1 год назад 429
Сахаачча устар кэмҥэ умуллубат өрөгөйө
ССРС үтүөлээх тириэньэрэ, Саха сиригэр успуорт хамсааһынын чаҕылхай тэрийээччитэ улуу Дмитрий Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытылла тураллар. Саха тыйаатырыгар «Андаҕар» испэктээк турда. Аатырбыт тустуук Вячеслав Карпов дьылҕатын туһунан киинэни (реж. Никандр Федоров) бу күһүн көрүөхпүт.
Ону кытта, саха олимпиецтарын сырдатар “Өрөгөй” (реж. Михаил Лукачевскай) киинэ тахсыаҕа. Ол онно биир бэлиэ миэстэни Коркин иитиллээччитэ, ССРС
успуордун маастара Николай Захаров‑Сахаачча ылар.
Аар саарга аатырбыт уһулуччулаах тустуук, бэйэтин кэмин ыччатын таптала, билигин норуот киэн туттуута, номох буолбут Николай Захаров‑Сахаачча аата аттана турар. Быйыл кини төрөөбүтэ 75 сыла.
Халлаан урут даҕаны күөх ини, күн даҕаны урут сырылаччы тыгар ини дии? Ол да буоллар, төһө күннэр – ыйдар аасталлар, кэм кэрдии дьоруойдарын умнубат, өрүүтүн суохтуур. Аттыбытыгар суох дьону ыччат билэрэ, холобур оҥосторо — саппаҕырбыт санньыар санаа хара былыт буолан устан барарын кэриэтэ. Былыты тыал илгэн барбытын кэннэ күн тыган сандаарар, эрэл кыымын саҕар. Быйыл Сахааччаны киинэҕэ көрүөхпүт! Кини оруолун толордо — Александр Кузьмин. Дьоруойу кытта билсиэҕиҥ, кэпсэтиэҕиҥ.
СҮРЭҔИМ ЧОПЧУТА — АММА
Амма улууһун Эмис нэһилиэгин Олом Күөл учаастагыттан төрүттээхпин. Былыргыта Илин Хаҥалас улууһун Хомпу Наахара нэһилиэгэ. Элбэх дьон-сэргэ олохсуйан олорбут сирэ. XVII–XVIII үйэлэр кирбиилэригэр Додор кулуба диэн оччолорго сахаҕа кыахтаах, элбэх сүөһүлээх-астаах, сылгылаах киһи олорон ааспыт дойдута буолар.
Олом Күөлүгэр оҕо сааһым ааспыта. 80–90‑с сылларга оскуола алын сүһүөх кылаастарын бүтэрбитим. Дьонум оччотооҕу сэбиэскэй кэм сиэринэн үлэлээн-хамнаан биһигини, биэс оҕону, дьоһуннаахтык ииппиттэрэ, үөрэттэрбитттэрэ. Ол курдук, Сэбиэскэй Сойуус эстэн, Олом Күөл оскуолата сабыллыбыта. Эмискэ аймахтарбытыгар олорон билии-үөрэх ылбыппыт. 5–9 кылааска В. Г. Короленко аатынан Амматааҕы 1 нүөмэрдээх орто оскуолаҕа үөрэммитим. 2001 сыллаахха Дьокуускай куорат 31‑с нүөмэрдээх орто оскуолатын бүтэрбитим. Үөрэнэр сылларбар көҥүл тустуунан утумнаахтык дьарыктаммытым, кэккэ ситиһиилэрдээхпин. Оҕолоро улууска уонна өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы миэстэҕэ сылдьарым, Арассыыйа таһымыгар кытта туста сылдьыбытым.
Итиннэ сүрүн олугу аҕам Николай Егорович Кузьмин уурбута. Өссө бииргэ төрөөбүт кыра убайым, бырааттарым, тастыҥ бырааттарым тустуунан дьарыктаммыттара. Уопсастыбаннай тириэньэр быһыытынан киэһэ аайы саалаҕа, сороҕор дьиэбитигэр дьарыктаан улууска оҕолорго чөмпүйүөн буолар этибит. Ону көрөн буолуо, Николай Захаров‑Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо успуорт оскуолатыгар ылбыттара. Сахаачча аатынан улуус, өрөспүүбүлүкэ турнирдарын кыайыылааҕа буолбутум. Кини мөссүөннээх куубак дьиэбэр билигин да көстүүлээх сиргэ турар.
