7 часов назад 388
“Көмүс устуудьуйа” көмүс түгэни бэлэхтээтэ
Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены 1974 сыллаахха бүтэрбит устуудьуйа 50 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар буолла.
Маҥнай сыанаҕа баар кыра быыс аһыллар, онно “көмүс устуудьуйа” диэн ааттаммыт, 50 сыллааҕыта үөрэхтэрин бүтэрэн кэлбит артыыстар тураллар. Бары сахалыы таҥастаахтар.
Тэрээһини биллиилээх режиссер Андрей Саввич Борисов иилээн-саҕалаан ыытта. Бары да ааттаах-суоллаах норуот таптыыр баараҕай артыыстара буоллахтара: Степанида, Андрей Борисовтар, Изабелла, Анатолий Николаевтар, Наталья, Ефим Степановтар, Герасим Васильев, Софья Баранова, Домна Уйгурова, Куприян Михайлов, Михаил Апросимов, Зоя Попова, Петр Андреев, Борис Борисов, биллэр алгысчыт Афанасий Федоров, Уус Алдантан Василий Бурнашев.
Андрей Саввич үөрэммит кэмнэрин аҕынна, оччотооҕу кэм киинэҕэ уһуллубута, хаартыскалара көһүннэ. Олимпийскай чемпион Роман Дмитриев сөмөлүөттэн түһээт, кинилэри Щепкиҥҥэ кэлэн көрсүбүт эбит.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников тахсан, артыыстары уу сахалыы эҕэрдэлээтэ.
Домна Уйгурова, Куприян Михайлов СӨ норуодунай артыыстара буоллулар. Атыттарга Махтал суруктары туттарда.
Ил Түмэнтэн Александр Жирков, Өксөкүлээхтэн, Күлүмнүүртэн, Алампаттан саҕалаан, тыйаатыр хайдах сайдан испитин кэпсээтэ. Дьон биһирээн, ытыстарын таһыннылар.
Дьэ, ол кэннэ эдэр артыыстар тахсан, “көмүс устуудуйа” устудьуоннара буолан оонньоон көрдөрдүлэр. Олимпийскай чемпион Роман Дмитриевы көрсүһүү сыаната саамай чаҕылхай: уолаттар Романы сүгэн киирэллэр. Роман Михайловиһы Роман Дорофеев оонньоото, олох үкчү.
Артыыстар оонньообут испэктээкиллэриттэн быһа тардан көрдөрдүлэр. Степанида Борисова Суоһалдьыйаны, чахчы, астыктык оонньообута. Бу сүрдээх уустук оруол, ылбычча киһи оонньообот, улахан талааннаах, үөһэттэн айдарыылаах, көҥүллээх эрэ киһи толорор оруола. Номох буолбут кэрэ бэйэлээх Суоһалдьыйа Толбонноох билиҥҥэ диэри норуот сүрэҕэр баар, кини аатын тула араас мистика курдук кэпсээннэр бааллар, гастрольга сылдьан, мүччүргэннээх түбэлтэлэр тахсыталыыллар дииллэрэ.
Эдэр артыыска Сандаара Федотова, дьэ, сөхтөрдө. Степанида Ильинична бэйэтинэн тойуктаан киирбит курдук буолла. Куолаһа да хаалсыбат, дьүһүнэ да кэрэ. Киэҥ хараҕынан кырыылаахтык кынчарыйа көрөрө, туттара-хаптара – уобараһын толору биэрэр. Степанида Борисова олох куйаарга тиэрдэр куоластаах ырыаһыт. Мээнэ киһи хатылаабат, онон эдэрдэргэ эрэл үөскээтэ.
“Хаарыан хампа күөх кытылтан”, “Гамлет” трагедияттан, “Дойду оҕото Дорогунуоп Ньукулай”, “Ньургуһун иккистээн тылыннар”, “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин”, о.д.а. испэктээкиллэртэн көрдөрдүлэр.
