Элбэх киһи тыл эттэ, аймахтара, биир дойдулаахтара, бииргэ үлэлээбиттэрэ, доҕотторо. Ол иһигэр Сардаана Платоновна төрөппүт кыргыттара. Мария Сергеевна Соловьева ийэтин, дьиэ кэргэнин бэрт иһирэхтик аҕынна.
Кыра кыыһа Лина Сергеевна Михайлова-Ойунская Москваттан тыл этиитин видеоҕа устан ыыппытын экраҥҥа көрдүбүт.
Кыргыттара иккиэн: “Сүдү киһи сыдьаана буолалларын олох олорон истэхпит аайы өссө дириҥник өйдөөн иһэбит”, – диэн билиннилэр.
Бу тэрээһин, хайдах эрэ, наһаа истиҥник, сырдыктык барда, Сардаана Платоновна бэйэтин курдук.
”Ойуунускай Сардааната” диэн бэрт элбэх экспонаттаах быыстапка турбут.
Музей бэйэтин фондатыттан, Таатта Ытык Күөллээҕи литературнай-художественнай заповедник-музейыттан уонна Сардаана Ойунская дьиэ кэргэнин архыыбыттан: кинигэлэр, рукопистар, дневниктэр, хаартыскалар, тус туттар маллара.
Ойуунускай аатынан Литература музейа өрүү кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэри ыытар. Онтон сүргэбит көтөҕүллэн тарҕастыбыт.
Мария Неймохова.
08.09.2024.