Сырдык аартыктар арыллан истиннэр... - Блоги Якутии

1 день назад 723

Сырдык аартыктар арыллан истиннэр…

“Көмүс устуудьуйа” көмүс түгэнин иэйиитэ ааһа илигинэ, сарсыныгар П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар биллиилээх режиссер Федот Потапов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах тэрээһин буолла.

Сыанаҕа кини туруорбут “Ийэ сирэ” (Чингиз Айтматов) испэктээгэр Ф.Потапов кыра кыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа Елизваета Потапова ийэ Толгонай монологун аахта.

Онтон Иван Гоголев-Кындыл аатырбыт “Наара суох” кэмиэдьийэтиттэн быһа тардыыны  көрдөрдүлэр. Бу кэмиэдьийэ билиҥҥэ диэри куруук толору саалаҕа оонньонор. Билигин да хатыламмат уобарастары көрөн күллүбүт.

Дьэ, онтон Федот Потапов төрөөбүт-үөскээбит дойдутуттан, Амма Абаҕатыттан, Ф.Ф.Потапов аатынан “Мааска” диэн оҕо театральнай устуудьуйатын оҕолоро олохтоох ааптар Илья Семенов “Сырдык аартык” испэктээгин тобус-толору көрөөччүлээх саалаҕа көрдөрдүлэр.

 Абаҕа диэтиҥ да, киһи Абаҕа пионердарын саныы түһэр. Гражданскай сэрии саҕана пионердар этэрээттэрэ бандьыыттары кытта саа-саадах тутан сэриилэспиттэрин. Оннук, чахчы, Сойуус үрдүнэн соҕотох буолуохтаах. Төһө да билигин “бандьыыттар, оҕолор диэн, сэриилэспэккэ чугуйбуттара” диэтэллэр, ол саҕана дьулаан хартыына буолара саарбаҕа суох. Бандьыыттар да дьон буоллаҕа, ама, кыра оҕолору көрөн туран сэриилээн өлөрдөхтөрөй?!

Аҕа дойду сэриитин саҕана элбэх киһи, ол иһигэр оҕолор, хоргуйан өлбүттэрэ биллэр. Саха норуодунай суруйааччыта Сайа “Алаадьы” диэн кэпсээнин наһаа уйадыйа аахпыттаахпын. Онно биир оҕо, дьонугар алаадьы илдьэ иһэн, аара суолга тыына быстаахтыыр, бэйэтэ да сиэбэккэ, дьонугар да тиэрпэккэ. Дьэ, ыарахан хартыына. Оннук этэ ээ, ол суостаах сылларга. Федот Потапов «Очурдаах оҕо сааһым» кинигэтигэр киһи эрэ ылынар гына ахтар.

Сэрии кэмигэр Чурапчы Кытаанаҕар “Бойобуой” холкуос бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлээбит, Уус Алдантан төрүттээх, улахан үөрэҕэ суох аҥаардас дьахтар Наталья Васильевна Готовцева-Натаа Хотууһап, тулаайах оҕолору тыыннаах хаалларар туһугар дьааһыла тэрийэн, элбэх оҕону өлөр өлүүттэн быыһаабытын туһунан СӨ бастыҥ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнин аатыгар үстэ тиксибит үтүөлээх фермер Иван Петрович Пономарев ахтар.

Дьэ, ити кэмҥэ Сталин уурааҕынан, тулаайах оҕолору быыһыыр сыаллаах дойду үрдүнэн детдомнар тэриллибиттэрэ. Саха сиригэр 20-чэ детдом аһыллар. Амма Абаҕатыгар оҕо дьиэтин 1943 с. Трифонов Георгий Васильевич тэрийбитэ.

Кини бэйэтэ гражданскай сэрии саҕана тулаайах хаалбыт буолан, ис-иһиттэн ылсан үлэлээбитэ. Кэргэнэ Татьяна Павловналыын Саха сирин араас муннуктарыттан кэлбит тулаайах оҕолорго төрөппүттэрин курдук сылаастык сыһыаннаһан ииппиттэрэ. Элбэх дьоҥҥо үлэ миэстэтэ таһааран үлэлэтэн, үгүс оҕону хоргуйан өлүүттэн быыһаабыттара. Ол барахсаттар кэлин киһи буолан баран, наһаа истиҥник-иһирэхтик ахталлар.

Дьэ, ити детдом туһунан испэктээккэ Г.В. Трифоновы – Радомир Романов, кини кэргэнин Т.П. Саввинованы – Аделина Колесова,   Н.С. Андросовы – Коля Кайдалов,  райком сэкирэтээрин – Дабыл Павлов, А.Н. Ноговицыны – Эрсан Захаров, А.Кармадонованы –  Саша Карманова, Алексей Хрисанфовиһы – Коля Осипов, Д.С. Лонгиновы – Дьулус Анисимов оонньоотулар.