М. К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университет физкултуура уонна успуорт институтун 2006 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Күн бүгүн үөрэҕирии систиэмэтигэр 17 сыл үлэлээн кэллим. Оскуолаҕа учууталтан саҕалаан Үөрэх министиэристибэтин аппараатыгар тиийэ. Кэнники 4 сыл Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт оскуолаларыгар дириэктэри солбуйааччынан үлэлээбитим. Бу ыам ыйын 25 күнүттэн «Бастыҥнар хамсааһыннара» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын Саха сиринээҕи салаатын салайааччытын солбуйааччытынан үлэлиибин.
“САХААЧЧАҔА МАЙГЫННЫЫГЫН ДИИ!”
Киинэҕэ уһуллар санаа букатын суох этэ. Бэйэм сүрүн үлэм таһынан өссө «Юнармия» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат байыаннай патриотическай хамсааһынын салайабын, ону сэргэ Амма улууһуттан төрүттээхтэр Дьокуускайга түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ буолабын. Онон соло олох суоҕун кэриэтэ.
Арай олунньуга биир дойдулааҕым Екатерина Петровна Новикова-Дьулуура: «Сахааччаҕа майгынныыгын дии, киинэ уһуллаары турар, холонон көрбөккүн дуо?» — диэбитэ. Ону кулгааҕым таһынан аһаран кэбиспитим. Кастинг биллэрбиттэрин истэр этим: олунньу 12 күнүгэр кэлиҥ диэн биллэрии баара. Оннук хаалыа эбит. Онтон арай кулун тутарга «Өрөгөй» успуорт уораҕайыгар «Муус устар» диэн эдэр ыччат бэстибээлэ буола турарыгар тиийэ сылдьан, эмиэ Дьулуураны көрсө түспүтүм. «Холоммокко сылдьаҕын дуо, хайаан да хаартыскаҕын миэхэ ыыт, агент кыыһы билэбин, кытаат», — диэбитэ. Ону ылан бассаапка ыыттым. Арай сарсыныгар билбэт нүөмэрим эрийэн, “Өрөгөйгө” режиссерга бара сылдьар үһүгүн диэтэ. Тиийбитим, режиссёр Михаил Лукачевскай уонна японец тустуугун оонньуур Сарыал Кириллин бааллар. Миигиттэн: «Киинэҕэ уһуллуоххун баҕараҕын дуо?» — диэн ыйытта. Итиччэ кэлэн баран суох диирим сатаммат курдук буолла уонна хайдах эрэ интэриэс да үөскээтэ, сөбүлэспитим.
Аны туран сэтинньигэ бииргэ төрөөбүт эдьиийбиниин «Өркөн өй» диэн “Саха” НКИХ биэриитигэр кыттыыны ылбыппыт. Онно биэрии кэмигэр ыытааччы Георгий Белоусов: «Бу олорон көрдөхпүнэ, Сахааччаҕа майгынныыр эбиккин, режиссердар болҕомтоҕо ылыҥ эрэ», — диэн эппитэ эмиэ сөп түбэһии дуу дии санаабытым. Ити оруолга 4 уол баар диэбиттэрэ эрээри, артыыс маастарыстыбатын кастиныгар иккиэ буолан кэлбиппит: миигин кытта эмиэ Амматтан төрүттээх эдэр уол кэлбитэ. Тиһэҕэр «эйигин бигэргэттилэр» диэн буолбута. Онно режиссёр эрэ буолбакка, хамыһыыйа састаабыгар успуорт салайааччылара, олимпиецтарбыт бааллар диэн эппиттэрэ.