“Наара суох” испэктээктэн Баачыка этиргэн дьахтар самыытын имэрийэрин, “Кэргэн кэпсэтии” кэмиэдьийэттэн Подколесин атыыһыт кыыһын кытта билсэ сатыыр сыанатын оонньоон күллэртээтилэр. Эдэр артыыстар оонньоон баран, сибэкки дьөрбөтүн ити оруоллары урут оонньообут аҕа табаарыстарыгар туттартаатылар. Испэктээкиллэри Андрей Саввич бэйэтинэн кэмэнтээрийдиир. Ол кэмҥэ экраҥҥа артыыстар оонньообут оруоллара көстө турда. Итинник бэрт сэргэх уонна хатыламмат, историяҕа хаалар тэрээһин буолла.
Биһиги бу “көмүстэри” кытта тэҥ саастаах, урукку испэктээкиллэри оччолорго көрбүт дьон олох эдэр сааспытыгар тиийдибит, сөбүлүүр артыыстарбыт оонньуу сылдьалларын көрбүт курдук турукка киирдибит.
Быйыл Изабелла, Анатолий Николаевтары кытта көрсүһүүгэ сылдьан баран, “Николаевтар дьоро киэһэлэрэ” диэн ыстатыйа суруйбуттаахпын. Онно маннык диэбиппин: “Мин кинилэри кытта биир көлүөнэ киһитэ адьас эдэр эрдэхтэриттэн билэбин, көрөбүн, сүгүрүйэбин. Маҥнай үөрэххэ туттарсалларыгар, куоракка баарым. Биир дойдулааҕым Домна Иванова эмиэ туттарсыбыта. Мин Домнаны кытта Боотулууга оройуон оскуолаларын хайыһарга күрэҕэр маҥнай көрсүбүппүт. Домна онно бастаабыта, мин мэлийбитим, кырам да бэрдэ. Кинини кытта дойдубутуттан бииргэ Дьокуускайга айаннаан кэлбиппит. Миигин батыһан, эдьиийим аахха, Хатыҥ Үрэххэ түһүүлэнэр. Онно кинини эдьиийим, күтүөтүм, эмиэ Щепкини бүтэрбит артыыстар, бэлэмнээбиттэрэ, сүбэ-ама биэрбиттэрэ. Эдьиийим этэр: «Үөрэххэ ылыҥ диэн көрдөс», – диэтэхтэринэ, ити сорох оҕолор курдук: “Мин талааннаахпын, онон үөрэххэ ылыҥ”, – диэн ыххайыма. “Мин талааннаахпын, ону дакаастыам диэ”, – диир. Ону истэ-истэ саллабын, туох абааһы үөрэҕэй?! “Хайдах итинник кыбыстыбакка, сааппакка көрдөһүөххэ сөбүй, лицедейдэр?!» диэн саныыбын. Уруккуттан литература таҥаралаах буолан, дьэ, ол лицедей диэн тылы билэбин аҕай. Уонна артыыс үөрэҕэр туттарсар оҕолору аһынабын. Онно однокурсниктара, режиссер Василий Фомин кытта кэлэн уһуйсубута. Инньэ гынан Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищеҕа ситиһиилээхтик туттарсан киирбитэ. Миигин батыспатаҕа буоллар, Домна Иванова (Уйгурова) үөрэххэ киириэ эрэ, суох эрэ – билбит суох. Бука, дьылҕата буоллаҕа.
Биирдэ Домнаны кытта туттарсар сирдэригэр барсыбытым. Мас дьиэ курдук өйдүүбүн. Оҕо бөҕө сылдьар, долгуйуу кытаанаҕа. Биир уол ойон тахсан, өрө ыстанна, лаампаны таарыйа сыста. Арааһа, эксээмэҥҥэ үчүгэйдэппит быһыылаах, кимин өйдөөбөппүн. Онтон биир үчүгэйкээн, кип-киэҥинэн көрбүт сырдык кыыс оччолорго уостан түспэт “Нарьян Мар” ырыаны ыллыы сылдьар. Ол Изабелла эбит этэ. Мин истэрбэр араадьыйанан кэлэр нуучча ырыаһыттарыттан туох да итэҕэһэ суох, өссө ордук курдук ыллыыр. Куолас да, көрүҥ да мааны, наһаа сөхпүтүм.”