 Улахан дьон оруолларын олох дьоһуннаахтык, дуоспуруннаахтык, киһи эрэ ылынар гына уобарастарын айдылар. Таҥастара-саптара оччотооҕу кэм сиэринэн, бэл, урут биригэдьиир сүгэр полевой суумкатыгар тиийэ. Биллиилээх суруналыыс Прокопий Караканов эмиэ ити детдомҥа иитиллэн, киһи- хара буолбут. Кинини Сеня Ребров оонньоото. П. Караканов огдообото Ульяна Егоровна испэктээкили кэлэн көрдө.

Сыанаҕа икки улахан түннүк, олор икки ардыларыгар Сталин мэтириэтэ ыйаммыт, кыһыл сабыылаах остуолга кыраһыын лаампата, уулаах графин. Түннүк нөҥүө титиригинэн хатыйа оҥоһуллубут күрүө көстөр. Барыта оччотооҕу кэм тыынын биэрэр тэриллэр. Оҕолортон сөхтүм. “Улахан тыйаатыр сыанатыгар оонньуубут ээ” диэн толлубакка, дьиҥнээх артыыстар курдук оонньоотулар.

Мин үйэбэр биирдэ эрэ сыанаҕа тахсан оонньообуттаахпын. Оскуолаҕа кыра кылааска үөрэнэ сылдьан: Спиридон Федоров Саха сиригэр бандьыыт илиититтэн өлбүт хорсун пионер Сима Сергеев туһунан айымньытынан сыаҥкаҕа. Онно мин баһаатайга: “Сима Сергеев туһунан кэпсээ эрэ”, – диэхтээҕим. Ону сыанаҕа тахсан баран, саалаҕа сүүһүнэн харах миигин өрө мыҥаан олороруттан долгуйан, саҥарыахтаахпын таһы быһа умнан кэбиспитим. Хата, Степанова Зина мин тылбын этэн абыраабыта. Ол кэннэ бу сааһым тухары биирдэ да сыанаҕа тахсан оонньооботоҕум.

Ол иһин оҕолортон сүрдээҕин астынным, бу хорсуннарын, холкуларын. Хас биирдии түгэн ылыннарыылаах, ол мин бырабааллаабыт Сима Сергеевим курдук буолуо дуо?!

Кырачаан Костя Третьяковы хайҕаатым. Кини сүрүн оруолу толордо. Уол патефон иннэлээх хоруопкатын оонньоору ылар. Ону көрөн, кыргыттар саахарга атастаһа сатыыллар. Ол саҕана саахар диэн төһөлөөх күндүтүн сэрэйэр эрэ буоллахпыт. Көр эрэ, оҕо атастаспат ээ, эппиккэ дылы, “саахар да манньаҕа”. Ону былдьаатахтара, иитээччигэ биэрдэхтэрэ. Оттон саахары Татьяна Павловна оҕоҕо бэрдэрэр.

Ити драматическай тыҥааһыннаах сыананы кырачаан Костя Третьяков бэркэ оонньоото, киһиҥ өссө саллаат курдук пилоткалаах ээ. Биэримээри, хоруопканы кэннигэр тутан турара, саахарга атастаһымаары, баһын быһа илгистэрэ –  олус итэҕэтиилээх. Ити оҕону 8 сыл оҕоломмотох детдом салайааччылара Трифоновтар иитэ ылбыттар эбит. Оҕо кутун тардан, Трифоновтар кэлин биэс оҕоломмуттар.

Третьяковтартан испэктээккэ үс оҕо оонньообут. Аҕалара Константин Третьяков кулууп харабыла, декорациялары оҥорор, бэйэтэ эмиэ артыыс.

Оҕолору пионерга ылыы сыаната наһаа үчүгэй. Биһигини пионерга эмиэ ити курдук өрө күүрүүлээхтик ылаллара. Горн, барабаан тыаһа, кыһыл  знамя көтөҕөн киирии, аҕа табаарыстарбыт, учууталларбыт кэс тыллара. Барыта баар этэ ээ.

Ити титирик күрүөбүт эмиэ да оҕолор олорор, сынньанар сирдэрэ буолар, эмиэ да күрүө буолан бэйэтинэн турар. Детдомҥа иитиллибит дьон көрөн баран наһаа үөрбүттэр, уйадыйбыттар үһү “Оо, биһиги күрүөбүт”, – дэспиттэр.

Оҕо диэн хаһан баҕарар оҕо буоллаҕа. Буораҕынан эстэр бэстилиэт оҥостоллор. Үлэ уруогун учууталыгар сүбэлэтэн. “Испэктээккэ туттабыт”, – диэн албыннаан. Уонна дириэктэргэ тутуллаллар.

Саха өйүн мындырын көр. Соторутааҕыта СВО сылдьар саха уола дроннары куоһарар аптамаат буулдьатын оҥорбутун кэпсээбиттэрэ. Ол идиэйэни иилэ хабан ылан, тупсаран, сайыннаран, суруйааччы, учуутал В.Гоголев-Уйулҕан, Дьокуускай куорат 33-с нүөмэрдээх оскуолатыгар оҕолору кытта буулдьалары оҥорон, байыаннай дьайыыга ыыталлар.

