Москваттан — «Саҥа щепкинецтэр»! - Блоги Якутии

1 год назад 144

Москваттан — «Саҥа щепкинецтэр»!

Тыйаатыр — олох сиэркилэтэ. Үөрүүнү-көтүүнү, аһыыны-кутурҕаны артыыс маастарыстыбатынан өйдүөххэ сөп. Сүдү күүс, талаан диэтэххит. Ону таһынан, киһи күннээҕи эрэйин умуннаран, сүрэҕи-быары сымнатар. Тыйаатыр олох — дьаһах кистэлэҥин көрдөрөн үөрэтэр, өйү — санааны кэҥэтэр, дириҥэтэр. Ускуустуба биир саамай сүдү уонна уустук көрүҥэр хайдах дьон үлэлиир? Быйыл М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү теат­ральнай училище (институт) алтыс саха устуудьуйатын оҕолоро кэллилэр! Бэс ыйын 23-30 күннэригэр көрөөччүлэргэ У. Шекспир “Сайыҥҥы түүҥҥэ түүл” (“Сон в летнюю ночь”), Б.Шоу “Сакалаат сал­лаат” (“Шоколадный солдатик”), А.Островскай “Гроза”, Ж-Б Мо­-льер “Дон Жуан или каменный пир”, А.Вампилов “Улахан уол” (“Старший сын”) испэктээктэри көрдөрбүттэрэ.

Санаан көрүҥ. Бэһис устуудьуйалар (Ильяна Павлова, Татьяна Легантьева, Ньургуйаана Шадрина, Елена Маркова, Дмитрий Шадрин, Геннадий Турантаев, Петр Макаров уо.д.а.) 2002 сыллаахха кэлбиттэрэ. Онтон быйыл 21 сыл кэнниттэн, саҥа “Щепкиннэр” үлэ үөһүгэр турунан эрэллэр. Санатан аһардахха, 2019 сыллаахха 100 киһиттэн тургутан көрүү кэнниттэн 20 ыччат талыллыбыта. Дьэ, эдэр артыыстары кытта билсиэҕиҥ!

Cиһилии edersaas.ru саайтка киирэн аах.

Добавить комментарий