Итиннэ эбэн эттэххэ, 1974 с. сайын тыйаатырдар ыһыахтара буолла. Онно эдэр выпускниктар бааллара. Эргэ Саха тыйаатырыгар мустуу буолбута. Дьэ, онно үчүгэйдик көрүтэлээтим. Хараҥа көстүүмнээх, хара ачыкылаах Анатолий Николаев иһэр. Өссө “Бачча итиигэ итииргээбэтэ буолуо дуо?” дии санаабытым.
Мэлтэйбит ис киирбэх сирэйдээх хара бараан уол, мичээрдээбитинэн, номоҕон бэйэлээх нарын кыыһы кууһан иһэр. Ол Игнатьевтар эбит. Номоҕон кыыс – табаарыспыт Виталий Андросов бэрт кыранан аҕа эдьиийэ Светлана Сосина. Спиридон Игнатьев наһаа да талааннаах артыыс этэ, ордук комедийнай оруоллары табан оонньуура. Эпическэй да оруолларга барсара, көрүҥэ мааны этэ. Барахсаттар иккиэн эдэрдэригэр олохтон туораабыттара.
Тырымнас кырасаабысса, биир дойдулааҕым Ольга Григорьева кырдьаҕас артыыстарга кыра сувенир бэлэхтээбитэ. Үөрэххэ киириэн иннинэ Саха тыйаатырыгар үлэлии сылдьыбыт эбит.
“Степанида, Андрей Борисовтар, Наталья Петрова (Степанова) эдьиийим дьиэтигэр Каландарашвили уулуссаҕа түспүттэрэ. Мин онно каникулбар кэлэ сылдьарым. Эдьиийим Ф.Потаповка кэргэн тахсан көспүт кэмэ. Биһиги устудьуоннар буоллахпыт, үөрүү-көтүү, көр-нар, бырааһынньык бөҕөтө, дипломнарын сууйдубут эҥин быһыылааҕа. Натальяҕа Сунтаартан хатыыһыгар тиийэ ас бөҕө ыыппыттар этэ. Хатыыс диэни аан маҥнай амсайбытым” диэн инники ахтыбыт ыстатыйабар суруйбут эбиппин. Бастакы күтүөтүм Гена аймаҕа бэрт кэпсээннээх зоотехник дьахтар баара, кэлин билбитим хатыыһы Уус Алдантан кини аҕалбыт эбит.
1974 с. щепкинецтэр биһиги көлүөнэ бастыҥ ыччата, тумус туттар лиидэрдэрбит, бары да киһи хараҕа хатанар дьүһүннээх, көрүҥнээх оҕолор этилэр. Ордук Зоя, Фаддей Поповтар хаартыскаҕа олох уратытык көстөллөрө. Зоя сип-синньигэс, көнө бэйэлээх кип-киэҥинэн арылыччы көрбүт кыыс, Фаддей “брови вразлет” диэбит курдук, сахаҕа суох хаастардаах уола хаан этэ. Зоя билигин да ол быһыытын-таһаатын сүтэрбэккэ сылдьар.