Онон бу суолталаах киинэҕэ биир дойдулааҕым оруолун толорор чиэс сүктэриллибитинэн, бэйэм артыыс үөрэҕэ суох да буолларбын, төһө кыалларынан сөпкө, эппиэтинэстээхтик ылынан оруолу толорорум ирдэнэрин өйдөөбүтүм.
КИИНЭ ХАЙАСТА?
Билиҥҥитэ киинэ сүрүн түһүмэҕэ уһуллан бүттэ. Аны барыта эриэ-дэхси бардаҕына, этэҥҥэ бу киинэни киэҥ экраҥҥа көрүөхпүт турдаҕа. Киинэ хайдах уһулларын эрдэ көрбөтөх буолан олус интэриэһинэй. Манна дьиҥнээхтии киинэ эйгэтигэр өйдүүн-санаалыын, киинэ туһугар ыалдьар профессионал дьон үлэлиир эбит. Сорох күн түүннэри да усталлар. Үлэ элбэх — үгүс дьону кытта кэпсэтии, булуу-талыы, баар кыһалҕалары туоратыы. Сахабыт сирин Петр Баснаев, Иннокентий Луковцев, Гаврил Менкяров курдук биллэр артыыстарын кытта биир былаһааккаҕа уһулуннубут.
Сүдү тустуук
— Сахаачча — биир сүдү дьоҕурдаах тустуук. Киһи быһыытынан сэмэй, эрэллээх доҕор быһыытынан биллэр. Кини ситэ арыллыбакка хаалбыт талаана, ситиспэтэх үрдүк кыайыылара, эдэр сааһыгар суорума суолламмыта билиҥҥээҥҥэ диэри үгүс дьону интэриэһиргэтэр. Тустуу сэҥээрээччилэригэр күн бүгүҥҥэ диэри тустуук киһи бастыҥ уобараһа буолар.
Режиссёр Михаил Лукачевскай Сахаачча олоҕун үөрэтэн, ааҕан, чугас дьонун кытта алтыһан сөптөөхтүк уонна хайдах баарынан арыйарга дьулуста дии саныыбын. Мин санаабар, Сахаачча олоҕу көрүүтэ, тириэньэригэр ытыктабыла, доҕотторугар, чугас дьонугар сыһыана бу киинэҕэ көстүөҕэ. Ону киинэ көрөөччүлэрэ бэйэлэрэ сыаналыахтара.
“Өрөгөй” киинэ Дмитрий Петрович Коркин уонна кини иитиллээччилэрин, олимпиецтар Павел Пинигин, Роман Дмитриев, Александр Иванов тустарынан буолан хас да сиринэн, Дьокуускай куоракка, Нерюнгрига, Чурапчыга, Аммаҕа уһулунна.
Хаамыраттан кыбыстыы диэн суох этэ. Тоҕо диэтэр, үлэм эйгэтинэн үгүстүк интервью биэрэр, тэлэбиидэнньэҕэ ыҥырыллар буолан, онно кыһаммат буолуохпун сөп. Уонна Аммаҕа дойдубар үлэлии сылдьан кылгас кэмҥэ «Саха» НКИХ филиалыгар кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбитим, сюжет устан ыытар этибит. Ону тэҥэ, бу киинэҕэ уһулларбытыгар ыйтан ордук «актерское мастерство» диэн анал кууруска үөрэппиттэрэ, ол улахан көмө буолла дии саныыбын.
Биллиилээх суруналыыс Уйбаан Уһуунускай маннык суруйан турардаах: “Оо, Сахаачча, Сахаачча… Күннүү күлүмнээбитиҥ уонна… Ыйдыы ырааппытыҥ уонна… Сулустуу сандаарбытыҥ уонна…” Бу элбэх суолталаах тыллар: киһи манна эбэн этэрэ наадата суох. Сахаачча оруолун толорбут сырдык сыдьаайдаах салайааччыга, уһуйааччыга, успуорду өрө тутааччыга, ыал амарах аҕатыгар Александр Кузьмиҥҥа кэпсээнин иһин махтанабын.