Бу испэктээги режиссер Евгения Попова талааннаахтык туруорбут. Оонньуур оҕолор бары да ити оҕо дьиэтин кытта сибээстээхтэр, эһэлэрэ, эбэлэрэ ити детдомҥа иитиллибиттэр эбэтэр үлэлээбиттэр.

Драманы суруйбут Илья Семенов эбэтэ детдомҥа поварынан үлэлээбит, бэйэтэ нуучча, тетя Феня диэн ааттаах. Кинини холкуос Бочуот Знага уордьаннаах комбайнера Иркутскайтан аҕалбыт эбит. Онон Абаҕаҕа Уордьаннаахтар диэн ааттаахтар. Федот Потапов ийэтэ Өлөөнө дьүөгэтэ.

Испэктээккэ баар пионер баһаатайынан ананан кэлбит Алексей Хрисанфович Давыдовы бэйэтин сиэнэ оонньуур. Оҕолор барахсаттар кэм массыынатыгар  (машина времени) олорсон, эһэлэрин, эбэлэрин бириэмэлэригэр тиийэн хаалбыт курдук сананан, испэктээкилгэ оонньуулларыттан астыналлар аҕай. Оччотооҕу кэм ырыаларын Екатерина Семеновна Яковлева үөрэппит.

Ильяны режиссер Евгения драматург оҥорбут. Маҥнай Федот Потапов төрөөбүтэ 80 сылыгар “Үрүҥ дьураа аттаах Һөдүөт Боотур уол” диэн олоҥхону сакаастаан суруйтарбыта. Ону ыһыахха көрдөрбүттэрэ. Биллиилээх дьон туһунан анабыл хоһоон, кэпсээн суруйаллар, онтон бүтүн олоҥхону суруйан туруорбуттарын истэ иликпин.

“Сырдык аартык” испэктээкили көрөөччү ылынна, бэркэ астынан, туран эрэ ытыс таһыннылар. Улахан учуонай, наука дуоктара, бэрэпиэссэр Василий Васильевич Илларионов кэргэнэ Мария Семеновналыын Зоя Багынановаҕа сибэкки дьөрбөтө туттардылар.

Кинилэр испэктээги наһаа астына көрбүттэр. Мария Семеновна үйэтин тухары оҕону кытта үлэлээбит педагогическай үлэ бэтэрээнэ биллэҕэ.

Кэлин кэпсэтиигэ ССРС норуодунай артыыһа, биллиилээх опера ырыаһыта, солиһа Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева бэркэ хайҕаата. Анегина Егоровна оччолооҕу көрөн-көрөн кэллэҕэ, кини сыаната соччонон күндү.

Хас да сыллааҕыта омук сиригэр олорор саха киһитин суругун ааҕан соһуйбуттаахпын. Бэркэ ыанньыйбыт санаата быһыылааҕа. Кини этэр: “Дойдубуттан түүлээх таҥастаах, дүҥүрдээх артыыстар кэлэллэр, ону омук дьоно экзотика эрэ курдук ылыналлар, дьикээрдэр курдук көрөллөр, дьиҥнээх классическай искусствоны көрдөрүөххэ баара”, – диэн. Хайдах эрэ, өһүргэнэ аахпытым. Онтон кэлин толкуйдаан көрөн баран, сөпсөһөр санаа киирдэ. Кырдьык, хатыламмат ураты төрүт култуурабытын таһынан, сахалар сайдыыбытын, кыахпытын көрдөрөрбүт – классическай искусствоҕа, спорка ситиһиилэрбит. 60-с сылларга Анегина Егоровна Прагаҕа, 1971 с. Мюнхеҥҥа вокалистар куонкурустарыгар бастаабыта. Дьэ, ол буолар, дьиҥнээх саха искусствотын ситиһиитэ, сайдыы таһымын көрдөрөр бэлиэтэ. Аан дойду бэртэрин кыайар манан аҕай дьыала буолбатах буолуохтаах. Онон улахан артыыс хайҕабыла бу оҕолорго инникитин кынат буолуо, кэс тылын курдук өйдүөхтэрэ диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

Тыйаатыр кылаабынай режиссера Руслан Тараховскай оҕолорго анаан: “Сырдык аартык” испэктээк эһиэхэ сырдык аартык буоллун. Оҕо эрдэхпиттэн Анегина Егоровна классиканы ыллыырын истэ улааппытым, онон дууһабын байытан, сырдык аартыкка таласпытым, хас биирдии оҕо талаһардаах, тардыһардаах, холобур ылар дьонноох буоллаҕына, кэскилэ кэҥиир”, – диэн этиитинэн  суруйуубун түмүктүүбүн.

Мария Неймохова.

Ахсынньы 23 күнэ, 2024 сыл.

Добавить комментарий