Саас худуоһунньук Лена Гоголева кэллиэксийэтин көрдөрүүтэ буолбута. Араас аныгылыы таҥас-сап кэтэн, артыыстар подиумҥа хаамтылар. Онно Зоя спортивнай таҥастаах, илиитигэр ракеткалаах киирбитин билбэтим ээ. Хайа эдэркээн кыыс киирдэ диэбитим. Дьэ, грация диэн кытаанаҕа! “Тонкая звонкая” кыыс киирэн, чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн, хамсанан барбыта. Онтубут Бэйбэрикээн эмээхсини оонньуур Зоя Попова эбит. Кини “Тойон кыыл” (2018) киинэҕэ кылаабынай оруолу оонньообута. Ол киинэ Москубатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы 40-с бэстибээл муҥутуур кыайыылааҕа буолбута. Зоя суруйар талааннаах. Ыһыахтар сценарийдарын суруйар, туруорсар.
Софья Баранованы оччолорго Аллараа Бэстээх биэрэгэр көрбүтүм. Хоп-хойуу долгуннурар, кыратык кытарымтыйар хара баттахтаах, маҥан футболкалаах кэрэ бэйэлээх кыыс этэ.
Кэлин тыйаатырга испэктээкилгэ оонньуурун кэрэхсиибин. Моно-испэктээгэр сылдьыбытым, араас хайысхалаах айар үлэнэн дьарыктанар, наһаа үчүгэйдик быысабайдыыр, иистэнэр сүдү киһи.
Куприян Михайлов “Ытык дабатыы” испэктээкилгэ оонньообутун сүрдээҕин сөҕө көрбүтүм. Өрүү көрдөөх кэпсээннээх, гитаранан ыллыы-туойа сылдьар бэйэтэ ойуун буолар уол дьиппиэн уобараһын айбыта киһини ылыннарар этэ.
Михаил Апросимовы өрүү хайҕыы көрөбүн, испэктээкилгэ да, киинэҕэ да бэркэ оонньуур. Саха эр киһитин хараактарын, холкутун, мындырын көрөөччүгэ тиийимтиэ гына тиэрдэр. Өссө киһиҥ талааннаах суруйааччы буолла.
Ефим Степанов элбэх да сүрүн оруоллары оонньообут эбит. Кини амплуата киэҥэ сөхтөрөр: кырачаан Кириискэ уолтан кырдьаҕас Илиир хоруолга тиийэ.
Мин кэргэним, саха норуодунай суруйааччыта Егор Неймоховтыын оскуолаҕа бииргэ үөрэммиттэрэ. Иккиэн да Кириэс Халдьаайы орто оскуолатыгар үөрэниэхтэриттэн литература, искусство диэн муннукка ытаабыт дьон. Кыттыһан, биллиилээх артыыс, олоҥхону толорооччу Гаврил Колесовка олоҥхо туһунан сурук суруйбуттаахтара. Оччолорго, саха фольклора, олоҥхото, оһуохайа, тойуга, үҥкүүтэ соччо сэҥээриллибэт кэмҥэ, сүрдээҕин быһаарсаллар эбит.
Ефим Николаевич сүрүн уратытынан, сааһын ханнык да кэмигэр амплуатын уларытан, сааһыгар сөптөөхтүк дьаһанара буолар. Ол артыыс аайы кыаллыбат. Биир сүрүн уобарастан тахсар, олоҕу уларытар ыарахан. Оттон Ефим эдэримсийэ сатаабат, сааһыгар сөптөөх уобараһы булар. Билигин аҕам саастаах бытыктаах саха интеллигенэ көрүҥнээх.
Бу устуудьуйаҕа талааннаах артыыс, тэрийээччи, “Сахафильм” дириэктэринэн үлэлээбит, суруйааччы Степан Сивцев-Доллу үөрэммитэ. Кини биирдэ кэпсээбиттээх: “Култуура миниистирин солбуйааччы Василий Афанасьевич Босиков көрүстэ уонна: “Бу туох ааттаах марбайан иһэҕиний, арыгы иһэҕин дуу, тугуй?! Урут наһаа үчүгэй дьүһүннээҕиҥ, герой буолуо дии саныырбыт”, – диэн. Степан Николаевич бэйэтэ да сүрдээх көрдөөх кэпсээннээх буолара, бэйэтин туһунан итинник юмордаан кэпсиирэ. Хаарыан киһибитин пандемия сиэн барбыта.
Бу дьоро киэһэ тыйаатырга толору көрөөччүлээх саалаҕа сүрдээх истиҥник-иһирэхтик, хайдах эрэ, биир дьиэ кэргэн бырааһынньыгын курдук барда. “Көмүс устуудьуйа” ааттыын көмүс, тапталлаах тыйаатырбытын өссө сайыннаран, аар-саарга аатырта. “Хаарыан хампа күөх кытыллаах” Саха сирэ диэн сир ыраах хоту баар ээ, онно аҕыйах ахсааннаах да буоллар, сүрдээх талааннаах норуот, сахалар, олороллор, биһиги бары биир оҥочоҕо, Сир шарыгар, олоробут, ону түөрэҥнэппэккэ, иллээхтик-эйэлээхтик олоруоҕуҥ” диэн сахалар ааттарыттан бар дьону ыҥырбыттара.
Дьоро киэһэ түмүгэр култуура миниистирин бастакы солбуйааччы Мария Турантаева, Саха тыйаатырын дириэктэрэ Петр Макаров, кылаабынай режиссер Руслан Тараховскай эҕэрдэлээтилэр. Субу уоттаах сэрииттэн кэлбит байыаннай таҥастаах артыыс Илья Стручков тахсыһан тыл эттэ.
Түөһүгэр “Хорсунун иһин” бойобуой мэтээллээх, дэлби көтөхтөрбүт артыыһы киһи уйадыйа да, долгуйа да көрөр, “хаарыаннаах артыыспыт, хата, тыыннаах этэҥҥэ эргиллэн кэлбит ээ” диэн үөрэ саныыгын. Онтон атын буолуох туһа суох. Биһиги артыыстарбыт сыанаҕа эрэ буолбакка, олоххо эмиэ дьиҥ патриоттар, норуоттарын кытта тэҥҥэ сылдьаллар, дойдубут, модун Арассыыйа, тулхадыйбатын туһугар саа-саадах да тутан туруулаһарга бэлэмнэр. Билигин “Төлкө” испэктээк сүрүн дьоруойун Сылгыһыт Сүөдэри оонньуур Дмитрий Татаринов артыыс кыргыс хонуутуттан этэҥҥэ эргилиннин диэн баҕарыаххайыҥ!
Билиҥҥи кэмҥэ култуура, искусство диэйэтэллэрин сорохторо, 5 колонна кэккэтин хаҥатан, омук сиригэр күрээбиттэрин, иноагент буолан төрөөбүт дойдуларын үөхсэллэрин кэннэ, бэйэлээх бэйэбит артыыстарбыт, айар үлэһиттэрбит норуоту, Арассыыйаны кытта тэҥҥэ сылдьалларыттан киһи үөрэр, астынар. Ким да омук сиригэр күрээтэ диэни истэ иликпин.
Дьоро киэһэ үөрүүлээх чааһа бүппүтүн кэннэ, Андрей Саввич уопсай хаартыскаҕа түһүүгэ уонна, итии чэйи иһэ-иһэ, толору астаах сандалыга ирэ-хоро сэһэргэһиигэ ыҥырда.
Бу дьоро киэһэҕэ бэйэм үөлээннэхтэрбин Ксения Андрееваны, Надежда Толбонованы, Ольга Харайбатованы, Зоя Рожинаны, Антонина Григорьеваны, Анна Звереваны, Сайаны, Майя Власьеваны уо.д.а көрсөн үөрдүбүт. Тыйаатыр таҥаралаах дьон көрсөр сирбит биир – П.А.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра буоллаҕа…
Кырдьык да, бары биир ыал оҕолорун курдук буоллубут, артыыс уонна көрөөччү бииргэлэстибит.
Мария Неймохова. 21.12.2024 с.
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн.